Новости библиотеки

Төрөппүт - бастакы уонна сүрүн иитээччи

Ыам ыйын 20-21 күннэригэр Курскай куоракка «Дьиэ кэргэн педагогиката: үгэстэр уонна саңаны киллэриилэр» диэн темађа «Россия дьиэ кэргэнэ» VII Бүтүн Россиятаађы конгресс буолла. Конгреһы Федерация Сэбиэтин уонна Курскай уобалас салалтатын өйөбүллэринэн «Россия дьиэ кэргэнэ» Национальнай Общественнай Кэмитиэт (НОК) РГСУ Курскайдаађы социальнай үөрэх институтун (филиал) базатыгар тэрийэн ыытта. Россия 42 субъегын, ону тэңэ Белоруссия, Украина уонна Германия бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

А. С. Пушкин аатынан Курскайдаађы государственнай драматическай театрга конгресс үөрүүлээх аһыллыыта буолла. НОК Президиума Башкортостан республикатыгар, Ставропольскай кыраайга, Курскай, Московскай уонна Самарскай уобаластарга баар регионнаађы салааларын кытта бииргэ оңорбут инновационнай социальнай бырайыактарын презентациялаата. Конгресс иннинэ ыалдьыттар театр иннигэр Курскай уобалас уруутун үгэстэригэр уонна сиэригэр-туомугар аналлаах «Нуучча сыбаайбата» театрализованнай дьүһүйүүнү көрдүлэр.

Пленарнай мунньађы Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Россия дьиэ кэргэнэ» НОК президенэ М. Е. Николаев арыйда. Кини дьиэ кэргэн хайдах туруктаађыттан уонна олохтоођуттан общество уонна судаарыстыба олођо быһаччы тутулуктаађын бэлиэтээтэ. «Дьиэ кэргэңңэ үтүө усулуобуйаны тэрийбэт политическай уонна экономическай систиэмэлэр үйэтэ суохтар, ону өйдөөн туран биһиги 7 сыллаађыта «Россия дьиэ кэргэнэ» Национальнай Общественнай Кэмитиэти тэрийбиппит. Сүрүн соруга – дьиэ кэргэттэри өйөөн, Россия судаарыстыбата бөђөргүүрүгэр төһүү күүс буолуу», – диэн тоһођолоон эттэ.

Конгресс кыттыылаахтара гражданскай общество институттарыгар уонна былаас уорганнарыгар Россия дьиэ кэргэнин ордук сытыы кыһалђаларын быһаарыыга чопчу этиилэри киллэрдилэр.

Бу иннинээђи мунньахтарга болђомто ордук дьиэ кэргэн олођор-дьаһађар уонна доруобуйатыгар, эдэр ыал кыһалђаларыгар, тыа сирин ыалларын балаһыанньаларыгар, дьиэ кэргэн үгэстэригэр уонна ыччаты духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн иитии боппуруостарыгар уо.д.а. ууруллара. Конгресс кыттыылаахтарын идеяларын, этиилэрин уонна көђүлээһиннэрин дойду салайааччылара болђомтођо ылан, кэккэ федеральнай уонна судаарыстыбаннай докумуоннарга киллэрбиттэрэ. Холобура, «2025 сылга диэри Россия Федерациятын демографическай политикатын концепциятыгар» уонна «2020 сылга диэри Россия Федерациятын социальнай-экономическай сайдыытын концепциятыгар».

Кэмитиэт былырыыңңы үлэтин-хамнаһын сүрүн уратыта тэрээһин улахан аңаарын федеральнайтан региональнай уонна муниципальнай таһымңа көһөрүү буолла. Маннык дьаһаныы регионнаађы отделениелар бырайыактаан, сыаллаан-соруктаан ситимнээхтик үлэлииллэригэр ордук табыгастаах уонна көдьүүстээх.

Киһини иитии дьиэ кэргэнтэн сађаланар, төрөппүт – бастакы уонна сүрүн иитээччи, онон дьиэ кэргэн педагогикатын билиэхтээх. Онто суох, глобализация усулуобуйатыгар национальнай үгэстэрин ыһыктыбат уонна бэйэтин норуотун историятын умнубат, эт-хаан уонна кут-сүр өттүнэн чэгиэн көлүөнэни иитэн таһаарбаккын. Ол иһин Россия хас биирдии дьиэ кэргэнигэр норуот педагогикатын төрүттэрин түргэнник уонна судургутук үөрэтиигэ туһуланар социальнай бырайыактар оңоһуллуохтаахтар. Онон бу конгресс Россияђа социальнай бырайыактааһынынан дьарыктанар бастакы тэрээһин. Үлэ түмүгүнэн резолюция да, иһитиннэрии да буолбакка, 5 социальнай бырайыак үлэтин сађалыађа: «Дьиэ кэргэн педагогиката уонна дьиэђэ иитии», «Дьиэ кэргэн педагогикатыгар национальнай үгэстэр», «Дьиэ кэргэн төрүччүтэ», «Эбэлэр уонна эһэлэр – дьиэ кэргэн иитээччилэрэ», «Дьиэ кэргэн сынньалаңа: чөл олох үгэстэрэ уонна дьиэ кэргэн спорда». Сыл устата бу бырайыактары кэтээн көрүү ыытыллыађа уонна аныгыскы конгресска төһө көдьүүстээхтэрэ сыаналаныађа.

Салгыы Курскай уобалас правительствотын бэрэссэдээтэлэ А.С. Зубарев, Курскай уонна Рыльскай архиепископ Герман, Курскай уобаласка кылаабынай федеральнай инспектор Г.Г. Шило, Курскай уобаластаађы Думатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.Г. Сальников, РГСУ бастакы проректора Л.Г. Лапин тыл эттилэр.

Михаил Ефимович кинилэр этиилэрин уонна санааларын түмэн, салгыы «Сүрэх иитиитэ» («Воспитание сердца») диэн конгресс сүрүн дакылаатыгар сиһилээтэ. Дьиэ кэргэн педагогикатын бириинсиптэригэр уонна соруктарыгар уонна ону аныгы усулуобуйађа туһаныы уратыларыгар тохтоото. Нуучча чулуу өйдөөхтөрүн В.А. Сухомлинскай уонна И.А. Ильин дьиэ кэргэңңэ иитии идеяларын ырытта.

НОК Президенэ дьиэ кэргэңңэ иитии уонна дьиэђэ үөрэтии билиңңи проблемаларын: төрөппүттэр педагогикађа сыһыаннарын, төрөөбүт норуот үгэстэрин харыстааһыны уонна көлүөнэттэн көлүөнэђэ тиэрдиини, дьиэ кэргэн төрүччүтүн уонна хроникатын оңорууну, эбэлэр уонна эһэлэр иитэр оруолларын, чөл олођу тутуһууну уонна физическэй культуранан, спордунан дьарыктаныыны – таарыйда.

Онон «Россия дьиэ кэргэнэ» НОК ити кыһалђалары быһаарыыга саңа соруктары туруорунна. Ый аайы «Россия дьиэ кэргэнэ» Интернет-сурунаал тахсыађа, онуоха хабааннаах альманах квартал аайы бэчээттэниэђэ. Кэмитиэт сайта саңаттан оңоһуллуођа уонна интерактивнай дискуссиялыыр түһүлгэ буолуођа, онно эдэр ыалларга өйөбүл-көмө быһыытынан «Дьиэ кэргэңңэ иитии» веб-страница арыллыађа.

Национальнай Общественнай Кэмитиэт төрөппүттэр педагогическай билиилэрин хаңатыыга бэйэтин отделениеларын базатыгар норуодунай университеттары, дьиэ кэргэн көстүүнэйин уонна эдэр ыаллар кулууптарын арыйыахтаах. НОК регионнаађы отделениелара норуот педагогикатын музейдарын тэрийиигэ ылсыахтаахтар, онно норуот уопута уонна дьиэ кэргэңңэ иитии национальнай үгэстэрэ түмүллүөхтээхтэр. Ону тэңэ кырдьађастарга аналлаах Курскай норуодунай университетын уопутун өйөөн дойду үрдүнэн тарђатыахтаахтар.

Улахан суолталаах сорук – Россия дьиэ кэргэн олођуттан-дьаһађыттан куһађан лексиканы суох оңоруу. НОК быдьар үөхсүүнү бобор сокуону таһаарыыны көђүлүөхтээх. Маны таһынан, үлэ биир актуальнай хайысхата ођону иитиигэ ађа оруолун үрдэтии буолар. Ађалар түмсүүлэрин тэрийиигэ Россия регионнарын уопутун туһанан, «Бүтүн Россиятаађы ађалар союзтарыгар» түмсэллэригэр көмөлөһөн, кинилэри кытта аныгыскы конгреска «Ађа – дьиэ кэргэн баһылыга» бырайыагы оңорон бэлэмниир наадалаах.

Кэмитиэт төрөппүттэргэ дьиэ кэргэңңэ иитии – бу ођо доруобуйатын харыстааһын биир сүрүн ньымата буоларын өйдөтүөхтээх. Россия хас биирдии дьиэ кэргэнэ спортка сыстарыгар үлэлэһиэхтээх, нэһилиэктэргэ дьон бэйэлэрин күүстэринэн туталларыгар типовой спортивнай объектар бырайыактарын оңорон, регионнаађы отделениеларыгар тарђатыахтаах. Онон Национальнай Общественнай Кэмитиэт үлэтин-хамнаһын торумнаан, регионнаађы былаастары кытта бииргэ бу социальнай бырайыактары олоххо киллэриини сађалыахтаах.

М. Е. Николаев дакылаатын кэнниттэн социальнай бырайыактары презентациялааһын уонна конгрес кыттыылаахтарын нађараадалааһын буолла. Курскай уобалас правительствотын бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаевка Россиятаађы ил-эйэ фондатын үрдүк нађараадатын – эйэни түстүүр, үтүөнү-сырдыгы тарђатар дьоһун үлэтин-хамнаһын иһин «Көмүс мэтээли» – туттарда. Федерация Сэбиэтин бочуоттаах грамотатынан Б.Д. Беспарточнай – НОК Курскайдаађы отделениетын уонна Р.Ф. Гударенко – НОК Ставропольскай отделениетын салайааччылара нађараадаланнылар. «Петр уонна Февронья» – кэргэнниилэри араңаччылыыр сибэтиэйдэр өйдөбүнньүк мэтээллэрэ Курскай уобалас бастың дьиэ кэргэттэригэр туттарылынна.

Конгрес иккис күнэ социальнай бырайыактары көрүүгэ уонна ырытыыга ананна. Кыттыылаахтар бу үлэлэри чопчулаан биэриигэ уонна олоххо киириитэ, кэтээн көрүүтэ хайдах буоларыгар этиилэри киллэрдилэр. Конгресс Коренной пустыняђа – «Знамение пресвятой богородицы» православнай ытык икона хараллан турар сиригэр – түмүктэннэ.

Кэлэр конгреһы 2011 сылга Киин Федеральнай уокурук биир эмэ регионугар ыытарга быһаардылар.              

 

Поделиться в соцсетях: