Николай Иванович Харитонов республика биир чаҕылхай поэтын быһыытынан биллэр. Кини хоһоонноро номоҕон тыллаахтар, иэйиилээх ис хоһоонноохтор, үрдүк лирикалаахтар, онон ордук эдэр дьон дууһатын туталлар. Ону таһынан кини хоһоонноро патриотическай хайысхалаахтар, төрөөбүт дойдуну ытыктыырга иитэллэр. Төрөөбүт төрүт дойдутун, алааһын кэрэ айылҕатын, кини киһини абылыыр, таптатар күүһүн үрдүк талааннаахтык хоһуйар. Ол иһин даҕаны кини элбэх ахсааннаах хоһоонноро мелодистар болҕомтолорун тардан, норуот таптыыр ырыалара буолан хас саха ыалын аайы дууһаны тутар ырыа буолан дьиэрэйэллэр.
Николай Ивановичтыын биһиги кини Ньурба, мин ыаллыы Сунтаар ЫБСЛКС райкомнарын сэкирэтээрдэринэн үлэлии сылдьан чугастык билсибиппит. Киирэн-тахсан, туран-олорон сытыы-хотуу киһи этэ. Сытыы тыллаах-өстөөх эдэр киһи бэйэтин бириэмэтигэр чахчы ыччат лидерэ этэ.
Обкомолга биир инициативалаах, актыыбынай үлэлээх комсомол райкому сэкирэтээринэн биллэрэ. Обкомол иһинэн ыытыллар араас мунньахтарга, пленумнарга булгуччу тыл этэн тэйэрэ. Киһи болҕомтотун тардар гына нууччалыы да, сахалыы да ыраастык саҥарара.
Мин кини литератураҕа улахан сыһыаннааҕын нуучча, аан дойду классиктарын уонна саха биллиилээх суруйааччыларын, поэттарын айымньыларын таптаан ааҕарын, дириҥник билэрин туһанан итэҕэйбиттээхпин.
Арай биирдэ, 1960 сыл күһүнүгэр ЫБСЛКС обкомун уонна суруйааччылар көҕүлээһиннэринэн эргэ саха театрын дьиэтигэр литературнай биэчэр буолла. Онно, дьэ, комсомол актыыбын уолаттара нуучча, саха литератураларыгар төһө сыһыаннаахтарын чаҕылхайдык көрдөрдүлэр. Мин барыларыттан ордорон Николай Харитонов этиитин, кини улуу нуучча уонна биллиилээх саха поэттарын айымньыларыттан кылгас-кылгастык үрдүк күүрүүлээхтик аахпытын улаханнык астынан истибиппин өйдөөн хаалбыппын. Киһим илбиһирэн туран, илиитинэн далбаатанан, корпуһунан дьалкылдьыйан, күүскэ хамсанан-имнэнэн эттэ-тыынна. Ол туран, уоҕуран, трибунатын хаста да бэрт улахан тыастаахтык дайбаан ылла. Онтуката, хата, кини этиитин күүһүрдэн, киэргэтэн биэрдэ. Бүппүтүгэр, ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ.
Комсомол актыбыыһын быһыытынан олус үчүгэйдик үлэлээбитин билэбин. Онтон кэлин, уһун кэмнэргэ атын-атын ыраах оройуоннарга үлэлээбит буоламмыт, улаханнык алтыспатахпыт. Ол эрээри, мин билэрбинэн, кэлин совмин аппаратыгар тиийэ үлэлээн сылдьыбыттаах.
Кини олоҕо бүтүннүүтэ табыгастаах буолбатаҕа. Ханнык эрэ кэмнэргэ кини бэйэтин ис кыаҕын үлэҕэ ситэ туһамматах түгэннээх.
Кини олоҕор иккиһин дьолун булан, тапталлааҕын Зоя Ильиничнаны кэргэн ылан, санаата табыллан, литература, культура, искусство эйгэтигэр киирэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэргэнин дойдутугар Сунтаарга өр сылларга культура отделыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онно Сунтаарын, төрөөбүт Ньурбатын, ыаллыы алмаастаах Мирнэйин, Өлөөнүн туһунан бэрт элбэх иэйиилээх хоһоонноро ырыа буолан ылланаллар, оттон сорох айымньылара нууччалыы суруллан, сороҕо тылбаастанан туһунан кинигэ буолан тахсыбыттара.
Николай Иванович улахан дьоҕурдаах журналист этэ. Кини ыстатыйаларын, публицистикатын дьон-сэргэ сөбүлээн ааҕара. Онон мин кини өссө биллиилээх поэтын таһынан Саха сиригэр бэчээттэнэр хаһыаттар талааннаах корреспонденнарын быһыытынан ааҕабын.
Николай Иванович дьиэ кэргэн тапталлаах аҕата этэ. Кэргэнэ Зоя Ильиничналыын олус таптаһан, бэйэ-бэйэлэрин харааннаһан олорбуттара. Зоя Ильинична уонна оҕолоро Николай Иванович аатын-суолун үйэтитэргэ кыһамньылаахтык ылсан үлэлэспиттэрэ махталлаах дьыала. Николай Иванович – алта оҕо аҕата. Кинилэр бары сүһүөхтэригэр туран, үөрэхтээх, үлэһит дьон буоллулар. Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ өссө да элбии туруохтара буоллаҕа. Кинилэр аҕаларын, эһээлэрин, хос эһээлэрин Николай Иванович аатын, айымньыларын үрдүктүк тутуохтара.
Мин санаабар, киһи дьоҕура, талаана кэнэҕэски ыччатыгар бэриллэр. Оттон биһиги табаарыспыт, үөлээннээхпит дьоҕурун, талаанын, улахан таһаарыылаах салайааччы буолар кыаҕын олох оҥкулларыгар оҕустаран ситэ туһамматаҕа. Ол да буоллар, Николай Иванович, бу орто дойдуга кэлбит аналын биллэр-көстөр гына толордо: кини айымньылара саха дьонун дууһатыгар чугастык иҥэн сылдьаллар, кэннигэр кэскиллээх, кини ситэрбэтэҕин ситэрэр, баҕарбыт баҕатын толорор кыахтаах үтүө ыччаты хаалларда.
Николай Иванович – саха норуотун биир чаҕылхай талааннаах, номоҕон тыллаах поэта. Кинини дьон-сэргэ саха литературата, поэзията, журналистиката сайдыыларыгар дьоһуннаах кылааты киллэрбит киһинэн билинэр, ытыктыыр, өйдүүр-саныыр.
Климент Иванов