Бу күннэргэ Орто дойдуга биир баараҕай мас, халлааҥҥа биир чаҕылхай сулус сууллунна... Ытык киһибит, Аан Дархаммыт, норуот тапталлаах Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев биһигиттэн барда эрээри, тыыннаах буола туруо – оҥорон, иҥэрэн хаалларбытыгар... Оттон Кини - бүтүн Эпоха...
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев кэмигэр саха норуотун олорон ааспыт көлүөнэлэрин үйэлээх көмүс ыраларын олоххо киллэрбит, Айыылартан айдарыылаах, үйэлэр усталарыгар бэрт сэдэхтик көстөн ааһар сүдү личность, Америка, Япония, Кытай, Англия, Исландия о.д.а курдук бөдөҥ государстволар баһылыктарын кытта сирэй көрсөн кэпсэтиилэри ыыппыт аан дойду таһымнаах политик, Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бөдөҥ государственнай уонна общественнай деятелэ. Кини салайбыт кэмэ – Саха сирин норуоттарын саҥа историческай сайдыыларын көмүс кэмэ этэ.
1996 с. бэс ыйын 19 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академията тэриллибитэ. Академик, саха народнай худуоһунньуга Афанасий Николаевич Осипов Президеннээх, бөдөҥ искусствовед-учуонай Эдуард Ефимович Алексеев, РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Валентин Дмитриевич Антонов, саха народнай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов – вице-президеннээх, саха народнай поэта Моисей Дмитриевич Ефимов учуонай-сэкирэтээрдээх Духуобунас академията өрөспүүбүлүкэ культурнай, духуобунай олоҕо сайдыытын түстэспитэ.
Бүгүн ааспыт үйэ 90-с сылларыттан Бастакы Президеммит М.Е. Николаев салайбыт уон күүрээннээх сылыгар олохпутугар, культура уонна духуобунай сайдыы эйгэтигэр туох хамсааһын ыытыллыбытын сорох сүрүн түгэннэрин ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Омук төрүт тыыныттан үөскээбит национальнай духуобунаска олоҕуран киһи-аймах сыаннастарыгар тиийии олохтоох буолар.
Киһи төрөөбүт төрүт тылын, культуратын, үгэстэрин эйгэлэригэр төрүөн инниттэн түстэнэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ М.Е. Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ аатын биэрбит, төрүт олохтоох омуктартан саамай улаханнара — саха омук тылын государственнай тылынан биллэрбитэ. Төрүт олохтоох омуктар тылларын араҥаччылааһыҥҥа СӨ Президенин иһинэн Тыл сэбиэтин тэрийбитэ. 1991с. үөрэҕириигэ инновационнай хамсааһыны таһааран, Национальнай оскуола концепцията ылыныллан, үөрэнээччилэр төрөөбүт тылларынан үөрэнэр кыахтаммыттара. Саха лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр, олунньу 13 күнүгэр - төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ олохтоммута. Нууччалыы тыллаахтарга бэс ыйыгар «День славянской письменности» тэриллэр буолбута.
Айылҕаны, итэҕэли, төрүт дьарыгы кытта ситимнээх Үрдүк Айыыларга үҥэ-сүктэ сүгүрүйэр, сахалыы кэрэ эйгэ киэҥ түһүлгэлээх түмсүүтэ — Ыһыах Бастакы Президеммит Ыйааҕынан государственнай статуһу ылан, сайыҥҥы күн муҥутаан турар кэмигэр бэс ыйын 21 күнэ Национальнай бырааЬынньыгынан биллэриллэн, саха ис кута арыллан, сыллата тубустар тупсан, театральность көстүүтүттэн сиэр-туом өттүгэр дириҥээн иһэр. Баар-суох национальнай бырааһынньыкпыт «Россия бастыҥ национальнай бырааһынньыга» буолбута.
Саха уус-уран айымньытын чыпчаалын — олоҥхону үйэтитиигэ Бастакы Президент Ассоциация тэрийбитэ. Олонхю Ассоциациятын бастакы Президенэ олоҥхобут ЮНЕСКО-ҕа киһи-аймах тылынан уонна материальнайа суох нэһилиэстибэтин чулуу айымньыларын кэккэлэригэр киириитин олугун охсубута.
Норуот айымньытын дьиэтигэр Хомус музейа аһыллан, аан дойду ааттаах варганистарын тардар аан дойдутааҕы кииҥҥэ кубулуйбута. Билигин хомус — саха бреннэриттэн биирдэстэрэ, 2011с. Гиннес рекордугар киирэн этигэнник дьүрүһүйбүтэ. Билигин хас иккис саха омук быһыытынан киэн тутта илдьэ сылдьан оонньуур, атын омуктарга кэрэхсэтэр инструмена буолла.
Түҥ былыргыттан, үйэлэр түгэхтэриттэн кэлбит ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрэ икки атаҕы өрүү сэҥээрдэр. 1992с. Саха сиригэр аан бастаан ЮНЕСКО эгидатынан ыытыллыбыт «Шаманизм как религия: генезис, реконструкция, традиции» научнай-практическай конференция ойууннааһыҥҥа анаммыта. Манна Россия 150 учуонайа кыттыбыта.
Саха аныгы кэмин ойууттара, эмчиттэрэ норуот медицинатын Ассоциациятыгар түмсүбүттэрэ. ЮНЕСКО өйөбүлүнэн, 1991 с. — Хомус сылынан, 1992 с. — Ыһыах сылынан, 1993 с. — Олонхо сылынан биллэриллибиттэрэ.
Бастакы Президент Саха сирин норуоттарын духуобунай баайдара аан дойду, киһи-аймах культуратын быстыспат сорҕотун быһыытынан ааҕан туран, Саха сирин норуоттарын научнай ситиһиилэрин, культуратын, искусствотын аан дойдуга билиһиннэрэр суолу тутуспута. ЮНЕСКО өрөспүүбүлүкэни кытта бииргэ үлэлээһинигэр, Саха сирин культурнай уонна научнай кыаҕын пропагандалааһыҥҥа сыаналаммат көмөнү онорбута. Өрөспүүбүлүкэбитигэрр ЮНЕСКО генеральнай дирекгорын үөрэҕириигэ солбуйааччыта Колин Пауэр (1993) ыалдьыттаабыта, 1993 с. Бастакы Президеммит М.Е. Николаев ЮНЕСКО Генеральнай директора Федерико Майору кытта көрсүбүтэ. Саха сиригэр «Национальная школа: концепция и технология развития», «Языки, культура и будущее народов Арктики», «Проблемы охраны здоровья и организация профилактического образования детей коренных народов», «Методология и практика образования в условиях возрождения традиций народов РС (Я)», «Толерантность, взаимопонимание и согласие», «Варган: традиции и современнорсть», «Иннокентий (Вениаминов) — просветитель Аляски и Якутии», «Музыкальная этнография тунгусо-маньчжурских народов», «Олонхо в контексте эпического наследия мира», «Музей и общество: диалог на рубеже веков» о.д.а. аан дойду таһымнаах научнай-пракгическай конференциялар ыытыллыбыта.
1992 с. саха улуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай аата «ЮНЕСКО бэлиэ даталарын халандаарыгар» киирбитэ. ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар П.А. Ойуунускай 100 сааһын бэлиэтээһин Парижка саха культуратын өрөгөйө буолбута. П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото Франция лингвист-учуонайа Жак Карро тылбааһынан французтуу саҥарбыта. Бу тылбаас кэлин саха олоҥхото ЮНЕСКО киһи-аймах чулуу айымньыларын кэккэлэригэр киириитигэр быһаарар оруолламмыта чахчы. 2005 с. ЮНЕСКО Генеральнай секретара Контиро Мацуура өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлиитин Михаил Ефимович ЮНЕСКО филиалыгар Национальнай Комитет председателин быһыытынан быһаччы бэлэмнэспитэ. 1992 с. ЮНЕСКО биллэрбит, аан дойдутааҕы культура сайдыытын 10 сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Ыһыах ыһыллыбыта.
Францияҕа уонна Германияҕа мамонт фаунатын холбоһукгаах чинчийии түмүгүнэн научнай публикациятыгар бэчээттэммиттэрэ.
Франция Отен куоратын естественнай историятын музейын кытта «Мамонт и ледниковый период» холбоһуктаах көһө сылдьар быыстапка тэриллибитэ.
Республикаҕа «Кыталык» ресурснай резерват аһыллыытын бырайыагын Аан дойдутааҕы айылҕа фондата өйөөбүтэ. «Лена-Норденшельд» научнай-чинчийэр станция базатыгар немец специалистарын кытта бииргэ «Геомар» научнай экспедиция ыытыллыбыта. ЮНЕСКО программатыгар олоҕуран СӨ Айылҕа харыстабылын министерствота уонна Монголия института «Дельта Лены» научнай-информационнай матырыйаалы бэлэмнээһиннэригэр Германия Федеративнай Республикатын Айылҕа харыстабылын Федеральнай фондата көмөлөспүтэ.
СӨ ЮНЕСКО культуратын Ассоциацията тэриллэн Азиатскай-Чуумпу акыйааннааҕы регион ЮНЕСКО культуратын уонна Ассоциацияларын Федерацията Толоруулаах сэбиэтин форумун, Россияҕа ЮНЕСКО кулууптарын федерациятын быыбардыыр конференциятын, Румынияҕа ЮНЕСКО кулууптарын, кииннэрин, Ассоциацияларын Аан дойдутааҕы Федерациятын IV конгреһын, Екатеринбурга «Культурные достояния Урала и Сибири» ЮНЕСКО аан дойдутааҕы конференциятын, Парижка ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар ЮНЕСКО 50 сылын бэлиэтээһин о.д.а. курдук бөдөҥ тэрээһиннэргэ кыттыбыта. Үүнэр ыччат сайдыытыгар «Детская дипломатия» бырайыак сайдыбыта. Бырайыак чэрчитинэн саха оҕолоро бэйэлэрин саастыылаах омук оҕолорун кытта көрсүбүттэрэ. «ЮНЕСКО — молодежь — XXI век» девиһинэн СӨ ЮНЕСКО кулуубун тэрээһининэн СГУ устудьуоннара Японияттан сылдьар биир саастыылаахтарын кытта көрсүбүттэрэ.
ЮНЕСКО Саха сиринээҕи Национальнай кэмитиэтэ СӨ үөрэҕин министерствотыгар үөрэнээччилэр аан дойдутааҕы олимпиадаларын ыытыыга көмөлөспүтэ.
Саха сирин оскуолаларыттан Нам улууЬун Хамаҕаттатааҕы Саха-француз оскуолата, 2001 с. Уус-Алдан Саха-бельгийскэй үгүс профиллаах оскуола-гимназията ЮНЕСКО ассоциированнай оскуолаларын статуһун ылар дьолломмуттара.
Профессиональнай искусство сайдыыта
Урукку көлүөнэ өйдүүргүт чахчы, инфляция кэмин, хамнас кэлэн быстан биэрбэт кырыымчык кэмнэрин. Онуоха сорох талааннаах артыыстарбыт кыһалҕаттан банкеттарга, бырааһынньыктарга ыллаан харчылаһаллара. Маныаха бастакы Президеммит дьаһалынан ааттаах-суоллаах артыыстарбытыгар материальнай өйөбүлү оҥорбута, олорор усулуобуйаларын тупсарбыта.
Михаил Ефимович салайбыт икки болдьоҕун устатыгар профессиональнай искусство сайдыытыгар күүстээх государственнай болҕомто ууруллубута. Музыка Үрдүкү оскуолата, Хореографическай училище, Государственнай цирк, Көр-күлүү государственнай театра, Эстрада государственнай театра, «Туймаада» Государственнай вокальнай ансамбль, «Сахафильм» кинокомпания тэриллибиттэрэ. Кытай курдук бэйэтин цирковой искусствотын кистэлэҥин атын омуктарга арыйбат омугу, бастакы Президеммит Кытай КП бэрэссэдээтэлэ Цзян Цзэмини кытта тус кэпеэтиитигэр ылыннаран, Саха сирин оҕолоро Кытайга үөрэммиттэрэ.
Баай историялаах П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театра уонна А.С.Пушкин аатынан «Бочуот знага» Государственнай академическай уордьаннаах Нуучча Драматическай театра ити сылларга саҥа айар күүрээнинэн саҥаттан саҥа спектакллары туруораллара. 1998 с. Саха театра «Илиир хоруол» (В. Шекспир) спекгаклын иһин режиссер Андрей Борисов, сценограф Геннадий Сотников, артыыстар Ефим Степанов уонна Иннокентий Луковцев Россия Государственнай бириэмийэтин туппуттара. Ити сыллардааҕы үлэ түмүгүнэн Андрей Борисов туруоруутугар «Кыыс Дэбилийэ» олонхо-спектакль «Золотая маска» Национальнай театральнай бириэмийэ кириитиктэр анал бириэмийэлэригэр тиксибитэ.
Музыкальнай театр Саха драмтеатрынаан кыараҕастык дьукаахтаһан олороллоро. Искусство сайдар усулуобуйата оноЬуллан, 2000 с. П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын дьиэтэ туспа тутуллан дьэндэйбитэ.
2000 с. А.С.Пушкин аатынан Государственнай академическай Нуучча театра Владивостокка ыытыллыбыт «Благая весть» аан дойдутааҕы театральнай фестивальга «Одиссея инока якутского» (В.Федоров, реж.А.Борисов) спектаклынан лауреат аатын сүкпүтэ.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна Балет Государственнай театрын артыыһа Айталина Адамова Петр Чайковскай аатынан XII Аан дойдутааҕы конкурска, оттон Иван Степанов Федор Шаляпин аатынан Бүтүн Союзтааҕы бастар конкурстарыгар кыайаннар, Сахабыт сирин ааттаппыттара.
Устудьуоннар «Пушкинка» диэн ааттыыр киин библиотекабыт 90-с сылларга Национальнай библиотека аатын ылбыта. 90-с сылларга манна саха интеллигенцията түмсэр киинэ этэ, манна интеллигенция тыын боппуруостарга санаатын үллэстэрэ, дьүүллэһэрэ, мөккүһэрэ. 1996с. Национальнай библиотека ЮНЕСКО ситимигэр киирбитэ, ЮНЕСКО бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара.
Өрөспүүбүлүкэбит киинигэр урукку кэмҥэ тэриллибит Ем.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын Государственнай холбоһукгаах музейа уонна СӨ Национальнай художественнай музейа баар эбит буоллаҕына, Михаил Ефимович салайар кэмигэр саха народнай суруйааччыта, Социалистическай үлэ Геройа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон туруорсуутунан Тааттаҕа, Ытык-Күөлгэ Хадаайытааҕы литературнай- художественнай музей-комплекс, Нам Хатырыгар Государственность музейа, Дьокуускай куоракка мамонт фаунатын үөрэтиигэ аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ туһаайыллыбыт мамонт музейа, өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоохторун төрүт культураларын уонна идэтийбит музыкальнай искусствотын ситиһиилэрин көрдөрөр Саха сирин норуоттарын музыкаларын уонна фольклордарын музейа, үөһээ эппиппит курдук, саха маастардара онорбут хомустарын уонна аан дойду варганнай инструменнарын кэпсиир-көрдөрөр Хомус (варган) музейа аһыллыбыта.
Суверенитет бастакы сылларыгар талааннаах оҕолору, ыччаты, идэтийбит кадры бэлэмниир, интеллигенцияны өйүүр, аан дойду таһымынан сибээстэри олохтуур сыаллаах «Барҕарыы» Национальнай, СӨ кэлэр көлүөнэлэрин сыаллаах, «Саха-Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы оҕо фондалара арыллан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. «Саҥа ааттар» программанан 400 эдэр музыкант Россия уонна аан дойду ааттаах музыканнарыгар уһуйуллубуттара, 70-н тахса киһи «Барҕарыы» фондатын стипендиаттара буолбуттара. 230 оҕо дьарыктаммыт уолаттар хордарын бу фонда үбүлүүрэ. «Барҕарыы» иһинэн «Инникигэ хардыы» диэн үөрэнээччилэри научнай-чинчийэр үлэҕэ тардар сыаллаах өрөспүүбүлүкэ программата оҥоһуллан күн бүгүнүгэр диэри салҕана турар. Кэлэр көлүөнэлэр сыаллаах фондалара тыа сирин үөрэнээччилэригэр 80900 сирэй счету астарбыта. 10 сыл устата «Саха-Азия оҕолорун» фондата дьиэ кэргэни, оскуоланы өйөөһүҥҥэ үгүс өрүттээх үлэни ыыппыттара, оҕолор уонна дьиэ кэргэн доруобай буолууларыгар, эмтэниилэригэр оҕо дьиэлэрэ, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ, анал тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ үлэлэспиттэрэ.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ айар-тутар, түмсэр базата уһуктубута. Мелодистар Ассоциациялара тэриллэн айымньылаах үлэни көҕүлээбитэ. «Уостан туспэт 100 ырыа» патриотическай ырыалар, «Поющее музыкальное братство» курдук дьон таптыыр, өрүү ыллыыр ырыаларын үйэтитиигэ, ырыа хаачыстыбатын үрдэтиигэ, патриотическай иитиигэ сыһыаннаах ырыа түһүлгэлэрэ ыытыллыбыттара. Ассоциация үлэтэ кэҥээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Анастасия Варламова салайааччылаах Ырыа айааччылар айар Сойуустарын тэрийиини М.Е. Николаев өйөөн өссө биир айар Сойуус үөскээбитэ. «Сахафильм» кинокомпания идэтийбит кинорежиссер Алексей Романов «Мааппа», «Орто дойду» диэн уус-уран этнографическай киинэтинэн бастакы хардыыларын онорбутуттан ыла кыра кээмэйдээх төһөлөөх киинэ уһуллунна? 2000 сыллар саҕаланыыларыгар «Хара мааска», «Журавли над Ильменем», «Снайпер» (реж.Никита Аржаков) курдук Россия бириэмийэлэрин ылбыт киинэлэрдэммиппит. Саха народнай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыныс Хаан ыйааҕынан» романынан режиссер Андрей Борисов «Тайна Чингисхана” устубут киинэтин Монголияҕа, Америкаҕа тиийэ үгүс норуоттар көрөөччүлэрэ саха омук Чыҥыс Хаан туһунан версията хайдаҕын сэҥээрэн көрбүттэрэ. Киинэ араас таһымнаах наҕараадалары ылбыта.
Саха уран тарбахтаахтара «Кудай Бахсы», «Симэх» галерея тула түмсэн барбыттара. Саха норуотун культуратын түҥ былыргы культурата саҥа тыыннанан өрүкүйэн тахсыбыта. Уустар мастан, тимиртэн, муостан, кыһыл, үрүҥ көмүстэн оҥоһуктара, иистэнньэҥнэр тирии, түүлээх, сукуна тигиилэрэ, сиэдэрэй оноһуктара тас дойдуларга үгүстүк көрдөрүллэн сөхтөрөр буолбуттара. Оччолорго «Сардаана», «Сахамебель» оноһуктары оҥорон таһааран атыылыыллара. «Сахабулт» концерн эбии тэриллибитэ. «Золото Якутии» ювелирдарыгар эбии «Туймаада- Даймонд», «Киэргэ», «Уран Саха» о.д.а. курдук кыһыл, үрүҥ көмүстэн, бриллианнаах симэхтэрэ саха дьахталларын маанылаах киэргэллэрэ буолбуттара.
Билигин саха уустарын мындыр оноһуктара аан дойдуга биллэр.
Норуот талааннаахтара саха аһыгар-үөлүгэр, таҥаһыгар- сабыгар, туттар малыгар-салыгар барытыгар ылсан барбыттара. Августина Филиппова, Анна Зверева, Светлана Петрова, Борис Неустроев-Мандар Уус о.д.а. курдук уран тарбахтаахтар тумус туттар дьоно ити кэмтэн үүнэн, тыыллан-хабыллан тахсыбыттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академията салгыы сайдыыга саҥа идиэйэлэри биэрэр, санаалары угар, олоххо киириитигэр төһүү буолар. Академияҕа литература уонна искусство, үөрэх уонна иитии, духуобунай нэһилиэстибэ салаалара үлэлээбиттэрэ. Академиктар саха народнай суруйааччылара Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, В.С. Яковлев-Далан, С.И. Тарасов, М.Д. Ефимов, Н.А. Лугинов, Н.И. Харлампьева, дьүкээгир поэта, учуонай, фил.н.д. Г.Н. Курилов-Улуро Адо, скульптор С.Н. Прокопьев, худуоһунньук, педагог М.А. Рахлеева, РФ уонна СР народнай артыыһа В.Д. Антонов, ССРС народнай артыыһа А.Е. Ильина, саха бастакы идэтийбит композитордарыттан биирдэстэрэ 3.К. Степанов, аатырбыт пианистка Ю.М. Упхолова, аатырбыт режиссер А.С. Борисов, биллиилээх учуонай, мед.н.д. К.Г. Башарин, тимир ууһа Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус, Владыка Герман, фил.н.д. Н.Г. Самсонов о.д.а. Саха сирин культуратыгар, искусствотыгар, духуобунаһыгар бэлиэ суоллаах, өрөспүүбүлүкэ дьоно бары билэр, ытыктыыр личностара — өй-санаа уонна айар талаан титаннара, ыччат наставниктара. Айар интеллигенция түмсүүтэ обществоҕа бигэ айар эйгэни, идеаллары үөскэппитэ, норуот дьылҕатын иннигэр айар личность гражданскай эппиэтинэһин үрдэтиигэ дьайбыта. Ити үлэ салҕанар. Ити барыта биир күнүнэн ситиһиллибэт өй-санаа, кут-сүр уһун кэмнээх көстүбэт үлэтэ буолар. Ити дириҥин өйдөөбөт дьон, Духуобунас академиятын государственнай структуралар курдук санаан, күннээҕинэн үлэни ыыттарары ирдииллэрэ эмиэ баар суол.
Общество духуобунай-нравственнай туругун тупсарыыга, сиэргэ-майгыга, этика, эстетика төрүттэригэр олоҕурбут киһи ис культуратын иитиигэ, үрдэтиигэ олоҕуран гуманизациялааһын, билиигэ, кэрэҕэ тардыһыыны, айарга-тутарга дьулуһууну үөскэтиигэ, күүһүрдүүгэ туһаайыллыбыт үтүмэн үлэ ыытыллыбыта. Онтон норуокка умнуллубакка, өйдөнүллэн хаалбыт түгэннэртэн аҕыннахха...
Религия, итэҕэл — духуобунай сыаннастар биир сүрүн өрүттэрэ буолар. Саха сирэ Россия государствотын састаабыгар киириэҕиттэн, быһа холоон, 1642 сыллаахтан сахалар бэйэлэригэр аан дойду бөдөҥ религияларын биирдэстэрин — православнай христианствоны арыйбыттара. Ол иннинэ Үрүҥ Аар Айыы Тойон диэн аан дойдуну айбыт Таҥаралаах, элбэх Айыылардаах саха дьоно христианствоны араас биричиинэнэн ылыммыта. «Кун судаар сулууспатыгар» сурэхтэммит эрэ киһи киирэрэ, сүрэхтэммиккэ чэпчэтиилэр бааллара. Сорохтор Киристиэс Үрүҥ Аар Айыы Тойон уола Үрүҥ Айыы Тойон диэннэр дууһаларыгар киллэрбиттэрэ. Маныаха аҕабыт бэйэтин личность быһыытынан оруола, сыһыана эмиэ суолталаммыта. Нуучча аҕабыттара Саха сиригэр үөрэхтээһин сайдыытыгар биллэр оруолламмыттара. Сэбиэскэй кэмҥэ Дьокуускайга библиотечнай коллектор, «Чароит» салон, Эстрада театра буолан турбут Ньукуолатааҕы уонна Троицкайдааҕы Таҥара дьиэлэрин («Чароит» билигин да турарын билэдит) курдук Таҥара Дьиэлэрэ Саха сирин улуустарыгар сорохторо кулууп буолан, үгүстэрэ урусхалланан, быраҕыллан, түннүктэрэ эрэ аҥаЬан турбуттара. 1992 с. Нуучча православнай Танаратын дьиэтин Саха сиринээҕи епархията чөлүгэр түһэриллибитэ. 90-с сыллардаахха Саха сирин уонна Өлүөнэтээҕи бастакы епискоба Герман Саха сиринээҕи епархия үлэтин салайбыта. СӨ Духуобунаһын академигынан кинини Бастакы Президент бигэргэппитэ. Саха сиригэр Таҥара дьиэлэрэ чөлүгэр түһэриллиилэрин Бастакы Президент өйөөбүтэ. Бу православнай итэҕэли биһиги норуоппут уйгуларын ахсааныгар киллэрбит саха литературатын төрүттээччи, бороруок-бөлөһүөк, мыслитель-гуманист Өксекүлээх суолун тутуһуута буолар. Өксөкүлээҕи Михаил Ефимович духуобунай аҕатынан ааҕара.
Духуобунас Академията Саха сирин норуоттарын итэҕэл суолугар сирдээбит святитель Иннокентий (Вениаминов) үбүлүөйдээх сылыгар «Иннокентий (Вениаминов) — просветитель Аляски и Якутии» диэн аан дойдутааҕы таһымнаах научнай-практическай конференцияны ыыппыппыт. Ем. Ярославскай аатынан Кыраайы үөрэтэр музей чэрчитигэр кини сырдык аатыгар чочуобуна тутуллан аһыллыбыта.
СӨ Бастакы Президенэ чөл олох доктринатын бигэргэппитэ, СӨ норуоттарын генофондун харыстааһын Департаменын тэрийбитэ. Оччотооҕу дойду экономикатын кытаанах сылларыгар, хамнас кэлбэт, иһэ-таһа биллибэт, урукку сыаннастар сууллан, эргиэн-урбаан, байыы-тайыы, үп-харчы сыаннас буолан, сөптөөх киһилии суолунан буолбакка, тиэрэ суолунан барыы дойду үрдүнэн элбээбит бутуурдаах кэмигэр муммут кус оҕотун курдук буолан, өй-санаа ыһыллан, «кырдьыгы арыгыга булуу» элбээбитэ. Онуоха Бастакы Президент өрөспүүбүлүкэҕэ чөл олох хамсааһынын көҕулээбитэ. Духуобунас Академията көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиэхтээх сыаннастары тиэрдиигэ «Диалог поколений» диэн программанан академиктар үгүс көрсүһүүлэрин, бэсиэдэлэрин тэрийбитэ. Духуобунас Академиятын «Дууһа экологията» («Экология души») диэн общественнай хамсааһынынан санаа атастаһыылара «Өлүөнэ сарсыардата» («Утро Лены») СР Суруйааччыларын Сойууһун хаһыатыгар бэчээттэнэллэрэ.
Ити кэмнэргэ Чурапчы Мутудайыгар А. Пермяков салайааччылаах «Саҕах» диэн арыгыттан босхоломмут эр дьон обществолара тэриллибитэ. Бу дьон дьиэ кэргэн, общество иннигэр эппиэтинэстэрин өйдөөн, көнөр суолга туруммут үтүө холобурдарын өйөөһүҥҥэ, тарҕатыыга Духуобунас академията эмиэ оруолламмыта. Кэлин бу общество хас да филиалланан үлэтин салҕаабыта.
Ытык кырдьаҕастар кэргэннии Михаил Ильич уонна Мария Гаврильевна Егоровтар киһи капиталыгар инвестициялаан, Хаптаҕай орто оскуолатыттан саҕалаан бастыҥ үөрэхтээх устудьуоннарга бэйэлэрин пенсияларыттан көмөлөһөн меценаттааһын үтүө холобурун быһыытынан Духуобунас академията пропагандалаабыта.
Филос.н.д. К.Д.Уткин көҕүлээһининэн ДьГСХА-ҕа «Тулаһа» Духуобунас киинэ уонна СӨ меценатство историятын музейа аһыллыбыта.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хаптаҕай орто оскуолата үүнэр көлүөнэни личность быһыытынан иитиигэ туһаайан «Духуобунас уруокгарын» ыытар буолбуттара. Оскуола СӨ Үөрэҕин министерствотын экспериментальнай площадката буолбута. Бу оскуоланы кытта Духуобунас академията «Человек будущего — человек с задумкой, общительным нравом» диэн научнай-практическай конференцияны ыыппыта. Улуустар, оскуолалар Духуобунас киинин арыйарга тардыспыттара.
Уус-Алдан Бороҕон орто оскуолатыгар Анисия Николаевна Колодезникова салайыытынан Духуобунас народнай университетын арыйан бииргэ үлэлиир буолбуппут. Народнай университет улуус духуобунай киинэ буолбута, улуус бары нэһилиэктэригэр филиалларын аспыта.
Академия вице-президенэ В.Д. Антонов уонна подполковник Л.М. Иванова салалталарынан СР ИДьМ куораттааҕы управлениетыгар Духуобунас института арыллан ситимнээхтик үлэлээбитэ.
Төһөлөөх араас темаҕа төгүрүк остуоллар ыытыллыбыттара буолуой... Духуобунас академията СӨ Норуоттарын Ааасмблеятын кытта «Нравственное воспитание молодежи» (1998 с.) диэн учуонайдар, үөрэх, ыччат дьыалаларын, доруобуйа харыстабылын, культура министрдэрэ, Ил Тумэн депутаттара, департаменнар уонна ведомстволар салайааччылара, национальнай общиналар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах киэҥ тэрээһиннээх конференцияны ыыппыппыт.
Үйэ бүтүүтүн, саҥа XXI үйэ саҕаланаары турар быыһык кэмигэр, 1999 с. «Ориентиры духовности на рубеже веков» диэн СӨ Бастакы Президенэ М.Е. Николаев кыттыылаах айар интеллигенция сүбэ мунньаҕа ыытыллыбыта. Манна интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын национальнай культураларын нравственнай-этическэй каноннарыгар олоҕуран, атын норуоттар ситиһиилэрин баһылаан, искусствоҕа, наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ арыйбыт сана сыаннастардаммыппытын бэлиэтээн туран, Россия таһымыгар тахсар эрэ буолбакка, аныгы кэмнэ киһи аймах культуратыгар миэстэни буларга кыах биэрэрин, национальнай-культурнай барҕарыыттан сана цивилизация таһымнаах сыаннастарга тахсар туһунан киэҥ өрүттээх кэпсэтии тахсыбыта.
Айар интеллигенция иннигэр турар сүрүн сорук — ситиһиллибити бөҕөргөтөргө, сайыннарарга, кэнэтэргэ, дириҥэтэргэ ытык иэстээҕин, айар интеллигенция баһылаабытын уонна айбытын общество бас билиэхтээх диэн сүрүн санаа этиллибитэ.
Национальнай культуралары, үгэстэри, абыычайдары тарҕатар үлэни ыытар государство түмэр күүстээх. Общенациональнай культура диэнинэн онно барыбытыгар ананар науканы, маассабай информация средстволарын, искусство бары көруҥнэрин өйдөөн туран, общенациональнай культураны үөскэтии уонна сайыннарыы проблемаларынан тиһиктээхтик дьарыктаныы нация бүттүүнүн интеллектуальнай кыаҕын таһымын үрдэтэргэ туһаайыллар. Оттон ону ситиһэр туһугар XXI үйэҕэ өрөспүүбүлүкэ духуобунай сайдыытын Программатыгар олоҕурбут общенациональнай доктрина оноһуллара наадата тоһоҕолонон бэлиэтэммитэ.
СӨ Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев салайбыт стилэ гражданскай өй-санаа, общественнай көҕүлээһиннэр уһуктан умайан турууларын, гражданскай общество кыаҕын арыйбыта. 90-с сылларга норуот Бастакы Президеннэ, кини кыаҕыгар итэҕэйэр буолан, нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээхтик, харысхаллаахтык уонна эрэллээхтик сананыыта Саха сирин нэһилиэнньэтин гражданскай акгыыбынаһын үрдэппитэ. Дьон туохха талаһарын ситиһэр суола аһыллыбыта. Араас партиялар, обществолар, Ассоциациялар, общиналар, общественнай тэрилтэлэр, чааһынай бэчээт тэриллэн күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрэ. Биир бастакынан «Саха омук», «Саха кэскилэ» общественнай-иолитическай обществолар, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциациялара тэриллибиттэрэ. Саха сиригэр олохсуйан олорор атын омуктар общиналары тэрийэн түмсүбүттэрэ, өрөбүллээҕи оскуолалары арыйан, ыччаттарын бэйэлэрин культураларыгар иитэр, үгэс буолбут бырааһынньыктарын тэринэр, бэйэлэрин кыһалҕаларын туруорсар буолбуттара. Польскай община сир ылан «Дом Боско» туттарбыта, Саха сирин армяннарын Сойууһа сквер туппута. Саха сирин кытта историческай ситимнэммит финнэр политическай репрессиялар сиэртибэлэрин туһунан сибидиэнньэлэри хомуйан барбыттара. 1994 с. Саха сирин норуоттарын Ассамблеята ыытыллан, национальнай община лидердэрэ Общественнай сөбүлэһии туһунан Дуогабарга илии баттаспыттара.
Республика Президенин иһинэн Дьахталлар уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар комитет тэриллэн, ийэ оруола үрдээбитэ, дьахтар хамсааһына күүһүрбүтэ. Дьахталлар комитеттара, элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэрэ, предприниматель дьахталлар Ассоциациялара, кэлин учуонай дьахталлар лигалара, «Автоледи» кулууп о.д.а. тэриллибиттэрэ. Ийэ, Аҕа күннэрэ олохтоммута.
Тыа сиригэр түөлбэнэн үлэ нэһилиэнньэни түмүүгэ этнопедагогикаҕа олоҕуран ыччаты иитиигэ, кыһалҕалаах дьиэ кэргэннэ көмөнү оҥорууга туһаайыллыбыта.
Бастакы Президент «2000 үтүө дьыала» диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны тэрийэр туһунан көҕүлээбитин норуот өрө көтөҕүллэн ылыммыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө дьыалалары олоххо киллэриигэ тэрилтэлэр, спонсордар, меценаттар үптэригэр, нэһилиэнньэ кыаҕынан 40 спортивнай, 19 културнай-спортивнай саала, 65 спортивнай площадка, 4 стадион, 4 тренажернай саала, 4 тустуу спортивнай саалата, ат сүүрдэр спорткомплекс, хайыһар манеһа, 6 эколого-туристическай база тутуллубуттара. Улуустарга 38 оскуола, 16 оҕо саада, 23 оҕо площадката, 11 балыыһа, 7 фельдшерскэй-акушерскай пуун, 2 поликлиника, 16 баанньык, 43 тыа сирин культуратын дьиэлэрэ, 6 культурнай-эстетическай киин, 35 музей, 7 балаҕан, 1 библиотека, 14 кыайыы пааматынньыга тутуллубуттара уонна саҥардыллыбыттара. 25 сайыҥҥы водопровод, 33 муоста, 4 муус умуһаҕа, 8 маслоцех, 31 эргиэн эбийиэгэ, 5 почта дьиэтэ, 4 пожарнай депо, 5 администрация дьиэтэ, 20 олорор дьиэ, 22 гараж, 16 сылаас туалет, 28 теплица тутуллубута, 25 сквер уонна аллея оҥоһуллубута, 4 пилорама киирбитэ. Тыа сирин бары улуустара хабыллан дьон-сэргэ олоҕун тупсарыытыгар санаата кэлэн ылсыбыта.
Айар Сойуустартар үлэлэрин көҕүлээһиҥҥэ Бастакы Президент Граннары олохтообута.
Саха сирин ыччата хамсааһыннары тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кыттыспыта. «Эдэр саас» Ассоциация, «Эдэр интеллигенция түмсүүтэ», «Форте» кулууп үлэтэ ордук көхтөөҕө.
Саллааттар уонна мотуруостар ийэлэрин комитета Армия кэккэтигэр сулууспалыыр ыччаты араҥаччылааһыҥҥа үлэтин ыытар. Оччолорго ордук Чечняҕа бара турар сэриигэ сылдьар уолаттары кытта ситими тутууга, туруктарын бөҕөргөтүүгэ комитет сыралаһан үлэлээбитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенин салалтатынан Саха сирэ саҥа мөссүөннэммитэ: саҥа демократическай Саха сирэ үөскээбитэ, Россия тэтимнээхтик сайдар субъега буолбута. Духуобунай сайдыытынан инникилээн иһэр өрөспүүбүлүкэ буолбута. Биһиги чөл олохпут хамсааһына, Ийэбит күнэ биир бастакынан биһирэнэн, холобур буолан Россияҕа киирбиттэрэ.
Биһиги Бастакы Президеммит М.Е. Николаев РФ федеральнай мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин председателин солбуйааччы быһыытынан дойду туруктаахтык уонна демократия суолунан сайдыытын интэриэстэригэр регионнар кыахтарын түмүүгэ, дойду экономическай уонна финансовай өттүнэн үүнүүтүн стратегическай сорукгарын олоххо киллэриигэ, духуобунас сайдыытыгар, норуоттар икки ардыларыгар или-эйэни бөҕөргөтүүгэ таһаарыылаахтык үлэлээн, Россияҕа уонна аан дойду таһымыгар аата-суола, авптарытыата өссө үрдээбитэ.
Михаил Ефимович Государственнай Дума депутатын быһыытынан Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын интэриэстэринэн салайтаран үгүс өрүттээх үлэни ыыппыта.
Государственнай, политическай, общественнай деятель дьоло — норуотун билиниитигэр. Оттон Михаил Ефимовиһы норуот билинэр эрэ буолбатах, норуот лидеринэн, национальнай геройунан ылынан мунура суох таптыыр. Ол буоллаҕа — саамай үрдүк наҕараада.
Михаил Ефимович Николаев аата Саха сиригэр үс кэми кытта ситимнэһэ туруо — ааспыт кэммитин, билиҥҥибитин уонна кэлэр кэмнэри кытта уонна саха норуотун чулуу дьонун кэккэлэригэр үйэлэри уҥуордуур үрдүк аналлаах.
Валентина Ивановна Бочонина, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын чилиэнэ