Новости

Саха саҥа саргытын түстэспит Ыйаах 30 сыла

30 сыл анараа өттүгэр, 1994 сыл муус устар 26 күнүгэр, Россия Президенэ Борис Ельцин “Саха норуотун 20-30-с сылларга репрессияламмыт бэрэстэбиитэллэригэр кырдьыктаах сыһыаны чөлүгэр түһэрии туһунан” Ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаах саха омукка уонунан сылларга хара дьай буолан сабардаабыт БСКП(б) КК Политбюротун “Саха сиринээҕи тэрилтэҕэ балаһыанньа туһунан” уурааҕы көтүрбүтэ, киэр илгибитэ.

Бу Ыйаах икки кэрдиистээх:

“1. 20-30-с сылларга саха норуотун бэрэстэбиитэллэригэр сыһыаннаан ыытыллыбыт политическай репрессиялары дьүүллээн буруйдуурга.

2. 1927 сыл күһүнүгэр буолбут событиелар кыттыылаахтарыгар төрүөтэ суох буруйдааһыҥҥа олоҕуран ыытыллыбыт репрессиялары киһи сүрүн гражданскай быраабын кэһии быһыытынан билинэргэ”.

Бу Ыйааҕынан Россия үрдүкү былааһа саха дьонун онно суох буруйдааһыны – репрессиялары сыыһанан эрэ билиммэккэ дьүүллээн туран буруйдуурга (нууччалыы – осудить) уураахтаабыта олус суолталаммыта.

Бу Ыйаах тахсарын Михаил Ефимович Николаев тус бэйэтинэн туруорсан ситиспитэ. Ол инниттэн кини дойду оччотооҕу икки үрдүкү салайааччыларыгар – Михаил Горбачевка онтон Борис Ельциҥҥэ приемҥа киирэн кэпсэтии ыытан кинилэр сөбүлэҥнэрин ылбыта. Ыйааҕы туруорсуу бэйэтэ туспа историялаах. Бастатан, Михаил Ефимович былааска кэлээт саха омук историческай, национальнай өйүн-санаатын (нууччалыы – память) чөлүгэр түһэриигэ үлэни саҕалаабыта. Ыстатыйалары, кинигэлэри таһаартаабыта, дьаһаллары ылыммыта. Итиниэхэ биир улахан ситиһиинэн Борис Ельцин Ыйааҕа тахсыыта буолбута.

Хайдах саҕаламмытай?

1990 сыл сайыныгар Михаил Ефимович Москваҕа түөрт улахан мунньахтарга сылдьар: Россия норуодунай депутаттарын бастакы съеһигэр (ыам ыйын 16 – бэс ыйын 22 күннэрэ), Россия компартиятын тэрээһин съеһигэр (бэс ыйын 19-23 күннэрэ), Советскай Союз компартиятын (ССКП) XXVIII съеһигэр (от ыйын 2-13 күннэрэ), ССРС Президенин иһинэн Федерация Сэбиэтигэр (от ыйын 12 күнэ).

ССКП XXVIII съеһигэр “ССКП национальнай политиката” секцияҕа тыл этиитигэр Саха республикатын социальнай-экономическай туругун боппуруостарын таһынан саха интеллигенциятын, ыччаты национализмҥа сымыйанан буруйдаабыт БСКП (б) КК Политбюротун “Саха сиринээҕи тэрилтэҕэ балаһыанньа туһунан” 1928 сыл атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи уонна 1986 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи ССКП Киин Кэмитиэтин Секретариатын уураахтарын көтүрэри модьуйар. Манна быһааран эттэххэ Михаил Ефимович тыл этиитин кэннэ Киин Кэмитиэт уурааҕынан 1986 сыллааҕы саха ыччатын национализмҥа буруйдуур партия Киин Кэмитиэтин Секретариатын уурааҕа сыыһанан билиниллибитэ.

Михаил Ефимович от ыйын 20 күнүгэр Михаил Сергеевич Горбачевка приемҥа киирэр. Михаил Ефимович 1986 сыллааҕы Секретариат уурааҕа сыыһанан билиниллибитигэр Горбачевка махтанар уонна 1928 сыллаах уураах көтүрүллүөхтээҕин эмиэ туруорсар. Горбачев Александр Николаевич Яковлевка сорудах биэрэр. Ол гынан оччолорго дойдуга политическай уларыйыылар буоланнар ити туруорсуу быһаарыллыбакка хаалбыта. Ону салгыы Россия Президенэ Борис Николаевич Ельцин тиһэҕэр тириэрдэр. Быһа холуйан Михаил Ефимович аан бастаан ити боппуруоһу үрдүку салалтаҕа уонна мунньахтарга туруорсуоҕуттан 3 сылтан ордук кэм ааспыта. Маныаха Александр Яковлев уонна оччолорго Россия Президенин Администрациятын салайааччыта Сергей Александрович Филатов оруоллара эмиэ кырата суоҕун хайаан да бэлиэтиэхтээхпит. Бу Ыйаах саха омукка улахан үөрүүнэн көрсүллүбүтэ уонна саха историятын, интеллигенция историятын саҥалыы көрөн үөрэтэргэ эмиэ биир баараҕай олук буолбута.

Манна даҕатан эттэххэ Михаил Ефимович ССРС Президенэ Михаил Горбачевтыын икки төгүл көрсөн турар уонна ССРС Президенин делегациятын састаабыгар киирэн Японияҕа (1991 сыл муус устар 16-19 күннэрэ) сылдьыспыта. Михаил Ефимович дойду салайааччыларын кытта тэҥҥэ кэпсэтэр бэлэмнээх уонна талааннаах норуотун туһугар дьиҥ-чахчы ыалдьар, ылыммытын ситиһэр салайааччы буоларын бу Ыйаах олоххо киириитэ өссө төгүл көрдөрөр.

Дьэ ити курдук быйыл саха саҥа саргытын түстэспит Россия Президенэ Борис Ельцин “Саха норуотун 20-30-с сылларга репрессияламмыт бэрэстэбиитэллэригэр кырдьыктаах сыһыаны чөлүгэр түһэрии туһунан” Ыйааҕа тахсыбыта 30 сылын туолла.


Олег Сидоров

Хаартыска: exo-ykt.r

Источник

Поделиться в соцсетях: