27 октября Николаев-Центр посетили сотрудники издательства "Сахапечать". Кроме нашего центра они побывали в Музее образования Хангаласского улуса, Октемской средней школе им. П.И. Шадрина и Малой академии наук Республики Саха (Якутия).
"Сахабэчээт" тэрилтэ үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ профсоюз бэрэссэдээтэлэ Е.С. Бястинова көҕүлээһининэн Өктөм нэһилиэгин бэлиэ тутууларыгар сылдьан, дуоһуйа сынньанан, элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. Ол курдук, Өктөм саҥа Школа мечты, Малая академия наук, М.Е.Николаев киинигэр уонна Хаҥалас үөрэҕириитин историятын музейыгар наһаа интэриэһинэйдик сырыттыбыт.
Күммүт- дьылбыт да туран биэрэн, күн чаҕылыччы тыган, мастар лабаалара кыстык соннорун бүрүнэн эрэр кыраһыабай көстүүлэрин бэлиэтии көрдүбүт.
Түгэнинэн туһанан, быыс булан биһигини көрсөн, бэртээхэй экскурсияны ыыппыт, элбэҕи билиһиннэрбит, көрдөрбүт Өктөм орто оскуолатын директорыгар Калиста Феодосьевнаҕа, Малая академия Наук библиотекаря Юлиана Николаевнаҕа, Николаев архив киинин үлэһитигэр Оксана Николаевнаҕа, Үөрэхтээһин историятын музейын директорыгар Валентина Петровнаҕа барҕа махталбытын тириэрдэбит, үлэҕит- хамнаскыт салгыы да сыаналана турарыгар, чөл. доруобай сылдьан, дьон- сэргэ махталын ыла тураргытыгар махтанабыт!