Новости

​Академик Н.Г. Соломонов сайыҥҥы научнай чинчийэр оҕолор экспедицияларын 5 сыллаах тэрээһинэ

2019 сылтан саҕалаан Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын Научнай үөрэҕириитин салалтатын Ю.И. Семенов салайааччы көҕүлээһининэн академик Н.Г. Соломонов сайыҥҥы научнай чинчийэр оҕолор экспедицияларын үлэтин саҕалаабыта. Аан бастаан 9 оскуола экспедицията холбоһон тэриллибитэ. Онтон сыыйа улаатан-кэҥээн 27 оскуола экспедицията тэриллэн үлэлээбитэ, 2023 сылга 5 сыла буолбута. Манна урут уруккуттан үлэлии сылдьар уопуттаах экспедициялар – Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын «Эллайаада»,Тиит Арыы орто оскуолатын «Аар кынат», Кыһыл үрүйэ орто оскуолатын «Үрүйэчээн», Томпо улууһун Эколого-биологическэй киинин «Томпо эдэр натуралистара», Үөһээ Дьааҥы улууһун «Үөһээ Дьааҥы – тымныы полюһа», Горнай улууһун А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Эко-Бэрдьигэс», С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Сүмэ – тыыннаах лабраторията», Таатта улууһун 1 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолатын «Таатта оччугуй үрэҕин кэскилэ – эдэр көлүөнэҕэ» диэн бырайыагынан «Үнүгэс», Эбээн Бытантай улуустааҕы оҕо киинин «Төрөөбүт кыраайым – Буг дэмҥэн», Сунтаар улууһун политехническэй лицей интернатын «Дьулҕан», Ньурба улууһун Малыкай орто оскуолатын «Эврика», Бүлүү улууһун Бороҕон орто оскуолатын «Тимирдээх хайатын тула Бүлүү өрүһүн кыйа киэҥ нэлэмэн сирин бары өттүнэн научнай чинчийии», Уус Маайа улууһун Уус Маайа орто оскуолатын «Көрдөбүл» (Поиск), Күп орто оскуолатын «Эдэр эколог», Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх орто оскуолатын «Дьүүктэ» (Родник) кытта холбоспуттара.

Ону сэргэ академик Н.Г. Соломонов сайыҥҥы научнай чинчийэр оҕолор экспедицияларын үлэтин иһинэн 2019 сылтан саҕалаан сыыйа-баайы 12 саҥа экспедициялар – Дьокуускай куорат 25 №-дээх орто оскуолатын «Кэҥкэмэ», Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү орто оскуолатын «Үнүгэс», Майа орто оскуолатын «Эйгэ», Мэлдьэхси орто оскуолатын «Нэһилиэкпит сирин почвата», Уус Майа улууһун Петропавловскай орто оскуолатын «Уус Маайа – Петропавловск – Цыпанда», Нерюнгри куоратын Оҕо уонна эдэр ыччат айар киинин экспедицията, Мирнэй улууһун 9 №-дээх орто оскуолатын«Эдэр биолог», Ленскэй улууһун Тэтим уопсастыбаннай тэрилтэтин «Биһиги инникитин сири-уоту үөрэтэри салҕаары» (Мы этой земли продолжение), Үөһээ Бүлүү Кэнтик орто оскуолатын «Алаас бэлиэ суолларынан», Саха өрөспүүбүлүкэтин Минэкология уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын холбоһуктаах Бүлүү улууһун бөлөҕүн оҕолоругар аналлаах «КүнЭко», өрүс уҥуордааҕы улуус бөлөҕүн оҕолоругар аналлаах «Күн сардаҥата», Кэбээйи улууһун Арыктаах орто оскуолатын «Кэскил», Горнай улууһун Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын «Уораннаах» төрүттэммиттэрэ.

Бу экспедициялар үлэлэрэ тэриллэллэригэр саамай төһүү күүһүнэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын академига, физико-математическай наукатын дуоктара Ю.М. Григорьев, Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын академига, техническэй наука дуоктара А.И. Матвеев буолаллар. Оччотооҕу Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын президенэ, академига, техническэй наука дуоктара, профессора В.В. Филиппов улаханнык өйөөбүтэ. Онтон биһиги экспедициябыт дьиҥ научнай кураторынан, туох баар тэрээһини тэрийиигэ тэҥҥэ бииргэ үлэлэспит киһинэн Тымныы кыһарҕаннарын биологическэй институтун сүрүн специалиһа, биологическай наука дуоктара Арк.П. Исаев буолар.

Биэс сыл иһигэр сүүрбэ сэттэ оскуола экспедицияларыгар оҕолору, учууталлары кытта дьиҥнээх тыа усулуобуйатыгар 68 учуонай араас научнай институттан (ол курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академията, Тымныы кыһарҕаннарын биологическэй института, П.И. Мельников аатынан тымныыны чинчийэр институт, Ю.Г. Шафер аатынан космофизиканы уонна аэрономияны чинчийэр институт, Тылы уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын чинчийэр институт, Н.В. Черскэй аатынан хайа дьыалатын чинчийэр институт), М.К. Аммосов аатынан ХИФУ научнай үлэһиттэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас мусуойуттан (Ем. Ярославскай аатынан история уонна хоту норуоттарын култууратын мусуойа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мусуойа, С.А. Федосеева аатынан аартыка археолгиятын мусуойа), ону сэргэ Ханты-Мансийск «Айылҕа уонна киһи» мусуойун, «Эйгэ» экология уопсастыбаннай тэрилтэтин научнай үлэһиттэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Минэкологиятын экологияҕа үлэһиттэрэ, госинспектордар киэҥ хабааннаахтык үлэлэспиттэрэ.

Академик Н.Г. Соломонов сайыҥҥы научнай чинчийэр оҕолор экспедицияларын үлэтэ сыл тухары тиһигин быспакка үлэлээн кэлбитэ. Ол курдук сайыҥҥы кэмҥэ экспедициялар үлэлииллэрэ, күһүҥҥү кэмҥэ түмүк үлэлэр, отчуоттар буолаллара уонна экспедиция салайааччыларын үлэлэрин түмэр, түмүктүүр, инникини былаанныыр кэмпириэнсийэ оҥоһуллара, онтон кыһыҥҥы кэмҥэ бэлэмнэнии үлэтэ, сааскы кэмҥэ учууталларга араас үөрэх, куурус, семинар, консультация, оҕолорго научнай, экологическэй күрэхтэр, кэмпириэнсийэлэр ыытыллаллара.

Биэс сыл иһигэр элбэх үтүмэн үлэ ыытыллан кэллэ. Ол иһин ону бэлиэтиир сыалтан 2024 сыл муус устар 5 күнүгэр Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр Николаев Киинигэр улахан тэрээһин буолан ааста. Манна туох баар экспедицияны салайбыт бары учууталлары, директордары, 68 учуонайы араас наҕарааданан, грамотанан, махтал суруктарынан бэлиэтээтибит. Ону сэргэ Ю.М. Григорьев, Н.Г. Соломонов аатынан үрдүк көрдөрүүлээх дьоммутугар харчынан стипендия туттардыбыт. Бу стипендиялары Ю.М. Григорьев дьоно, аймаҕа, Н.Г. Соломонов сиэннэрэ, кийиитэ олохтоотулар.

Бу сыллар тухары оскуола директордара үп-харчы булан оҕолор чинчийэр экспедицияларын үлэтин өйөөбүттэрэ, улахан тирэх, көмө буолан туох баар тэрээһин боппуруоһун тэҥҥэ быһаарбыттара, тэрийсибиттэрэ. Сорох директордар илэ бэйэлэринэн кытта экспедицияҕа сылдьан, тэҥҥэ оҕолору, учуонайдары кытта алтыспыттара. Ол курдук бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын Тиит Арыы орто оскуолатын директора Абрамова Э.П., Арыктаах орто оскуолатын директора Ноговицын С.В., Петропавловскай орто оскуолатын директора Винокурова А.М., Дьокуускай куорат 25 №-дээх оскуолатын директора Захаров И.Ю., Мэлдьэхси орто оскуолатын директора Сыромятникова Л.Д. тэбис-тэҥҥэ оҕолору, учууталлары, учуонайдары кытта сылдьан үлэлэспиттэрэ, араас наука хайысхатын сэргээн чинчийбиттэрэ.

Биэс сыл иһигэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын экспедицияларын үлэтэ Н.Г. Соломонов аан бастаан 1994 сыллаахха тэрийбит бастакы «Эллэйаада» оҕолор научнай чинчийэр экспедициятын, Н.Г. Соломонов идеятын тарҕаппыт, тэниппит Арк.П. Исаев салалтатынан тэриллибит «Үөһээ Дьааҥы – тымныы полюһа», «Томпо эдэр натуралистара», «Эко-Бэрдьигэс» экспедицияларын үлэлэрин уопуттарыгар тирэҕирэн, олоҕуран тэриллибитэ, оҥоһуллубута.

Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ саамай улахан наҕараадалар туттарылыннылар:

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Минэкологиятын «За вклад в развитие заповедного дела» бэлиэтин уонна Н.Г. Соломонов аатынан стипендияны ылла Арк.П. Исаев. Кини уруккуттан даҕаны уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын экспедицияларын биир сүрүн тутаах салайааччыта, сүбэһитэ, куратора буолар. Ону сэргэ кини Саха сирин элбэх харыстанар сиргэ араас экспедицияны тэрийсэн үлэлээбитэ, онно ситиһиилэрэ, көрдөрүүлэрэ үтүмэн үгүс.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Минэкологиятын «Зеленое перо» Уус Майа улууһун Петропавловскай орто оскуолатын учууталыгар Бариева Т.С. туттарылынна. Кини бу сыллар тухары энтомология салаатыгар элбэх лыаҕы үөрэтэн, наука эйгэтигэр элбэх көмөнү оҥордо, элбэх үүнээйини үөрэтэн ботаника наукатыгар бэйэтин кылаатын эмиэ киллэристэ. Хас да научнай ыстатыйа кыттыгас ааптара.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын «За вклад в развитие научно-исследовательской деятельности обучающихся Республики Саха (Якутия)» бэлиэлэрэ туттарылыннылар Тымныы кыһарҕаннарын биологическэй институтун инженер чинчийээччигэ Протопопова О.Н., Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын научнай үлэһиттэригэр Матвеев А.И., Колесов С.Д., Горнай улууһун А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын биологияҕа учууталыгар, «Эко-Бэрдьигэс» экспедиция салайааччытыгар Оленова С.П., Нерюнгритааҕы Оҕо уонна эдэр ыччат айар киинин эбии үөрэхтээһин педагогар, экспедиция салайааччытыгар Проценко В.Н.
  • Ю.М. Григорьев аатынан стипендия туттарылынна Тымныы кыһарҕаннарын биологическэй институтун салайар научнай сотруднига, биологическай наука хандьытаата, «Кэнкэмэ» экспедиция научнай салайааччыта Копырина Л.И. Кини 2019 сылтан ыла эҥкилэ суох «Кэнкэмэ» экспедициятыгар сайыннары-кыһыннары тэҥҥэ үлэлэстэ, научнай кэмпириэнсийэлэргэ салайан, икки лауреаты үүннэрдэ, ону сэргэ Бецанич Илья оскуоланы бүтэрэн М.К. Аммосов аатынан Естественнэй наука институтун устудьуонун үүннэрэн таһаарда.
  • Н.Г. Соломонов аатынан стипендия туттарылынна «Махаон» экспедиция салайааччытыгар, Өктөм орто оскулатын эбии үөрэхтээһин педагогар, уруккута «Эллайаада» экспедиция салайааччытыгар Федотов П.С. Кини наука эйгэтигэр хас да оҕону үүннэрэн таһаарбыта. Билигин ол оҕолоро дьиҥ наука үлэһиттэрэ буолан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Уонна П.С. Федотов Н.Г. Соломонов экспедициятыттан үүнэн-сайдан тахсыбыт биир төһүү киһинэн буолар. Ону кытта «Томпо эдэр натуралистара» экспедиция салайааччытыгар Сыромятникова А.Н. ылла. Кини 5 сыл үлэ түмүгүнэн бэйэтин экспедициятыгар араас наука хайысхатын хабан, чуолаан ботаникаҕа, орнитологияҕа, энтомологияҕа, физикаҕа, палеонтологияҕа научнай кэмпириэнсийэлэргэ оҕолорун ситиһиилэрэ үтүмэн.

Протопопова О.Н., Колесов С.Д. биэс сыл тухары элбэх экспедицияҕа научнай салайааччынан сылдьыбыттара, оҕолору дьарыктаан научнай кэмпириэнсийэ лауреат аатыгар тиийэ үүннэрэн таһаардылар.

Ону таһынан бу улахан тэрээһиҥҥэ экспедициялар биэс сыллаах үбүлүөйдээҕи альбомун сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу альбом тахсарыгар харчы өттүнэн көмөлөспүт Полиметалл тэрилтэ Саха сиринээҕи салаата буолар. Альбомҥа экспедициялар салайааччыларын, научнай салайааччыларын, хас биирдии 27 оскуола экспедициятын хаартыскалара, экспедиция түмүгүнэн тахсыбыт оҕолор үрдүк ситиһиилэрэ тиһиллэн киирдилэр.

Түгэнинэн туһанан, экспедицияҕа үлэлэспит туох баар бар дьоммор улахан махталбын тиэрдэбин.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын академик Н.Г. Соломонов сайыҥҥы научнай чинчийэр оҕолорэкспедицияларын салайааччыта

Саргылана Седалищева (2019-2023 сс.)

Поделиться в соцсетях: