М.Е.Николаев

Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит!

Ньурба түмэлин Судаарыстыбаннас саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка аналлаах быыстапка арылынна.

Быыстапка арыллыытыгар "Ньурба оройуона" МТ баһылыгын солбуйааччы Наталия Семеновна Петрова уонна Ньурба улууһун райсоветын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Меркурий Юрьевич Таюрскай тыл эттилэр.

Быыстапкаҕа Ньурба түмэлин пуондатыттан, В.А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлтэн хаартыскалар, Михаил Ефимович кинигэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар. Маны таһынан, видеомэппинг нөҥүө Бастакы Бэрэсидьиэммит олоҕун кэрэһэлиир хаартыскалар, Ньурбаҕа 2015 с. "Вилюй зовет!" инвестиционнай форумтан (хаартыска ааптара С.Р. Федорова) түгэннэр дьон-сэргэ көрдөрүүтүгэр турда.

Михаил Ефимович Николаев 1937 с. сэтинньи 13 к. Орджоникидзе оройуонун (билиҥҥи Хаҥалас улууһугар) Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1992 сылтан саҕалаан уон сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнинэн дойду саамай ыарахан кэмнэригэр бэриниилээхтик, норуотун туһугар үлэлээбитэ.

Быыстапка атырдьах ыйын 3 күнүттэн 10 күнүгэр диэри туруоҕа.

Бары Ньурба олохтоохторун, ыалдьыттарын Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаевка анаммыт быыстапкаҕа ыҥырабыт.


Ньурба түмэлин пресс-сулууспата

Поделиться в соцсетях: