Новости библиотеки

Үйэ чиэппэрэ уонна 20 сыл

 XII ыңырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы сессиятын 20 сылыгар

Бу ааспыт муус устар ыйга Сэбиэскэй Союз уонна билиңңи Россия олођун уларыта туппут икки событие буолбутун өйдөөн ааһыађың.

Бастатан, Михаил Сергеевич Горбачев 1985 сыл муус устар 11 күнүгэр Сэбиэскэй Союз Компартиятын генеральнай сэкирэтээринэн талыллыыта. Кини ити кэннэ «уларыта тутуу» уонна «гласность» – «аһађас буолуу» бэлиитикэтин биллэрэр. Дьэ, ити кэмтэн ылата биһиги олохпут коммунистическай идеологияттан арахсан уларыйар суолга киирэр. Бастаан бытааннык, онтон улам-улам күүһүрэн, тэтимнэнэн, кэнники көмүөл күүһүгэр кубулуйан олођу төрдүттэн уларытан, ааспыты, эргэрбити тођо анньан ааһар, сайдыы саңа сађахтарын арыйар. Маныаха бэлиэтиэххэ наада: бу уларыйыылар, политическай уонна экономическай реформалар дьон күннээђи олођор саңа ыарахаттары эмиэ үөскэтэллэр. Ол туспа кэпсэтии темата буолар.

Иккис улахан событие Сахабыт сирин кытта сибээстээх. Ити Горбачев былааска кэлбитин кэннэ 5 сыл буолан баран, 1990 сыл Республика Үрдүкү Сэбиэтин депутаттарын талыыга улахан сонун быыбарынай хампаанньа буолар. Элбэх кандидаттан, мөккүөртэн дьон бэйэтэ депутаттары талар кыахтанар. Онон иккис улахан событиебыт – муус устар 25 күнүгэр аһыллыбыт XII ыңырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы сессиятын үлэтэ буолар.

Дьэ, онон 1990 сыл биһиги, сахалар, историябытыгар туох уратылаађай?

Бастаан туран уонна саамай суолталаађа – бу сылтан ылата оччотоођу Сэбиэскэй Союз дьиң-чахчы парламентскай демократияђа киирии суолугар үктэнэр.

Иккиһинэн, бу сылтан ылата бэйэбитин бэйэбит салайынар суолга үктэнэбит. Бу сыл саамай быһаарыылаах сыл буолар. Саха омук сайдыытыгар, республика инники хардыылыырыгар. Саха национальнай хамсааһына ХХ үйэ саңатыттан («Союз якутов», «Саха омук», «Саха кэскилэ» уо.д.а.) тирэх ылынан бэйэтэ тэрилтэлэнэр: «Саха омук» холбоһук тэриллэр. Балађан ыйыгар Үрдүкү Сэбиэт Государственнай суверенитет туһунан Декларацияны ылынар.

Дьэ ол иһин, оччотоођу депутаттар Афанасий Мигалкин, Баһылай Харысхал уонна Иван Ушницкай, ону тэңэ Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев көмөлөһөөччүлэрэ көђүлээһиннэринэн XII ыңырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин историятын, ыыппыт үлэтин, ылыммыт дьаһалларын үөрэтэр сыаллаах бөлөх үлэтин сађалаабыта балай эмэ кэм буолла.

Бастакы улахан дьаһалынан, тэрээһининэн оччотоођу депутаттары түмүү буолла. Кинилэр сарсын, ыам ыйын 21 күнүгэр, билиңңи Правительство иккис дьиэтэ диэн ааттанар, 1991-1993 сс. Үрдүкү Сэбиэт буола сылдьыбыт, ол иннинэ партия обкомун дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар мусталлар.

Салгыы, ааспыт сыл «Орто дойду» хаһыат ахсынньытаађы нүөмэрдэригэр 1989 сылы ырыппытым курдук, бу 1990 сыл бастакы аңаарыгар туох событиелар буолбуттарын көрүөђүң.

Сэбиэскэй Союзка

Сыл союзнай республикаларга национальнай хамсааһыны кытта сибээстээх айдаантан уонна ССРС-ка, ордук Москвађа, коммунистары утары хамсааһын күүһүрүүтүттэн сађаланар. Тохсунньу 19 күнүгэр Баку куоракка сэбиэскэй сэриилэр киллэриллэллэр. Олунньу 12-13 күннэригэр Душанбе куоракка дьон өлүүлээх айдаан тахсар. Олунньу 25 күнүгэр Москвађа 300 тыһыынча кэриңэ киһи кыттыылаах компартия баһылыыр оруолун утарар манифестация ыытыллар. Бу событиелар өссө төгүл ССРС государственнай уонна политическай систиэмэтэ уларыйара наадатын көрдөрөллөр.

Кулун тутар 11 күнүгэр буолбут Сэбиэскэй Союз компартиятын пленума ССРС Конституциятын 6-с ыстатыйатыттан (компартия баһылыыр оруолун туһунан) аккаастанар уонна Сэбиэскэй Союзка президент дуоһунаһын олохтуурга этиини ылынар, кандидатынан М.С. Горбачевы туруорар.

Ол гынан бу улахан суолталаах политическай быһаарыы хойутуур, Сэбиэскэй Союз ыһыллыытын тохтоппот. Бу күн Литва Үрдүкү Сэбиэтэ Литовскай государство тутулуга суох буолуутун чөлүгэр түһэрэр туһунан уураах ылынар уонна ССРС Конституциятын бэйэтин территориятыгар билиммэтин туһунан этэр. Литва национальнай хамсааһына уонна салалтата, депутаттара 1988 сылтан ылата сађалаан ССРС Конституциятын 6-с ыстатыйатын уонна компартия баһылыыр оруолун утарсаллара эбээт!

Ол да буоллар ССРС норуодунай депутаттарын уочарата суох III съезтэрэ ити күн сарсыныгар – кулун тутар 12 күнүгэр М.С. Горбачеву ССРС Президенинэн талар.

Кулун тутар 23 күнүгэр Вильнюс куоракка сэбиэскэй сэриилэр уонна танкалар киирэллэр. Муус устар 18 күнүгэр Москва Литвађа экономическай блокаданы биллэрэр.

Ыам ыйын 30 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин сессията үһүс турга куоластаан Борис Николаевич Ельцины бэйэтин Бэрэссэдээтэлинэн талар. Онтон бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР норуодунай депутаттарын съеһэ РСФСР государственнай суверенитетын туһунан Декларацияны ылынар.

Россияђа

Бу сылтан сађалаан Россияны туспа республика быһыытынан көрүөххэ сөп. Бу иннинэ нэһилиэнньэ Россияны да, Сэбиэскэй Союһу да араарбата, дьон-сэргэ санаатыгар биир өйдөбүл буолаллара. Атын союзнай республикалар туспа тураллара. Маныаха столицабыт – Москва куорат да биирэ эмиэ оруоллаађа. Онон Сэбиэскэй Союһу уонна Российскай Федерацияны араарбат этилэр. Российскай Федерация салайар органнарын оруоллара (Үрдүкү Сэбиэт уонна Совмин) олох кырата. Бэл, компартия туспа тэрилтэтэ суођа.

Саха сиригэр

Бу 1990 сыл общественноһы долгуппут поэт Август Муран республикатаађы радионан тыл этиититтэн (тохсунньу 14 күнэ) сађаламмытын ахтар наадалаах. Кини «Современный разговор» биэриигэ ити кэмңэ университет устудьуоннарын аймаабыт устудьуон уолу өлөрүүнү комментарийдыыр. Сэбиэскэй Союзка, Россияђа шовинизм, фашизм төбөтүн өрө көтөђүөн сөп диэн сэрэтэр этиитэ оччолорго, биллэн туран, толоостук иһиллибитэ. Билигин нуучча скинхедтэрэ Москвађа уонна атын да киин куораттарга хайдах сидьиңник быһыыланаллара барыбыт билэр суолбут. Хомойуох иһин, убаастанар Саха государственнай университетын профессордара, преподавателлэрэ поэкка хаһыат нөңүө саба түһэллэр.

Общественнай-политическай быһыыны-майгыны өйдүүргэ өссө маннык интеллигенция ситиһиилэрин ааттыахха наадалаах дии саныыбын. «Социалистическая Якутия» хаһыат тохсунньу 4 күнүнээђи нүөмэригэр Суорун Омоллоон киирии тыллаах Алексей Кулаковскай «Вправе ли русские гордится своим именем?» диэн үлэтэ бэчээттэнэр. «Кыым» хаһыат олунньу 2 күнүгэр «Уларыта тутуу уонна нэһилиэстибэ» диэн рубриканан «Кулаковскай суолталаах суруга» диэн профессор Георгий Башарин киирии тыллаах Өксөкүлээх интеллигенцияђа суругуттан быһа тардыыны – «II. Сири оңоруу» түһүмэђин дьон билиитигэр таһаарар.

Онтон олунньу 4 күнүгэр «Кыым» официальнай салаата» рубрикађа «таб. И. Чичиров», «таб. И.Ф.Ахчагныров» – Саха сиригэр репрессия ыар содулун символлара буолбут дьон «олохтоох суолталаах персональнай пенсияларын быһар туһунан» Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин уураахтара бэчээттэнэр. Ол курдук Ахчагныровка персональнай пенсияны анааһын туһунан 1978 с. тахсыбыт уураах көтүрүллэн, киниэхэ государственнай эрэ пенсията хаалар.

Репрессияламмыт дьону реабилитациялааһын үлэтэ салгыы кэңиир, Алеексеевскай оройуоңңа Таатта диэн төрүт аатын төнүннэриллэр.

Быыбар хампаанньата сађаланар. Манна ким туох буолара быһаарыллар. Михаил Ефимович Николаев бэйэтин балаһыанньатын бөђөргөтөр дуу, суох дуу диэн боппуруос турар.

XII ыңырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ

Сессия Михаил Ефимовиһы өйөөччүлэр кыайыыларынан түмүктэнэр. Кини Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллар, солбуйааччыларынан – кини соратниктара Василий Михайлович Власов, Андрей Дмитриевич Кириллин быыбарданаллар.

Бастакы сессия үлэтин муус устар 25 күнүгэр сађалыыр уонна ыам ыйын 5 күнүгэр түмүктүүр.

Бастакы сессияђа Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтэ саңа талыллыбыт Үрдүкү Сэбиэт иннигэр боломуочуйатын устунар. Үрдүкү Сэбиэт 13 бастайааннай хамыыһыйаларын тэрийэр. Президиуму бигэргэтэр.

Ити кэми үөрэтэн көрдөххө, утарыта туруу, норуот этэринии, «хоччохой» коммунистар уонна саңалыы өйдөөх-санаалаах дьон икки ардыларыгар тахсыбыта. Бу саңа дьон сорохторо компартия чилиэннэрэ этилэр, сорохторо – партията суохтара. Биир кытаанах киирсии Амматаађы 16-с уокурукка барбыта. Ол кэми ити уокуруктан талыллыбыт суруйааччы уонна суруналыыс Василий Егорович Васильев-Харысхал маннык ахтар:

– Оччотоођу састаабы ырытан көрдөххө, республика үрдүнэн депутаттар үгүс өттүлэрэ партийнай салалта дьоно буолбуттара. Ол да буоллар саха дьонун санаатыгар демократия салгына киирбитэ көстөрө. Партия чилиэннэрэ төһө да компартия саллааттара курдук буолбуттарын иһин, кинилэр истэригэр инникигэ дьулуурдаах, кэскиллээђи өйдүүр дьон ахсаана элбэх этэ. Биллэн турар, киирсии кытаанађа буолбута. Ол гынан норуот «дьаарай» радикал демократтары, холобура, Юрков уонна Логинов курдуктары, чугаһаппатађа. Быыбардааччы инникигэ эрэллээђин, элбэђи депутаттартан кэтэһэрин көрдөрбүтэ.

– Баһылай, бастакы сессия туһунан тугу этиэң этэй? Сүрүн суолтата туохханый?

– Миэхэ, аан маңнай депутат буолбут киһиэхэ, барыта сонун, саңаны билии курдук этэ. Бэрэссэдээтэли туруорууга уонна талыыга улахан мөккүөр суођа. Үрдүкү Сэбиэт Президиума, компартия обкома Михаил Ефимович кандидатуратын туруорбуттара. Бастакы сессияђа, биллэн турар, мөккүөр элбэх этэ. Обком уонна депутаттар икки ардыларыгар тардыалаһыы баар этэ. Киэһэ хойукка диэри – түүн 10 чааска диэри сессиябыт мунньађа уһуур-тэнийэр буолара. Обком Үрдүкү Сэбиэти бэйэтин аппаратын курдук оңостор санаалаађа структураны уонна бастайааннай хамыыһыйалары бигэргэтиигэ, талыыга көстүбүтэ. Ол гынан, эрдэттэн депутаттар бэйэбит тэрийэр кэмитиэт таламмыт ити былааннара кыаллыбатађа. Бастайааннай хамыыһыйалары бэрээдэктээһин уонна кинилэри ханнык систиэмэнэн оңоробутуй диэн санаанан салайтаран эрдэттэн бэйэбит этиибитин бэлэмнээбиппит. Онон бастайааннай хамыыһыйалар структуралара саңалыы оңоһуллубута, бириэмэ ирдэбилигэр эппиэтттиир гына. Сессия итини ылыммыта, бигэргэппитэ. Биһиги холобурбутун атын республикалар туһаммыттара. Башкирдар, татаардар делегациялара кэлэ сылдьыбыттара, билсибиттэрэ. Мин санаабар, бастакы сессия улахан ситиһиитэ демократия Сахабыт Республикабытыгар киирэн эрэрин чађылхайдык көрдөрбүтэ. Ити тэрээһинтэн, боппуруостар туруоруллууларыттан, сессия ыытыллыбыт хаамыытыттан дађаны көстүбүтэ.

Дьэ, ити Баһылай эппитинии, Саха Республиката демократическай сайдыы суолугар үктэнэн Россия саңалыы сайдыытын өйөөбүтэ уонна онуоха бэйэтин кырата суох кылаатын киллэрбитэ. Иккис сессия балађан ыйын 25-28 күннэригэр былааннанар уонна депутаттар иннилэригэр Үрдүкү Сэбиэт үлэтин саңатытан, кэм ирдэбилигэр эппиэттиир гына уларыта тутар улахан эппиэтинэстээх, кэскиллээх кэм үүнэр.

 

Олег СИДОРОВ.

Поделиться в соцсетях: