Новости библиотеки

Өктөм ыһыаҕар тыл түһүлгэтэ

Бэс ыйын 17 күнүгэр Өктөм нэһилиэгин Ой-бэс сиригэр самаан сайыны көрсө ыһыах буолан ааста. Манна Өктөмнөөҕү модельнай бибилэтиэкэ уонна М.Е. Николаев аатынан архыып-бибилэтиэкэ "Николаев-Киин" "Норуот күүһэ - өйүгэр, өйүн күүһэ - тылыгар" диэн түһүлгэни ыыттылар.

Тэрээһин кыттыылаахтарыгар анаан кинигэ быыстапкатын, араас күрэхтэри бэмнээтилэр. Кырачааннарга “Таабырын – саха норуотун өркөн өйө, тылын дэгэтэ” оонньуу. Улахан дьоҥҥо анаан "Өс хоһоону салҕаа", "Саха тылын чинчийээччилэрин үлэлэрин төһө билэҕин?" диэн тыл оонньуулара ыытылыннылар.


Саха сиригэр 2023-2027 сыллар саха литературатын төрүттээччи, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы уонна уопсастыбаннай деятель А.Е. Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй Биэс сылынан биллэрилиннилэр. Онон оонньуулар саха литературатын төрүттээччи, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы уонна уопсастыбаннай деятель А.Е. Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөйгө ананна.

Маны сэргэ саха норуотун биир сөбүлээн дьарыгырар оонньуулара - хабылык, хаамыска ким илиитигэр сымса хамсаныылааҕын, түргэн-тарҕан толкуйун быһаарда. Бу оонньууларга норуот үйэ саас тухары мунньуммут үөрүйэхтэрэ — түргэн туттуу, имигэстик хабыы, сылбырҕа хамсаныы барыта түмүллэр. 1992 сылтан бу оонньуу национальнай спорт быһыытынан ыытыллар.

Ыһыахха мустбут дьон-сэргэ түһүлгэни сэргээтилэр, билиилэрин хаҥаттылар.


Николаев-Киин



Поделиться в соцсетях: