Новости библиотеки

Бастакы Президеҥҥэ

М. Николаев саамай тыҥааһыннаах, кытаанах кэмнэргэ уон сыл устата сынньалаҥа суох үлэлээбит уонна ситиспит киэҥ далааһыннаах, элбэх өрүттээх үлэтиттэн астынан, махтанан тураммын, санаабын хоһоонунан эппитим. Онтубун быйыл Михаил Ефимович 75 сааһын туоларынан сибээстээн эһиги хаһыаккытыгар ыытабын.

Хап-хара куудара баттаҕыҥ

Хаһыҥҥа эрдэ да ылларбыт,

Хаарыаннаах эдэр саас ол эрэн

Халтайга, мээнэҕэ барбатах.

Дойдугар,норуокка туһаайан

Туһалаах үлэни оҥордуҥ,

Түөрэхпит түөрэккэй кэмнэрин

Төһүүлээн төрдүттэн тупсардыҥ.

Дьоһуннаах дуогабар туһарсэн

Туһатын дойдугар туһаайдыҥ,

Саталлаах дьаһаллар ылыллан

Сахабыт саргытын салайдыҥ.

Киин куорат кйлбэйэр киинигэр

Кииристиҥ киин былаас дьонунуун,

Оннооҕор куоласкын сонотон

Ол тойон дьоннордуун кэпсэттиҥ,

Сахалыы ньоҕойдүк туруорсан

Саталлаах дьаһалы ситистиҥ.

Сынньанар да диэни билбэккэ

Сыраҕын-сылбаҕын бараатыҥ,

Ыччаппыт ыратын, баҕатын

Ыраахха, сырдыкка ыҥырдыҥ,

Үрдүккэ, үөрэххэ угуйан

Үгүһү, үтүөнү үөдүттүҥ.

Аргыардаах аан дойду олоҕор

Арыый да туруктаах, бэлэмнээх

Алтыһан, анньыһан киирэргэ

Айанныыр аартыгы арыйдыҥ.

Дьокуускай куораты киэргэтэн

Дьоһуннаах тутуулар турдулар,

Дойдутун баайыттан тииһинэн

Дьолломмут норуотуҥ махтанар.

Балыыры, сиэмэхтик сиэһини

Барытын киэр илгэн, туруорсан

Кырыьска кыйдаммыт уолаттар

Үтүөкэн ааттарын төннөрдүҥ.

Хотугу форуму салайан

Хоһууҥҥун, хорсуҥҥун көрдөрдүҥ.

Алдьаммыт, кээһэммит айылҕа

Арчылааҥ диэбиттии ааттаһар

Кыыллара, көтөрө-сүүрэрэ,

Балыга баһаамнык аччаабыт,

Булдунан иитиллэр норуота

Болҕомто, көмүскэл эрэйбит.

Эйигин үсүһүн талаары

Элбэх да кэпсэтии баар этэ!

Булгуччу кыайыаххын билэннэр

Буккуһан турбуттар эбиттэр,

Кыахтаахтык киирсэргин билэннэр

Кыйдыырга санаммыт эбиттэр.

Киэҥ Арассыыйа киэлитигэр

Кэлиилээх-барыылаах үлэҕэ

Өссө үрдүкү кэрдиискэ

Өрө өксөйөн таҕыстыҥ.

Бар дьонуҥ махталын биллэрэн

Алҕаан, арчылаан атаарда.

Үлэлээ өссө да уһуннук

Үөрүөхпүт биһиги ол онтон.

Вера Васильева, улэ, тыл бэтэрээнэ

 

"Туймаада", 29.11.12 (№ 129)

 

 

Поделиться в соцсетях: