Муус устар 19 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Н.И. Шарин аатынан 39-с №-дээх орто оскуола Ааҕар Кыһатыгар 8 "в" уонна 10 кылаас үөрэнээччилэригэр Саха Республикатын Бастакы Президенын М.Е. Николаев архив – библиотекатын "Николаев-Киин" үлэһитэ, педагогическай наука кандидата Дарбасова Светлана Дмитриевна ыалдьыттаата.
Лекция Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө олоҕор уонна айар үлэтигэр ананна. Светлана Дмитриевна оҕолорго олус сэргэхтик, солуннук А.Е. Кулаковскай туһунан сырдатан, дириҥник хорутан кэпсээтэ. Оҕолор А.Е. Кулаковскай саха норуотугар анаабыт үлэтин умсугуйа биһирии иһиттилэр.
Светлана Дмитриевна хас биирдии оҕо кутун таарыйар долгутуулаах кэпсээнин тула элбэх ыйытыылардаах ырытыһыы буолла. Кэлэр үөрэх дьылыгар Н.И. Шарин аатынан 39-с №-дээх орто оскуола Ааҕар Кыһата уонна "Николаев-Киин" А. Е. Кулаковскайга аналлаах киэҥ өрүттээх тэрээһини ыытарга сүбэлэстилэр.
Cанатабыт, 2023 - 2027 сыллар - Саха Республикатын Бастакы Президенин М.Е. Николаев көҕүлээһининэн, Ил Дархан А.С. Николаев уурааҕынан Саха сиригэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөскөй биэс сылынан билэриллибитэ.