Муус устар 20 күнүгэр Саха Республикатын Бастакы Президенин М.Е. Николаев библиотека-архыыбыгар "Николаев-Киин" уора5айыгар Чапаевтааҕы "Дьиэрэй" түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
10 сыллааҕыта Чапаев сэлиэнньэ дьахталлара түмсэн "Угуйаана" диэн ааттанан үлэлэрин-хамнастарын саҕалаабыттар. Нэһилиэк, улуус олоҕор актыыбынайдык кытталлара. Кэрэни кэрэхсиир дьоҕурдаах, тарбахтарыгар талааннаах дьон мустан Попова Наталья Игнатьевна салайыытынан дьарыктаммыттара. Кэлин бу түмсүүнү элбэх оҕолоох ийэ Кривошапкина Клавдия Петровна иилээн-саҕалаан билигин салайа сылдьар. Онтон 5 сыллааҕыта түмсүү иһинэн "Дьиэрэй" ветераннар ансаамбыллара төрүттэммитэ. Кинилэр ырыаҕа, хорга уһуйуллаллар. Художественнай салайааччынан "Музыка для всех" республикатааҕы бырайыак иһинэн "Музыка бастыҥ учуутала" номинация лауреата, үрдүк категориялаах музыка учуутала Протопопова Ирина Васильевна үлэлиир.
Дьоро күҥҥэ "Дьиэрэй" ветераннар ансаамбыллара "Сахам сирин халлаана", "Дьол, үөрүү ырыата", "Ветераннар" диэн ырыалары хорунан ыллаатылар. Ансаамбыл далбар хотуттара, эр хоһууннара бөлөҕүнэн ыллаан иһитиннэрдилэр, хомуска оонньоотулар, чабырҕахтаатылар, үҥкүүлээтилэр. Кэнсиэри Виктор Григорьев тылларыгар, Анатолий Егоров музыкатыгар Саха Республикатын Бастакы Президенин Михаил Ефимович Николаев туһунан "Махтал ырыата" диэн ырыанан түмүктээтилэр.
"Дьиэрэй" түмсүү кыттыылаахтара бу ааспыт сыл күһүнүттэн Саха Республикатын Бастакы Президенин М.Е. Николаев библиотека-архыыбыгар - Николаев-Кииҥҥэ дьарыктаналлар.