М.Е.Николаев

Бастыҥ Киһибитигэр – бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ Михаил Ефимович Николаевка кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итии-истиҥ эҕэрдэни кытта анабыл

Модун дуулаҕа санаалаах,

Инникини ыраҥалыыр

Кулан куттаах,

Киириилээх-тахсыылаах,

Майгылаах мааныта,

Киһи киээ кэрэмэьэ

Дохсун, дуолан доҕорбут,

Ытык-мааны киһибит,

Ытык сааскынан-

Аҕыс уон биэс сылгынан

Айхаллаатаҕым буоллун!

Сахалыы итии –истиҥ эҕэрдэ

Салайдаҕым буолуохтун

Өй – билии, култуура

Сырдыкка, саҥаҕа тардыһыы

Улуукан уйата

Угуйа туруохтун!

Олоҥхо дойдутун оҕото

Олохпут оҥкулун түстэстиҥ,

Сырдык угуйар сулус буолан,

Олохпут отуорун

Сырдата сырыттаҕыҥ!

Олоҥхо оһуордаах дойдутугар

Ананан-төлкөлөнөн кэлбит

Аналгын , сыалгын-соруккун

Салгыы толоро олор

Айыы оҕото-Айыы киһитэ

Айыы Тойон Таҥара

Аҕыс өттүгүттэн араҥаччылаатын!

Иэйэхситиҥ эҥэрдэстин,

Сэттэ өттүгүттэн сиэттистин!

Сахалыы мындыр толкуйуҥ,

Холку, наҕыл майгыҥ

Норуоккун, бар дьоҥҥун

Харыстыы-араҥаччылыы сырыттын!

Өркөн Өрөгөй туругурдун

Өлбөөдүйбэтин, тубустун!

Ыйаах-дьылҕа ыыра кэҥиэхтин,

Ытык сааскыт өссө өр сылларга

Ыстаҥалаан кэлиэхтин

Ыарыы-дьаҥ ыксаласпатын,

Ыксаппатын, ыкпатын!

Сүһүөххүтүгэр сөрөнөн-тирэнэн,

Сэрэнэн-сэппэнэн, харыстанан

Чэгиэн- чэбдик, доуобай,

Дьоллоох-соргулаах буолуҥ!

Этэҥҥэ сылдьыҥ!

Махатанабын дьылҕабар –

Мин дьоллоох эбиппин

Бу сиргэ төрөөммүн...

Киһи киһинэн кэрэ

Олоҕум суолугар ол курдук

Олус элбэх, үтүө-мааны,

Дьоһун, ытык, кэрэ

Дьону көрсөммүн үөрэбин,

Дьоллонобун, кэрэхсиибин.

Омуна суох Эһиги буолаҕыт

Михаил Ефимович Николаев –

Бастакы Бэрэсидьиэммит –

Бастыҥ чулуу сирдьиппит!


Эҕэрдэни кытта: Александра Григорьевна Григорьева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна. Дьокуускай куорат.


Поделиться в соцсетях: