Бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ, улуу киһи Михаил Ефимович Николаев олохтох туораабыта биир сыла буолла.
«Михаил Николаев Саха сирин бары олохтоохторугар чугас киһи буолар. Кини өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар киллэрбит кылаатын ааҕан сиппэппит. Кини үйэлэргэ саҥа Арассыыйаҕа саҥа Саха сирин төрүттээбит киһинэн хаалыаҕа!
Киһи инники күөҥҥэ буоларыгар, кини сайдыылаах, кини үтүө майгылаах уонна туруктаах буоларыгар үлэлэспит норуоттан тахсыбыт чулуу киһинэн буолар. Бу санааны билигин дойдубут үрдүнэн инники тутар идиэйэбитинэн буолла.
Михаил Ефимович билигин баара буоллар туох туһунан кэпсэтиэхпит, туох муударай сүбэни биэриэ, Дьокуускайга ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» оонньууну көрөн төһө дьоллонуо этэ диэн саныыбын.
Биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит олорбут олоҕо, төрөөбүт дойдутугар таптала, үрдүктэн үрдүк соруктара биһигини сирдии, кынаттыы тураллар.
Михаил Ефимович Николаев сырдык аата үйэлэргэ тыыннаах буолуоҕа. Саха сирин бар дьоно улуу киһибитин куруук саныы, сүгүрүйэ туруохпут», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.