Бүгүн, атырдьах ыйын 8 күнүгэр, Хаҥалас улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаардылар. Кутурҕаннаах кортеж Дьокуускайтан Өктөмҥө барар суолун устун сүүһүнэн киһилээх «тыыннаах көрүдүөр» кэккэлэспитэ.
Чапаево сэлиэнньэтигэр Дьоҕус наука академиятын дьиэтигэр ыытыллар кутурҕаннаах миитиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, народнай дьокутааттар, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, Михаил Николаев доҕотторо, биир дойдулаахтара, аймахтара киниэхэ махтал тылларын анаатылар.
Гражданскай панхида кэмигэр Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин, Москва уонна бүттүүн Русь Патриарха Кирилл, Федерация Сэбиэтин испиикэрэ Валентина Матвиенко, Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин Боломуочуйалаах Бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Минтимер Шаймиев кутурҕан тыллардаах тэлэгирээмэлэрин аахтылар.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Михаил Ефимович хас биирдии киһи дьылҕатыгар үтүө дьайыылаах. «Хас биирдиибитигэр чугас уонна күндү. Үйэ уларыйар кэмигэр Михаил Ефимович курдук хорсун, өйдөөх, ырааҕы көрөр салайааччылаах буоламмыт бу курдук киэҥ далааһыннаахтык сайдан кэллибит. Бастакы бэрэсидьиэммит норуотугар саҥа кэскили, саҥа кыахтары биэрбитэ, саҥа өрөспүүбүлүкэни тэрийбитэ, саҥа саханы үөскэппитэ. Бүгүн биһиги бастакы бэрэсидьиэммитин тиһэх суолугар атаарабыт, төрүт буорун булларабыт. Кини күн сириттэн барбытыттан хараастан тураммын кэргэнигэр Дора Никитичнаҕа, кыргыттарыгар, сиэннэригэр, чугас дьонноругар, хас биирдии Саха сирин олохтооҕор дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин», – диэтэ Айсен Николаев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков Михаил Ефимович хара маҥнайгыттан дьон-сэргэ сөбүлээбит, ылыммыт киһитэ буолбутун бэлиэтээтэ. «Кини өссө 70-с сыллар ортолоруттан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн ананан үлэлээбитэ. Ол саҕаттан Михаил Ефимовиһы, ордук тыа дьоно, саха дьоно киһи быһыытынан уонна салайааччы быһыытынан чугастык ылыммыта. Саҥа салайааччы дьоһуннаах тыла-өһө, үлэҕэ ирдэбилэ, сылайбат сындааһына, үлэһит дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыана оччолортон биллэр этэ. Саха дьонун ортотугар кинини ылыммыттара, сэһэн оҥостубуттара. Тиһэх күннэригэр дылы дьонун-сэргэтин үтүө санаатын үрдүктүк тутан кэлбитэ, биирдэ даҕаны түһэн биэрбэтэҕэ.
Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһыттан уурайбыта, тохтообута сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Ол тухары Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кини уурбут ыллыктарынан, кини тэлбит суолларынан бара сатыыр. Ол суолтан дубук туттан сыыһа үктээтэҕинэ – сыыстарар, ол эркээйини таба тайаннаҕына – табыллар. Оччоттон баччаҕа дылы. Михаил Ефимович бэйэтин норуотун дьалхааннаах 90-с сыллары этэҥҥэ туораппыта. Бэйэтин кэнниттэн аан дойду атын омуктарын иннигэр биллэр кыахтаммыт өрөспүүбүлүкэни хаалларбыта. Бэйэтин кэннигэр Россия бүттүүннэрин курдук айгыраабатах, эстибэтэх тыа сирин, бэйэтин устуоруйатын, култууратын билинэр уонна онон киэн туттар, үөрэххэ, инникигэ дьулуурдаах, кыайыгас-хотугас ыччаттардаах, түмсүүлээх норуоту хаалларбыта.
Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэтин духуобунай лиидэрин быһыытынан олоҕун тиһэх күннэригэр дылы бэйэтин Сахатын сирин, сахатын норуотун туһугар туруулаһар туруулаһыытын, кыһаллар кыһаллыытын ыһыктыбатаҕа, тохтоппотоҕо. Тиһэх тылларыгар эппитин курдук, бар дьонун, сахатын дьонун иннигэр иэһин муҥутуурдук толорон, сахатын норуотун ытыктабылын, махтабылын илдьэн уонна бэйэтин норуотугар махтал тыллардаах бу сиртэн барда. Саха норуота, саха устуоруйата Михаил Ефимович Николаев аатын умнуо суоҕа. Төрөөбүт норуотун иннигэр Михаил Ефимович аата Өксөкүлээх уонна Күлүмнүүр, Омуоһап, Ойуунускай уонна Бараахап ааттарын курдук үйэтитиллэ туруоҕа. Күндү саха дьоно, бүгүҥҥү кутурҕаннаах күҥҥэ Михаил Ефимович Николаев күүстээх санаата күүс буоллун, ыллыктаах санаата кынаттыы турдун. Кини төрөөбүт норуотугар эрэмньитэ биһиэхэ хас биирдиибитигэр инники олохпутугар эрэли, күүһү, кыаҕы саҕа турдун», – диэн түмүктээтэ Александр Жирков.