Новости библиотеки

Дьон-сэргэ уонна Николаев Николаев уонна дьон-сэргэ Иван Ушницкай

М.Е.Николаев Сахатын сиригэр муус устардаађы сылдьыытыттан
үтүүтэ. Иннин «ОД» аах.)
 Үһүс түһүмэх. Чэгиэн, үлэһит киһи
 


– Былыр-былыргыттан үлэһит уонна чэгиэн киһи ситиһиилээх этэ. Оннук эрэ киһи өлөн-охтон биэрбэт. Киһиэхэ итинник ирдэбил билиңңи кэмңэ үрдээтэ, инникитин ордук улаатыа, – диэн мэлдьи тоһођолоон этэр үгэстээх Саха республикатын бастакы президенэ, Россия Федерациятын Сэбиэтин председателин солбуйааччы М.Е.Николаев. Ол иһин сырыттађын аайы үлэ миэстэтин таһаарыыга туох хамсааһын барарын уонна дьону эрчийэр, сайыннарар тэрилтэлэри көрөр, олорго санаатын этэр идэлээх. Бэйэтэ чэгиэн, үлэһит киһи хайдађын илэ көрдөрө сылдьар. Москваттан кэлиэђиттэн барыар диэри элбэх көрсүһүүлэри оңорор. Хас сылдьыбыт улууһун, тэрилтэтин олођун-дьаһађын сиһилии чинчийэр. Россия сокуоннара дьоңңо туга сөп түбэһэрин, туга итэђэһин, саңа ханнык сокуон ылыллыан сөбүн туоһулаһар. Кимнээђэр да кыһалђалаах тыа сирин дьонугар ураты болђомто уурар.

Киһи чэгиэн буолуутугар ођо, ыччат эрдэђиттэн улахан болђомто ууруллуохтаах. Ол да иһин М.Е.Николаев ханна бађарар тиийдэр эрэ сылдьар сирэ иитэр-үөрэтэр уонна эрчийэр тэрилтэлэр.

Биирдэ киниттэн интервью ылалларыгар ыйыппыттара:

– Оскуола ордук туохха кыһаныахтаађый?

– Бастатан – киһини киһи быһыытынан иитиигэ, иккиһинэн – чэгиэн оңорууга, үсүһүнэн эрэ – үөрэтиигэ.

Горнайга Маңараска, Бэрдьигэстээххэ оскуолаларга сылдьыытыгар:

– Наһаа элбэх мэтириэт истиэнэђэ ыйанар эбит. Айылђа кэрэ көстүүлэрин уруһуйдара, хаартыскалара көстүбэттэр, – диэбитэ. Кини этиитин үгүстэр тута ылынан уларытыналлар.

Төрөөбүт Өктөмүн лицейигэр попечителлэрин Сэбиэтин салайар. Кэллэђин аайы ураты болђомтолоохтук сылдьар. Кыһын кэлэ сылдьан эппитин дьоно номнуо хамсаппыттар. Кылаастарга ођо бөкчөңнөөбөккө олоруон, туран да эрэ үөрэниэн сөптөөх, улааттађын аайы үрдэтиллэн иһэр анал оңоһуулаах паарталарын элбэппиттэр. Саахымат, дуобат, өйү үлэлэтэр оонньуурдар остуолларга, ыскааптарга хото ууруллубуттар. Ођолор ситиһиилэрин көрдөрөр музей байытыллыбыт. Манна ођолор оңоһуктарын сотору-сотору уларытары ирдиир. Бу нэдиэлэђэ ол кылаас, аныгыскы нэдиэлэђэ атын кылаас оңоһуктара. Онно хайаан да төрөппүт ођотун кытта тэңңэ оңорсуох тустаах. Оттон үөрэнээччилэр бэйэлэрэ экскурсовод буолан саңара-иңэрэ үөрэниэхтээхтэр. Уруоктар иннилэринэ классическай музыка холбонон ођону уоскутуон, толкуйун-санаатын оннун-олођун буларыгар туһаныллыан бађарар.

Маңараска уулусса ортотунан киирэн испиппит. Таас дьиэ истиэнэтэ бүтүннүү чађылхай ойуу. Мин ыраахтан тута биллим: сөбүлүүр уолум Герман Контоев аан дойду чемпиона, оттон кини биитэ Александр аан дойду призера буолар хапсыһыыларыгар оңоро сылдьар албастарын хаартыскаларын улаатыннаран панно оңорбуттар--киһини сүргэтин көтөђөр. Сахалар бу дэриэбинэттэн, биир ыалтан хайдах кыайбыттарый? Мин урут 2004 сыллаахха сылдьарбар эргэ саала баара, ол көтүрүллүбүт. Онтон дођорум Степан Контоев уолаттарын Германы, Степаны, Сашаны аан дойду чемпионнара буоларга ыллыктары уурбута. Билигин итинник үтүө үгэстээх сиргэ маннык үчүгэй саала тулуллубута кэлин киэң аартыгы арыйыа. М.Е.Николаев ођођо, ыччакка, дьоңңо төрөппүт эрэ буолбакка, салайааччы эмиэ үтүө холобуру көрдөрүөн бађарар. Иккис мэндиэмэңңэ тренажернайга сылдьан, Михаил Ефимович гиирэ диэки ыйда:

– Итини көтөђөн көрдөр эрэ, – диэт, Маңарас баһылыгын П.Н.Андреевка эргилиннэ. Прокопий, хата, көңүл тустууга спорт маастара буолан, дьэ эрэ диэбиттии, гиирэни өрө аста.

Контоевтар ађалара кэлин сылларга хайыһарынан үлүһүйбүтэ, кэргэнэ Варвара Осиповна Маңараска баһылыктыы олорон кинини өйөөн, сыл аайы республикатаађы хайыһар түһүлгэтин тэрийбитэ. Степан Степанович бэйэтэ дьону эрчийээччи, бэлэмнээччи, күрэхтэһиини ыытааччы буола сылдьан, саастаахтарга хаста да бастаабыта. Быйыл да саңа олохсуйбут сириттэн Хатастан кэлэн иннин биэрбэтэ. Кини саастаахтарга аан дойдуга биир бастың көрдөрүүлэммититтэн уоскуйбат, өссө онно аан дойду чемпиона буолуон бађарар.

Контоевтар үтүө үгэстэрин салђааччылар бааллар. Быйылгы хайыһар Маңарастаађы түһүлгэтигэр эстафетађа правительствоттан супербирииһинэн УАЗ-фургон массыына туруортардылар. Уонна ону хамаанданан бүтэһик этапка кэлиигэ иккис испит уоллара лидертэн лаппа ыраахтан улам чугаһаттар-чугаһатан испитэ. Биэтэк олох чугаһыгар алта миэтэрэђэ диэри кимэн киирбитигэр санааларын түһэрбэтэхтэрэ: «Кытаат, сит»,—диэн ыһыы-хаһыы түһэрбиттэрэ. Онтон кынаттанан уоллара биэтэккэ кыл түгэнэ хайыһар аңарынан инники сыр гыммыта. Уруйу улаатыннарыыта, айхалы сађыыта атын кыайыылары ађала туруохтун. Маңарастар супербириистэринэн киэн тутта биһигинниин көрсө кэлбиттэрэ уонна арыаллаабыттара. Ити эмиэ кыайыыларга угуйар.  

– Манна араас саастаахтар кэлэн эрчиллэллэр, – диир Одуну нэһилиэгин баһылыга. — Аңардас ийэ Айталина Оконешникова сүрүн үлэтин быыһыгар бааһынай хаһаайыстыбалаах. Быйыл ађыс ынађа төрөөтөр да, эрчиллэрин салгыы сылдьар. Мас тардыһыытыгар Россия түөрт төгүллээх чемпиона.

Саха дьахталларыттан спорт ити көрүңэр маастары атын сирдэргэ эмиэ үтүө холобурга тутар сөп. Михаил Ефимович кини туһунан истибитин сарсыңңытыттан атын сирдэргэ көрсүһүүлэргэ тиийдэр эрэ: «Эһиги биир үлэни кыайан булбаккыт, биир-икки сүөһүнү иитэ сатаабаккыт. Горнайга биир дьахтар сүрүн үлэтин таһынан бааһынай хаһаайыстыба тутар, ађыс ынађа төрөөбүт, өссө спордунан эрчиллэр. Мас тардыһыытыгар Россия түөрт төгүллээх чемпиона буолбут», – диир буолбута. 

Үлэтэ суохтары туһалаах дьарыгынан хааччыйыыга син биир урукку сађалааһыннарын ир суолларын ирдэстэ. Кини көђүлээһининэн улахан дьону инновацияђа хайысха биэрэр, компьютерга, быраабы көмүскэнэр, тэрилтэ тэринэр дьыалаларын оңостоллоругар үөрэтэр СГУ иһинэн норуот университетын тэрийиитэ үлэлээтэ. Уонтан тахса сыллаађы сађалаабыт кууруссаны, сибиинньэни, көтөрү кредитинэн иитиигэ ылыыга Россия таһымыттан Саха республикатыгар көмөлөһүннэрэргэ кэпсэтиилэрин ахтан туран, хас сылдьыбыт сирин чуолаан, бэйэтин төрөөбүт дойдутун үлэтэ суох дьоно итиннэ ылсалларыгар программатын тиһэђэр тириэрдэргэ салгыы хайдах үлэлиэхтээхтэрин ырытыста.

Мин бу ыстатыйабын эмиэ кини бигэ тылынан түмүктүүбүн: Уһун дьоллоох олохтонор туһугар үлэһит буоларга дьулуспут киһи хаһан да өлөн-охтон биэриэ суођа. Ханнык да ыарахаттары тулуйуо. 90-с сылларга холоотоххо билиңңи кэм ама, кризис диэн буолуо дуо? Онноођор ол кэмңэ ситиһиилээхтик үлэлээбиппит. Кытаатың.

 Ааптар хаартыскађа түһэриилэрэ.


Поделиться в соцсетях: