Саха норуотун дьолугар төрөөн, сүҥкэн үлэни ыытан, харахпытын аһан олохпутугар уларыйыылары киллэрбит, сайдыы саҥа саҕахтарын арыйбыт, төбөбүтүн өрө көтөхпүт, “биһиги сахалар” диэн дорҕоонноохтук саҥарар кыаҕы үөскэппит сүдү Киһибит – Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович Николаев. Айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмэ, былаас уларыйыылаах “дьалҕааннаах” 90-с сылларыгар, үп-харчы кырыымчык, олох-дьаһах сатарыйбыт кэмигэр түбэспитэ. Ону ол диэбэккэ, Михаил Ефимович ырааҕы өтө көрөр дьоҕурунан, сатабыллаах салайыытынан сайдар кэскили таба анаарыытынан, ыарахаттартан толлубакка, тапталлаах Сахатын сиригэр баараҕай хамсааһыннары, уларыта тутуулары олоххо киллэртээбитэ. Аныгы көрдөбүлгэ толору эппиэттиир спорт, культура дыбарыастара, кулууптар, спортивнай саалалар, стадионнар, медицина киинэ, музыка үрдүкү оскуолата, Саха циркэтэ, президентскэй тиһик оскуолалара уо.д.а. тутуллан, үлэлээн-хамсаан барбыттара. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” Спортивнай оонньуулара тэриллибиттэрэ.
Бүрүүкээн турар уустук кэмҥэ үөһэ халлаантан “метеор” сулус түһэринии Наталья Семеновна Посельская (арааһа, кини аатын истибэтэх киһи Сахабыт сиригэр аҕыйах буолуо) саамай тымныы хотугу региоҥҥа “Хореографическай училище аһарга, олохтоох саха оҕолорун миэстэтигэр үөрэтэн-такайан, профессиональнай таһымнаах балет артыыстарын бэлэмнээн таһаарар орто-анал үөрэх кыһатын аһар, Балет искусствотын сайыннарар баһырхай былааны төбөтүгэр иитиэхтээн, өйдүүн-санаалыын күүскэ туруммута. Хайдахтаах курдук сүҥкэн үлэни, эппиэтинэһи нарын санныгар сүгүөхтээҕин этинэн-хаанынан сэрэйэрэ, ол гынан баран, булгуруйбат кытаанах майгытынан, кыайыыга дьулуурунан, ылсыбыт дьыалатын, баҕа санаатын олоххо киллэрэргэ туруулаһан саҕалаабыта.
Ыарахан уонна уустук кэмҥэ, “Ханнык балет оскуолата, буолаары буолан Саха сиригэр, тымныы эргимтэтигэр? Онно наада этэ аналлаах дьиэ-уот, материальнай база, анал үөрэхтээх педагогтар, оччо элбэх балет артыыһын кэнники ханна гынабыт? Итиннэ барытыгар үтүмэн үгүс үп-харчы наада!”. Итинник хабааннаах саарбахтыыр утары эппиэттэри, ыйытыктары элбэхтик истибитэ… Элбэх кабинеттар ааннарын аспыта-саппыта… Этэ, итэҕэтэ, дакаастыы сатаабыта, көрдөспүтэ ол кэмнэргэ…
Дьоллоох түгэн тосхойбута. Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Президенэ М.Е. Николаевы биир мунньах кэнниттэн кирилиэскэ тоһуйан, приемҥа көрдөспүтэ, наадатын эппитэ. Михаил Ефимович болҕойон истибитэ, сэҥээрбитэ. Ол түмүгэр, 1995 с. ыам ыйын 30 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенин уурааҕынан “Республикатааҕы хореографическай училищены аһарга” Ыйааҕа тахсыбыта. Кылгас болдьох иһигэр икки улахан баараҕай тутуулар бырайыактара оҥоһуллан, 1996 с. үөрэх корпуһа, 1997 с. интернат дьиэтэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Тутууну “Үүнэр көлүөнэ фондата” үбүлээһининэн, “Золото – инвест” уонна “Учур ООО” тутуу тэрилтэлэрэ туппуттара.
Мин 1996 с. атырдьах ыйыттан интернат сэбиэдиссэйинэн ананан, тутуу үгэннээн бара турдаҕына үлэбин саҕалаабытым. Аныгылыы тутуулаах, киэҥ, сырдык, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах, табыгастаах усулуобуйа барыта тэриллибит тутуутун Михаил Ефимович Николаев бэйэтин хонтуруолугар илдьэ сылдьыбыта. Хаста да кэлэн үлэ хаамыытын, хаачыстыбатын көрөн, бэрэбиэркэлээбитэ. Ол түмүгэр, чэпчэки, хаачыстыбата суох матырыйаалтан оҥоһуллубут үлэлэри, цеменинэн эрэ бүрүллүбүт подъезтар кирилиэстэрин плитканан, линолеумунан сабыллыбыт муосталары ламинатынан уларыттарбыта. Хосторго саҥалыы санузелы туруортарбыта.
Маннык кэскиллээх дьыаланы, баараҕай тутууну, ырааҕы өтө көрөн, үҥкүүгэ дьоҕурдаах саха оҕолорун профессиональнай таһымҥа таһаарыыны, балет искусствотын үүнэр-сайдар кэскилин үрдүк чыпчаалга тиэрдиини, олохтоох кадрдар бэйэбит испититтэн үүнэн тахсалларын ситиһиини, аан дойду классическай шедеврдарын, театр сценатыгар үҥкүүлэтэр ыра санаалаах Наталья Семеновнаны өйдөөбүт уонна өйөөбүт киһинэн Михаил Ефимович Николаев бэйэтинэн буолбута – биһиги дьолбут. Кинилэр сырдык ааттара, үтүө дьыалалара историяҕа көмүс буукубаларынан суруллуо турдаҕа.
Дэлэҕэ даҕаны, биир түгэҥҥэ, Михаил Ефимович: “Балетнай оскуола аһылынна, оҕолор үөрэнэ сылдьаллар, дьэ аны хаһан “Лебединое озеро” курдук аан дойду классикатын, театр сценатыгар көрөбүт?” — диэбитигэр, Наталья Семеновна: “Аны икки сылынан. Онно биһиги оҕолорбут хайаан да кыттыыны ылыахтара!” — диэн хардарбыта.
Эппит тылын, хайаан да толорор булгуруйбат санаалаах Наталья Семеновна аан дойду уһулуччулаах балетмейстерин, ССРС народнай артыыһын, Государственнай бириэмийэлэр лауреаттарын, икки Ленин уордьаннар кавалерын Юрий Николаевич Григоровиһы кытта элбэх кэпсэтии, көрсүһүү, үлэ түмүгэр, 1999 с. П.И. Чайковскай “Лебединое озеро” балета Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна Балет театрын сценатыгар, саха норуотун көрөөччүлэрин иннигэр быыһын арыйбыта. Аан дойду шедеврэ буолбут “Лебединое озеро” балеты ылбычча театр эрэ барыта туруорбат. Ю.Н. Григорович биһиги театрбыт труппатын, састаабын үөрэтэн, чинчийэн баран, эрэнэн туруордаҕа.
Михаил Ефимович Николаев биир бастакы бочуоттаах көрөөччүнэн буолбута, туран эрэ ытыһын тыаһынан, сүҥкэн ситиһиинэн эҕэрдэлээбитэ харахпар бу баардыы көстөр.
Дьэ, мантан салгыы, икки күүстээх тандем – Григорович уонна Посельская бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр, 2004 с. С. Прокопьев “Ромео и Джульетта”, 2014 с. А. Хачатурян “Спартак” балеттара ситиһиилээхтик турбуттара, театр репертуарыгар бигэтик, чиҥник киирбиттэрэ. Бу спектаклларга хореографическай училище выпускниктара, үөрэнээччилэрэ солистарынан, маассабай сценаҕа солбуллубат үҥкүүһүттэрэ. Дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа, Россия киин куораттарыгар, Саха сирин улуустарыгар, оройуоннарыгар күүтүүлээх ыалдьыттар буолан, үгүс ытыс тыаһын ылаллар.
Күн бүгүн Балетнай училище 17 выпуһу иитэн-үөрэтэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар көтүппүтэ. Опера уонна Балет театрыгар, “С. Зверев-Кыыл уола” үҥкүү театрыгар, Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха государственнай циркэтигэр, “Гулун” ансаамбылга, искусство уонна культура Арктическай институтугар, Искусство оскуолаларыгар, музыкальнай оскуолаларга, студияларга, омук дойдуларыгар, Америкаҕа, Кытайга, Россия киин куораттарын театрдарыгар ситиһиилээхтик үҥкүүлүүллэр.
Аҥардас бу кылгас кэмҥэ хореографическай училище выпускниктарын ортолоруттан Сарыал Афанасьев – Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа, Екатерина Тайшина Россия үтүөлээх артыыһа, Ренат Хон, Динара Тулешова, Анатолий Попов, Юлия Мярина, Владислав Попов, Изабелла Егорова, Мария Гоголева, Павел Необутов – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара буола үүннүлэр.
Бүгүн Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна Балет театрын балетнай труппата биһиги выпускниктарбытыттан турар. Аксенья уонна Наталья Посельская ааттарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин хореографическай колледжа Россияҕа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Сахабыт сирин дьоһуннаахтык ааттатар бастыҥ оскуолатынан буола үүннэ. Үөрэнээччилэр сыл ахсын ыытыллар Норуоттар икки ардыларынааҕы балет куонкурустарыгар, араас таһымнаах Бүтүн Россиятааҕы Фестивалларга, инники миэстэлэртэн түспэттэр. Г.Уланова, М. Плисецкая, Ю. Григорович уо.д.а. ааттарынан стипендиялар лауреаттара, дипломаннара. Кыраныысса таһыттан, о.и. Японияттан, Россия регионнарыттан кэлэн үөрэнэр үөрэх кыһатынан буола сайынна.
Бу буоллаҕа, Михаил Ефимович Николаев уонна Наталья Семеновна Посельская ыра санааларын толорон, үүнэр көлүөнэҕэ бэлэхтээн хаалларбыт сүдү кылааттара.
Өссө ахтан аастахха, 1998 с. Михаил Ефимович “Президентскэй елкатын”, Наталья Семеновна режиссердаан, Опера уонна Балет театрыгар өрөспүүбүлүкэ 400 бастыҥ үөрэхтээх, ситиһиилэрдээх оҕолорун мунньан, үрдүк таһымнаахтык салайан ыыппыта. Залынан, сценанан итиччэ элбэх оҕо “Полонез” үҥкүүлээн киирбиттэрэ көрүөххэ кэрэ көстүү этэ.
Михаил Ефимович Николаев анал стипендиятын балетнай оскуола бастыҥ үөрэнээччилэригэр туттарара үтүө үгэскэ кубулуйбута. Отчуоттуур, выпускной Гала-концертарга куруутун ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кэлэн кыттыыны ылара биһиэхэ чиэс-бочуот буолара. Ыллыктаах тылынан, дорҕоонноох куолаһынан алҕаабыт үтүө баҕа санаалара олоххо киирэн, Балетнай оскуола үүнэр-сайдар, эдэр талааннары куорсун анньан, кынаттаан көтүтэ турар
Александра Алексеевна Посельская, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна
«Саха саргыта» альманахтан
Хаартыскалар sakha-ballet.ru уонна nikolaevcentre.ru сайттартан