Новости библиотеки

Дьон-сэргэ уонна Николаев Николаев уонна дьон-сэргэ

Иван Ушницкай

2. Туһаайыылар уонна тускуллар

 

 

 

М. Е. Николаев Горнай улууһугар сылдьыытыттан бэлиэтээһиннэр. Иккис түһүмэх

М.Е.Николаев Бэрдьигэстээх кулуубугар киирбитигэр, саалађа лыык курдук толору олорор дьон бары сүһүөхтэригэр туран өр ытыс таһыммыттара. Оттон тыл этиитин тыыммакка кэриэтэ ураты болђомтолоохтук истибиттэрэ. Итинниккэ киһи аһыллар. Оттон Михаил Ефимович курдук улахан араатар публиканы чувствуйдаабат буолуо дуо? Туттуута-хаптыыта, сорох түгэннэргэ эппит тылларын чопчулаан тохтуура, куолаһын уларытара, көрөрө – барыта дьон болђомтотун тардарын өссө күүһүрдэр.

   – 90-с сыллары, – диэтэ бэйэтин этиитигэр Россия Федерациятын Сэбиэтин председателин солбуйааччы, СР бастакы президенэ М.Е.Николаев, – дьоммут-сэргэбит улаханнык хорумньуйбакка аастыбыт, диэн этэллэр. Ити чахчы, чуолаан биир түмсүүлээх саха норуота, саха нацията, ыарахан дьылларга түмсүүлээђин, киэң күүстээђин, ыраађы көрүүтүн, тулуурдаађын өссө биирдэ көрдөрбүт сыллара буолаллар. Эр дьон олох өһүргэнимэң, мин этиэм этэ: ити дьылларга биһиги ийэлэрбит хаһааңңытаађар дађаны активнай позицияны ылбыттара. Түбэспиччэ буолбатах, нэһилиэктэргэ, улуустарга, республикађа бэрт элбэх саха дьахтара салалтађа киирэн үлэлээн, общественнай үлэни баһылаан, дьону түмэн, дьоһун үлэни ыыппыта. Итинник норуот хаһан да охтуо суођа диэн толкуйдуубун, итинник норуот сайдыађа, атыттарга холобур буолуођа.

    Кистэл буолбатах, эһиги бэйэђит дађаны көрөн олорођут – 90-с сылларга республикађа ылыллыбыт дьаһаллар, хойутаан да буоллар, Россия үрдүнэн киэңник биллэн, тарђанан олоххо киириилэрэ бүгүн көстөр. Ити биһиги историябытыгар биир бэлиэ көрүү буолар, онон итиннэ улаханнык аралдьыйбакка, тохтообокко, кэлэр күн хайдах биһиги нация, норуот быһыытынан сайдабытый, ханнык суоллары тутуһабытый диэн боппуруоска мин бэйэм санааларбын этиэм этэ: Бастатан туран, ханнык бађарар нация сайдар – үлэһит эрэ буоллађына. Үлэ диэн аңаардас тыа эрэ хаһаайыстыбата буолбатах, аңаардас сүөһү эрэ көрүү буолбатах – билигин ХХI үйэ. Онон саха норуота бары салааларга баар буолуутун ситиһиэххэ наада. Промышленноска ыытыы диэн буолбакка, промышленноска үлэлиэххэ наада, рабочайынан буолбакка – салалтађа. Биһиги ађыйахпыт бэрт, биһиги тракторист буолан, сварщик буолан, улахан баарађай тутууларга кыттар кыахпыт суох. Ол оннугар, айылђабыт айыытынан, үрдүк үөрэђи ылан, уопутуран, салалтађа сылдьар нация буолуохтаахпыт. Ол иһин үлэлиэххэ наада, ол иһин үөрэниэххэ наада.

    Мин Санкт-Петербурга да буоллун, Москвађа да буоллун, омук да сиригэр бардађым аайы, саха ођолорун көрсөбүн. Этэбин: эһиэхэ дойдугутугар туох нааданый? Бастатан туран, эһиги төрөппүттэргэ иитиллибит иэстээххит диэн саха өс хоһоонун тутуһан, дьоңңутугар үбүнэн-аһынан көмөлөһүөхтээххит. Ийэлэргит-ађаларгыт улаханнык эһиги ханна үлэлииргититтэн долгуйбаттар. Эһиги үчүгэй коллективка, үчүгэй дуоһунаска, үчүгэй хамнаска сылдьыахтааххыт. Биһиги республикабыт рынога кыра, государственнай структурађа барыта дьонноохтор, оннук буолбат дуо? Бюджетнай тэрилтэлэр бары дьонноохтор, ађыйах киһи пенсияђа баран да, миэстэ кэңиир кыађа суох. Онон ођолор хотунан-сођуруунан сайдан, улахан компанияларга үлэђэ киириэхтээхтэр, онно опыт ылыахтаахтар, маңнайгы тирэх буолар капиталы мунньунуохтаахтар.

Америка штаттарыгар сылдьан көрөђүн, Аляскађа сахалар отучча буолаллар. Тугу үлэлииллэрин, төһө хамнастаахтарын ыйыталаһађын. Бары тракторист да буолбатахтар, сварщик да буолбатахтар, бары араас компанияларга сүрүн дуоһунаска сылдьаллар. Вашингтоңңа ађыйах хонуктаађыта сылдьан көрдөххө, Аммосова диэн баар, 40-лээх, 1994 сылга Америкађа баран, номнуо гражданствотын ылан үлэлии сылдьар. Докторскайын көмүскээн, саха дьахтарыттан бастакынан Америка холбоһуктаах штатын университетын профессора буолан үлэлиир. Ол бэрт буолбат дуо? Киһи киэн туттар буолбат дуо?

   Эбэтэр Рязанскайы ылан көр, Чикаго куоракка университекка преподавателинэн үлэлиир. Соловьевтар диэн дьиэ кэргэттэрин ылан көр. Саха уола улахан программаны оңорор компания бастакы солбуйааччытынан үлэлиир. Итинник буолуохтаах. Билигин Кытайга биһиги аађыыбытынан тыһыынча ођо баар. Үксүлэрэ үөрэнэллэр. Ити Конфуций төрөөбүт куоратын университетыгар учуонайдар советтарын кытта көрсүбүтүм. Биһиги кинилэри кытта сибээстэри салгыахпыт. Үнүр Москвађа Кытай посолун кытта көрсүбүтүм. Саха ођолоро үөрэнэллэригэр көмөлөһүөм диэбитэ. Онон биһиги ођолорбут аңаардас бэйэлэрин эрэ дойдуларыгар буолбакка, атын сирдэргэ, улахан тэрилтэлэргэ үлэлиэхтээхтэр. Үлэни киһи бэйэтэ булуохтаах. Үлэ киһини буолбакка.

   Эһиил баччађа Кореялар улахан офистарын тутан бүтэриэхтээхтэр. Онно биһиги туох да этиибит суох. Ол иһин кореецтар этэллэр, биһиги бастакы этээскэ кыра ресторан аһыахпыт. Атыныгар бэйэбит офистаныахпыт. Уоннаађытын арендађа биэриэхпит. Олох сыыһа. Кореецтары этэбин, манна программанан хааччыйар, таңар сыахтары оңоруохха. (Кырдьык да, итиччэ кэлэн биэрбиттэрин туһаныахха – И.У.) Биһигини кытта илии баттаһыылаахтар. Улуустан, куораттан туох да этии киирэ илик. Сорохтор олох да билбэттэр, ити дьиэ тутулла турарын.

   Кытай сайдыытыгар Дэн Цэопин улуута манныкка – эппитэ, реформа, аһађас буолуу. Холобур, Шанхай 20 мөл. нэһилиэнньэлээх. Онно аан дойду 500 чулуу компаниялара үлэлии олороллор. Холобур, Майкрософт, Адидас. Бу биир куоракка. Оттон биһиэхэ биир компания кэлэр дуо? Онон биһиги сытыы сођустук кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн иһиэхпитин наада. Эһиги аартыкка олорор улуускут, ол гынан баран кэлиигит-барыыгыт ађыйах. Онон көрүүгүт-билиигит кыра. Тыа сиригэр үп тиийбэт. Ити чуолкай. Үп ханна кэлэрий? Инфраструктуралаах сиргэ. Инфраструктура диэн тугуй? Манна офистар баар буолуохтаахтар. Үбү хайдах туһанары билэр дьонноох буолуохтаахпыт. Россия нэһилиэнньэтин 60 %-на эрэ баан систематынан туһанар. Бу аан дойду улахан государстволарыттан биир мөлтөх көрдөрүү. Ол аата 60 мөл. киһи баанынан туһаммат. Ону биһиги сэмэлиибит. Россияђа олох сайдыбат диэн. Улахан куораттарга эрэ баар диэн. Кытайы ылан көрүң. Аңаардас Пекиңңэ эрэ буолбакка, ханнык бађарар куоракка туттуллаллар. Тођо диэтэххэ, хас биирдии куорат финансовай инфраструктуралаах. Кытайга сокуон баар – Кытай народнай республикатын үбэ 10 %-тан ордуга суох биир куоракка түмүллүөхтээх диэн. Россияђа хайдађый, 85 %-на Москвађа эргийэр. Уонна үбэ суох регионнар, атыттар хайдах сайдыахтарай? Сокуон суох. Төһө да антимонопольнай комитет баарын иһин.

   Кредит. Эһиги 11 тыһ. нэһилиэнньэлээххит. 777 эрэ киһи ылбыт, кредити. Ол аата хас бырыһыаный. 15 % эрэ. Бачча эрэ киһи баанынан туһанар. Уонна хайдах олороору, сайдаары гынађытый? Кэлбиттэн-барбыттан умналаһан. Умнаһыт, кулут психологиялаах киһи хаһан да сайдыбат. Онон Моисей еврейдэри Египеттэн таһаараары, 40 сыл эргиппитэ. Ол аата кырдьађас, кулут психологиялаах дьон өлбүттэрин кэннэ, эдэр ођолору манна олоруң диэн эппитэ. Эһиги барытын билэ-көрө олорођут, итини туһађа таһаарыахха наада. Биһиги кредит систематыгар көмөлөһөр кыахтаахпыт диэн эппитим. Россия сбербаанын кытта биир тылы булан үлэлиибит. Ол эрээри ылар киһи суох. Тођо ылбаккытый? Бииринэн, ити боппуруоска биир тылы булуохха сөп. Үөрэниэххэ наада. Макар Макарович народнай университета баар. Улахан дьону үөрэтиигэ. Өйдөөң эрэ, 30-с сылларга олох үөрэђэ суох саха дьонун үөрэтэллэрэ. Кыра да үөрэхтээх дьон бэйэ-бэйэбитин үөрэтиһэн үөрэђи ылбыппыт. Билигин баан системата сайдыытын үөрэтиэххэ наада. Үгүс сирдэргэ сылдьабын, улуус салалтата, салайааччыта биир да киһи финансовай структураны сайыннарыахха диэн туруорсубат. Биһиэхэ страховой система сайдыбат. Дьиэң умайан хааллын, массыынаң алдьаннын, аварияђа түбэстиң? Ким төлүүрүй? Итини ким да билбэт. Тыа сиригэр араас страховой фондалары, кредитнэй кооперативтары тэрийиэххэ. Бу улууска баар дьон бары түмсүөхтээхтэр. Билигин олору хонтуруоллуур миссия Россия минфинигэр сүктэрилиннэ. Урут ким да салайбат этэ. Билигин ким да харчыны ылан баран сүтэн хаалыа суођа. Хонтуруоллуур буоллахтарына, сайдыахтара. Микрокредитование сокуона ылыллыађа. Үнүр Россия правительствота көрөн, Госдумађа биэрдэ. Онно 3 сылга 105 млрд үп бэрилиннэ. Бэйэлэрин тэрилтэлэрин тэрийэллэригэр. 1 мөл. диэри кээмэйдээх, үлэ миэстэтин таһаардыннар диэн. Итинник хардыылар, кыра да буоллаллар, Россия үрдүнэн син бааллар. Онон улуус салайааччыта, юрист үөрэхтээх киһи итинник тыын боппуруостарга улаханнык өйүн-санаатын түмэн, дьону сайыннарыахтаах. Итиннэ сөбүлэһэђит дуо? Билигин мин Кировы кытта өссө кэпсэтиэхпин сөп. Манна баан үлэһитэ баар дуо? Агробаан специалиһа баар дуо? Өскөтүн ресурса тиийбэт буоллађына, биһиги эптэриэхпит. Былырыын 43 млрд бюджекка көрүллүбүтэ. Онтон 38 эрэ млрд туһаммыппыт. Араас субуотунньукка, тупсарыыга диэн. Ити үлэлэр үтүө түмүктэрэ – киһи бэйэтэ производство тэрийиитэ. Былырыыңңыга холоотоххо, билигин начальниккыт бырайыак оңорон баран кэлиэђэ, өссө кэпсэтиэхпит.

   Үлэ биһиги усулуобуйабытыгар олођуран тэриллиэхтээх. Чөл олођу сүрүннүүр Киин диэн киирдэ. Россия үрдүнэн. Россия доруобуйатын харыстабыла сайдар биир дьоһун хардыыта буолла. Онон ол чиңиир. 1 мөл. нэһилиэнньэлээх биһиги республикабытыгар 200 тыһ. киһиэхэ 1 киин тэриллиэхтээх. Холобура, Горнай хас да нэһилиэгин талан. Ити быыбардыыр уокуруктары тэрийэр курдук. Туох тэриллэн эрэрий манна, истэђит дуо, Кииннэр тэриллэллэр диэн? Республикађа биэс Киин тэриллиэхтээх. Барытын Дьокуускай куоракка тэрийэрбит буолуо. Итинник болђомто баар бириэмэтигэр, итинник дьаһал ылыллыбыт кэмигэр. Саха киһитин өйүгэр-санаатыгар ити өйдөбүл уонча сылы быһа киирдэ. Биһиги усулуобуйабытыгар хайдах буолуохтаахтарый, кимнээх үлэлиэхтээхтэрий, туох структуралаахтарый диэн.

   Виктор Петрович (Ноговицын) 5-хас сыл буолла, эппитэ, туруорбута, эксперимент оңорбута, хайдађын да иһин, үөрэх режимин уларытыахха диэн. Үөрэђи балађан ыйыттан буолбакка, атырдьах ыйыттан сађалыахха, кыһыңңы ыарахан ыйдартан ођолору сынньатыахха диэн. Ол оннугар саас, сайыңңы бириэмэђэ үөрэтиэххэ, айылђаны кытта алтыһыннарыахха диэн. Көрдөрүүлэрэ – учууталлар уонна ођолор доруобуйалара 30 % тупсар, тута биллэр. Бэђэһээ түүн миэхэ Москваттан ИТАР-ТАСС-тан телефоннаан ыйыттылар, эн хайдах сыаналыыгын, англичаннар үөрэхтэрин программатын биир чаас уларыттылар, онно ођо үөрэђин билиитэ 10 % үрдээтэ диэн. Ону мин этэбин, Саха сиригэр бу үлүгэрдээх тыйыс айылђађа, 30 % үрдэппиппит диэн, полярнай түүңңэ тођо биһиги уларыппаппыт? Олорбуппут курдук олорон бараары гынабыт. Бэрдьигэстээх дьоно сүрдээх бэрээдэктээх, ылыныгас дьоңңут, Виктор Петрович кэпсиэђэ. Ити В.П.Ноговицын эксперименинэн үлэлиир үс оскуола директордарын ыңыртыађың, истиң, хайдах тэрийэллэрин, ыйытың. Ођо этин-сиинин кымньыылаан, күүспүтүнэн доруобуйаларын айгыратабыт. Холобур быһыытынан, бэйэ өйүнэн олоруохха. Былыр өбүгэлэрбит бэйэлэрин өйдөрүнэн сүрдээх үчүгэйдик олорбуттара. Саха олорор сиригэр бэрээдэк баар, үчүгэйдик дьаһанан олороллор, доруобайдар диэн былыргы айанньыттар суруйаллара. Профессор суруйарынан, сахаларга туберкулез диэн ыарыы суох. Тођо диэтэххэ, сүрдээх улахан профилактика. Кыһын сайылыгын тоңорор, бары бактерия өлөр. Сайын онно тахсан биэрэр. Кыстык дьиэтигэр күн уота энергия биэрэр. Алдьархай мындыр омук. Итини, историябытыгар баары, тођо туттубаппытый. Саңа хайысхалар киирдилэр. Ити улахан культура. Дьиэбитин-уоппутун уларытарга. Биһиги балађаммытын бырађан, европейскай халыыпка киирэн хаалбыппыт. Бэйэбит да өйдөөбөккө. Сыыйа уларытыахха. Ити Уйбаан (бу суруйуу автора—И.У.) Калмыкияђа сылдьан, кэпсээбитэ. Мин эмиэ бу сайын сылдьыбытым. Илюмжинов аан дойду архитектордарыгар 5 сылга биирдэ конкурс тэрийэр уонна этэр: «Мин эһигини босхо аһатабын, босхо гостиницађа олордобун, матырыйаалынан хааччыйабын, мрамор, гранит, бронза да буоллун. Үс бастакы миэстэни ылбыт киһиэхэ бириэмийэ биэрэбин. Ол манньатыгар тугу оңорбуккутун манна миэстэтигэр хаалларађыт», - диэн. Онон Элиста европейскай буолбакка, чыңха атын куорат - архитектуратынан, чуолаан, дьођус архитектуратынан. Олус кыраһыабай, буддийскай куорат. Биһиги тођо элеменнэри киллэрбэппитий. Бэркэлээтэђинэ, олбуорбутугар сэргэ туруоруохпут, онтукабыт харааран, кэнники эмэђирэн хаалар. Наука киинин дьиэтэ баар дии. Үчүгэй бађайы буолбат дуо? Саха орнаменнаах. Итинник үчүгэй матырыйаалларынан оңоруохха. Таас тутуу үчүгэй оңоһуулаађа, сахалыы дизайыннаађа «мин сахабын» диэн киэн туттууну үөскэтэр. Онтон да атын этиилэр бааллар. Билигин да сайдыылаах норуоппут, ЮНЕСКО ирдэбилинэн 500 тыһ. элбэх эрэ буоллаххына сүтэр омук ахсааныгар киирбэккин. Мин аађыыбынан, 500 тыһыынча буоллубут быһыылаах. Ааспыт биэрэпискэ 464 тыһ. этибит. Бииртэн дьиксинэбин, ођо элбээтэ, олох уһуур диигит. Ол гынан баран кэнники сэттэ сылга республика оскуолаларыгар ођо ахсаана 40 тыһ. ађыйаата. Ити алдьархай буолбат дуо. 2002 сылга ођо ахсаана оскуолађа 185 тыһ. этэ – былырыын 143 тыһ. эрэ. Итинник темпэнэн бардахха, сыллата 5-6 тыһ. ођонон ађыйаан истэђинэ, симэлийэн да хаалыахпыт дии. Конгреска да эппитим: мөлүйүөн буолуођуң диэн. Ол аата тугуй? Биһиги 21 үйэђэ 1 мөл. буолуохтаахпыт. Чуолаан ахсаан эрэ өттүнэн аахсыахтаахпыт. Татаардар куоластара тођо иһиллэрий, татаардары кытта тођо куруук аахсалларый? Татаардары кытта дуогабар оңорсоллор, ол дуогабар сокуон быһыытынан билиниллэр. Кинилэр 7 мөлүйүөннэр. Россияђа нуучча кэнниттэн иккис элбэх ахсааннаах омук. Онон эһиги, киһи тылын истэр, өйдүүр дьон быһыытынынан, итини өйдөөң, толкуйдааң. Билигин Россия үрдүнэн улахан демографическай политика бара турар. Ити үлүгэр ийэ капитала, пособие эңин диэн. Республика бэйэтэ эбии дьаһаллары ылыныан наада. Эбэтэр ким эрэ кэлэн сайыннарарын күүтэбит дуу? Аан бастаан саха омуга бэйэтэ республикатын территорията сайдарыгар кыһаллыахтаах. Итинэн түмүктүүбүн. Үлэһит дьоңңут, өссө үлэлээң, саңа үлэ көрүңнэрин булуң, кылаабынайа, уһун, үчүгэй доруобуйалаах буолуң.

   М.Е.Николаев этиитин итинник түмүктүүрүн кытта, саалађа баар дьон бары эмиэ бары сүһүөхтэригэр туран өр ытыс таһыннылар. Бу буолар махтал бэлиэтэ, алгыс ананыыта. Горнайтан улахан суруйааччылар ини-бии Даниловтар, академик А.Н.Осипов Михаил Ефимовичка сүбэ-ама, күүс-тирэх буолбуттара. Нэһилиэнньэ, итинник дьонноох-сэргэлээх буолан, тыла-өһө олохтоох. Күөрэлээхтэн эдэр кыыс эђэрдэ аадырыс аађан уонна улуус баһылыга П.Н. Алексеев олохтоох типография таһаартаабыт кинигэлэрин туттарбыттарыттан дьон дађаны, М.Е.Николаев дађаны ордук астыннылар. Таарыччы эттэххэ, коллегам В.Алексеев улуус хаһыатын редакторын, типография директорын быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиирин бэлиэтиэхпин бађарабын. Ађыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх улууска сыл аайы «Чыпчаал» диэн кинигэни, литературнай сурунаалы, сүүсчэкэђэ тиийэ араас таһаарыылары бэчээттэтэрин сөђөбүн. Михаил Ефимовичтыын көрсүһүү бүппүтүн кэннэ дьон тарђаспакка өр кулуупка сылдьыбыта уонна «киһи истэ туруон курдук саңарар. Бириэмэни билбэккэ хаалбыппыт» дэһэр.

   Кырдьыга, Михаил Ефимович билигин Россияђа, аан дойдуга улахан таһымңа үлэлиир. Хотугу Европатаађы парламены тэрийээччи, «Илиңңи кээмэй» диэн аан дойдутаађы тэрилтэ салайааччытынан РФ делегацияларын салайан, элбэх омук сирдэригэр сылдьар. Улуу дойдубут, державабыт салайааччылара кини кэпсэтиилэри ситиһиилээхтик ыытарын өйдөөбүттэрэ ыраатта. Дьон-сэргэ өссө ордук ситиһиилээхтик сылдьарыгар алгыыра туолуохтун.

 

Ааптар хаартыскађа түһэриилэрэ.

Аныгыскы нүөмэргэ М.Е.Николаев Горнайга, Хаңаласка көрсүһүүлэргэ өссө тугу эппитин эбии суруйуом.

 

Редакцияттан: «ОД» ааспыт №-гэр Иван Ушницкай «Махтал уонна алгыс» диэн бу матырыйаалын сађаланыытыгар Горнай улууһун баһылыгын аатын П.Н. Алексеев уонна «Кировскай нэһилиэгэ» МТ сир үлэһитэ Анна Михайловна Александрова диэн көннөрөн аађаргытыгар көрдөһөбүт.

Поделиться в соцсетях: