Балыыһаттан эмтэнэн тахсыбытым иккис хонугар, 2023 сыл атырдьах ыйын 5-с күнүгэр сарсыарда эрдэ Постпредствоттан Наталия Николаевна Колодезникова телефоннаата: «Кытаанахтык тутун, улахан хомолтолоох түгэни тириэрдэбин – биһигиттэн ытыктабыллаах Михаил Ефимовичпыт букатыннаахтык барда…».
Мин олус ыарыылаахтык ылынным, киһи сатаан итэҕэйбэт, хомолтолоох түгэнэ буолла. Кэргэмминээн Татьяна Ивановналыын уйадыйдыбыт, итинник түбэлтэҕэ туттуллар сиэри-туому тутустубут.
Ити курдук, олохпутугар сирдиир, сулус буолан сандаарбыт, сүрэхпитигэр дириҥ ытыктабыл буолан иҥмит чулуу киһибит Орто дойду олоҕуттан барыыта Саха сирин олохтоохторун, эдэриттэн, кырдьаҕаһыгар диэри долгуппута, уйадыппыта.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаарыыга судаарыстыбаннай суолтаны биэрбитэ уонна Ил Дархан А.С. Николаев баһылаан-көҕүлээн тэрээһиннээхтик ааспыта. Онтон ыла биир сыл ааста.
Биһиги бу күннэргэ Саха сирин устуоруйатыгар чаҕылхай кэрдиис кэми олохтообут, сайдыы саҥа аныгылыы суолугар таһаарбыт, духуобунай лиидэрбит, чулуу судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Ефимович туһунан өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ.
Саха норуотун чулуу киһитэ Михаил Ефимович Николаев сыралаах үлэтин чугастык билэ-көрө сылдьыбыт уонна кини соратниктарын, биир ньыгыл хамаандатын иһигэр үлэлэһэ-көмөлөһө сылдьыбыт киһи быһыытынан чахчы буолбут түбэлтэлэри, туолбут түмүктэри ахтыаҕым. Михаил Ефимович кылгас ыстатыйаҕа кыайан этиллибэт, бэйэтин төрөөбүт норуотун, Саха сирин бары олохтоохторун туһугар оҥорбут сүдү өҥөтүн историк-учуонайдар киэҥник арыйыахтара диэн эрэллээхпин.
Тоҕо эрэ билиҥҥитэ научнай тэрилтэлэр буолбакка, биирдиилээн суруналыыстар, политологтар эрэ ахтыылара норуот истиитигэр тахсаллар.
Норуот сайдыытыгар духуобунай лиидэрдэр оруоллара олус улахан. Санаан көрүҥ эрэ, түҥ былыргыны: хас биирдии омук кэрдиис-кэрдиис кэмнэргэ үйэлэргэ сүгүрүйэр, инники сайдыыларыгар ыйынньык оҥостор дьонноох. Ол буолар норуот бэйэтигэр эрэлин сүтэрбэт, санаатын түһэрбэт, инники сайдыыга ыҥырар айыылартан айдарыылаах күүһэ. Оннук геройдар тустаах норуот ис дууһатыттан сөбүлээбит, сүрэхтэрин сылааһынан ылыммыт буоллахтарына үөскүүллэр. Остуоруйа уустук, быһаарыылаах кэмнэригэр норуоттарын туһугар саҥаҕа-сырдыкка тардыһыыларыгар ааннарын арыйбыт, олохторун бүүс-бүтүннүүтүн норуотун кэскилэ чэчириирин туһугар анаабыт уратылаах дьоно норуот үйэлэргэ илдьэ сылдьар духуобунай лиидэринэн буолаллар. Сахаларга, Саха сирин бары олохтоохторугар, билиҥҥи үйэҕэ оннук лиидэринэн Михаил Ефимович Николаев буолар.
Аан дойду алдьатыылаах сэриитин кэнниттэн Германия судаарыстыбата силигилии сайдыбыт кэмигэр, 1968 сыллаахха ФРГ тэриллибитэ 20 сылын кэнниттэн биллиилээх Эдхард Людвиг, кини аатыгар сүгүрүйүү үрдээбит кэмигэр, этэн турардаах: «Германия саҥа судаарыстыбаннаһын төрүттээбит, экэниэмикэ саҥалыы сайдыытын акылаатын уурбут, дойдуну аан дойду үрдүнэн бэлитиическэй сойуолааһынтан таһаарбыт бастакы канцлербыт Конрад Аденауэр баар. Кини — реформатор. Реформаны сыччах чулуу киһи, эбэтэр бары өттүнэн чаҕылхай кыахтаах киһи ситиһиилээхтик олоххо киллэриэн сөп. Онтон биһи кини дьыалатын салҕаабыппыт». Бу этии араас судаарыстыбаннай диэйэтэллэр үлэлэрин сыаналааһыҥҥа, салайар көлүөнэлэр быстыспат сибээстэрин көрдөрүүгэ, үтүө холобур быһыытынан араас дойдуларга тутталлар.
Онтон Михаил Ефимович саха чулуу дьонун үтүө ааттарын тилиннэриигэ уонна үйэтитиигэ элбэх быһаччы үлэни ыыппыта. 1994 сыллаахха «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30 годы представителей Якутского народа» диэн саха бастыҥ интэлигиэнсийэтин олоҕо суох сэмэлиир туһунан РФ Бэрэсидьиэнин анал ыйааҕа тахсарын дьаныардаахтык туруорсан ситиспитэ. Онтон Саха сирин остуоруйатыгар бастакынан судаарыстыбаннаһы ситиспит уонна олохтообут норуот хаһаайыстыбатын салайыыны саҥа суолга таһаарбыт, норуоту маассабайдык дьадайыыттан өрүһүйбүт Максим Кирович Аммосов уонна кини соратниктара П.А. Ойуунускай, И.А. Барахов ааттарын үйэтитиигэ саамай сөптөөх дьаһаллары ылбыта.
Ити түгэн М.Е. Николаев дойдуну салайыыга сөптөөх политиканы ыыппыт көлүөнэлэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар үгэстэрин үөскэппитин туоһулуур.
Итинэн туһанан, Михаил Ефимович норуотун, өрөспүүбүлүкэтин иннигэр оҥорбут үтүөтүн ырытан, сыаналаан баран, М.К. Аммосов кэнниттэн кинини — Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнин М.Е. Николаевы саҥа Саха сирин олохтооччу, иккис реформатор быһыытынан сыаналаныахтаах.
1980-с сылларга Сэбиэскэй Сойууска улугуруу барбыта чуолкай, ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Советскай дьон өйө-санаата уһуктан, дойдуну сайдыы саҥа суолугар тахсары модьуйбута. Былаас муҥутуур кииннэниитин, биир идеология дьон олоҕун бүтүннүүтүн дьаһайарын, үүйэ-хаайа тутарын, көҥүл санаа күөмчүлэнэрин норуот сөбүлээбэтэҕэ. Балаһыанньаттан тахсар суолу М.С. Горбачев көрдөөбүтэ. «Уларыта тутуу» политикатын саҕалаабыта, «бэчээт уонна киһи көҥүлэ» диэн биллэриллибитэ. Компартия иһигэр «Уларыта тутуу» политикатын тула мөккүһүү саҕаламмыта. ССКП салалтатын дьаһаллара салгыҥҥа ыйанан хаалбыттара,олоххо киирбэтэхтэрэ. Экэниэмикэ соҕотохто таҥнары түспүтэ. Дойдуга ас-таҥас тиийбэт кыһалҕата үөскээбитэ. Онтон көҥүл рынокка киирии туох даҕаны бэлэмэ суох, норуокка өйдөтөр үлэни ыыппакка эрэ саҕаламмыта. Дьэ ити түмүгэр, 1980-с сыллар бүтүүлэригэр, 1990 сыл саҥаларыгар Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дириҥ бэлэтиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй кириисиссаҕаламмыта. ССРС уонна РСФСР хааһыналара кураанахсыйбыта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр Москваттан кэлэр дотация, субсидия тохтотуллубута. Сэбиэскэй Сойуус бары эрэгийиэннэрэ, ол иһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьылҕалара бэйэлэрэ хайдах дьаһаналларыттан тутулуктаах буолбута. Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун матырыйаалынай илгэтин таһыма 1990 сыл түмүгүнэн үс төгүл аччаабыта. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин өрүһүйүүгэ, дьон олоҕун быстыыттан-ойдууттан харыстааһыҥҥа уталыттыллыбат уонна быһаарыылаах дьаһаллары ылыы наадата тирээн кэлбитэ.
Оннук кытаанах, норуот төлкөтүн быһаарар эппиэттээх кэмҥэ, оччолорго 12-с ыҥырыылах Үрдүкү Сэбиэт, кэлин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев ити аарыма быһаарыыны «бэйэтин санныгар сүкпүтэ». Кини күүстээх санаатынан, модун дьулуурунан, мындыр толкуйунан судаарыстыбаннас саҥа тутула, экэниэмийэ, бэлиитикэ атын акылаата ууруллан, сайдыы саҥа хайысхатын тутуһар үлэ саҕаламмыта.
Ону саҕалыырын туһунан РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин сийиэһин трибунатыттан доргуччу эппитэ. Кини этиитэ Арассыыйаҕа дьиҥнээх федерализм олохтонуутугар, бэйэни салайаныыга, эргийиэннэр статустара үрдүүрүгэр быһаччы дьайбыта.
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр 17 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан ылыммыта. Дьиҥинэн ити кэмтэн ыла уопсастыба олоҕун оҥкула төрдүттэн уларытар суолга турбута.
Онтон саҕалаан биһиэхэ судаарыстыбаннас саҥа аныгылыы көрүҥэ сайдыбыта. Дьоҥҥо көҥүл санаа аһыллыбыта. Бэчээккэ, сурукка-бичиккэ цензура уһуллубута. Экономикаҕа ким төһө дьоҕурдааҕынан, санаата күүстээҕинэн, сөбүлээбит бас билиитин форматынан туһанар кыаҕа бэриллибитэ.
Саха норуотун уонна кыра ахсаааннаах хоту норуоттар санаалара күүһүрбүтэ, өйдөрө-санаалара уһуктубута, инники сайдыыга тардыһыылара күүһүрбүтэ. Мин ити кэми 90-с сыллары Саха сирин остуоруйатыгар бигэтик киирэр саҥа Саха сирин тутуу кэминэн ааҕабын. Үйэлэргэ дэҥҥэ кэлэн ааһар, олус уустук кэмҥэ инникитин булунарыгар саамай эппиэтинэстээх кэмҥэ суолу-ииһи таба тайаммыт норуот киэҥ билиниитин ылбыт Саха АССР 12 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев уонна дьокутааттара буолаллар.
Декларация ылыллаатын кытары Саҥа Конституцияны бэлэмнээһин саҕаламмыта. Конституцияны бэлэмниир хамыыһыйаны М.Е. Николаев салайбыта. Хамыыһыйа састааба 59 киһиттэн турара. Онно билиилээх юристар Федоров М.М., Петраков А.Д., Миронов Д.Н., Данилов В.П., Яковлев М.М., Ким А.Н., көхтөөх уопсастабынньыктар Винокурова У.А., Жирков Е.П., Михайлов В.Д., Лугинов Н.А., Оконешникова А.П., Охлопков Н.Н., Петров Д.Д. уо.д.а. бааллара. Үрдүкү Сэбиэт аппараатыттан уонна дьокутааттартан бу үлэни сүрүннүүр оробуочай хамыыһыйа үлэлээбитэ. Ону Власов В.М. салайбыта, оробуочай хамыыһыйа састаабыгар Ларионов Е.М., Анастасов А.С., Иванов В.Т., Мучин М.В., Мигалкин А.В., Охлопков Ф.Г., Долгашова В.А., Алексеев В.Г., Колмогоров В.В. бааллара. Конституция барылын оҥорууга Прокопьев В.Н. салайааччылаах юстиция министиэристибэтэ үлэлээбитэ. Үрдүкү Сэбиэтт уонна Бэрэсидьиэн аппааратын үлэһиттэрэ Борисов Н.Ф., Илларионов А.П., Антонов А.С, Федоров П.И. Конституция барылын оҥорууга кыттыбыт оруоллаахтар. Онон Конституция барылын бэлэмнээһин тастан көмөтө суох олохтоох бастыҥ юристар, уопсастыбанньыктар сыралаах үлэлэрин түмүгэр оҥоһуллан тахсыбыта.
Конституция барылын нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтэ киэҥник ыытыллыбыта. Олохтоох салалтаны кытары тэҥҥэ уобаластааҕы профсоюзнай тэрилтэ үлэлэспитэ. Дьокуускайга университет иһинэн уопсастыбаннай хамсааһын күүскэ өйөөбүтэ. Конституция барылын Үрдүкү Сэбиэт хамыыһыйатын дьүүлүгэр М.Е.Николаев киллэрбитэ. Муус устар 4 күнүгэр 1992 сыллаахха саҥа Конституция бигэргэммитэ уонна Саха сирэ демократическай, правовой судаарыстыбаннастаах, гражданскай уопсастыбалаах, парламентаризм принциптэрэ толору туттуллар Саха (Якутия) Өрөспүүбүлүкэтин аатын ылбыта. Хас сыл аайы муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ уонна Үрдүкү Сэбиэт сиэссийэтин ити уурааҕа Президент М.Е.Николаев ыйааҕынан бигэргэтиллибитэ.
М.Е.Николаев саҥа Саха сирин тутууга бэйэтин тула өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын иһин дууһаларынан бэриниилээх, дойдуларын кэскилэ тупсарын туһугар үлэлииргэ дьулуһар биир санаалаахтарын түмпүтэ. Онно кини урукку бартыыйынай үлэһиттэри атааннаабатаҕа. ССПП Обкома, райкомнар ГКЧП кэнниттэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан үлэлэрин тохтоппуттара. Ким дьоҕурдааҕы, үлэлиэн баҕалаах кадрдары сөптөөх үлэҕэ аттаран туруорбута. Үгүстэрэ М.Е.Николаев чугас көмөлөһөөччүлэрэ, биир санаалаахтара буолан, саҥа олоҕу тутуу көхтөөх кыттааччылара буолбуттара. Урукку бартыыйынай аппараат үлэһиттэрэ, өрөспүүбүлүкэдьиҥнээх патриоттара Власов В.М., Штыров В.А., Мучин М.В., Слепцов Б.Д., Матвеев А.С., Протодьяконов С.А., Соломов Н.И., Ларионов Е.М., Пахомов И О., Борисов С.С., Кириллин В.В., Охлопков Ф.Г., Красноштанов В.Ф.,Томтосов А.А. бастакы Бэрэсидьиэн бөдөҥ реформаторскай үлэлэрин олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк үлэлээбиттэрэ. Кини хамаандатыгар урукку биллиилээх хаһаайыстыбаннай, научнай үлэһиттэр киирсэн, өрөспүүбүлүкэ бөҕө туруктаах ырыынак төрүттэригэр салаллар экэниэмикэтин сайыннарсыбыттара: Павлов В.Г., Кычкин Е.Д., Десяткин Т.Г., Рудаков В.В., Солдатов А.А., Баулин А.В., Эстерлейн Э.Я., Борисов Е.А., Попов А.Д., Бурнашев Р.А., Николаев Н.В., Данилов А.П., Сухомясов И.Г., Корякин К.К., Ларионов В.П., Егоров Е.Г., Илларионов А.П., Алексеев В.Г., Иванов В.Н., Сивцев И.С., Миронов Д.Н., Кайлышев Ю.В., Каратаев Н.Н., Петров А.А., Мигалкин А.В., Федоров М.М., Федоров В.С., Яковлев М.М., Николаев И.И., Борисов Н.Ф. уо.д.а. Норуот культуратын, өйүн-санаатын сайыннарыыга Борисов А.С., Данилов С.П., Башарин Г.П., Мординов А.Е., Сивцев Д.К.- Суорун Омоллоон, Егоров В.Н.-Тумарча, Михайлова Е.И. саҥалыы хайысхалаах үлэлээбиттэрэ.
Ыарахан кириисис бүрүүкээбит кэмигэр нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутугар бастакы Президент М.Е.Николаев туруорбут суругун олоххо киллэриигэ Акимов А.К., Готовцев Ю.А., Винокуров Н.М., Жиркова Д.Н., Григорьева Л.Н. таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Норуот хаһаайыстыбатын салааларын тэтимирдиигэ, саҥа таһымҥа таһаарыыга Яковлев П.Н., Егоров Б.А., Егоров И.Я., Поисеева А.И., Евсеев М.Н., Буслаев Ю.Н., Ноговицын В.П. ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ аатын-суолун аан дойду таһымыгар таһаарыыга Артамонов В.П., Мигалкин А.В., Рожин И.В., Божедонова А.Н., Сидорова Е.А.,Сидорова В.И., Томскай И.В. айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ бөҕө акылаатын түһэрсиигэ саҥа талааннаах ыччат: Назаров С.Н., Тимофеев Н.С., Ким А.Н., Васильев К.И., Ильковскай К.К., Членов В.М., Данчикова Р.М., Михальчук И.Ф., Жирков Е.П., Данилов В.П., Винокурова У.А.
Кытаанах экэнэмиичэскэй кириисис ааҥнаабыт бириэмэтигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн бөҕөргөтөргө уонна экэниэмикэҕэ кыаҕын улаатыннарарга бары күүһүн уурбута.
Өскөтүн 1990 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ 600 мөлүйүөн солкуобай буоллаҕына, 1991 сыллаахха айылҕа ресурсаларын туһаныы иһин Арассыыйа бүддьүөтүттэн 2,8 млрд солкуобайы ыларбытын ситиспитэ. Ити М.Е.Николаев судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыныы кэнниттэн маҥнайгы дьоһуннаах ситиһиитэ этэ. 1991 сыл кулун тутар 2 күнүгэр «Саха сиригэр бас билии туһунан» сокуон ылыллыбыта. Ол сокуоҥҥа сир, сир баайа уонна норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар баай-дуол барыта өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буоларын быһаарбыта. Былаас структуратын төрдүттэн уларытыы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Бэрэсидьиэн дуоһунаһын олохтооһунтан саҕаламмыта. Норуот бүттүүнэ талбыт өрөспүүбүлүкэбит бастакы Бэрэсидьиэнэ Николаев М.Е. буолбута.
«Сыччах экэнэмиичэскэй өттүнэн бэйэлэрин дьаһанар, күүстээх эрэгийиэннэр модун күүстээх Улуу Арассыыйаны сайыннарар кыахтаахтар, онтон бэйэлэрин кыайан көрүммэт, илиилэрин уунан үп-харчы көрдөһө олорор эрэгийиэннэр кэҕиннэрэллэр», — диэн М.Е.Николаев этэрэ.
Сиргэ, сир баайыгар уонна өрөспүүбүлүкэ сиригэр баар сүрүн пуондалар өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолалларынАрассыыйаҕа бастакынан олохтообута. Ыараабыт экэнэмиичэскэй балаһыанньаттан быыһаныыга бэйэни бэйэ үбүлээһинин ситиһэргэ сокуоннар ылыллыбыттара уонна сорунуулаахтык олоххо киллэрбитттэрэ. М.Е.Николаев Арассыыйа Киин былааһын кытары сатабыллаахтык үлэлээн уонна Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэринсалайааччыларын түмэн, 1992 сыллаахха муус устар 31 күнүгэр Федеративнай Дуогабар илии баттаныытыгар бэйэтин тус кылаатын киллэрбитэ.
Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бэйэтэ үбүлэниитигэр киирии уустук уонна дьаныардаах үлэ түмүгэ. Аан бастаан социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы боппуруостарыгар Саха-Якутскай ССР-га бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэр боломуочуйаларын кэҥэтии туһунан РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕа тахсыбыта. Онтон сотору буолаат, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Б.Н.Ельцин «Саха ССР айылҕа ресурсаларын бастайааннай туһаныытын боломуочуйатын туһунан» ыйааҕа тахсыбыта. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэ аан бастаан алмаас уонна көмүс бырамыысыланнастарыгар бэйэтин баайыттан туһанар буолбута.
Итинтэн салгыы М.Е.Николаев алмаас хостуур тэрилтэтин акционернай хампаанньаҕа уларытан тэрийэргэ Б.Н.Ельцины сөбүлэһиннэрбитэ. Ол кэннэ элбэх өрүттээх үлэ түмүгэр 1992 сыллаахха от ыйыгар «АЛРОСА» тэриллибитэ. Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйбыт сүдү суолталаах түгэн этэ.
Реформа ыарахан дьылларыгар Михаил Ефимович тыа хаһаайыстыбатын уларыта тутууну кытаанах хонтуруолга тутара.
«Киһи аймах тыа сириттэн аһаан-сиэн олорор. Тыа хаһаайыстыбата сайда илигинэ Арассыыйа кыайан Улуу судаарыстыба буолбат» диэн өйдөбүллээҕэ.
Олохтоох төрүт омуктар үксүлэрэ тыа сиригэр олороллор. Тыа сирин сайыннарыы билигин даҕаны, кэнэҕэски да дьылларга сүрүн судаарыстыбаннай бэлиитикэ буолуохтаахдиэн өйдөбүлүнэн салайтарара. Тыа сирин сайдыытын Концепциятын оҥотторбута. Төһө даҕаны кырыымчык бүддьүөт буоллар 90-с сылларга тыа сирин сайыннарыыга анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 10% тиийбитэ даҕаны туоһулуур. Сатабыллаах, дьулурдаах үлэ түмүгэр Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салаата Арассыыйа атын эрэгийиэннэринээҕэр кириисистэн урут тахсыбыта, сайдыы суолугар үктэммитэ.
Норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар: доруобуйа харыстабылыгар, норуот үөрэҕириитигэр, тутуу үлэтигэр сайдыы тирэҕэ 90-с сылларга саҕаламмыта. Ону ханнык даҕаны оппозиционер мэлдьэһэр кыаҕа суох. Дьоһуннаах үлэ түмүгэ ыраахтан көстөр дииллэринии, ити барыта бүгүҥҥү олохпутуттан чуолкайдык көстөр.
Өрөспүүбүлүкэ боломуочуйатын үрдэтэн сир баайын туһаныыга быраабы кэҥэтэн экэниэмикэни сайыннарыыга бэйэни бэйэ үбүлүүр усулуобуйатын тэрийбитэ. М.Е. Николаев көҕүлээһининэн сир баайын хостооһунугар быраабы ылар конкурстарга өрөспүүбүлүкэ эмиэ кыттара уонна сир баайын хостуур тэрилтэлэр барыстарын түҥэтиигэ өрөспүүбүлүкэ өлүүтэ үрдүк буолуохтааҕын дакаастаһар үлэ 1991 сылтан саҕаламмыта. Ити сыл Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр «Сиртэн хостонор баай уонна өрөспүүбүлүкэ оруолун туһунан» сокуоҥҥа этиллибитэ. Ол эрээри ону эрэллээхтик туһанарга федеральнай сокуонунан бигэргэтэр наада этэ. Онон М.Е. Николаев сүбэтинэн РСФСР Үрдүкү Сэбиэтигэр, онтон саҥа талыллыбыт Судаарыстыбаннай Дуума көрүүтүгэрөрөспүүбүлүкэттэн сокуон ылынарга этиилэр киирбиттэрэ. Ону көмүскээһиҥҥэ ол саҕанааҕы дьокутааттар Корнилова З.А., Кривошапкин А.В., Бубякин Д.С., Жирков Е.П күүскэ үлэлээбиттэрэ. Ол түмүгэр олунньу 21 күнүгэр 1992 сыллаахха РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ сиртэн хостонор баай туһунан сокуон ылыммыта.
Онтон 1995 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр ити сокуон саҥардыллан ылыллыбыта. Онтон ыла Саха сирэ сиртэн хостонор баайы туһаныы суотугар бүддьүөтүгэр элбэх дохуот киирэн, балаһыанньа тупсубута. Дьэ ити курдук, М.Е. Николаев норуотун туһугар сайдыыны түстээбит, онно бигэ акылаатын уурбут умнуллубат өҥөлөөх.
Онон түмүктээн эттэххэ, Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт дойдутун бэйэтин норуотун өтөрүнэн буолбатах дириҥ экэнэмиичэскэй уонна бэлэтиичэскэй кириисистэнтаһаарбыта. Сахатын сирин сайдыытын бөҕө акылаатын уурбута. Саха сирин Арассыыйаҕа, Уһук Илин саамай сайдыылаах эрэгийиэн буоларын хааччыйбыта. Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэҕэ, култуураҕа, успуорка, төрүт үгэстэри сайыннарыыга Аан дойду билиитигэр таһаарбыта. Демократия, көҥүл бэриллэн, өй-санаа түмүллэн Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһууларын тэрийбитэ.
Уһулуччу муударай, киһиттэн эрэ ураты салайар, тэрийэр дьоҕурдаах, төрөөбүт норуотун күннээҕи олоҕун, кэлэр кэскилин туһугар туох баар сыратын уурбут, дууһатын биэрбит, Саха норуотун чулуу киһитэ Михаил Ефимович айбыт-туппут үлэтин туһунан историк учуонайдар бэйэтэ тэрийбит наукатын Академията дьаныһан үөрэтэн өлбөт-сүппэт историческай докумуон оҥоруохтара, оскуолаҕа үөрэтиллэр учебниктарга киллэриэхтэрэ диэн эрэлбит улахан.
Өсса ааспыт сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр Ил Дархан А.С. Николаев Ыйааҕынан М.Е. Николаев аатын үйэтитэргэ анал хамыыһыйа тэриллибитэ. Ол эрээри, үлэ бытааннык сыҕарыйаттан биһиги, бэтэрээннэр, хомойобут.
Уонна үйэтитии үлэтин дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, өйдөбүнньүк буолар гына ситэри, дьоһуннаахтык оҥорорго этии киллэрэбит. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, оройуоннарыгар эмиэ кини аатын үйэтитиигэ дьаһаллар наадалар.
Саҥа судаарыстыбаннаһы, аныгылыы экэниэмикэни тутууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е. Николаев ыыппыт реформаторскай үлэтин ис сүрэхтэриттэн өйөөбүт, кыттыспыт, көмө буолбут кырдьаҕас бэтэрээннэр билиҥҥи кэмҥэ аныгы эдэр салайааччылар ситиһиилэриттэн долгуйа үөрэбит, туруоруммут соруктарын сиппэтэх-хоппотох түгэннэрин иһиттэхпитинэ сонньуйабыт. Сүбэнэн-аманан, үтүө санааны тириэрдэр баҕа санаа үөскээн кэлэр. Ол эмиэ «дойдуҥ туһугар кырдьан даҕаны баран, үтүө санааҕын ыһыктыма» диэн М.Е. Николаев кэс тыла буолар.
К.Е. Иванов, СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
Хаартыска: Николаев-Киин архыыбыттан.