Новости библиотеки

Проректору по учебной и научной работе Института Управления при Президенте РС(Я) Сивцевой Н.С.

 
Ытыктабыллаах Надежда Семеновна!
 
Суурбэ сыл буолла терµт-уус сахабыт омугун оло5ун илгэтин тупсарарга, туруктаах буоларын сокуонунан араначчылыыр туhуттан улэни тэнитэн кехтеехтук са5алаабыппыт. Ол улэ5э биир теhуу киhибитинэн эн, Надежда Семеновна, буолбуккун тоhо5олоон бэлиэтиэхпин ба±арабын.
Норуоппут сайдыытын биир уустук быыс кэмигэр, 90-с сылларга, саха дьахталлара бэйэбит эрэ туспутугар диэн туора туран хаалбакка, дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьон, тэрилтэ, общество, судаарыстыба туhугар диэн куустэрин тумэн улэлээбиттэрэ. О5о аймах, ыччат, эдэр ыал, сорох эр да дьон, саастаах дьоммут олохторо огдолуйбатын ту´угар ким да урут билбэтэх уустук кэмин кытта турууласпыттара. Ол куустээх санаалаах дьон ортолоругар эн аатын биир бастын дии саныыбын.
Аан бастаан дьиэ кэргэн политиката биhиги биир дирин ис хоhоонноох µлэбитин ке5улэспитин, ол тумугэр билигин саха дьоно ахсаан еттунэн хотторботубут, биhиги ыыппыт политикабыт бутун Россия таhымыгар та5ыста.
Иккиhинэн, эн уерэх ситимигэр иитии боппуруостарын суруннээбит киhи бэйэн да сэрэйэн эрдэ5ин буолуо. Туох барыта ыhыллар-то5уллар, былдьаhар-талаhар аймал5аныгар биhиги эдэр ыччаппыт майгыта сунньунэн киhилии быhыылаах-таhаалаах этэ. Атын омуктары кытта атааннаhыы, туоратыhыы быhыыта-майгыта тахсыбата5а.
Усµhµнэн, ити буккулла5ас кэмнэ уерэхпит ситиспит ситиhиитэ ыhыллыан оннугар биhиги былааспыт бастын политиката буолан ыччаттарбытыгар элбэх сана-суолу ииhи арыйда. Билигин о5олорбут Аан дойду хайа ба±арар дойдутугар, атын омуктартан хаалсыбакка, ситиhиилээхтик µлэлии-хамныы сылдьаллар.
Тердµhµнэн, ааспыт олохпут биир ыарахан содула арыгылаа´ын ити быыс кэмнэ норуоту сутуйан мелтетуен себун ете керен «Дирекция по формированию здорового образа жизни» диэн тэрилтэ тэрийэн эйиэхэ итэ5эйбиппит. Билигин саха бастын араната, республика инники кэскилин бар дьоно арыгыттан тэйэргэ утумнаах улэни салгыы ыытарыгар ей-санаа бэлэм диэн бэлиэтиэх кэриннээхпит.
Надежда Семеновна, кэлбит бэлиэ сааскынан итиитик истинник э5эрдэлиибин. Тит Ефремовичка, о5олоргор, сиэннэргэр мин ааппыттан эйэлээх, дьоллоох оло5у ба5арабын.
 
Саха Республикатын
бастакы президиэнэ М.Е.Николаев.
 
 

Поделиться в соцсетях: