Новости библиотеки

Салайааччы уонна көңүл күүһэ

Cуолталаах оңоһуллубута сананыах тустаах. Буолан баран, оччотоођу ыарахан кэмңэ. Уустук кэмңэ туох барыта эрэйдээхтик хамсыыр. Ол эрээри күүстээх салайааччы, кинини өйүүр дьон-сэргэ баар буоллађына, хаһан бађарар уустугу да оңорорго суол-иис көстөр.

80-с сыллар бүтүүлэриттэн ССРС экономикатын, технологиятын сайдыытынан хаалыыта улам улаатан, атын дойдуларга иэһэ наһаа элбээн испитэ. Онон ас-таңас ађыйаан, кыһалђа элбээн, дойду салайааччыта, Компартия Киин Сэбиэтин генеральнай сэкирэтээрэ, ССРС бастакы президенэ М.С. Горбачев бэйэтинэн атын сирдэртэн хаалыыбыт улаханын аһађастык билинэр, норуоттан хайдах гынабыт диэн ыйытар кэмэ кэлбитэ. Санааны көңүл этии-саңарыы, суруйуу-көрдөрүү көмүөллүү күүһүрбүтэ. Урут наар компартия салайааччыларын эрэ съезтэргэ, конференцияларга, пленумнарга этиилэрэ көрдөрүллэр-бэчээттэнэр буоллађына, боростуой норуот ортотугар сылдьар, онтон тахсыбыт дьон санаата иһиллэрэ элбээн испитэ. Мөккүһүү, кириитикэлэһии да ађыйађа суођа. Мунуу-тэнии мучумааныгар күүстээх салайааччы кэллэђинэ эрэ быыһаныахпыт диэн саныырбыт. Бастакы демократическай быыбардар буолбуттара. Көңүл үчүгэй эрээри, мээнэ үүнэ-тэһиинэ суох бардађына, иэдээннээх да буолан тахсыан сөп. Атын регионнарга оннук буолбута дађаны. Ол сылларга кинилэргэ туох да тутуу барбатађа. Бары урусхаллаан, үрүө-тараа ыспыттара.

Биһиги республикабытыгар САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлигэр М.Е. Николаевы туруорар буолбуттарын истээт, дьон-сэргэ олус үөрбүтэ. Инникигэ эрэл үөскүү түспүтэ.

– Обком хайаан рекомендациялаабытай? Оо, дьэ, хайдах эрэ талыллара буоллар, – дэспиппит. Оччолорго биир да киһи кинини соччото суохтук саңарбытын истибэтэђим. Ол аата кинини норуота эрдэттэн көрө-билэ, хаһан тахсарын кэтэһэ-эрэнэ сылдьыбыт.

Күүстээх салайааччыга эрэнэр дьон киниэхэ көмөлөһөргө, өйөһөргө түмсэллэр. Республика норуотун депутаттарын аан бастакы демократическай талар быыбарга урут оччо биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьыбыт дьон хаһыаттарга, телевизорга, араадьыйађа, мунньахтарга этэн-тыынан биллэн-көстөн барбыттара. Биһиги да балайда кыахтаах дьонноох-сэргэлээх эбиппит ээ, итинник дьону М.Е. Николаев салайан үлэлэттэђинэ хамсааһын тахсыа эбит дэһэрбит.

Оччолорго коммунистар партиялара, дойдуга Б.Н. Ельцин, А.Д. Сахаров уо.д.а. курдук чађылхай политиктарга ыктаран, былааһын Үрдүкү Сэбиэккэ сыыйа биэриэх курдуга биллибитэ. Союзнай республикалара арахсарга, автономнай республикалар статустарын үрдэтэргэ туруорсуулара тыңааһыннанан испитэ. М.Е. Николаев Москвађа бардађын аайы улахан түмсүүлэргэ, көрсүһүүлэргэ дойдутун ойуччу лидерэ буоларын көрдөрбүтэ. Улахан политиктар кинини бэйэлэриттэн итэђэһэ суох, өссө үрдүк буолуон сөптөөђүн көрөн бииргэ үлэлэһэн, дођордоһон барбыттара. Ону Обкомун салалтата сөбүлээбэтэ, ордоору гынна диэн ыктарара өтө биллэрэ. Обкомтан бэйэлэрэ ити Үрдүкү Сэбиэт салайааччыларыгар көһүөхтэрин бађараллара курдаттыы көстөрө. Инньэ гынан быыбарга демократтар да, коммунистар да көхтөөхтүк кыттыбыттара.

Миигин элбэх киһи, ордук оччотоођу ССРС народнай депутата А.С. Борисов, кини көмөлөһөөччүтэ И.И. Николаев быыбарга кытын диэн этэ сатаабыттара. Оччолорго история хара-үрүң бээтинэлэрин суруйууларбын биһирии-сэңээрэ аађар норуот балайда өйүүрүн билэрбит. Ол иһин өссө күүстээх утарсааччыларбыт баар уокуруктарыгар туруоруохпут диэбиттэрэ. Мин суруйууга улахан былааннардаахпын, онно бардахпына, аралдьыйыам диэн аккаастана сатаабытым үрдүнэн, быыбарга туруоруу докумуонун ылыы бүтэрэ биир чаас хаалбытыгар Саха театрын, республика прокуратуратын, химия станциятын коллективтара күүстэринэн кэриэтэ депутакка кандидатынан куоластыы, докумуоммун оңоро охсубуттара. Сонно туран Ойуунускай аатынан уокурукка турбутум символическай эбит диэн санаан, улуу поэт-политик кыыһыгар Сардаана Платоновна Ойунскаяђа маңнайгы нүөмэрдээх итэђэллээх киһим буоларыгар көрдөһөн төлөпүөннээбитим. Кини миигин уруккуттан үчүгэйдик билэр буолан үөрүүнэн сөбүлэспитэ уонна агитацияђа көхтөөхтүк кыттыбыта.

Уокурукпар 11 кандидат туруоруллубутуттан икки киһи атын уокурукка эмиэ турбуттарынан онно киирсэ барбыттара, 9 киһи Ойуунускай аата суруллар мандатын былдьаспыппыт.

Мин туруоруллубут күнүм сарсыныгар Москвађа Россия ыччатын Союһун тэрийэр съезкэ барар буолбуппун өйөөччүлэрим хайдах былааннаахтык, өссө кимнээђи кытта агитацияны ыытарбытын быһаарсыбакка көтөр буоллуң диэн сөбүлээбэтэхтэрэ.

Кырдьык, конкуреннарым уонна кинилэри өйөөччүлэр ыаллары кэрийэ сылдьан үлэ бөђөнү ыыппыттар. Ол үрдүнэн маңнайгы туурга 24 бырыһыаны ылбытым. Иккис миэстэђэ тахсааччы уон икки бырыһыан, атыттар гиэннэрэ олох ађыйах этэ. Оччотоођу сокуонунан иккис туур буолбутугар холкутук кыайбытым.

Саңа депутаттар испииһэктэрэ хаһыаттарга тахсыбыта. Онно М.Е. Николаев аатын сэргэ кинини өйүөх дьон элбэђэ баарыттан санаабыт көтөђүллүбүтэ.

Маңнайгы сессия регламенын барылын бэлэмниир тэрийэр хамыыһыйађа миигин киллэрбиттэр этэ. Онно саас үлэлээбиппит. Бастакы сессия муус устар 26-тан үлэтин сађалаабыта. Үлэ бырааһынньыгын кэнниттэн ыам ыйын 8 күнүгэр диэри салђаабыта. Обком Үрдүкү Сэбиэт президиумун бэрэссэдээтэлэ дуоһунас президиум диэн тыла ылыллан, Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар кубулуйуутугар бэйэлэрин киһилэрин анньыахтара диэн сэрэх баара. Оройуоннар сэбиэттэригэр бэрэссэдээтэллэринэн райкомнар бастакы сэкирэтээрдэрэ анньыллыбыттарынан Ю.Н. Прокопьев, А.Н. Алексеев да кандидатуралара туруоруллуон сөп диэччилэр бааллара. М.Е. Николаевы президиум бэрэссэдээтэлин дуоһунаһын толорор кэмигэр маннык итэђэстэрдээх диири лупанан да көрдөөтөхтөрүнэ Михаил Ефимович дьиэк биэрбэт буоллађа. Онон маңнайгы сессияђа сыыһа-халты саңараарай диэн олуйсуулаах ыйытыктарынан үтэн-анньан көрбүттэрэ. Кулуарга да, саалађа да кэпсэтиилэртэн киирсэн туһаны ылыа суохтарын сэрэйэн тохтообуттара. Куоластааһыңңа М.Е. Николаев кандидатурата сођотођун киирбитэ уонна лаппа баһыйар үгүс-элбэх депутат өйөбүлүн ылбыта.

Регламены ылыныыга уонна кадрдары аттаран туруорууга элбэх тыңааһыннаах киирсии буолбута. Үрдүкү Сэбиэт спикерин солбуйааччыларынан, президиумун чилиэннэринэн, хамыыһыйаларын үүннээччилэринэн, правительство салайааччыларынан, министрдэринэн, улахан тэрилтэлэр тойотторунан үксүгэр М.Е. Николаев ылыннарыылаах быһаарыыларынан туруортаабыт кандидаттарын куоластаабыппыт. Онон бэйэтин диэки элбэх киһини тарпыта.   

Михаил Ефимович салгыы үлэтигэр-туруорсууларыгар САССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин, САССР уонна РСФСР народнай депутатын статустарын таба туһаммыта. Сођуруунан-хотунан, илининэн-арђаанан сыралаһан сылдьан үгүс-элбэх биһиги салайааччыларбыт бары холбоон да көрсүбүттэринээђэр элбэх үрдүк сололоохтору кытта дойдутун туһугар кэпсэтиилэри оңорбута. Сахатын сирин чахчы тыйыс айылђалаађа элбэх кыһалђаны үөскэтэрин ађалан көрдөрөн быһаарара. Аңаардас Б.Н. Ельцин курдук киһини Россия Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, онтон президенэ дуоһунастарыгар талыллан саамай чыпчаал кыађын ыла сылдьар кэмигэр кыһын тымныы, сайын куйаас ортото ађалбыта да элбэђи этэр. Биһиги сессияларбытыгар Б.Н. Ельцин, ССРС премьер-министрэ Е.Т. Гайдар, Россия спикерэ Р.И. Хасбулатов уо.д.а курдуктар кыттыбыттара. Урукку өттүгэр Саха сирин ситэ билбэт буоллахтарына, тута өйдүүр, көмөлөһө сатыыр буолбуттара. Итинник кини политик быһыытынан тыла ылыннарыылаађын норуота көрөн-итэђэйэн өссө өйөөбүтэ. Ол да иһин Үрдүкү Сэбиэт 12-с ыңырыытын ылыммыт сокуонунан бастакы Президенинэн өрө көтөђүллэн, атыттартан быдан элбэх куолаһы биэрэн талбыттара. М.Е. Николаев кыађа улам улааттар-улаатан испитэ. Мин кэлин элбэх региоңңа, омук сирдэригэр сырыттым. Онно кинини таңара курдук көрөр улахан дьон үрдүктүк сыаналыылларын астына иһиттим. Үрдүкү Сэбиэт 12-с ыңырыытын депутаттара итинник лидергэ кыах биэрбиппитин, демократическай конституцияны, суверенитет туһунан декларацияны, элбэх суолталаах сокуоннары, былаађы, дьаралыгы ылыммыппытынан киэн туттарбыт сөптөөх дии саныыбын.

 

Иван УШНИЦКАЙ, САССР, Саха ССР, Саха республикатын Үрдүкү Сэбиэтин 12-с ыңырыытын народнай депутата.

 

 

 

 


Поделиться в соцсетях: