Новости библиотеки

САХА АЙМАХ БААРЫН ТУХАРЫ

                                                                                                                                                                                                                                                                                                                              

Киhи олођор көрсүбүт дьонноруттан үйэтин тухары махтана өйдөөн кэлэр киhитэ биир эмэ баар буолар. Туох да саарбађа суох саха дьонун үксэ да Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаевы истиң-иhирэх тылларынан ахталларыгар саарбађалаабаппын. Ааспытын кэнниттэн санаатахха, кини салайан олорбут уон сыла саха норуотун уонна республикабыт историятыгар кыhыл көмүс буукубаларынан суруллан хаалыахтара. Чуолаан бу кэмңэ Михаил Ефимович Россия салалтатын кытта сатабыллаахтык кэпсэтиитин, тылын ылыннарыытын түмүгэр биhиги омук да, республика да быhыытынан «күммүт күөрэйбитэ, күөнэхпит оонньообута». Саха буоларбытынан киэн туттуу, сиртэн хостонор элбэх баайбытыттан тииhинии, бар дьон үөрэнэригэр, үлэлииригэр, айанныырыгар, эмтэнэригэр, сынньанарыгар анаммыт, урукку өттүгэр түhээн да көрбөтөх сөђүмэр тутууларбыт баар буолуулара, биир тылынан эттэххэ, урут билбэтэх бырааптарбытын ылан, ситиhиилэр үрдүк чыпчаалларыгар дабайан барбыппыт.      

Саха саарынын, урааңхай аймахха үйэђэ биирдэ эмэ төрөөн ааhар уhулуччулаах киhи салалтатынан үлэлээбит сылларбын мин олођум саамай дьоллоох түгэнинэн аађабын.       

Аан маңнай Михаил Николаевы комсомол Тааттатаађы райкомугар  үлэлиир сылларбар көрбүтүм. Ол сађана кини ЫБСЛКС Якутскай куораттаађы горкомун бастакы секретарынан үлэлиирэ. Хайдах эрэ Максим Аммосовы санатар кыраhыабай, лоп бааччы тыллаах-өстөөх салайааччы бэйэтин биир идэлээхтэрин ортотугар уhулуччу бэлиэтик көстөрө. Ити кэнниттэн кини партия оскуолатын, улуустарга буhууну-хатыыны ааhан, Саха АССР Министрдэрин Советин  Председателин солбуйааччынан үлэлээбитэ.      

Онтон Саха сирин тыатын хаhаайыстыбатын салайбыта, бу кэмңэ совхозтар олус кыахтаахтык, тыа дьонун барытын үбүнэн-аhынан дэлэччи хааччыйан олорбуттара. Михаил Ефимович салайааччыларга ирдэбиллээђин, оттон тыа бүгүрү үлэhит дьонугар олус истиІ сыhыаннаађын, кинилэр эрэйдэрин-кыhалђаларын чэпчэтэ сатыырга дьулуhарын туhунан элбэхтэ истэрим. Комсомол обкомун аппараатыгар үлэлиир кэмнэрбэр тыа хаhаайыстыбатын министерствотын кытта ыччат ортотугар ыытыллар араас дьаhалларга эмиэ кыттыhан ааhарбыт. Онно билбитим Михаил Ефимович элбэх саңата суох да буоллар, ылыннарыылаах тыллаах, дьону кытта сүбэлэhэр, санаа атастаhар үтүө үгэстээђин, ыччакка улахан ытыктабыллаахтык сыhыаннаhарын, обкомол отчуоттуур-быыбардыыр конференциятын делегаттарын ортотугар кэлбит тыа хаhаайыстыбатын салаатын үлэhиттэрин кытта мэлдьи көрсүhэрэ, кинилэр ситиhиилээх үлэлэрин иhин Грамоталары,   сыаналаах бэлэхтэри туттарара, ити курдук кини салайар ньымата үгүс кэрэхсэбиллээх өрүттэрдээђэ.     

Уларыта тутуу долгуна өрө түллэн кэлбитигэр, Михаил Ефимович Саха Республикатын Yрдүкү Сэбиэтин Председателинэн анаммытыгар, бииргэ үлэлиир чиэстэммитим. Бу буккуурдаах кэмңэ бар дьон олођун уйгутун мөлтөппөккө, уустук бириэмэни кэм чэпчэкитик аhарар туhугар Михаил Ефимович, хаhан бађарар үөрэммит үгэhинэн, олох ис сүрэђиттэн кыhаллан үлэтин сађалаабыта, сарсыарда адьас эрдэттэн ыкса киэhэђэ, бэл түүңңэ диэри, субуота, өрөбүл, уоппуска диэни аахсыбакка, харыстаммакка үлэлиирэ уонна  бэйэбит тустаах дьыалабытынан эмиэ оннук күүскэ дьарыктанарбытын барыбытыттан ирдиирэ. Аны санаатахха, чахчы да, саха норуотун дьолугар уларыта тутуу кэмигэр Михаил Ефимович маңнай Саха Республикатын Yрдүкү Сэбиэтин Председателинэн, онтон республика Президенинэн талыллан, уобарастаан эттэххэ, силлиэнэн-буурђанан ытыллар, аарыма баалларынан ыhыахтанар ырыынак байхалыгар киириигэ «Саха сирэ» диэн ааттаах хараабылы салайар штурвалы эрэллээхтик туппут уонна ити наhаа буккуурдаах-тэккиирдээх, олус күчүмэђэй кэрдииhи аңардас кини үтүөтүнэн адьас да билбэккэ мүччү түспүт эбиппит.         

1991 сыллаахха Михаил Ефимович быhаччы туруорсуутунан, кыттыытынан саха норуотун сүүс сааhыттан ылсыбыт ытык кырдьађаhа Дмитрий Кононович Сивцевка – Суорун Омоллооңңо Социалистическай үлэ Геройун үрдүк аата иңэриллиитэ норуокка улахан өрө көтөђүллүүнэн көрсүллүбүтэ.       

Биhиги Президеммит норуот өйөбүлүн ылан, үлэтэ-хамнаhа биhирэнэн, дьон-сэргэ үлэђэ сыhыана аныгылыы, саІалыы буолан, кини дьаhалларын норуот ис сүрэђиттэн ылынан, олох иннин диэки күргүөмнээхтик сайдан барбыта.     

Бу кылгас ахтыыбар Михаил Ефимович Саха Республикатын Президенинэн талыллыбытын кэнниттэн, Президент Дьаhалтатыгар мин нађараада боппуруостарынан дьарыктаммыт салайааччы быhыытынан үлэлээбит кэммэр арыый сиhилии тохтуум.     

Киhи олођо кылгас, былыргылар этэллэринии, түннүгүнэн чыычаах көтөн ааhарыныы элэс гынан хаалар. Оттон киhи хайдах үлэлээн-хамнаан ааспытын, хайдах олорбутун олођун устата ылбыт бэлиэлэрэ, нађараадалара чугас дьонугар, ођолоругар, сиэннэригэр үйэттэн үйэђэ кэпсии туруохтара. Ол иhин Михаил Ефимович  нађараада боппуруостарыгар ураты улахан суолтаны биэрэрэ, нађараадађа түhэриллибит хас биирдии киhини бары өттүттэн ырыттарара, кини туhунан биир идэлээхтэрин, чугас дьоннорун санааларын истэрэ, Михаил Ефимович үлэлиир кэмигэр түhэриллибит кандидатураны дьүүллэhэр коллектив уопсай мунньађын боротокуола нађараада дьыалатын кытта булгуччулаахтык ирдэнэр буолбута. Онон түбэhиэх киhи алђас нађараадаланан хааларын курдук хобдох түбэлтэлэр таhаарыллыбат буолбуттара.      

Урукку өттүгэр былаас хађыс сыhыаныттан дуу эбэтэр олођо суох үңсүүттэн-харсыыттан атађастаммыт дьоннор ааттара ырааhырарыгар Президеммит эмиэ кыhаллара, ол курдук биhиги, Таатта улууhун дьоно-сэргэтэ, ађа көлүөнэ артыыстартан киэн тутта ааттыыр П.А. Ойуунускай аатынан Саха драматическай театрын артисткатыгар Ирина Михайловна Максимовабытыгар «Саха АССР үтүөлээх артыыhа» аата чөлүгэр түhэриллибитэ. Эмиэ оннук ини-бии Егор Дмитриевич Кычкиннар биир Уураађынан Саха Республикатын норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhиттэрэ буолбуттара, ССКП Томпотоођу райкомун 1 секретарынан үлэлээн улаханнык биллибит Е.Д. Кычкиңңа кэлин өссө «Саха Республикатын бочуоттаах олохтоођо» үрдүк аат иңэриллибитэ.     

Михаил Ефимович политическай быhыыны-майгыны, олох-дьаhах сайдыытын үөрэтэ-чинчийэ сылдьан, Россия үрдүнэн да бастакынан саамай сөптөөх хамсааhыннары сађалаабыта. Олортон  Ийэ күнэ аан бастаан  Саха сиригэр олохтоммута. Ийэ күнүнэн элбэх ођолоох ийэлэргэ «Ийэђэ үрдүк махтал» бэлиэ туттарыллара үгэскэ кубулуйбута.       

Кини дьону-сэргэни кыайыылаах-хотуулаах үлэђэ өрө кынаттыыр инниттэн нађараада саңа көрүңнэрин олохтообута – холобура, «Саха Республикатын бочуоттаах олохтоођо» диэн билигин саамай үрдүк нађараадабытын, бу бочуоттаах нађараада УАЗ массыына сыhыарыылаах буолбута. Маны тэңэ республика бэйэтэ орденаммыта.      

Онон сыл ахсын Республика күнүгэр бастыңтан бастыңнарга туттарыллар «Саха Республикатын бочуоттаах олохтоођо» диэн үрдүк аат уонна «Полярная звезда» диэн Саха Республикатын ордена бастаан 1997 сыллаахха туттарыллыбыта.       

Бу нађараадалары бигэргэтиэх иннинэ конкурс тустаах комиссиятын тэрийбиппит уонна идэтийбит художниктар ортолоругар «Республика бочуоттаах олохтоођо» үрдүк аат знагын уонна «Полярная звезда» диэн ордеммыт эскиhин оңорорго конкурс биллэрбиппит. Конкурс көрүүтүгэр элбэх үлэ киирбитэ, олортон улахан  дьүүллэhии кэнниттэн  художник Петр Оготоев үлэтин биhирээбиппит.      

Бу кэнниттэн түөскэ кэтэр бэлиэбит уонна ордеммыт эскиhин бырайыагын уонна балаhыанньаларын оңорон баран, Саха Республикатын Государственнай мунньађын Ил Түмэн аллараа Палататын мунньађар көрдөрөн бигэргэттэрбиппит уонна Ярославль куоракка илдьэн художественнай-промышленнай фирмађа сакаастаан оңотторбуппут.        

Саха сирин  орденын оңотторуохпут иннинэ хайдах ааттыыры талан, тыл үөрэхтээхтэрин, суруйааччылары түмэн сүбэлэhии, дьүүллэhии бөђө буолбуппут да, араас варианнартан хайатыгар да кыайан тохтообокко сырыттахпытына, Михаил Ефимович миигин ыңыран баран, судургу бађайытык этэн кэбистэ: «Полярная звезда» диэн ааттыахха». Онтон ыла Саха сирин араас күндү таастарыттан таңыллан оңоhуллубут  «Полярная звезда» - Россияђа мээнэ бэриллибэт, көстүбэт, олус сыаналаах, күндү орден быhыытынан биллэр.        

Бастакынан  «Саха Республикатын бочуоттаах олохтоођо» диэн ааты уонна Саха Республикатын «Полярная звезда» диэн саңа орденын кимнээхтэргэ туттарары быhаарарга Президент государственнай нађараадаларга комиссията элбэх өрүттээх үлэни көрсүбүтэ.        

Дьүүллэhиигэ киирбит элбэх матырыйааллартан талан, элбэхтэ кэпсэтэн, быhаарсан баран, республикађа бастыкынан бу үрдүк аат биллиилээх Социалистическай Yлэ геройдарыгар: Якутскай куораттан саха советскай литературатын төрүттэспит суруйааччы Д.К. Сивцевка-Суорун Омоллооңңо уонна Нерюнгри куораттан геолог С.С. Каримовађа иңэриллибитэ.        

Оттон «Полярная звезда» ордены бастыкынан республикађа биллэр дьон: В.Г. Павлов – «Сахамебель» генеральнай директора уонна Т.А. Жилявская – Мирнэй куорат 2 №-дээх орто оскуолатын директора ылбыттара.      

Итини таhынан урукку Саха Республикатын Государственнай бириэмийэлэригэр эбии республика Государственнай бириэмийэтин хас да көрүңэ баар буолбута: М.К. Аммосов аатынан, эмп үлэhиттэригэр П.А. Петров аатынан, наука эйгэтин үлэhиттэригэр уонна эдэр ученайдарга анаан туспа бириэмийэ анаммыта,  материальнай уйгуну уhанааччылар эмиэ туhунан Государственнай бириэмийэлэммиттэрэ. Аны туран, Саха Республикатын Государственнай бириэмийэлэригэр  биирдэ бэриллэр туhааннаах үп көрүллэр буолбута.      

Саха Республикатын государственноhын бөђөргөтүүгэ үтүөлэрин иhин дьоңңо Саха Республикатын Президенин Грамотата (кыhыл көмүс чаhыылаах) туттарыллар буолбута.      

Ити курдук Россия, республика сайдарын туhугар күүстэрин-уохтарын харыстаабат хоhуун үлэhит дьон умнууга хаалбат, үтүөлэрэ-өңөлөрө сыаналанар буоларын ситиhэ сатыырбыт.       Маны таhынан Президент улахан болђомтотун государственнай нађарааданы туттарыы боппуруоhугар  уурара. Нађараадаламмыт дьон үксэ республика Президенин илиититтэн ылыахтарын бађараллара. Ону Михаил Ефимович толору өйдүүрэ, кини: «Бу киhи олођор биирдэ буолар түбэлтэ!» - диэн бу тэрээhини үрдүк таhымнаахтык, нађараадаламмыт киhи өйүгэр-санаатыгар умнуллубакка хаалар гына өрө көтөђүллүүлээхтик, сэргэхтик ыытары ирдиирэ. Ону биhиги төhө кыалларынан биллиилээх артыыстары, Музыка үрдүкү оскуолатын ођолорун уонна оркестрын кытыннаран, сибэкки дьөрбөтүн туттаран, куорат саңаттан саңа улахан тутууларын мунньахтыыр саалаларыгар үөрүүлээх быhыыга-майгыга туттарыыны тэрийэр буоларбыт, Президени кытта хаартыскађа түhэр үтүө үгэс баар буолбута.      

 М.Е. Николаев тохтоло суох улуустарга, куораттарга сылдьан, дьону-сэргэни кытта олус сиhилии билсибит буолан, этэргэ дылы, ким тугунан тыынарын, ханна хайдах үлэhит баарын биэс тарбађын курдук билэрэ, ол иhин бастыңтан бастыңнар дьыалалара нађараада комиссиятыгар көрүллэн ааhарын уонна биhиэхэ да, Россияђа да түhэриллэр матырыйааллар эңкилэ суох оңоhуллалларын, саарбађалаппат итэђэтиилээх ис хоhоонноох буола оңоhуллалларын ирдиирэ. Ол иhин Россияђа барбыт матырыйаалларбытыттан аккаастанан төннөн кэлбит суођун кэриэтэ этэ.     

Мин Москвађа командировкађа тиийдэхпинэ, Россия Президенин Дьаhалтатын үлэhиттэрэ, ол иhигэр нађараадалыыр комиссия салайааччылара, чилиэннэрэ бука бары биhиги Президеммитин билэллэрэ, ытыктыы ахталлара, кини илии баттаабыт дьыалаларын үөрэ-көтө ылаллара, онон биhиэхэ үлэлиирбитигэр чэпчэки буолара уонна маннык уhулуччулаах киhи салалтатынан үлэлиирбиттэн үөрэ, киэн тутта саныырым.     

Михаил Ефимович нађараадалааhын дьыалатын болђомто киинигэр тутара, билиитин-көрүүтүн, сатабылын толору туhанан мындырдык салайбытын түмүгэр нађараадалааhын дьыалата сөптөөх сүрүннэммитэ, биир тиhиккэ киирбитэ, хайа да дьыала-куолу бары өттүттэн сиhилии көрүллэр буолбута. Онон, бастың үлэhитэри сөптөөхтүк уонна дьоhуннаахтык кэмигэр сыаналааhын республика экономическай-социальнай сайдыытыгар үтүө сабыдыаллаах буолбута саарбађаламмат.        

Республиканы иитэн-аhатан олорбут АЛРОСА курдук сүдү хампаанньаттан сађалаан баран, тыа хаhаайыстыбатынан салгыы бардахха, үөрэх, наука литература боппуруостарынан түмүктээтэххэ, Михаил Ефимович биир да салааны умнубакка, бар дьонун кыhалђатын, ханнык хайысханы сайыннарыахха, болђомтону ууруохха сөбүн эңкилэ суох билэрэ, ону быhаарарга баар күүhү-уођу сатабыллаахтык түмэрэ.       

Кини «Народнай артыыс» диэн бочуоттаах ааттаахтарга ыйдаађы стипендия анаабыта, пенсияђа эрэ олорор  сааhырбыт дьоңңо биллэр көмө, улахан болђомто этэ.      

Мин саныахпар, Михаил Ефимович Саха сирин да, Россия да кээмэйиттэн тахсан, аан дойду таhымыгар тахсыбыт салайааччы буолар, ол да иhин кини элбэх сыллары уңуордаан ыраађы өтө көрөн, туруорар соруктара да баhырхайдар, бүгүңңүлээх-сарсыңңылаах, бытархай дьыаланан хаhан да дьарыктаммат этэ. Ити түмүгэр кини атын үлэђэ барарыгар, чиң экономикалаах, чэлгийэ үүнэр үөрэхтээх-культуралаах, сахалар, хоту омуктар ырыынак суолунан хайдах айаннаан иhэр эркээйилэрбит чопчу ыйыллыбыт, сайдыы-барђарыы аартыгар үктэммит республиканы кини кэнниттэн былааска кэлбиттэргэ туттарбыта.     

Маннык уhулуччулаах үүнүүнү-сайдыыны ађалбыт киhини норуота хаhан да умнубат, мэлдьи сүгүрүйэ махтанар, ол да иhин билигин, төhө да элбэх сыл аастар, уонунан, сүүhүнэн тыhыынча киhи мустубут стадионнарыгар, ыhыахтыыр түhүлгэлэригэр Михаил Ефимович киирдэђинэ, диктор өрө көтөђүллэн: «Первый Президент Республики Саха (Якутия) Михаил Ефимович Николаев!» - диэн биллэрдэр эрэ, баар дьон бары сүhүөхтэригэр туран, өргө диэри уђараабат ытыс тыаhынан уруйдууллара-айхаллыыллара да элбэђи этэр.

Ол да иhин кинини махталлаах норуота хаhан да умнубакка, истиң махталынан ахтар уонна В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, П.А. Слепцов – Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Е. Винокуров, Г.И. Чиряев курдук бэйэтин чулуу уолаттарын кытта тэңңэ тутан, саха аймах баарын тухары, үйэлэргэ сүгүрүйэ ааттыађа.  

Л.И. Платонова – Саха Республикатын норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ, Таатта улууhун бочуоттаах олохтоођо, 1993-2002 сылларга Саха Республикатын Президенин  государственнай нађараадаларга комиссиятын председателин солбуйааччы.             

 Якутскай куорат, 2010 сыл, тохсунньу ый. 

Поделиться в соцсетях: