ОРТО ДОЙДУ СИРДЭРИНЭН:
• Иван Ушницкай
Олох барыбытыгар кунду
Ба5арабын урун суолу
• Калмыкия уонна саахымат аан дойдутаа5ы федерациятын президенэ К.Н.Илюмжиновтыын керсуhуу
• Ол дойду тустуутун Ханынан Кирсан Николаевич учуутала, саха уола буолбут!
(Калмыкиянан-Ставропольенан-Кабардино-Балкариянан-Хотугу Осетиянан-Ингушетиянан-Чечнянан-Дагестанынан айантан бэлиэтээhиннэр)
(Салгыыта. Иннин «Орто Дойду» хаhыат 11 №-гэр аах)
Ессе Москва5а сылдьан Россия кенул тустууга государственнай тренерин уруккуттан билэр, сытыы тыл бастынын баhылаабыт до5орбун, осетин ааттаа5ын, Эрик Андреевич Агаевы керсубутум. Калмыкия5а баран иhэрбин истээт:
– Онно сахалартан бастакы тустуу академига, Россия хас да чемпионун ииппит Иннокентий Иннокентьевич Кузьмин баар дии. Киниэхэ эрий, керустун. Миэхэ телефона баар, – диэтэ.
Хайдах курдугуй? Саха уолун Россия гостренерэ улаханнык сыаналыыр. Оттон биhиэхэ кинини теhе киhи билэрий. Саха сириттэн сылдьар аргыстарым то5о эрэ Калмыкия уонна саахымат аан дойдутаа5ы федерациятын президенин Кирсан Николаевич Илюмжиновы керсуехтэрин толлор курдуктара. Кинилэр Москва5а баралларыгар мин М.Е.Николаев соруда5ынан матырыйаал хомуйа Элиста5а хаалбытым. Арай Калмыкиятаа5ы тустуу академиятын президенэ, саха уолана Иннокентий Иннокентьевич Кузьмин ынырда. Кини уерэнээччитэ К.Н.Илюмжиновка туруорсуутунан хамсатан туттарбыт улахан спорт саалалаах уонна интернаттаах дыбарыаhыгар Со5уруунну уокурук кенул тустууга уолаттарга чемпионатын кере олордум. Сахалар кэлбиппитин бары истибиттэр-билбиттэр. Хаhыат, телевизор аhара куускэ сырдаппыта. Олимпийскай чемпиоммут Роман Дмитриев суох буолбутунан сугуруйэн туран, бары ытыктабыллаахтык керустулэр. Оттон туhулгэбитигэр ыhыы-хаhыы, айдаан бе5е. 400-тэн тахса о5о курэхтэhэр. Россия чемпионатыгар путевка былдьаhаллар. Туста сылдьан охсуhан да тураллар. Итии хааннаах дьон уолаттара онтон атын буолуохтара дуо? Манна Россия саамай тустуулаах регионнара Дагестан, Хотугу Осетия, Чечня, Кабардино-Балкария, Ингушетия, уонна олохтоохтор калмыктар киирсии да киирсии. То5о диэ? Быйыл Сингапурга о5олорго бастакы олимпийскай оонньуу буолуохтаах. Онно бу о5олор бастыыр тугэннэригэр кытта барыахтара.
Иннокентий Иннокентьевич бэйэтэ МэІэ-ХаІалас Сыыма±ыттан тірµттээх. Смоленскайдаа±ы физкультурнай институкка устудьуонуу сылдьан, мин онно µірэммит Ньурба ыччата, кэлин Јлµіхµмэ±э µлэлээн тренер быґыытынан балайда биллибит, спорт маастара Яков Петровтуун суруйсарбын билэр эбит. Смоленскайга сылдьан калмычка кыыґын кэргэн ылан Элиста±а физкультура учууталынан µлэлии тиийбит. Кирсан Николаевич биир сібµлµµр учууталынан билинэн, президент буолаат, кини салайарыгар анаан о±о спортивнай оскуолатын арыйбыт, онно тустуу академиятын тірµттээбит. Билигин Иннокентий Иннокентьевич ити дыбарыаґын іссі сал±аан улаатыннарар ба±алаах. Мин кинини Калмык тустуутун Ханынан ааттаатым. Дыбарыаґыгар ити тустууга кытта кэлбит дьон олус µчµгэй диэн ымсыыраллар. Кырдьык, о±о, ыччат сайдарыгар бары усулуобуйаны тэрийбиттэр. Арай кэннибиттэн кэлэн санныбын таптайдылар. Эргиллибитим саахымат академиятын директора Алесандр Санжинович кэлбит.
– Эйигин республика баґылыга кірсµґээри ыІырар, – диэтэ.
Мин дьоммут атаара барбыт баґылык госсµбэґитигэр Валерий Николаевич Боваевка эрийдим.
– Иван Петрович, эн, дьонноруІ кітіллірµн кытта Кирсан Николаевич самолетунан кітін кэллэ. Уонна эйигин кірсібµн диэтэ.
Кирсан Николаевич кабинетыгар миигин уруккуттан кµµппµт, убайын курдук кірµстэ. Биир кілµінэ, биир сыл а±а буолла±ым. Хайа, уонна М.Е.Николаев кіміліґііччµм, суруналыыс тиийэр диэн телефоннаата±а.
Олорор бірістµілµн кэннигэр ыскаапка кіхсµн туґаайыытынан харыстабыл курдук буддизм Далай Ламаларын міссµіннэрэ тураллар эбит. Ол уІа-хаІас іттµгэр Далай Лама 14-с, Бо±оруодьусса, Папа Римскэй Иоанн Павел Иккис, патриарх Алексий Иккис хаартыскалара бааллар. Мин олору µксµлэрин, ТаІара араас Сибэтиэйдэрин кірсµбµт киґи, ити хаартыскаларга бэйэм билэр дьоннорум олороллорун сэІээрэ кірбµппµттэн сэргэхсийэ тµстэ. Калмык норуотун чулуу уолугар «ЧыІыс Хаан кистэлэІэ» киинэ буклетын уонна дискэтин туттардым. Астына кірді. Киґим иэс хаалбата. Тута Далай Лама кинигэтин уонна бэйэтин «Кирсан Илюмжинов. Терновый венец президента» кинигэтин бэлэхтээтэ. ҐрµІ суолу ба±аран автограф баттаата. Ити буддийскай сиэринэн саамай муІур µтµінµ ба±арыылара. Кирсан туґунан дьонуттан-сэргэтиттэн элбэ±и биллим, кинигэтэ да интэриэґинэй. А±ыйах ахсааннаах норуоттан тахсыбыт ча±ылхай уол туґунан кэпсээтэхпинэ ыччаттарга µтµі холобур буолуо этэ дии саныыбын. Ону кэнники сурйуом. Бµгµн кини, иллэІэ суох киґи, кылгас кэмІэ тугу кэпсээбитин сэґэргиим.
– Михаил Ефимовичтыын уруккуттан, іссі 90-с сыллартан билсэбин, – диэтэ визиткабын кірііт да±аны. – Оччолорго миигин РСФСР народнай депутатынан талбыттара. 1993 сыллаахха Калмыкия президенэ буолбутум. Михаил Ефимович миигин бастакынан ійіібµт уонна а±алыы сыґыаннаспыт президент. Оччолорго Борис Николаевич са±ана кварталга биирдэ республикалар президеннэрин мунньара. Онон Ново-Огарева±а кірсірбµт. Мин 26-бар депутат, 30-пар президент буолбут киґи, уопутум да, тугум да суо±а. Онно Михаил Ефимович сµбэ-ама биэрэрэ, ыйан-кэрдэн кіміліґірі. То±о диэтэххэ, кини сµµнэ улахан национальнай республика салайааччыта. Киинтэн ыраах сыттар да, бэйэтин национальнай, экономическай политикатын ыытара. Ити 90-с сылларга Ельцин «Суверенитеты тіґі кыайаргытынан ылыІ» диэбит кэмигэр. Ол кэмнэргэ Россия биир сомо±о буолуутун ситиґэри таґынан норуот тус уратытын, µгэстэрин сµтэрбэт туґугар µлэлээґин этэ. Оттон саха норуота уратылаах, туспа норуот. Онон биґигини, калмыктарга майгыннатар. Михаил Ефимович ити норуот уратытын хаалларар туґугар µлэлээбитэ. Ол биир іттµнэн уустук этэ, то±о диэтэххэ Саха сирэ алмааґы, кімµґµ биэрэр дойду. Итини хайдах былдьаппат, бэйэ±э хаалларар туґунан толкуйдуохха наада этэ. Ити ыарахан кэмнэргэ норуоту чіллііх оІорууга, экономическай, социальнай іттµнэн кыа±ырдыыга улахан іІілііх. Ону таґынан оскуолалары, балыыґалары, стадионнары тутуу, норуот µгэс буолбут оІоґуктарын байытыы – ити барыта Николаев улахан µлэтин тµмµгэ. Кини бэйэтин регионунан эрэ муІурдаммакка, бµтµн Россия норуоттарын кімµскµµр тыла-іґі, куолаґа барыбытыгар ійібµл буолбута. А±ыйах ахсааннаах норуоттар тустарыгар Верховнай Совекка турууласпыта. Россия сµµнэ улахан, ону сорохтор Москва±а эрэ олох баарын курдук ійдµµллэрэ. Биґиги туспутунан иґитиннэрбит, бырааппытын кімµскэспит киґинэн Михаил Ефимович ыыппыт муударай политиката этэ.
Биґиги кинилиин элбэхтэ алтыґарбыт. Мин Михаил Ефимовиґы іссі президент эрдэ±иттэн куруук ыалдьыттаа диэн ыІырар этим. Ону билигин дьэ бириэмэ булан Федерация Сэбиэтин µлэґитин быґыытынан сырытта. Кини суукка±а 25 чаас µлэлиир. Наґаа элбэх ірµттээх программа оІорон, араас сирдэргэ барытыгар сырытта – боростуой чабааннартан са±алаан миниистрдэргэ, депутаттарга тиийэ кэпсэттэ. Норуот Хуралын иннигэр олус ча±ылхай этиини оІордо. Кини этиититтэн биґиги салайааччыларбыт элбэ±и сомсон, баґан ылбыттара дии саныыбын. Кини биґиги аттыбытыгар сылдьар аксакал, номоххо киирбит Сэбиэскэй уонна Россия таґымнаах политик киґи. Ґс хонукка сылдьыыта биґиги республикабытын байытта дии санаатым.
– Бэ±э´ээ биир дойдула±ым, калмык норуотун кµтµітэ Иннокентий Иннокентьевич Кузьмин дьиэтигэр ыалдьыттаатым. Кини эйигин олох о±о эрдэххиттэн іті кірбµтµн кэпсээтэ. Оскуола±а µірэнэ сылдьаІІын саахыматы ійгір оонньуу𠵴µгµн.
– Саахыматы ійбір оонньуурга алта сааспар µірэммитим. Биґиэхэ элбэх сахалар бааллар. Иннокентий Иннокентьевич Кузьмин о±о спортивнай оскуолатыгар директордыыр. Урут биґиэхэ тустуу оскуолата, интерната, академията суо±а. Бу со±уруу федеральнай уокурукка со±отох тустуу академиятын туттубут. Итини саха киґитэ салайара µчµгэй. Элбэх о±о ситиґиилэннэ. Сотору кэминэн олимпийскай чемпионнаныахпыт диэн эрэнэбит.
Иннокентий Иннокентьевич урут мин µірэммит оскуолабар физкультура учууталынан µлэлээбитэ. Кини миигин саахымакка уґуйбута. Саахымакка оонньуурбун билээт, биґирээтэ, ол улахан ійібµл этэ. Мин киниэхэ махтанабын. Онно бэйэм кылааспын барытын саахыматынан сутуйбутум. Бары пионер дыбарыаґыгар дьарыктана бара этибит. Мин µірэнэ сылдьан кылааспыттан со±ото±ун улахаттарга республика чемпиона буолбутум. Билигин оскуоларга барыларыгар о±олор онно-манна барбакка кылаастарыгар дьарыктанар услуобуйаларын тэрийдибит. Ол ійдірі сайдарыгар улахан тирэх буолла. ЕГЕ-±э Калмыкия Россия±а бастакы миэстэ±э сылдьар.
– Интернеккэ эн интервьюларгын аа±абын. Тенгрианство±а ураты санаалаах эбиккин.
– Тенгрианство – куйаар, халлаан сокуона. Буддизм иннинэ калмыктар ҐрµІ кырдьа±аска сµгµрµйэллэрэ. Ити храмІа киирэргэ ҐрµІ кырдьа±ас турар дии. Итини бэйэм оІотторбутум. Ґгµс ламалар утарбыттарын дьаныґан туран туруортарбытым. ҐрµІ кырдьа±ас – сир, халлаан баґылыга, Чингисхаан эмиэ халлаан баґылыгар µІэрэ. Онон мин онно итэ±эйэбин. Иисус Христос 2000, оттон Будда 2557 сыл иннинэ олоро сылдьыбыттар, оттон ол иннинэ ким баар этэй: ҐрµІ кырдьа±ас.
Мин бµгµн оруобуна тенгрианство туґунан этэн кэллим. Нууччалыы грибы диэн грибы. Оттон калмыктыы–тенгирики (халлаан кµµґэ диэн). Толору ый тµµнµгэр тэллэйдэр тігµрµктµµ µµнэллэрин туґунан кэпсииллэр. Ону циркулынан кээмэйдиэххэ сіп – оннук тігµрµк буолаллар. Кинилэр куйаартан кµµс, информация ылаллар.
– Интэриэґинэй. Биґиги ТаІарабыт Ґрдµк ҐрµІ Аар Тойон диэн. Эґиги кыґаларгытыгар сылдьан калмык тылыгар, культууратыгар улахан бол±омтону уураргытын сэргии кірдµм.
– Бэйэбит тылбытын оскуолаларга барыларыгар µірэтэбит. Урут мин тірµµр сылбар национальнай оскуолалары барытын саппыттара. 1993 сылтан о±о саадтарыгар, оскуолаларга барытыгар сіргµппµппµт. Калмыктар эрэ буолбакка, атын омуктар эмиэ µірэтэллэр. Соторутаа±ыта Путин кімітµнэн, 1200 µірэнээччилээх национальнай гимназия арыйбыппыт. Урут 1943 сылтан 1956 сылга диэри тылбытын сарбыйбыттара. Биґиги норуоппут 13 сылы сµтэрбитэ. Билигин саІалыы кыа±ы ылан эрэр.