Вчера 25 августа состоялось торжественное открытие II форума педагогов художественного образования Республики Саха (Якутия) «Рисуем все: взгляд в будущее», посвященный 100-летию образования ЯАССР и 85-летию первого Президента Республики Саха (Якутия) М.Е. Николаева.
В 2017 году первый форум объединил два проекта «Музыка для всех» и «Рисуем все». Оба проекта были инициированы М.Е. Николаевым. Михаил Ефимович всегда отмечает важность роли музыкального и художественного образования для гармоничного развития личности. Также он подчеркнул, что форум проводится с целью повышения роли учителей изобразительного искусства, в целом художественного образования в жизни общества, и подготовка к нему ведется на очень серьезном уровне: «Мы формируем новое поколение 21 века. И это не пустые слова. Необходимо придать колоссальное значение детскому воспитанию, раскрытию детского личностного потенциала. Сегодня для этого созданы все благоприятные условия, эффективно начата работа по внедрению проекта в жизнь. Учителя, педагоги, воспитатели, родители и сами дети с большой любовью восприняли проект "Рисуем все!", потому что проект направлен на внедрение нового мышления, свободного от мнимых стандартов, шаблонов. Наши дети очень талантливы. Необходимо не упустить никого»,
Открытие форума начался с приветственных слов председателя постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) по науке, образованию, культуре, средствам массовой информации и делам общественных организаций Феодосии Васильевны Габышевой. Она отметила важность проекта “Рисуем все”, инициированный первым Президентом Республики Саха (Якутия) М.Е. Николаевым. Поприветствовала участников форума – учителей изобразительного искусства, гостей – известных методистов, которые разрабатывают все нормативные документы содержательного плана образовательной области по изобразительному искусству. Обратила внимание на принятые рекомендации первого форума учителей ИЗО. Пожелала мощной, плодотворной работы для конкретной реализации рекомендаций и резолюции данного мероприятия во благо раскрытия талантов и возможностей наших детей.
От имени Министерства образования и науки Республики Саха (Якутия) выступила Аргунова Алевтина Петровна, первый заместитель министра. Она отметила большие задачи, поставленные Президентом В.В. Путиным и Главой А.С. Николаевым. Рассказала о учреждениях дополнительного образования, такие как Малая Академия наук, Юные Якутяне, о учреждении профессионального образования Намский педагогический колледж, который является одним из “поставщиков” кадров в республике.
Силина Марина Владимировна, заместитель минситра культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия) подчеркнула, что художественное образование занимает фундаментальное место в общем культурном образовании детей. Поблагодарила педагогов за труд и развитие интеллектуального образования подрастающего поколения.
Форум охватил более 117 участников из разных районов нашей республики. В эти дни проводятся мастер-классы, конкурсы среди педагогов и учащихся «Садово-парковая скульптура», стендовые защиты по проекту «Рисуем все», плэнер среди участников Форума, выставки творческих работ учащихся, студентов, методический семинар Московской научной школы методологии изобразительного искусства, круглый стол.
Участники форума о мероприятии:
Нестерова Ньургустана Олеговна, преподаватель прикладной истории искусства МБУ Покровская ДХШ:
«Рисуем все» бырайыак чэрчитинэн маннык форум буолара олус тоҕоостоох. Бу бырайыак салгыы сайдарыгар көмөлөһөр дии саныыбын. Бүгүн «Архаичные украшение» уонна «Монотипия» диэн маастар-кылаастарга сырыттым.
Бастакы форум кэнниттэн “Рисуем все” бырайыагынан оскуолаларга ИЗО уруогар икки чаас көрүллүбүтэ. Бастакы чаас сүрүн, онтон иккис чааһа эбии үөрэхтээһин курдук буолбута. Биһиги анал идэлээх учууталлар орто оскуолаларга, сүрүннээн алын сүһүөх кылаастарга, бэйэбит уруок ыытар этибит. Тоҕо диэтэр, бу кылаастары үксүн ИЗО учуутала буолбакка, бэйэлэрин учууталлара үөрэтэллэрэ. Ол түмүгэр, сорох ардыгар, орто оскуолаттан анал художественнай оскуолаҕа тиийбит оҕо икки өҥтөн ханнык өҥ тахсарын билбэт буолааччы.
Ол эрэн син биир аҕыйах чаас көрүллэриттэн, хамнаһа да кыратыттан, бу үлэ тохтообута. Билигин оскуолаларга ИЗО чааһа биир эрэ хаалыа диэн этэллэр. Онон бу форум ИЗО учууталын статуһун үрдэтэр, үөрэтэр чааһы элбэтэр сыаллаах оҥоһуллар. Оччоҕо оҕо кэрэни кэрэхсии үөрэниэ, куттуун-сүрдүүн айар дьоҕура сайдыа.
Оскуолабытыгар сүүстэн тахса оҕо дьарыктанар. Икки-үс сменанан арахсан үөрэнэллэр. Бары өттүнэн сайыннарар кылаастар үлэлииллэр: “Айар кут”, “Керамика”, ону тэҥэ идэни баһылыырга тирэх буолар профессиональнай кылаас баар. Оскуолабыт “Рисуем все” бырайыагынан алын сүһүөх кылаастарга аналлаах ФГҮөС-гар эппиэттиир үөрэтэр кинигэ таһаарбыта. Онно уратыта диэн - уруок хас биирдии хаамыытын хаартыскаҕа түһэрэн киллэрбиппит.
Форум кэнниттэн үөрэхтээһин өттүгэр ыйыллыбыт боппуруостар быһаарыллан, саҥа тэтимнээх сүүрээн олоххо киириэ диэн эрэнэбин.
Килясова Руслана Николаевна, учитель ИЗО. Эльгейская СОШ им. П.Х. Староватова, Сунтарский улус:
“Улууспут аатыттан форумҥа түөрт буолан кытта кэллибит. Тэрийээччилэр Наука дьоҕус академиятыгар олохсуттулар. Уруккута Ленский край диэн ааттаах форуму истэр этибит. Бүгүн Наука дьоҕус академиятын тупсаҕай тутуулаах, аныгылыы моһуоннаах корпустарын сэҥээрэ көрдүбүт. Республика оҕолоругар анаан маннык дьоһуннаах усулуобуйа тэриллибитин сөхтүбүт, астынныбыт.
Форумҥа биир идэлээхтэрбитин, учууталларбытын көрүстүбүт, ахтылҕаммытын таһаардыбыт. Дипломнай үлэм салайааччытын, учууталбын, Иванов Василий Петровиһы, көрсөн наһаа үөрдүм, долгуйдум.
Бүгүн маастар-кылаастары көрдүбүт, араас аныгы техникалары туһаналларын сэргээтибит. Бэлэм мэтириэти харандааһынан үтүктэн уруһуйдаатым, валяние уонна туой иһити оҥоруу маастар-кылааһыгар кытынным.
Бастакы Президеммит М.Е. Николаев саҕалаабыт “Рисуем все” бырайыагынан форум ыытыллара олус кэрэхсэбиллээх. Сарсын бу бырайыагынан улууспутугар хайдах үлэлиирбитин кэпсиэхтээхпит. Икки күннээх форум түмүгүнэн уопут атастаһан, элбэҕи билиэхпит. Саҥа үөрэх сылыгар бу ылбыт билиибит төһүү күүс буолуо диэн саныыбын”.
Максимов Андриян Егорович, учитель ИЗО, педагог ДО. Сунтарский центр детского творчества им. Н.М. Родионовой:
“Сунтаар улууһуттан кэлэ сылдьабыт. Биһиги маннык хабааннаах форумҥа бастакыбытын кыттабыт. Маастар-кылаастарга интириэһинэй үлэлэри көрдүбүт, уруһуйга, керамикаҕа о.д.а. холоннубут. Сарсын Сунтаар улууһун Ассоцияциятын үлэтин туһунан сырдахтыахтаахпыт. Ассоцияциябыт бэрэссэдээтэлэ Иванова Анна Николаевна. Кини, бэрэссэдээтэл быһыытынан, оҕолору уонна учууталлары түмэр, хамсатар, тэрийэр, үлэлэтэр. Сунтаар улууһугар буолар тэрээһиннэри: НПК-лары, маастар-кылаастары, быыстапкалары, бырайыактары, олимпиадалары көхтөөхтүк ыытабыт. Оҕолорбутун республика, дойду үрдүнэн буолар күрэхтэргэ кытыннарабыт.
Мин эбии үөрэхтээһин киинигэр художественнай өттүгэрграфика, проектирование уонна компьютернай уруһуйдааһын диэҥҥэоҕолору дьарыктыыбын. Үлэлиир бырайыакпыт “Наследие архитектуры” диэн ааттаах. Былыргы тутуулары, историческай паамытынньыктары сөргүтэн үөрэтии. Архыыптан матырыйаал көрдөөн булан, чертеһын таһааран, уруһуйдаан баран инникитин электроннай каталокка таһаарар былааннаахпыт. Ол бырайыакпыт үс сыллаах үлэтин түмүгүн сарсын кэпсээри бэлэмнэнэ сылдьабыт.
“Рисуем все” бырайыак хайысхата наһаа элбэх эбит: графика, скульптура уо.д.а. Бүгүҥҥү тэрээһин кэннэ үөрэтэр программабытын өссө үчүгэйдик көрөн баран, салгыы күүскэ үлэлиэхпит дии саныыбын. Форумҥа кыттар уопуттаах учууталлартан сүбэ-ама ылан, бэйэ-бэйэбит үлэлэрбитин көрсөн, салгыы инники сайдар суолбутун тобулаан дьаныардаах үлэлиэхпит диэн баҕа санаалаахпын”
“Первый форум учителей музыки и изобразительного искусства был проведен 2017 году. В том форуме я принимала участие и провела мастер-класс. На том форуме участвовали не только из нашей республики, но из других регионов и даже была представитель Южной Кореи - Kim Eun Sook. И на первый форуме пришли все выпускники Намского педагогического колледжа. Было приятно встретить своих однокурсников, учителей, преподавателей.
Сейчас тоже учителя очень активно участвуют, проводят мастер-классы, делятся опытом. За эти пять лет вижу, что работа пошла вперед. Потомучто стали проводится встречи, олимпиады не только республиканские, но и всероссийские. В этом году мы участвовали во всероссийской олимпиады и стали инновационной площадкой. Хочу отметить работу Намского педагогического колледжа, который нас курирует и методически нас напрвляет в нужное русло. Проводят олимпиады, конференции, съезды. В Покровской художественной школе тоже очень много мероприятий прошло: конкурсы, встречи с художниками.
По проекту “Рисуем все” мы стали работать больше. Стали детей вовлекать в различные конкурсы, олимпиады разного уровня. И мы тоже как инновационная площадка в дальнейшем хотим провести олимпиаду. Работают детские лагеря по направлению этого проекта. Проводим плэнера для детей, нынче вот провели конкурс летних плэнерных работ. Участвовали больше 30-ти школ. Думаю, летний плэнер должен быть обязательным по проекту “Рисуем все”. Желаю участникам форума дальнейших успехов, здоровья и творческих взлетов”.
Рисунок Семеновой Дайааны, 15 лет "Основоположники Якутской государственности". МБУ ДО "Покровская ДХШ" РС(Я) Рук. Дьяконов И.И.