2017 сыллаахха Павловскай орто оскуолатыгар Людмила Реасовна "Өксөкүлээх эргимтэ" общественнай түмсүү тэрээһинигэр кэс тылын этэн барбыт эбит. Онно кини эһэтин Алексей Елисеевич Кулаковскайы саха норуотун лидера, кытайдарга Конфуций тэҥэ киһибит диэн билиниэхтээх кэммит кэлбитин этэн – тыынан ааспыта. Хас биирдии улууска Өксөкүлээх киинэ баар буолуохтаах диэн ыраламмыта. Ол кииҥҥэ саха ыччата кэлэн кутун – сүрүн бөҕөргөтөн, сүбэ – соргу ылан барар сирэ буолуохтааҕын сүбэлээбитэ. Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев «Алексей Елисеевич Кулаковскай — Саха сирин духуобунай лидерэ» диэн кэс тылын 2022 сыллаахха Хачыкаат сиригэр симпозиумҥа эппитэ. Тумус туттар дьоммут сырдык ыра санаалара, кэс тыллара – билиҥҥи глобализация кэмигэр омук быһыытынан тыыннаах хаалар ньымабыт буоларын этэн барбыттарын өйдүөхтээхпит.
Өксөкүлээх айымньыларын ойуулуур – дьүһүннүүр искусство араас көрүҥнэринэн киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах бырыйыакпытынан иккис сылын араас таһымнаах күрэхтэри тэрийэбит. Күрэх буолан баран бириистээх буолара чахчы. Үп- харчы буларга наар уустук буолааччы. Ол да буоллар улуу Өксөкүлээх суруйан хаалларбыт нэһилиэстибэтин, духовнай баайбыт буоларын сыаналыыр, үбүлүүр дьон бааллар. Күрэҕи тэрийиигэ үбү – харчыны буларга көмөлөстүлэр ЭО "Арктик Капитал" үлэһитэ - Гурьев Василий Михайлович, "Аква Аман" ыраас уу тэрилтэ салайааччыта - Гурьев Петр Михайлович. Анал бириистэри анаатылар уруһуй учууталлара - Осипова Александра Владимировна, Гуляева Елена Владимировна, Гурьев Михаил Васильевич – үлэ тыыл бэтэрээнэ, Саха сирин Бочуоттаах тутааччыта, хоһоонньут уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын салалтатын хотуна Исакова Анна Руслановна. Биһиги көрдөһүү сурукпутугар ЭО "Арктик Капитал" Евсеев Матвей Николаевич салайааччылаах тэрилтэ уһаппакка эппиэттээн призовой фондатын 88000 тыһыынчаны уйунна. Былыр былыргыттан саха үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар үбү биэрэр дьоннор бааллара, бааллар, баар да буолуохтара диэн эрэнэбит. Хас биирдии сахабын дэнэр киһи Өксөкүлээх эппит:
"Аҕыйах анаҕым
Арыытын сыыһыттан
Аҕалан биэрдэхпинэ,
Атын да дьоннор
Арааһынан барытынан
Аҕалан көмөлөстөхтөрүнэ,
Айан суолун тобулуохпут,
Аччыгый норуоту
Абырыыр суолга салайыахпыт" тылларын ылынан, үлэтинэн – хамнаһынан тэрийсэ, абырыы сылдьара махтала муҥура суох.
Ол курдук, бу сыл, от ыйын 9 күнүгэр Мэҥэ Хаҥаласка “Сельская школа&образовательная марка” өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларынан "Хоһоон хонуута" уруһуй күрэҕин ыыттыбыт. Бу күрэҕи “Мандар уруһуйдьуттар”- “Рисуем все” республикатааҕы бырайыак, “СӨ ойуулуур ускуустуба учууталларын Ассоциацията”, “Николаев Киин” архыып бибилэтиэкэтэ, В.Н. Оконешников аатын сүгэр Павловскай орто оскуолатын «Оҕонньор кэпсээнэ» методологическай лабораторията кыттыһан ыыттыбыт. Тэрийэр үлэҕэ биһиэхэ Слепцова Марианна Васильевна И.Е. Винокуров аатынан педколледж учуутала көмөлөстө. Инникитин өссө да элбэхтик үлэтин уопутуттан бэрсиэ, үөрэтиэ турдаҕа. Дьүүллүүр сүбэҕэ Скорикова Ольга Афанасьевна - Саха Республикатын Худуоһунньуктарын союһун бэрэссэдээтэлэ. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ», Егоров Михаил Валерьевич – Саха театырын сценограва, Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ, П.А. Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэтин лауреата уонна Чоччасов Николай Никитич - скульптор, Россия Худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Худуоһунньуктарын союһун бырабылыанньатын чилиэнэ күннэрин – дьылларын аттаран быыс булан үлэлээтилэр.
1 бөлөххө 1 үрдэли Скрябина София "Байанай алгыһа" Покровскай куорат №2 оскуолатын үөрэнээччитэ 5000 солк (сал. Терешкина Изольда Владимировна), 2 үрдэли Борисов Толя "Көтөр Аал" П.С.Скрябин аатынан 1- Дьөппөн орто оскуолатын үөрэнээччиттэ 3000 солк (сал. Борисова Татьяна Анатольевна), 3 үрдэли Елизарова Сайааана "Самыыр" Покровскай куорат №2 оскуолатын үөрэнээччитэ 2000 солк. (сал. Терешкина Изольда Владимировна) наҕараадаланнылар. Уруһуйдьут учууталлар Осипова Александра Владимировна, Гуляева Елена Владимировна анал бириистэрин "Третьяковская галерея" кинигэни, диплому "Сааскы уу" уруһуйунан ылла Покровскай куорат №2 оскуолатын үөрэнээччитэ Аввакумов Слава (сал. Терешкина Изольда Владимировна), Саха сирин уруһуйдьуттарын союһун анал бирииһэ - "Саха уран хараҕынан" кинигэлэри Петрова Тамара "Кырасыабай кыыс" үлэтинэн А.П.Павлов аатынан №1 Сунтаар орто оскуолатын үөрэнээччитэ (сал. Степанова Тамар Ивановна) уонна Ким Володя "Байанай алгыһа" (сал. Кириллова Татьяна Афанасьевна) үлэтинэн Дьокуускай куорат №34 коррекционнай оскуолатын үөрэнээччитэ ыллылар. 2 бөлөххө 9-11 кыл. 1 үрдэли Данилова Диана "Кэччэгэй баай" өрөспүүбүлүкэтээҕи истибэт оҕолор интернат оскуолатын үөрэнээччитэ - 5000 солк (сал. Кривошапкина Надежда Семеновна), 2 үрдэли Эверстова Элла "Сайын кэлиитэ" Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара орто оскуолатын 3000 солк, 3 үрдэли Жиркова Динара "Кулаковскай мэтириэтэ" Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара орто оскуолатын 2000 солк (сал. Жиркова Любовь Анатольевна) наҕараадаланнылар.
3 бөлөххө - эдэр ыччакка устудьуоннарга күрэх аһаҕас хаалла. Онон көрүллүбүт үп – харчы кыайыылаахтары күүтэр. Анал үөрэх кыһа салайааччыларыгар сурук барбыта, күрэххэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабыт.
4 бөлөххө – идэлээх уруһуйдьуттарга 1 үрдэл – Мэҥэ Хаҥалас В.Н. аатынан Павловскай орто оскуола уруһуй учуутала Флегонтова Айталина Авксентьевна "Сайын кэлиитэ" 20000 солк, 2 үрдэли - Хаҥалас улууһун П.С.Скрябин аатынан 1- Дьөппөн орто оскуолатын уруһуй учуутала Борисова Татьяна Анатольевна "Хомус" 15000 солк, 3 үрдэли Мэҥэ – Хаҥалас Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын уруһуй учуутала Апросимова Варвара Анатольевна "Сайын кэлиитэ" 10000 солк бирииһинэн уруһуйдара бэлиэтэннилэр. М.Гурьев анал бирииһин "Дылбаахы мыраана" кинигэни, 5000 солк харчыны анаата "Самыыр" диэн үлэлээх уонна саамай элбэх үлэни аҕалбыт Хаҥалас улууһун учууталыгар Терешкина Изольда Владимировнаҕа. Мэҥэ Хаҥалас култуураҕа салалтатын анал бирииһэ (сертификат ДНС 3000 солк) тигистэ Мэҥэ Хаҥалас Төхтүр музыкальнай оскуола учууталыгар "Манчаары. Зимовье в берлоге" уруһуйдаах Стручкова Айыына Васильевнаҕа. СӨ уруһуй учууталларын Ассоциациятын биһирэбил бирииһэ ананна Муома улууһун Н.С. Тарабукин аатынан орто оскуола уруһуй учууталыгар Парилова Любовь Васильевнаҕа.
Төрөөбүт дойдубут устун хас дьиэ аайы баар уус – уран оҥоһуктар, уруһуйдар дойдубут тэбэр сүрэҕэр Государственнай история түмэлигэр тиийэ Арассыыйа сайдыытын, чахчыларын көрдөрөр улуу уруһуйдьуттар, маастардар үлэлэрин киһи көрөн сөҕөр, сүгүрүйэр. Уран тарбах, тобуллаҕас толкуй, мындыр өй оҥорон таһаарбыта киһи – аймаҕы сайдыыга, кэрэҕэ сирдиир. Ол ситим быстыбатын туһугар күрэхтэри тэрийэн эдэр ыччаты угуйа турар ытык иэспит.
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуола алын сүһүөх учуутала, «Оҕонньор кэпсээнэ» методологическай лаборатория чилиэнэ, "Хоһоон хонуута" бырайык ааптара Анна Михайловна Егорова.