Сахалар итэ5эллэригэр ити ойдобуллэр эмиэ бааллар уонна быhаарыылара наука ситиhиитигэр ордук чугастар курдук. Ол эрэн, бугунну колуонэ дьон, омукпут Орто Дойдуга 1540 сылтан ордук олорон, сааhыран, ньа5аран, ол айыллыбыт, уйэтийбит ситиhиилэри сутэрэ быhыытыйбыт, бада5а. Итэ5элбит элээмэтэ эрэ, ынахпыт-о5успут хахтара эрэ, ыппытын харыстыыр ой киирбэккэ ааспыт уйэ5э сутэрбиппит. Корго-нарга умсугуйан омук атыырдарын утумэннээх упкэ а5алан сылгыбытын сиэнчэрдээн тымныыны тулуйбат онорон эрэбит. Бу ночоокко эрэ тиэрдэр суол.
Сылы дьылы кытта буккуйан тохсунньу ыйга «Сана дьылынан!» диэн уогулэhэбит. Бу Хоту дойду айыл5атын ойдобулуттэн тэйии бэлиэтэ. Хоту Дойду тогурук сылын тэтимин со5уруу дойду тэтимин кытта буккуйан эппит-сииммит улэтин кэhэн ыарыы хааhахтара буоллубут. Ол иhин сана торообут о5олорбут 84% туох эрэ сыыhалаах-халтылаах буолан иhэллэр. Ол аата омукпут торуон инниттэн молтох туруктаах. Суоhубутун дьыл хайа кэмигэр хайа отунан аhатарбытын да умнаммыт ууту да эти да барыыска кубулута иликпит. Хомойуох иhин былыр барыта быhаарыллан, оноhуллан, туhаныллан кэлбитэ ээ. Аныгы саха уйэлээ5и айбыта суох, буус бутуннуу утуктуу кууhунэн олороохтуубут.
Былыргы биhиги обугэлэрбит ойдоон-тойдоон уоскэппиттэрин тупсара сатаан са5аны айбыта буоларбыт сыыhа буолуо. Ойбутунэн молтообут кэммитигэр ойдоо5умсуйэр суоргу. Онон, обугэлэрбит уоскэппит уорэхтэрин удума5алатан баран, атын омук ааттаахтара айбыт наукаларын ситиhиитин туhанан, эбии быhаарыы эрэ оноруохпутун соп быhыылаах. Сахалар ол айбыт ойдобуллэрэ, киhи сайдыытын туллар тутаа5а, аныгылыы эттэххэ идеологията «Кут-Сур» диэн.
«Кут» диэн тылы «Душа» диэн тылбаастыахха соп. «Кут» диэн тыл «уот» диэн тылы кытта дьуорэлээн ойдуоххэ соп быhыылаах. Костуутунэн тогурук, «шаровой молния» диэн ханна ба5арар костор уокка холоонноох. Сир кун уотун сырал5анын кытта салгыны буккуйан тыынар тыыннаа5ы уоскэппитин курдук, киhи анарын булан, таптаhан, иэйэн-куойан о5о уоскэтэр. Ол уоскэтэр кэмигэр аан бастаан ийэ иhигэр кут уоскуур. Кут мэйии-силии, унуох-иниэх, эт-сиин, хаан уоскэтэн, тыын биэрэн оло5у салгыыр о5ону онорор. Онон «Кут» киhи ата5ын тумсуттан тоботун оройугар тиийэ тайаан сылдьар. Ол аата уот айылгыта (стихията) сиргэ оло5у торуттээбит, дьиэ5э сырдыгы, сылааhы сайбыт, киhи киhи буоларыгар тыын сахпыт улуу куус эбит.
Сахалар «Куту» арааран быhаараллар: «Ийэ кут»; «Буор кут»; «Салгын кут». Бу быhаарыы бэйэтэ туспа уонна дирин ис хоhоонноох, ойдобуллээх. Обугэлэрбит ону эмиэ быhааран, ситэрэн-хоторон биhиэхэ тиэрдибиттэр.
Кут сэниэтэ уллэр уостээх буолла5ына сарданалаах буолар. Ону атын омуктар «аура» диэн ааттыыллар. Ол сардана, о5о улаатан, толоhуйэн, ситэн-хотон, кууhурэн-уо5уран истэ5ин аайы суоска кубулуйар. Ол суоhу «Сур» (Дух) диэн ааттыыллар. Чэгиэн, чэбдик киhи суоhа киhи туоhун тылын туhунан 7-8 миэтэрэ иэннээх буолар, оттон оройун урдунэн 20 см. тиийэ улаатар. Ыалдьан, кырдьан молтообут киhини «сурэ суппут» дииллэр. Оттон суптурута корон-истэн, санаран-инэрэн суоhур5анар, хамсанан-имсэнэн тэлэккэчийэр киhини «Сурдээх да киhи» диэн толлуу майгытыгар киллэрэллэр.
Кут кунус костубэт. Кун уота суhуктуйар кэмигэр, олуктэн куох буруо унаарыйан тахсан барарын коруоххэ соп. Холобур, тайа5ы, кыылы-суолу куhуору 3-4 чаас са5ана, тын хатыан иннинэ, бултаабыт дьон билэллэр. Хаартыска5а эмиэ короллор. Сахалар «кута куоппут» диэн атын эйгэ5э барбыт киhини ааттыыллар уонна олбут киhиттэн куттаналлар. Ол куттал оруннаах быhыылаах. Физик идэлээх, болоhуок кыhалаах, киhи-аймахха инники кэскиллээх «Новемология» диэн уорэ5и торутээбит Баhылай Оконешников этэринэн «Кут» формулата 92-с квантовай ураны кытта биир эбит!
Сана киhиэхэ кут угуллан, то5ус ый ийэтин иhигэр мэйиитэ ситэн, ньирэй эттэнэн, салгыны уйан тыынар кыахтанан Орто Дойдуга кэлэр. Дьэ бу киhи инники дьыл5ата хайдах буолуо чопчу биллибэт. Ийэтэ иhигэр илдьэ сырытта5ына ийэтин сылаанньыйар, ыллыыр-туойар, иэйэр-куойар майгыта, кинини кытта быыстала суох иhирэх кэпсэтиитэ, имэрийиитэ-томоруйуута барыта туhалаан, о5о кэмигэр ситэн иhэригэр куус-комо буолар. Ийэ маннык туругун эр киhи хааччыйар, бэйэтин сылаас сыhыанынан, булугас-талыгас ойунэн, дьиэ кэргэнигэр кыhаллар-муhэллэр кыhатынан.
Оттон ийэ о5отуттан аккаастанар санаата баар буолла5ына, кыыhырар-тымтар, кэпсэппэт-ипсэппэт буолла5ына о5о салгын кутугар туох, хайдах химическай реакциялар бараллара саба5аланаллар эрэ. Онон, ийэ, а5а «Кут-Сур» ойдобулун ылынаннар, бэйэлэрин о5олорун инники дьыл5атын кытта дьуорэлииллэриттэн киhи дьыл5ата тутуллар. Ол аата киhи сырдык ыра санаалаах айыы киhитэ буолара, эбэтэр хара санаалаах абааhы киhитэ буолара ийэ, а5а кыhатыттан, о5ону, колуонэ ыччаты киhилии киhи онорон таhаарар ньымалар хас дьиэ аайы кэлимсэ киирэллэриттэн тутулуктаах. Онон, «Духовность» диэн тылы киhилии киhи эйгэтэ диэн быhаарар оруннаах. Бу эйгэни ситиhэр ньыма «Иитии» диэн ааттанар.
Сахалар «Иитии» диэн ааттыыллара эмиэ дирин ис хоhоонноох, нуччалар «Инэрии» диэн тылларыттан атын. Иитии кэмэ кылгас, куоттаран кэбиhэрбит угус, ол иhин сэрэтэн эппиттэр. Ситэри «Прошлое, настоящее, грядущее саха», «Оло5у хоhуйууга холонуу» уонна «Ыччат сайдар аартыктара» диэн мин кинигэлэрбин аа5ан билэргэр субэлиибин.
Виктор Ноговицын, педагогическай наука кандидата.