Бүгүн «САХАТ» чааһынай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ Николаев-Кииҥҥэ экскурсиялаатылар. Оҕолору саха тылын уонна литературытын учуутала Ньургун Бэчигэн уонна үөрэх кыһатын дириэктэрэ Анатолий Бурнашев иилээн-саҕалаан сырыттылар. Алтынньы ый устата “САХАТ” оскуола Николаев-Кииҥҥэ иккис сырыыта буолла.
Саха Республикатын бастакы Президиэнэ М.Е. Николаев бибилэтиэкэ-архыыбын- Николаев-Киин салайааччыта Юрий Семенов кэлбит ыалдьыттарга экскурсия ыытан билиһиннэрдэ. Михаил Ефимович Николаев саха норуотун туһугар, норуот быһыытынан туруктаах буоларыгар сүҥкэн үлэни ыыппыта, суолталаах уураахтары таһаарбыта. Холобур, Ийэ күнэ, Аҕа күнэ, кыыс, уол оҕо күннэрэ, “Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулары уо. да а. саҕалааһыннары истэн, оҕолор Михаил Ефимович олоҕу киэҥник көрөрүн, хайдахтаах курдук инникини өтө көрбүтүн сөхтүлэр.
«САХАТ» уол оҕо оскуолатын учуутала Ньургун Бэчигэн маннык эттэ: «Бастакы президиэммит М.Е. Николаев бибилэтиэкэ -архыыбыгар сылдьан, сүдү киһибит туһунан үгүһү биллибит-иһиттибит. Кини биир дойдулаахтара киэн туттар киһилэрин наһаа да истиҥ тылынан саныыллар эбит. Билиһиннэрбит Юрий Иванович кэпсээнин, анаарарын сэргии иһиттибит. Бу түмэлгэ киирдэххэ ураты тыыҥҥа киирэҕин, өссө да үгүһү үлэлиэх киһи, эбии төбөтүгэр, сүрэҕэр илдьэ сылдьарын арыйбакка барда диэн харааста саныыр... Баҕарабын Киин үлэһиттэригэр үрдүк чыпчааллары».
Оҕолор Күнтэгил Бурнашев уонна Мирон Миронов санааларын үллэһиннилэр: «Олус интэриэһинэй, үчүгэй. Аныгылыы оҥоһуллубут. Үчүгэй ис хоһоонноох кэпсээни иһиттибит. Юрий Ивановичка, үлэһиттэргэ барыгытыгар, минньигэс астаах остолобуойга улахан махтал. Бибилэтиэкэни сэҥээрэ көрдүбүт, Михаил Николаев суруйбут кинигэлэрин ааҕыахпытын наада диэн түмүккэ кэллибит».