Госсулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо Климент Иванов Дьокуускай киин болуоссатын саҥардыллан оҥоһуллубут өттө Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн буоларын толору өйүүр.
— Ленин болуоссата урут компартия баһылаан-көһүлээн дойдуну салайан олорор кэмигэр тутуллубута. Онтон ыла элбэх бириэмэ ааста, общественнай тутул, олох-дьаһах уларыйда.
Биллэрин курдук, 1980-с сыллар ортолоруттан норуот кииннэммит былааһы, көҥүл санаа тууйулларын улам сөбүлээбэт буолбута. Ол туоһутунан дойду үрдүнэн маассабай хамсааһын тахсыбыта туоһулуур. Онон сибээстээн ССРС Үрдүк Советын съеһэ 1990 сыллаахха ССРС Конституциятын 5-с статьятын устубута. Ол статья ис хоһоонунан «Дойдуну салайар уонна дьаһайар күүһүнэн коммунистическай партия буолар» — диэн этэ. Онон дойду үрдүнэн 1990 сылтан компартия дойдуну салайар уонна дьаһайар күүһэ тохтообута.
Онтон Саха сиригэр, биллэрин курдук, 1990-с сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр государственнай суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыта, автономнай республика статуһуттан аккаастаммыта. Саха сирэ Российскай Федерация демократическай, сокуонунан салаллар государственностаах субъега буоларын туһунан бигэргэтэн этиллибитэ.
Ол кэмҥэ XII ыҥырыылаах Үрдүкү Совет бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаев эппитэ: «Биһиги автономияҕа махтанабыт, күүскэ сайынныбыт. Ол эрээри мантан инньэ норуот ирдэбилинэн салайтарабыт, саҥа Саха сирин аныгылыы олох принциптэринэн сайыннарабыт, урукку олохпут уонна билиҥҥи кэммит бэйэ-бэйэлэрин кытары утарсааччылар буолбатахтар. Биһиги салгыы, ол эрээри саҥа суолунан сайдабыт», — диэбитэ. Онон кэнники 100 сылга сайдыыбыт икки кэрчиктээх: социалистическай уонна демократическай, правовой государственностаах.
Олохпут дьиҥнээх кырдьыга итинник. Билигин урукку Ленин болуоссата дьиҥнээҕинэн олохпут суолун көрдөрөр гына саҥардылынна. Болуоссат икки сүһүөххэ араарылынна: улуу сирдьит памятнига саҥардыллан оҥоһулунна, кини тулата Ленин болуоссатын аатын илдьэ хаалла.
Оттон саҥардыллыбыт өттө билиҥҥи Саҥа Саха сирин көрдөрөр буолла. Онон сибээстээн Өрөспүүбүлүкэ аатын сүгэрэ саамай сөптөөх.
Оччоҕуна урукку киин болуоссаппыт Саха сирин кэнники 100 сыллаах остуоруйатын чуолкайдык ситимнээн көрдөрөр икки болуоссакка көстүөҕэ: Ленин аатынан уонна Өрөспүүбүлүкэ аатынан. Түмүкпэр этэбин: ити боппуруоска мөккүһэр олоҕо суох, — диэтэ Климент Иванов.
Хаартыска: Эвелина Попова, Улус.Медиа