Новости библиотеки

М.Е.Николаев Токиођа Парламентскай форуму тэрийэргэ этии киллэрдэ

 

 

РФ Госдуматын Федеральнай Мунньађын Федерациятын Сэбиэтин председателин солбуйааччы М.Е.Николаев баһылыктаах Россия официальнай делегацията муус устар 19-24 күннэригэр Япония парламенын советниктарын палататын председателэ Сацуки Эда ыңырыытынан Японияђа ыалдьыттаата.

М.Е.Николаев Япония парламенын советниктарын палататын председателэ Сацуки Эданы, бэрэстэбиитэллэр палаталарын председателин солбуйааччы Сэисиро Этоны, Япония урукку премьер-министрэ Есиро Морины уонна билиңңи премьер-министр Юкио Хатояма быраата Япония парламенын депутата Кунио Хатояманы кытта көрсөн, парламеннар икки ардыларынаађы сыһыаны дириңэтэр уонна сайыннарар туһунан кэпсэтиилэри ыытта. М.Е.Николаев Россия уонна Япония парламеннарын икки ардыларынаађы сыһыаны сайыннарарга Парламеннар икки ардыларынаађы форуму тэрийэргэ этии киллэрдэ. Форум сылга иккитэ Токиођа уонна Москвађа мустан, тирээн турар кыһалђалары ырытар түһүлгэ буолуохтаах диэн тоһођолоото. Россия политигын этиитин Япония парламентарийдара өйөөтүлэр. Ол курдук, урукку премьер-министр Есиро Мори Россия уонна Япония парламеннарын форумун Япониятаађы өрүтүн салайарга бэлэмин уонна, Японскай-корейскай парламентскай союз президенэ буоларынан, итинник үлэђэ опыттаађын биллэрдэ. Депутат Кунио Хатояма Россия-Япония обществоны салайар, онон бу икки дойду дођордуу сыһыаннарын дириңэтэргэ эмиэ интэриэстээђин бэлиэтээтэ. Сэисиро Это Россия-Япония парламеннарын форума эргиэн-экономическай алтыһыылары олохтуођа диэтэ.

М.Е.Николаев дьоһун суолталаах кэпсэтиилэр кэннилэриттэн Япония элитатын иитэн таһаарар Васэда университетын ректора К.Сираины кытта көрүстэ. Ректор МГУ-ну, Россия атын дађаны университеттарын кытта бииргэ үлэлэһэр санаалаађын биллэрдэ. Россия делегацията ити кэнниттэн Цукуба куорат промышленнай технологияларга уонна роботы оңорор институтугар сылдьан, ыарыһахтары көрөр-харайар роботтары кытта билистэ. XXI үйэ квартиратынан ааттанар «өйдөөх дьиэђэ» ыалдьыттааһын – киһи ытыһын сылааһынан салайтаран дьиэ хайа бађар муннугар сыђарыйар, улаатар-кыччыыр, дьиэ истиэнэтин оруолун толорор телевизордаах аныгы үйэ дьиэтэ – Япония чахчы сайдыылаађын кэрэһэлээтэ. Муус устар 23 күнүгэр М.Е.Николаев Японияђа олохсуйбут сахалары кытта көрсөн, олохторун-дьаһахтарын ыйыталаста. Икки ођолоох Надежда Попова М.Е.Николаевка японецтарга анаан оңорбут саха тылын үөрэтэр кинигэтин бэлэхтээтэ. М.Е.Николаев көђүлээһининэн Япония сахалара «Илин» ассоциация тэриннилэр. Президенинэн Дмитрий Оконешниковы таллылар, вице-президенинэн – Дмитрий Федоровы.

Официальнай делегацияны сэргэ Японияђа М.Е. Николаев тэрийбит «Восточное измерение» общественнай хамсааһынын делегацията баран кэллэ. Бизнесменнэр Япония тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһиини кэпсэттилэр. М.Е.Николаев итини сэргэ Токиођа саха бриллианнарын атыылыыр «Саха-даймонд» мађаһыыңңа сырытта, диэн В. Артамонов, РФ ФМ ФС председателин солбуйааччы М.Николаев көмөлөһөөччүтэ иһитиннэрэр.

Поделиться в соцсетях: