Новости библиотеки

Саха сирэ хаһыат, ахсынньы 12 күнүгэр тахсыбыт, чэппиэрдээҕи общество рубрикатыгар «Сүдү күүс түмсүүгэ баар. Ону туһаныахха» диэн М.Е. Николаев интервьютун ааҕын

Сүүрбэ сыл анараа өттүгэр бу күн Россия Конституцията норуот куоластааһынынан ылыныллыбыта. Оччолорго, уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр, дойду сүрүн сокуонун суруйан таһаарыы биир эрэ күннээх үлэ буолбатах этэ. Ол туһунан СР Бастакы президенэ Михаил Николаев биһиги хаһыаппытыгар кэпсиир.

— Михаил Ефимович, кэпсэтиибитин история кэрчиктэриттэн саҕалыахпын баҕарабын. Эйигин Россия Конституцията оҥоһул­лары­гар улахан кылааты киллэрсибит политик, Конституция барылын бэлэмниир комиссия чилиэнин быһыытынан билэбит. Ону ааһан, билиҥҥи Россия атаҕар туруутугар төһүү күүс буолбут бас-көс дьоннорбутуттан биирдэстэрэҕин. Хаһыакка да, кинигэҕэ да сурулларынан, Конститу­цияны оҥоруу, ырытыы, ылыныы олус уустуктук, уһуннук барбыта. Ону биһиги, эдэр дьон, аҕаларбыт, ийэлэрбит кэпсэтиилэриттэн, хаһыаттан, кинигэттэн ааҕан билэбит. Ол кэми, билигин сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ, хайдах сыаналыыгын?
— «Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр олорортон таҥара быы­һаатын» диэн кытай өс хоһооно баар. Итинник кэмҥэ улахан ыарахаттар уонна инникитэ биллибэт, билиҥҥитэ өйдөммөт түгэннэр баар буолаллар. Ол тэҥэ сүдү союзнай государство сэттэ уонтан тахса сыл тэрийбит бырааба, ону туһаныытын структурата көрүөх бэтэрээ өттүгэр сууллан түспүтүн өйдүүр уустук. Сэбиэскэй былаас эмискэччи суох буолуута дойдуга бүтүннүүтүгэр, нэһилиэнньэ күннээҕи олоҕор улахан уларыйыылары таһаарбыта. Ол кэмҥэ союзнай республикалар оннуларыгар сувереннай государстволар тэриллибиттэрэ. Биир партия оннугар элбэх партия үөскээбитэ. Ити кэмҥэ Россия Советскай Федеративнай Социалистическай Республика­тын 1978 сыллааҕы Конститу­цията олох революционнай уларыйыыларыгар сөп түбэспэт буолбута. Парламент уонна президент Россия салгыы ханнык суолу тутуһуоҕун быһаарыыга тыл-тылларыгар киирсибэккэ, икки өттүттэн сүрдээх утарсыылаахтык үлэлии олорор кэмнэрэ этэ. Чааһынай бас билии өйдөбүлэ киирбитэ, хас биирдии киһи быраабын туруорсуута, бэйэтин санаатын этиитэ – барыта общественнай олох уларыйыытын көрдөрөрө.
Маннык кэмҥэ биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омуктар автономиялара федеральнай киини кытта хайдах сыһыаны олохтуохтааҕа барыбытын да долгутара. Мин Россия норуоттарын бастакы съеһигэр Россия саҥа Конституциятын барыллыыр комиссия чилиэнинэн талыллан барбытым. Мэлдьэспэппин, олус уустук кэмнэр этилэр.
Конституцияны бэлэмниир комиссияҕа бэйэбит бырайыак киллэрбиппит. Бу докумуону дойдубут историятыгар олоҕуран, политическай үгэстэри тутуһан суруйбуппут. Регионнар бырааптарын көмүскүүр бигэ ис туруктаах уонна сайдыы суолун ыйар Төрүт сокуон баар буолуохтааҕын, бу сокуон республикабытыгар олус улахан суолталааҕын өйдөөн, ити кэмҥэ Саха сиригэр олус таһаарыылаах уонна түмсүүлээх үлэ барбыта. Ол түмүгэр биһиги Россия субъектарыттан бастакынан бырайыакпытын оҥорон комиссия дьүүлүгэр киллэрбиппит. Ол билигин дойду Конституциятын бырайыактарын туһунан анал тахсыбыт кинигэлэргэ туспа түһүмэх быһыытынан киирэ сылдьар. Биһиги онон киэн туттарбыт оруннаах.
РФ Конституциятын барылын ылыныы бэрт элбэх хос комиссиялар, улахан комиссиялар, ардыгар президент кыттыылаах мөккүөрдээх мунньахтар нөҥүө ааспыта. Регионнар этиилэрин учуоттааһын эмиэ бэрт сыралаахтык барбыта. Олус элбэх санаа, идея быыһыгар комиссия биир сөптөөх барылы була сатыыр этэ. Ол кэмҥэ Конституция комиссиятын эппиэттиир секретарын Олег Румянцевы юристары, депутаттары кытта көрсөн кэпсэт диэн Дьокуускайга ыҥырбытым. Кини Саха сиригэр кэлэ сылдьан Дьокуускайы таһынан Кэбээйи улууһугар тахсан дьону-сэргэни кытта кэпсэппитэ, санааларын истибитэ. Ол кэпсэтиилэртэн баһыйар үгүс өттүн Москваҕа тиийэн туруорбута. Онон биһиги республикабыт киллэрбит хас да этиилэрэ бүтэһиктээх редакцияҕа бэлиэҕэ ылыллыбыттара, учуоттаммыттара.
Конституция норуот куоластааһынынан – референдумунан – ылыныллыбыта. Өскөтүн саҥа Россия Конституцията Үрдүкү Сэбиэт эбэтэр Россия депутаттарын съеһин быһаарыытыгар бэриллибитэ эбитэ буоллар, кыайан ылыныллыа суоҕа этэ.

— Россия үрдүнэн биир бастакынан Саха сирэ сувереннай республика буоларын биллэрбитэ, бастакынан Төрүт сокуонун ылыммыта. Онуоха Россияны кытта Федеративнай Дуогабарга илии баттаһыы төһүү күүс буолбута. Ити боппуруоһу эмиэ эн көтөхпүтүҥ, этии киллэрбитиҥ. Бу туһунан Россия Президенин Борис Ельцины кытта элбэхтэ кэпсэппит, ырытыспыт буолуохтааххын.
— Биллэн турар, Федеративнай Дуогабарга илии баттаһыы Конституцияны ылыныыга төһүү күүс буолбута. 1992 сыл кулун тутар 30 күнүгэр Федеративнай Дуогабарга илии баттаһыы кэнниттэн биһиги республикабыт Россияҕа маҥнайгынан бэйэтин Конституциятын ылыммыта. Дуогабар барылыгар бэйэбит көрүүлэрбитин эрдэттэн суругунан ыытан, Борис Николаевич манна, Саха сиригэр, кэлэ сырыттаҕына ону өссө биирдэ чиҥэтэн, олохтоохтук кэпсэтэн, Үрдүкү Сэбиэт үлэтигэр кытыннаран, тыл этиттэрэн, сүрдээх күүстээх үлэни ыыппыппыт, тиһэҕэр тиийэ киирсибиппит. Манна даҕатан эттэххэ, Федеративнай Дуогабарга илии баттаһыы буолуон биир суукка иннинэ, биһиги туруорсуубутунан уонна Россия президенин көмөтүнэн, икки улахан боппуруоска быһаарыы ылыллыбыта: республикалар государство буолаллара бигэргэтиллибитэ уонна сир баайа, ойуур, уу «дойду киэн туттуута» диэн буолбакка, «Россия субъектарын бас билиитэ» диэн чуолкайдык быһаарыллан бэриллибитэ. Бу иннинэ республика туспа государствоҕа тэҥнэнэн хаһан да, ханна да суруллубатаҕа. Федеративнай Дуогабарга итинтэн да атын бөдөҥ саҥа көрүүлэр киирбиттэрэ. Бу сүдү улахан суолталаах политическай докумуон Россия субъектарын түмэр суолга киллэрбитэ.
Биһиги бэйэбит Конститу­циябытыгар 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыллыбыт Саха Республикатын Государ­ственнай суверенитетын туһунан Деклара­ция сүрүн торумнара киирбиттэрэ. Саҥа Конституция ылыллаатын кытта, икки тылынан, сахалыы уонна нууччалыы, суруллан кинигэ буолан тахсан 50 тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэн нэһилиэнньэҕэ, библиотекаларга, государство тэрилтэлэригэр тарҕатыллыбыта. Конституцияҕа олоҕуран саҥа республика парламена – Ил Түмэн 70 депутааттаах талыллан, 1994 сылга үлэтин саҕалаабыта.

— Бу боппуруостан сиэттэрэн өссө биири ыйытыахпын баҕарабын. 1991 с. балаҕан ыйыгар Саха сирэ кыһыл көмүһү, алмааһы ССРС хааһынатыгар ыытары тохтотор туһунан Борис Ельцин аатыгар телеграмма ыыппыккыт. Ону хайдах ылыммыттарай? Бу сыл «айдааннаах атырдьах ыйын» кэнниттэн туох барыта буолуон сөбө.
— 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр биһиэхэ Үрдүкү Сэбиэт президиумугар кэпсэтиһии уонна дьүүллэһии кэнниттэн Российскай Федерация Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун аатыгар барбыт телеграмма ылбычча буолбатах этэ. Бу иннинэ биһиги бэрт элбэхтик, ордук 1990 сылтан, РФ Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар ССРС оччотооҕу президенэ Михаил Горбачеву кытта көрсүһүүлэргэ республика экономическай тутулуга суох буолуутун туһунан туруорсубуппут, кэпсэппиппит.
Дьиҥинэн, Россия үгүс автономнай республиката бэйэтин экономическай көрдөрүүтүнэн союзнай республикалары барыларын кэриэтэ баһыйар этэ. Холобур, Татарстан өссө сэбиэскэй кэмҥэ экономикатын сүрүн көрдөрүүлэрэ Узбекистан курдук союзнай республиканы кытта тэҥ этэ. Оттон биһиги Сахабыт сирэ оҥорон таһаарар экономическай кыаҕа Прибалтика сорох республикаларын, Молдавскай ССР-ы ырааҕынан баһыйара. Ол эрээри сэбиэскэй кэмҥэ союзнай уонна федеральнай тэрилтэлэр биһигиттэн сомсон ылбыт барыстарыттан, республика бюджетыгар сыччах 4,5 эрэ бырыһыанын биэрэллэрэ. Маны союзнай, федеральнай кииннэр бэрт үчүгэйдик билэллэрэ. Ону оччотооҕу ССРС правительствотын бүтэһик председателэ Валентин Сергеевич Павлов сайын 1991 сыллаахха кэлэ сылдьан итэҕэйбитэ уонна бэйэтин дьаһалынан, «Роспродукт» холбоһуктан көмө бэрээдэгинэн 3000 тонна эти уонна 1800 тонна арыыны бэрдэрбитэ.
Хайа, оттон уонна балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыл олус күүстээх политическай докумуону – Суверенитет туһунан Декларация ылынан олордохпут дии. Ити кэмҥэ, ЫБГК бириэмэтигэр, биһиги саҥа Россия позициятын сүүс бырыһыан өйөөбүппүт, бэйэбит республикабытыгар буккуллууну, утарыта турууну таһаарбатахпыт. Дьэ, ити барыта маннык ис хоһоонноох телеграмма ыытылларыгар төрүөт буолбута.

— Михаил Ефимович, соторутааҕыта муниципальнай тэриллиилэр съезтэригэр кэлэн кытынныҥ. Онно баһылыктарга туһаайан «дьону үөрэтиҥ, онно усулуобуйата тэрийиҥ» диэн эппитиҥ. Кырдьык, билигин баһылык боломуочуйата кэҥээтэ эрээри, барыта үп-харчы боппуруоһугар кэлэн иҥнэн хаалар. Эбэтэр федеральнай сокуоннарынан хааччахтаналлар. Холобур, былырыыҥҥыттан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сири түҥэттилэр. Федеральнай сокуонунан бу сирдэрэ уоттаах-күөстээх, суоллаах-иистээх буолуохтаахтар. Оттон биһиги үгүс нэһилиэкпитигэр уот линията тардыллара, суол-иис оҥоһуллара, этэргэ дылы, «ырыалаах-олоҥхо». Маны туох дии саныыгын?
— Муниципальнай тэриллиилэр салайааччылара күн бүгүн туох кыаллары барытын оҥорон кэллилэр диир кыах баар дуо? Баар кыһалҕаны барытын үп-ас тиийбэтигэр эрэ сыбыыр сөп дуо? Мин саныахпар, үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, дьон-норуот кыһалҕатын быһаарыыга баар кыаҕы барытын туһанан кэллибит диир кыахпыт суох. Дьэ, ол иһин бастаан бэйэттэн саҕалыахха наада.
Бары өттүнэн төгүрүччү билиилээх-көрүүлээх буолуохтаахпыт. Бэйэ таһымын куруутун үрдэтинэртэн олох саллымыахха, информационнай технология ирдэбилин кытта тэҥҥэ хардыылыахха, саҥа суоллары-иистэри көрдүөххэ, бөһүөлэктэр ис-тас көрүҥнэрин тупсарыахха, саҥа тутуллар дьиэ-уот аныгылыы буоларын ситиһиэххэ, дьону онно үөрэтиэххэ. Ардыгар син оҥоһуллуох да айылаах кыайтарбат. Туораттан кэлэр көмөҕө олус сигэниини тохтотуохха, дьон-сэргэ, эдэр ыччат куһаҕан дьаллыкка ылларыытын утары күүстээх, уоттаах-күөстээх үлэни тэрийиэххэ. Кистэл буолбатах, билигин дьиэттэн дьиэҕэ, бөһүөлэктэн бөһүөлэккэ уһаарылла сылдьан хаартылааһын, туох эмэ чорбохтооҕу барытын сүүйтэрии, сүүйсүү тахса турар. Тыа сиригэр дьахталлар, дьиэ кэргэн ийэлэрэ арыгыга суудайыылара киһини дьиксиннэрэр. Онон нэһилиэк баһылыга общественнай түмсүүлэри, тэрилтэлэри түмэ тардан, кинилэри кытта күүскэ үлэлэһэрэ, оскуола олоҕор мэлдьитин быһаччы орооһоро, көмөлөһөрө эрэйиллэр дии саныыбын. Биир сиргэ олорон хаалымыахха, бастыҥ уопуту үөрэтиэххэ, билиэххэ. Кыаллар буоллаҕына, хоту сытар сайдыылаах омук сирдэрин көрөн кэлэр, уопуттарын атастаһар тоҕо сатаммат буолуоҕай?
Кыһалҕа тыа сиригэр манан эрэ бүппэт. Ону нэһилиэктэр бэйэлэрин кыахтарынан син быһаараллар. Холобур, үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ сир учаастагын биэрии – олус үчүгэй көҕүлээһин. Биллэн турар, бу хамсааһын күн бүгүн балайда элбэх уустугу көрсөр да, баар кыһалҕа аҥардас баһылыктар эрэ санныларыгар сүктэриллибэт. Кинилэр республика араас программатыгар кытталлар, чуолаан, саҥа микро-оройуоннар инфраструктураларын тэрийэр ОДьХХ министерствотын хайысхатынан. Ол эрэн биири өйдүөххэ наада, государство хааһыната тугу барытын хааччыйар кыаҕа суох.
Маны таһынан биир ордук улахан, стратегическай хабааннаах кыһалҕаҕа тохтуохпун баҕарабын. Баһылыктар хаһаайыстыба боппуруостарыттан ураты, кыаммат-түгэммэт дьон олохторун таһымыгар болҕомтолорун ууруохтаахтар. Аҥардас олох усулуобуйатын тэрийиинэн муҥурдаммакка, дьону бэйэлэрэ харчы «өлөрөллөрүгэр» үөрэтиэхтээхтэр. Онно туох кыахтар, ньымалар баалларын, ону хайдах туһанары быһаарыахтаахтар. Бу хайыс­хаҕа киэҥ билии­лээх-көрүүлээх дьону кыттыһыннаран, ситимнээх үлэни тэрийиэххэ наада.

— Президеннии да олорон, билигин РФ парламеныгар үлэлии да сылдьан хоту дойду, арктика боппуруостарынан күүскэ дьарыктанан кэллиҥ. Хоту дойдуга билигин нэһилиэнньэ олус уустуктук, кыһалҕалаахтык олорор. Үлэһит илии тиийбэтэ, транспортнай схемата уустуга барыта сайдыыны харгыстыыр. Бу дойдуларга ханнык хайысхалары киллэрэн сайыннарыахха сөбүй?
— Кырдьык, былыр-былыргыттан манна олохсуйан олорор, сүөһү иитэр ураты үлэһит дьонноох дойду, хомойуох иһин, ситэ сайдыбакка турар. Ол төрүөтэ биллэр: айылҕата ураты тыйыс, киин сиртэн ыраах. Ол эрээри аҥардас онтон эрэ иҥнэн турар табыллыбат. Үгэс буолбут хаһаайыстыбаларга тирэҕирэн, бу эйгэ аныгы үйэҕэ оннун буларын ситиһиэхтээхпит. Онно атын хотугу дойдулар холобурдарын туһаныахха сөп. Кинилэр тыа хаһаайыстыбатын, дьиэ тутуутун, көлөнү хайдах сайыннарбыттарын көрүөххэ, үөрэтиэххэ.
Олортон энергетика уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥоруу ордук көдьүүстээх буолуохтаах. Биһиэхэ тыа сиригэр бюджеппыт аҥарын кэриҥэ дьиэни ититиигэ барар. Билигин тутууларбыт (олорор дьиэлэрбит, тэрилтэлэрбит) энергияны кэмчилииллэр-харыстыыллар диэн этэр кыахпыт суох. Бородууксуйаҕа биир оннук: айылҕаттан ыраас балыкпытын уонна эппитин бэйэтинэн эрэ, астаабакка-таҥастаабакка, атыылыыбыт. Астыыр да буоллахпытына, атын сиргэ илдьэн оҥоробут. Дьиҥэр, үлэ миэстэтин хоту дойдуга бэйэтигэр тэрийиэххэ баара. Онуоха бастатан туран, күөллэри, балык арааһын, аһыыр аһын чинчийии, анал үөрэхтээх специалистары үөрэтии наада. Дьэ, ол эрэ кэннэ хас да хайысханан дьоҕус тэрилтэлэри тэрийиэххэ. Бу сайдыы сорох эрэ хайысхатын эттим. Дьиҥэр ыллахха, хоту дойдуну сайыннарар хайысха быдан элбэх.

— Бу олорон «ыччаты биллэххинэ, инникини билэҕин, ыччакка болҕомто уурдаххына, инникигэ кыһаллаҕын» диэн эппиккин санаан кэллим. Кырдьык, туох баар сайдыы, хамсааһын барыта ыччакка, инники кэлэр көлүөнэҕэ туһаайыллар. Ол эрээри, хомойуох иһин, билиҥҥи көстүү — сиэр-майгы сатарыйыыта, ыччат куһаҕан дьаллыкка убаныыта, төрүт тылын, культуратын убаастаабата – барыта ааспыт үйэ 40-50-с сс. суруллубут «План Даллеса» олус үчүгэйдик үлэлии турарын кэрэһэлиир, ону таһынан Россияҕа миграннар тоҕо сууллан кэлиилэрэ, сир былдьаһыга дойдубут тутулун түөрэҥнэтиэх курдук. Эн санааҕар билиҥҥи көлүөнэ аҕа көлүөнэттэн «олох муоһатын» тутан хааларга бэлэм дуо?
— Аҥардастыы эдэр ыччат төрүт үгэһин умнан, киҥэ-наара холлон, үтүө-мөкү өйдөбүлүн сүтэрэн кэбистэ дии саныыр буоллаххытына сыыстараҕыт. Даллес былаана да суох үчүгэй иитиитэ-такайыыта суох киһи сиэрин-майгытын аан дойдуну баһылаабыт «потребительскай» сыһыан, чэпчэкитик тиксиллэр көр-нар быдан түргэнник алдьатар. Бу кыра эрэ омукка сыһыаннаах буолбатах, элбэх ахсааннаах улахан омуктары даҕаны мөлтөөһүн суолугар тириэрдиэн сөп.
Билигин, кырдьык, быһаарыылаах кэм. Россияҕа саҥа көлүөнэ дьоно ииппит оҕолоро борбуйдарын көтөҕөр, өйдөрүн-санааларын тутар кэмнэрэ кэлэн эрэр. Ол да иһин тыҥааһыннаах 90-с сылларга биһиги үөрэх, культура, иитэр-такайар тэрилтэлэригэр улахан болҕомто уурбуппут. Ырыаһыттарбытын, суруйааччыларбытын, артыыстарбытын, музыканнарбытын үрдүктүк туппуппут, кинилэргэ суолта биэрбиппит. Театрдары, библиотекалары, оскуолалары үбүлээһиҥҥэ кыахпыт баарынан үлэлээбиппит. Оччотооҕу эдэр ыччат бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, аҕалара буоллуллар. Оҕолорун иитэн-такайан аҕа көлүөнэ сүгэһэрин ылан эрэллэр. Дьону-сэргэни кытта элбэхтик көрсөбүн, нэһилиэктэргэ, улуустарга элбэхтик сылдьабын. Онно сиэр-майгы, төрүт үгэс элбэхтэ ахтыллаллар. Онон, мин санаабар, биһиги республикабытыгар билигин көлүөнэлэр ситимнэрэ быста илик. Тыҥааһыннаах, тыйыс кэмнэри омук быһыытынан кэхтибэккэ этэҥҥэ туораатыбыт диэн этиэх тустаахпын.
Ол гынан баран, билигин, олох арыый да сүнньүн булбут кэмигэр, атын куттал үөскээтэ. Ол – чэпчэки олоххо тардыһыы, көрү-нары батыһыы. Иитии-такайыы өйдөбүлэ сүтээри гынна. Аҥардас билиини биэриинэн, үчүгэй үлэни булан чэпчэкитик харчы «өлөрөргө» үөрэтиинэн эрэ муҥурданаары гынныбыт. Уһун болдьоххо ити хайа баҕар омугу кэхтиигэ тириэрдиэн сөп. Үтүө быһыы-майгы, сиэрдээх олох, дьону ытыктааһын курдук өлбөөдүйбэт өйдөбүллэр оҕо кыра эрдэҕиттэн этигэр-хааныгар иҥэриллиэхтээхтэр. Ол ыарахан үлэттэн, элбэх сыраттан тахсар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэрин таһынан, үлэни кыайа тутан, элбэх хайысханан сайдан бэйэ ис кыаҕын сайыннарыахтаах. Ыарахан диэн куһаҕан, чэпчэки диэн үчүгэй буолбатаҕын кыра эрдэҕиттэн билиэхтээх.
Хас биирдии киһиэхэ үтүөҕэ, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыы айылҕаттан бэриллэр. Ону оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэрии биһиги сүрүн сорукпут буолар. Ол иһин «ыччат итинник буолла», «ыччат маннык буолла» диэн итэҕэһин эрэ ааҕа олорбокко, күүһү барытын аҥардас куһаҕан өрүтү кытта охсуһууга уурбакка, кэрэ-үтүө өрүтү сайыннарыыга сүрүн болҕомто ууруох тустаахпыт. Ол да иһин «Музыканы – бука барыларыгар» диэн улахан бырайыагы саҕалаатыбыт.
Миграннар балысханнык кэлиилэрин туһунан ыйытаҕын. Миграннар биһиги дойдубутугар балысханнык кэлиилэрэ уонна кинилэр үөскэтэр кыһалҕалара эмиэ итини, сиэри-майгыны, кытта ыкса ситимнээх. Биллэн турар, республика да, федеральнай да таһымҥа суут-сокуон үлэлээн, тастан киирэр дьону сааһылаан, ирдэниллэр буоллаҕына аччатан, бопсон, бэрээдэги олохтоон дьонун көмүскүөхтээх. Ол улахан суолталаах. Маны таһынан биһиги бэйэбит-бэйэбитин хайдах дьаһанан олорорбутун, үлэҕэ хамнаска сыһыаммытын көрүнүөххэ. Суут-сокуону ааһан бу ордук суолталаах буолуо.

— Конституцияҕа сыһыаннаан өссө биир боппуруоһу ыйытыам этэ. РФ Конституциятыгар сурулларынан, үс сууттаахпыт. Олортон икки суут Үрдүкү уонна Үрдүкү арбитражнай сууттар холбоһон эрэллэр. Онно туох санаалааххын?
— Сүүрбэ сыл анараа өтүгэр бүтүн норуот референдумунан ылыллыбыт Төрүт сокуоҥҥа Конституционнай, Үрдүкү уонна Арбитражнай сууттар тустарынан киирэн турар. Сүүрбэ сыл устата Россия олоҕо-дьаһаҕа уларыйда, сайынна. Бу уларыйыылар суут систематын эмиэ таарыйаллар. Ол эрээри Үрдүкү уонна Үрдүкү арбитражнай сууттар төрдүттэн төбөтүгэр диэри холбоһон эрэллэр диир эмиэ сыыһа. Федеральнай таһымҥа салалтата биир буолан баран, субъектарга бу сууттар уруккуларын курдук тус-туспа үлэлиэхтэрэ дии саныыбын.

— Бүгүн ахсынньы 12 күнүгэр РФ Конституциятын ылыныы сүүрбэ сылын бэлиэтиирбитинэн, хаһыаппыт ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?
— Конституцияны, Төрүт Сокуону туһаныҥ. Өскөтүн урукку Конституциялар үөһэттэн суруллан, айыллан кэлбит буоллахтарына, бу саҥа Конституция биһиги туруулаһыыбытынан, биһиги өйбүтүнэн-санаа­бытынан, этиилэрбитинэн тиһиллэн оҥоһуллубут кэскилбитин түстүүр сүрүн сокуоммут буолар. Төһө да бу сүүрбэччэ сыл иһигэр араас уларыйыылар эбиллэн киирбиттэрин да иһин, билигин дойдуну сайыннарар кыахтаах ыстатыйалар бааллар. Ону көрүөххэ.
Ити үөһэ «республикалар государствоҕа тэҥнэниилэрэ аан бастаан саҥа Конституцияҕа суруллубута» диэн эппитим. Билигин государство өйдөбүлэ сүттэ. Биһиги государстволаахпыт, биһиги государствобытын бэйэбит тутан олоробут диэн өйдөөтөхпүтүнэ эрэ, наар көрдүү «ытыс тоһуйа» олорор санааттан босхолонуо этибит. Ол эрээри биири өйдүөх тустааххыт: государство буоллубут да, туспа барабыт диэн буолбатах. Россия элбэх государстволары түмэн олорор федеративнай тутуллаах, ол эбэтэр государстволар холбоспут государстволара. Ону сыыһа өйдөтөн «биһиги Россияттан тутулуга суохпут» дэтээри гыналлар. Оннук буолбатах. Биһиги Россия иһигэр олорон сайдыахтаахпыт. Холобура, Швейцария элбэх кантоннартан (государстволартан) турар. Америка эмиэ холбоһуктаах штаттартан (государстволартан) турар. Холбоһон, сайдан олороллор. Сүдү күүс холбоһууга баар. Ону туһаныахха.

Аграфена КУЗЬМИНА.

 

Поделиться в соцсетях: