Иван Ушницкай
Михаил Николаевтыын—µс улууска
(Бииргэ сылдьыыттан бэлиэтээ´иннэр)
¥с хочотун ортотуттан, µс µ³стээх £лµ³нэ кытылыттан, µс дойдулаах, µс куттаах µс саха, µс ытык улуу´угар--Саха республикатын бастакы президенэ, Россия федерациятын Сэбиэтин председателин солбуйааччы Михаил Ефимович Николаевы кытта сылдьан, норуоту кытта хайдах кэпсэтэрин аттыгар чугастан анаан-минээн и´иллээтим, кэтээн к³рдµм.
Бастаан бастакы президен т³р³³бµт Ха²алас улуу´угар, киинэ тµспµт сиригэр £кт³мµгэр олунньу 5 кµнµгэр саха интеллигенциятыттан а±ыйах ки´ини ы²ыран к³рсµ´µµтµгэр, онтон олунньу 12-13 кµннэригэр Тааттанан, Чурапчынан нэ´илиэктэргэ тиийэн кэпсэтэрин-ипсэтэрин и´иттим. Михаил Ефимовичтыын М.М.Яковлев, В.П.Ноговицын, фотограф Владимир Доброхотов уонна мин сылдьыстыбыт. Тиийбит улуустарбыт ба´ылыктара бэйэлэринэн кыраныыссаларыгар алгысчыттардаах сиэр-туом толоруулаах к³рс³н, арыаллаатылар, сирдьиттээтилэр. Михаил Ефимовичтан уонна дьонуттан-сэргэтиттэн, кинини кытта к³рсµ´µµлэр кэмнэригэр тугу к³рбµппµн, хайдах тылы-³´µ, са²аны-и²эни истибиппин тµмэн бэлиэтээ´иннэрбиттэн суруйуубун са±алыыбын.
Михаил Ефимови´ы кытта норуот урут министрдиир эрдэ±иттэн долгуйа астына к³рс³р³. Олунньу 12 кµнµгэр Улуу Туймаадаттан Дьоллоох Дьокуускайтан ¥с µллэр µ³стээх £лµ³нэни сарсыардаттан туораан, сирин айыл±атын, сибиэ´эй салгынын ахтан, айыл±аны, сири-уоту, ха´ыы сылгыларын сыныйан к³р³н-истэн Таатта кыраныыссатыгар тиийдибит.
Тиийбит улуустарбыт ба´ылыктара бэйэлэринэн кыраныыссаларыгар алгысчыттардаах сиэр-туом толоруулаах к³рс³н, арыаллаатылар, сирдьиттээтилэр. Алгысчыты, чороонноох кыргыттары кытта ыксаабакка кэпсэттэ. Онон дьонун-сэргэтин оло±ун дьа´а±ын си´илии и²эн-то²он билсэрдии, кэпсэтэрдии о²остон кэлбитэ тута билиннэ. Михаил Ефимович ха´ан ба±арар буоларыныы тыа дьонугар, дьиэ кэргэ²²э, µлэ±э хамнаска, ордук µµнэр к³лµ³нэ±э, о±о аймахха, µ³рэх-билии хайысхаларыгар уурааччы. Бастакы к³рсµ´µµтэ «Победа» ТПКХ µлэ´иттэригэр буолла. Туохтаа±ар да о²орон та´аарыы, технология, хамнас хайда±ын туо´уласта. Дьон дохуота µрдµµрµн ту´угар кы´аллан-мµ´эллэн µлэлээ², тыа сиригэр о²орон та´аарар промышленно´ы киллэри². Дьон интириэстээх буоларын тобула сатаа², Кытайы баран µ³рэти², холобурда ылан µлэлээ² диэн сµбэлээтэ.
Иккис к³рсµ´µµтэ эбиэт кэнниттэн Ытык Кµ³ллээ±и б³л³´µ³к А.Е.Мординов аатынан гимназия±а буоллулар. Хас кылаас ахсын киирэн о±олору кытта дорооболо´он, ону-маны ыйытала´ан аа´ыталаата. ¥³рэнээччилэр та²астарын-саптарын, туттууларын-хаптыыларын, са²аларын-и²элэрин билэргэ тургутан к³рµтэлиир, астарын-µ³ллэрин, эмтэрин-томторун и²эн-то²он ыйытала´ар. Хомус тартаран, ыллатан да и´иттэ. Михаил Ефимович саахыматы оскуолаларга µ³рэтии программатыгар киллэттэрбитэ, аан дойду чемпиона А.Карпов оскуолатын астарбыта. Ити ³й былыргыттан сайдыбыт оонньуута сахалары улахан тµ´µлгэ±э Тааттаттан та´аарбыта. Санаа² бастакы маастардарбытын Михаил Афанасьевы, Мэндэ Таппыровы, элбэх т³гµллээх чемпион Владимир Афанасьевы. Саахымат куру´уогун салайааччыта С.С.Соров бу ³й оонньуута Таатта±а бастакы суруйааччылар, б³л³´µ³ктэр тахсалларыгар биир эмиэ олук буолар эйгэни µ³скэппитэ диирэ оруннаахха дылы. Таатта µгэ´ин сал±ааччылар баалларыттан µ³рэн, Михаил Ефимович о±олору аны сайын «£лµ³нэ кыраайа» форумугар улахан тµ´µлгэтигэр ы²ырда. «Инникигэ хардыыга» кыттар научнай µлэлээх о±олортон, туох кыайыылары хайдах ситиспиттэрин туо´уласта. О±олор схемалары, стендалары о²орбуттарын та´ынан, ноутбуктарыгар µлэлэрин ырыттаран бол±ойон истэр. Михаил Ефимович:--Таатта гимназиятын о±ото Набоковы улахан суруйааччы диэн ырыппыт ээ. Интэриэ´инэй. Ити оччо биллибэт суруйааччыга тиийэ аа±аллар эбит,--диэн кэлин хаста да санаан ылбыта. Ити о±ону улаатар суолун-ии´ин к³рµ²-исти² диэн улуус ба´ылыгар сорудах биэрдэ.
Итилэргэ уонна киэ´э £кс³кµлээх аатынан норуот театрыгар, сарсыныгар Дьохсо±о²²о А.Е.Кулаковскай аатынан оскуола±а, музейга, Чурапчыга «Маарыкчаан» культуура киинигэр улуус µ³рэххэ тэрилтэлэрин конференцияларыгар, Дири² культууратын киинигэр нэ´илиэнньэлиин к³рсµ´µµгэ, улуус дьа´алтатын дьиэтигэр республика бочуоттаах олохтоо±о А.А.Шадрин 80 саа´ын µбµлµ³йµгэр дьон тыл этиилэрин и´иттэ, ыйытыыларга хоруйдаата, сµбэ-ама биэрдэ.
Таатталар Михаил Ефимовичка Коммунистическай партия салалтата Саха интеллигенциятын национализ²а буруйдуур баттыгастаах уураа±ын к³тµттэрбитин, А.Е.Кулаковскай «Саха интеллигенциятыгар» суругун бэчээттэппитин, £кс³кµлээ±и норуот б³л³´µ³гµн та´ымыгар та´ааран, кини ³йµн-санаатын судаарыстыба политиката о²орбутун, Ойуунускай 100 саа´ын Юнеско та´ымынан, Парижка тиийэ бэлиэтэтэн, силигин ситэрэн, ол µбµлµ³йµн ы´ыа±ар Б.Н.Ельцины Ытык Кµ³лгэ а±алан µрдµк та´ымнаабытын бэлиэтээн тыл-³с б³±³нµ эттилэр, бар±а махталларын биллэрдилэр. Михаил Ефимович тиийэр сиригэр дьон-сэргэ киэргэммиттэрэ, сахалыы та²астарын та²нан, о±олорун киэргэтэн, басты²нарын ыллатан, хо´оон аахтаран к³рс³лл³р.
Оттон М.Е.Николаевы Чурапчылар Эдьигээ²²э к³´µµгэ сылдьар кэмнэригэр бииргэ µлэлэспитин, алтыспытын, ол кэннэ кинилэр оройуоннарыттан аан бастаан САССР Верховнай Сэбиэтигэр депутат буолан, президеннии сылдьан элбэхтик к³м³л³спµтµн бэлиэтээтилэр. Хас биирдии тыл эппит ки´и Михаил Ефимович этэ²²э сылдьарыгар, µлэтэ-хамна´а тахсарыгар, куруук кэлэ турарыгар ба±а санааларын тиэртилэр.
Бу айан быы´ыгар миэхэ сурунаалыска эрэ мээнэ тиксибэт баат тосхойдо!
Ытык Кµ³лгэ киэ´ээ²²и а´ылыкка а²ар ³ттµгэр µрдµк ура´алаах, немецтии муннуктардаах улахан бала±ан курдук «Далбар» национальнай куукуна дьиэтигэр к³мµлµ³к тигинээччи оттуллан турарын киирэн и´эн к³р³н, бары да олус µ³рэ тµстµбµт. Ити аттыгар ахсыа буолан биир остуолга олорон а´ыырбытыгар к³мµлµ³к уотун тыа´а тачыгырыырыттан, аспыт астыгыттан а´ыллан кэпсэттибит. Уубутугар-хаарбытыгар киирэн, уоппут с³±µрµйбµтµн ³йд³³б³кк³ хаалбыппыт. Ону Михаил Ефимович бэлиэтии охсон, уоту эбии оттон, ³сс³ кµ³дьµтэргэ к³рд³ст³.
--Аан дойдуга камин диэн сахалар к³мµлµ³кпµтµттэн тар±анна±а,--диир кини.
Бу дьиэ М.Е.Николаев, И.И.Тарбахов бы´аччы к³м³л³рµнэн тутуллубут, сµ´µ³±эр туруоруллубут. Ол и´ин да истиэ±э кинилэр бу дьиэ а´ыллыытыгар тыл этэ турар хаартыскалара ыйаммыт. М.Е.Николаевтыын В.А.Штыров кэлэ сылдьан коллективы кытта тµспµт хаартыскалара эмиэ баар.
--Э´иги дьоппуоннар курдук эбиккит,--диибин мин.
--Хайдах?
--Япония±а рестораннарга сылдьыбыт биллиилээх дьон хаартыскаларын ыйаабыт буолаллар. Оттон сумоист сылдьыбыт буолла±ына, хаартыскатын аттыгар: «Маннык остуол эрэ нэ´иилэ уйарынан аска, и´иттээххэ топпот, олоппос эрэ мээнэ уйбат ки´итэ би´иэхэ кэлэн астына а´аан, кµµс-уох ылан барааччы»,--диэн олорбут миэстэтин кµрµ³лээбит буолаллар.
--Би´иги быйыл саха а´ын аар-саарга аатырдыбыт Иннокентий Тарбаахап 65 саа´ын туоларынан, Таатта±а т³р³³бµт сиригэр µбµлµ³йµн бэлиэтииргэ, кинигэтин та´аартарарга, кини аатынан гостиницалаах, µс мэндиэмэннээх ресторан туттарарга кµµскэ µлэлэ´э сылдьабыт,--диэн киэн тутта былаанын били´иннэрэр улуус ба´ылыга, мин СГУ-гар бииргэ саха тылын салаатыгар бииргэ µ³рэммит до±орум Михаил Александрович Протодьяконов.
Салгыы Михаил Ефимович улам а´ыллан, араас дойдуларга улахан сололоохтору кытта хайдах к³рсµбµтµн, туох боппуруостары хайдах туруорсубутун, бы´аарсыбытын а´ыллан кэпсээтэ. (Ол бэйэтэ туспа суруйуу буолуон с³п).
Миэхэ (И.У.) киэ´э ³сс³ улахан долгутуулаах тµгэн µ³скээтэ, силигин ситэрэн, мин Михаил Ефимовичтыын массыынатыгар олорсон барсан, биир дьиэ±э, иккиэ эрэ буолан хонор буоллубут. Бастаан куукуна±а атах тэпсэн олорон, чэйдии-чэйдии 12-с чыы´ыла тµµнµгэр 12 чаас аа´ыар диэри утуйбакка, салгыы биир хоско чугас-чугас ороннорго хоно сытан сэ´эргэстибит. (тугун дьиибэтэй? Били то±оостоох тµгэммит бу буолла ээ: Бу олунньу 13-´э-- бээтинсэ±э, толору ыйдаах тµµн буолуутугар тµбэстэ. М.Е.Николаев СР-гар президеннии олорон та´аарбыт дьа´алынан Ийэ тыл быраа´ынньыгын µµнэр кµнµттэн сарсыардатыгар диэри, ³рк³н ³йд³³хт³р, илбистээх тыллаахтар, улахан оло²хо´уттар, ойууттар, суруйааччылар уутуйан µ³скээбит, талыы талааннаахтар талба Таатталарыгар эксклюзивнай интервьюбун ыллым).
«Биллибэт дьиктилэр» диэн кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн сытыарбытым балайда буолла. Онно «Айыл±а дьайыылара? Айдарыы? £т³ к³рµµ? Этитии? Туох к³м³л³´³р?--уо.д.а. ыйытыыларга –сахаларга: б³лµ´µ³ктэргэ, политиктарга (Сэ´эн Ардьакыап, М.Е.Николаев), кµµстээхтэргэ, спортка (Кµµстээх Уйбаан, Н.Н.Тарскай, Д.П.Коркин, Т.А.Пинегин, Р.М.Дмитриев, П.П.Пинигин), бултка, айар µлэ´иттэргэ (£кс³кµлээх, Ойуунускай), булугас сытыы ³йд³³хт³рг³ (Наара Суох), араас бы´ылааннарга (ба´аарга, саахалга) тµбэспит дьон эмискэ кµµ´µрэн кыайбаттарын кыайар буолбуттарыгар араас дьиктилэр баалларын суруйбутум. Ол кинигэ±э Михаил Николаевы бэйэтин кытта кэпсэтииттэн ситэрэр санаалаа±ым. Былырыын Индия±а Эдьиий Дораны кытта сылдьан, сахалардыын Далай Ламалыын к³рсµ´µµбµт кэнниттэн кэлэн и´эн, Москва±а М.Е.Николаевы Совет Федерация дьиэтигэр кабинетыгар сылдьан эппитим. Онуоха: «Итинник тиэмэ±э бэлэмнэниэххэ наада уонна онно сэ´эргэ´эргэ с³пт³³х сири, то±оостоох кэми булуохха наада, холобура Таатта±а дуу, ханна дуу?» диэбитэ. Оо, дьэ, оннук тµгэн тµбэспэккэ хаалара дуу, диэн сэрэхэдьийэ санаабытым. Ол эрээри аккаастаммата±ын и´ин кини санаата да толорооччу диэн эрэ²кэдьийбитим. £кт³м²³ к³рс³н: --Аныгыскы нэдиэлэ±э Таатта±а бараары сылдьабын,--диэбиппэр сахалыы на´аа µчµгэйдик сэ²ээрбитэ:--Ити ба-ар, оттон ол кэм²э оруобуна би´иги эмиэ бараары сылдьабыт ээ. --Хата, диэ, былырыын «Таатта±а кэпсэтиэххэ с³п этэ»,--диэбиттээ±и² дии.--£йдµµбµн, ³йдµµбµн. --Оччо±о Таатта±а,--диэбиппэр кэ±и²нээн баран илии тутуспута. Дьэ, ол туолла(!) Эксклюзивнай сэ´эргэ´иибин сор±отун сотору «Орто Дойду Сонуннара» ха´ыаппар эрэ (бэлиэтээ´иннэри бµтэрбитим кэннэ) аа±ыаххыт. Биир дьиктитэ диэн ийэ тыл быраа´ынньыгын сарсыардатыгар Дмитриан Поповка ананан тутуллубут чочуобуна±а сырыттыбыт. Дмитриан сахалыы тылдьыты, малыыппалары аа±ыыны о²ортообутугар, Э.К.Пекарскайга улахан µлэтигэр к³м³л³спµтµгэр махтана сµгµрµйдµбµт.
Аны ити кэнниттэн тута Ойуунускай дойдутугар бµтэ´ик сырыытыттан баран и´эн, бырастыыла´ар курдук тыл этэн ааспыт сирин аттыгар «О±о куйуурдуу турар» айымньытыгар туруоруллубут бааматынньыкка тохтоон ыллыбыт. Уол µ³´ээ астына хантайан, куйуурун ма²кытын туох эрэ искусство улахан музыкальнай инструмена о²остон дьикти айымньыны бар дьонугар бэлэхтээбититтэн долгуйан, астынан турар курдук туттубут гына о²о´уллубут.
Ханна да тиий, Михаил Ефимови´ы сµ´µ³хтэригэр туран уруйунан-айхалынан к³рс³лл³р. Оттон киниэхэ тыл бэриллэрин биллэрдэллэр эрэ мустубут дьон ³р у±араабакка, дохсун ытыс тыа´ынан трибуна±а тахсарын до±у´уоллууллар. Улуус-улуус арыый уратылаах. Таатталар ³р холкутук туран та´ыналлар, оттон чурапчылар эмискэ ы´ыылаахтык, ньиргитиилээхтик та´ынан баран, ³сс³: «Ураа!» дэ´эллэр. М.Е.Николаев микрофон аттыгар тиийэн уоскуйалларын кэтэ´эр. Сыыйа уу чуумпу сатыылыыр. Мэктиэтигэр ким да тыыммат, хамсаабат курдук буолтун кэннэ, Михил Ефимович чочумча тура тµ´эн баран, «Кµндµтµк саныыр Тааттам (Чурапчым) дьоно» диэн этииттэн са±алаан, Ийэ тыл улахан быраа´ынньыгынан э±эрдэлиир.
Норуот М.Е.Николаевы ³р суохтаабыт, олус ахтыбыт буолан ыытан биэриэн ба±арбат. Дьон коллективынан да, биир-биир да, ыйыта, хаартыска±а тµ´э сатыыллар.
Михаил Ефимович хас биирдии ки´иэхэ ытыктабыллаахтык сы´ыанна´ан бол±ойон истэ, ыйытыктарыгар си´илии хоруйдуу сатыыр. Инньэ гынан субуота±а сарсыарда 8 чааска Москва±а к³тµ³хтээх ки´и (ол аата аэропортка эрдэ киириэн наада) бээтинсэ киэ´э хойукка диэри Чурапчыга сырытта. £сс³ мантан тиийэн баран, э´иги туруорсууларгытын республика салалтатын кытта быыс булан кэпсэтиэм диэтэ эбээт. (Хайаан да тылыгар турара чуолкай. Ол эрээри ха´ан быыс булар?) Норуот да, М.Е.Николаев да, чахчы бэйэ-бэйэлэрин к³рсµ´µµлэртэн олус астыннылар-дуо´уйдулар.
Михаил Ефимович т³´³ да ки´и эрэ сылайыан курдук сынньаммакка сылдьыбытын и´ин, норуотун ытык сирдэрин к³рс³н кµµс ылла. Дьэ, ханнык хайысхалар, туох диэн этиилэри о²ордо? Тугу сэ²ээрдэ? Туохтан хомойдо? Туохтан µ³рдэ?
Бас билиинэн тирэх ылбыппыт
Чурапчыга этииттэн: «Бу мааны дьиэ и´игэр мин 1992 сыллаахха Егор Тимурович Гайдары а±аламмын, манна тµµн 12-гэ диэри мунньахтаан, нэ´илиэнньэни кытта кэпсэтэн, сµрµн ис хо´ооно Республика баайдаах буолуохтаах, ол баайын норуот бас билиэхтээх диэн боппуруоска Россия президенин Борис Ельцины кытта тыырсан олорбут докумуоммутун илэ хараххынан к³р диэн манна а±алан э´игини кытта к³рµ´µннэрэн турардаахпын. Ба±ар сылдьыбыт дьон ³йдµµргµт буолуо. Ити кэнниттэн сэтинньи ыйга, ити дьыл ити улахан докуме²²а Россия президенэ илии баттаабыта. Онтон ылата саха бы´ыытынан бэйэтэ баайдаах, сирдээх - уоттаах, а²ардас республика бэйэтин аатын эрэ билбэккэ улахан, кыахтаах республика бы´ыытынан биллэн µлэтин-хамна´ын эрэллээхтик ыыппыта».
А±ыйах ахсаанынан
М.Е.Николаев Саха конгре´ыгар: «2050 сылга биир м³лµйµ³н буолуо±у²»,- диэн ы²ырыы тылы эппитэ. Бу сырыыга хас к³рсµ´µµ аайы нэ´илиэнньэ ахсаана Арассыыйа µрдµнэн а±ыйыыра кинини улаханнык долгутарын хаста да то´о±олоон бэлиэтээтэ. «Мин этиэм этэ, бµгµ²²µ боппуруоскут олох тыын боппуруос. Икки сыллаа±ыта Россия президенэ Россия±а демографическай политика концепциятын бигэргэппитэ. Би´иги улуу держава бы´ыытынан дойдуга кыайан биллэр кыахпыт суох. £ск³ нэ´илиэнньэбит ахсаана аччыы турда±ына, доруобуйабыт сатарыйа турда±ына, эйэлээх кэм²э 1-1,5 м³л. сыл аайы ³л³ турда±ына, ха´ан да±аны биллиилээх держава бы´ыытынан биллиэхпит да±аны суо±а. Би´иги нэ´илиэнньэбит Россия µрдµнэн 1993 сылтан ылата 15-16 сыл тухары наар аччыы турар. Саха эр ки´итин олох олорор орто саа´а 59 сылга тэ². Би´иги былыр былыргыттан у´ун µйэлээх омук ахсааныгар киирсэр этибит ээ. Онон µйэбит у´уурун ту´угар сорук ылынан олох олоруо±у². Ки´и µйэтэ доруобуйатыттан тутулуктаах. Би´иги спордунан дьарыктаныахтаахпыт. Таатта духовность киинэ буолан саха сиригэр ол ³йµ-санааны тар±аттын. Оттон Чурапчылар эти-сиини чи²этэр киин буолан дьо²²утугар-сэргэ±итигэр холобур буолу². Мин иккитэ э´иги Кытаанах диэн нэ´илиэккитигэр Виктор Петровичтыын сылдьан, хонон, дьон µлэтин-хамна´ын кытта билсэн турардаахпыт. Э´иэхэ ки´ини сайыннарар, у´угуннарар опыт баар ээ. Кытаанахтар хайы´ары ба´ылаабыттара ыраатта. Ону теплотрасса µрдµгэр хайы´ардыыр хахха о²орон ситиспиттэрэ. Нэ´илиэнньэни кытта хайдах µлэлиэххэ с³бµй, миэхэ оччотоо±у ба´ылык кэпсииринэн нэ´илиэнньэ 70%-на дарыктаналлар этэ. Бу бэртээхэй к³рд³рµµ, бэртээхэй сити´ии. Э´иги биир усулуобуйа±а олоро±ут. Ити мин санаабар олоххо киирбитэ, итинник маассабай дьон у´уйан туран доруобуйатын к³р³р³ биир ки´иттэн дии саныыбын. Ба´ылык – энтузиаст. Мин икки ыарыылаахпын диир, кµ´µнµгэр хайы´ардьыппын, саа´ыгар кусчуппун диир. Э´иги элбэ±и мунньахтаама². Кытаанах опытын Чурапчы улуу´ун бары нэ´илиэктэригэр кииллэри², оччо±о, туох да±аны улахан айдаана, кэпсэтиитэ суох у´ун µйэлээх, доруобай дьонноох Чурапчы улуу´а буолуо этигит. Дьэ, ити мунньахпыт сµрµн ис хо´ооно буолар. Мин санаабар э´иги а²аардас о±о спордун, доруобуйатын к³рµ³ххэ дииргит арыый тутах со±ус. Кини ки´и буоларыгар иитиллэр ийэтин-а±атын бы´ыытыгар-майгытыгар, а±ата, ийэтэ оло±ун обра´ыгар иитиллэр. £ск³ ийэтэ-а±ата итиннэ тардыспат буоллахтарына а²ардас тылынан о±ону угуйбаккын, о±ону ииппэккин. Тµбэспиччэ буолбатах, былыргы саха о±ото 14 саа´ыгар а±ата µлэлиир µлэтин туох баарын барытын о²орор кыахтанар этэ. Барытын билэр. Онтон били²²и а±алар бэйэлэрэ да±аны µлэни сатаабаттар, бэйэлэрэ да±аны µлэттэн куота сатыыллар, уонна о±олорун сымыйанан µлэлээ диэн µ³рэтэ сатыыллар. Онон ийэ, а±а холобура, ыалга о±о иитиитэ, эт-сиин ³ттµнэн сайдыыта бу тыын боппуруос буолар. Онон мин э´игиттэн к³рд³´µ³м этэ, бµгµ²²µ докумуо²²утугар ыал, кэргэн барыта ол у´ун µйэлээх, туйгун доруобуйалаах, спортивнай характердаах, оло±ун образтарын сайыннаран и´эрин сити´эргитигэр. О±о миэстэтэ, о±о оруола, т³р³ппµттэрин миэстэлэрэ. Итини к³±µлµµр бала´ыанньалары бииргэ к³р³н, ырытан бииргэ µлэлиэххэ наада. Икки´инэн, биллэн турар материальнай база наада. Кытаанахтар мындыр ³йд³³хт³р³ теплотрассаларыгар манеж о²ороннор. Ити улуускут ба´ылыгыттан ыйытабын, кµн бµгµ²²э диэри онно хайы´ардыыллар диир. Атын нэ´илиэктэртэн тиийэ кэлэн хайы´ардыыллар диир. Канада±а Оттава куорат столицаларыгар 7 км усталаах канал баар. Ол канал µрдµнэн кы´ы²²ы ³ттµгэр тиириллэн турар, сайын хомуллар, временнай каркас тардан кэби´эллэр. 7 км! Уонна ол каналлара ха²кы катогун тэрийэллэр. Маассабай спортка сыстыы оннук тэриллэр. Э´иги манньалыы-манньалыы кµрэхтэ´иннэр да кµрэхтэ´иннэр буола±ыт. Э´иги билигин балай да син сайдыбыт бириэмэ±итигэр кµ³лгµтµгэр итинник хомуллар та²а´ы атыыла´ан бара²²ыт тиирэн кэби´и². Улаханнык ититэ сатыыр наадата суох, ки´и бэйэтин тыына ититиэ буолла±а. Эбэтэр газовай µчµгэй ба±айы горелкалар бааллар ээ, оннуктары туруортаан кэби´и². Улахан ороскуота суох. Э´иэхэ хайаан да спортзал баар буолуохтаах, улахан, ыарахан сыаналаах. Онон аныгы дьон ³йг³-санаа±а, аныгы аан дойду дьонноро хайдах тутталларын, базаларын хайдах тэринэллэрин к³рµ³ххэ, µтµктэ µ³рэниэххэ.
Материальнай база финансовай ресурсаны элбэ±и к³рдµµр, ол кыаллыбат. Мин санаабар хас биирдии оскуола, µ³рэх системата фонда тэриниэхтээх. Ити АХШ туох да±аны сµрдээх баай государство (а²ардас бюджеттара 1,5 трлн. доллар) итини 30 солкуобайга биир доллары т³гµллээтэххитинэ т³´³ µптээх-астаах дойду эбитий диэхпит. Би´иги бюджеппыт (Россия гиэнэ) быйын 10,5 трлн. солк., итини 30-ка µллэрдэххитинэ хас буоларый? Тэ²нээн к³рµ². Оннук кыахтаах государство. Ол эрэн хас биирдии оскуолата, хас биирдии университета бэйэтэ анал фондалаах. Ол фондалара µксµн кинилэр выпукниктара, онно µ³рэммит о±олор киллэрэр µптэриттэн о²о´уллар. Чурапчы дьоно республика бары улуустарыгар дьонноох буолуохтааххыт. Иитиллэр иэстээх диэн саха ³´µн хо´ооно баар.
Ити биирэ, икки´инэн, ити Та²ара дьиэтин мин куруук к³р³бµн, Алексий второй ³лбµтµгэр кини 18 сыл урут би´иги православиебытын салайбыт бириэмэтигэр т³´³л³³х ты´ыынчанан Та²ара дьиэлэрэ, манастыырдар тутуллан, итини биир да±аны государство µбµлээбэккэ, пожертвованиениенан тутуллубуттара. Элбэх µп хамнаабыт бириэмэтэ. Ити православиелар хайдах харчыны хомуйалларын э´иги эмиэ билэ±ит. ¥чµгэй ба±айы тыл буолбат дуо – пожертвование. Ис ыраас дуу´алаах ки´и итини о²оруохтаах. Ити эмиэ иитэр суолтата, ки´и майгыта тапсарыгар эмиэ к³м³л³´³р. Ки´и ³йµгэр куруук «мин к³м³л³´µ³хтээхпин» диэн санаа баар, ону у´угуннара сатыахха наада. Мин иитиллибитим, мин иэстээхпин диэн - ки´иэхэ, аймахтарыгар, дьонноругар, дойдутугар. Бу а±ыйах хонуктаа±ыта АХШ-гар урукку президенэ Билл Клинтон кинигэ та´аарбыта, переводтанан билигин Россия±а тар±аныа. Ол кинигэ аата «Жить отдавая» диэн. Онно америка±а итинник фондалар хайдах тэриллибиттэрэ, хайдах µлэлииллэрэ, туох механизмнаахтара барыта µчµгэй ба±айытык сурулла сылдьар. Интернетынан була²²ыт ити кинигэни аа±ы², ³йдµ³ххµт. Сайдыылаах дойдуларга а²аардас илиилэрин эрэ ууна сылдьыбаттар, араас волонтердар, бэйэлэрин ба±аларынан ту´алыы, к³м³л³´³ сатыыр дьон элбээн сайдыылара ха²ыы турар. Араас интэриэ´инэй, мындыр ба±айы механизмнар µлэлииллэрин ту´унан билэ сатыахха наада. АХШ-гар 1 м³л.-тэн тахса фонда баар. ¥чµгэй буолбатах дуо? Мин билэрбинэн Саха сиригэр 3 фонда баар: «Бар±арыы», «Дети Саха-Азии» уонна фонд «Будущих поколений». Ити 15-тии сыл µлэлээбит фондалар. Итинник фондалары хас улуус аайы тэрийэр ки´и туох эмит тахсыа этэ. Ону о²оруохха с³п. Тэрийиэххэ наада. Дьэ ол фонда оскуола материальнай базатын сайыннарыыга, спортивнай инвентарь атыыла´ыытыгар µлэлиэ этэ, сµдµ к³м³л³³х буолуо этэ. Ити эмиэ бµгµ²²µ кэпсэтии тµмµгµнэн, уураахпытыгар дуу, ханна эмэ итинниктэри са±алыаххайы² диэн этиибин киллэри². Ити £кт³м лицейигэр 3 сыллаа±ыта икки фонданы тэрийбиппит, урут бµтэрбит выпускниктар фондалара диэн, биирэ талааннаах о±олору сайыннарыы «фонд одаренных детей» диэн. Ити µлэлээтэххэ-хамнаатахха, сµµрдэххэ-к³тт³хх³ тэриллиэн с³п уонна ол оскуола тупсуутугар, о±о сайдыытыгар к³м³л³´µ³н с³п этэ. Итинник холобурдары э´иги эмиэ баты´ыа этигит. Дьэ, оччо±уна би´иги республикабыт арыый да±аны кыахтаахтык сал±аан сайдыа этэ. Ити к³м³ бы´ыытынан туттуллар µптэри хайдах хомуйуохха с³бµн э´иэхэ кэпсээтим. Бµтэ´икпэр бу манна физкультура институтун проректора хаста да±аны Кытай уопутун, ³с хо´оонун санатта би´иэхэ. Ити чахчы баар. Кытайга би´иги сахалар а²аардас атыыла´а эрэ буолбакка µ³рэнэ барыахтаахпыт. Кытай бµтэ´ик 30 сылга сайдыбыт т³рµ³тэ тыа сириттэн са±аламмыта. 1979 сыллаахха реформаны са±алыырыгар Дэн Сяопин норуотугар маннык эппитэ: «Мин кытай буоламмын э´иэхэ биэрэрим туох да суох. Былааска олорорум бы´ыытынан мин э´иэхэ 49 сылга сири биэрэбин» диэн. Босхо сири биэрэбин диэн. Бу сиргэ э´иги бэйэ±ит-бэйэ±итин к³рµнµ², бу сиргэ олорон э´иги дьо²²утун а´атын, дойдугутун а´атын. Кыа±ырдаххытына аан дойдуга бородууксуйа±ытын атыылаа². Ити этииттэн Кытай били²²и сайдыыта са±аламмыта. Билигин кризис бириэмэтигэр мировой экономика практически сайдар кыа±а суох. Россия эмиэ кµµ´µрµ³ суо±а, к³рд³рµµтэ ³сс³ тµ´µ³ дииллэр. Ол бириэмэтигэр Кытай экономиката сыл аайы ортотунан 9-10 % µµммµт буолла±ына быйылгы ыарахан сылга кини 7-8% µµнµ³±э. Мин а±ыйах хонуктаа±ыта Кытайга сылдьыбытым, тохсунньу ыйга. Кинилэр кэпсээннэринэн, аан дойдуга кризис буолбутунан сибээстээн, тас дойдуга атыылыыр табаардара барара аччаан, тыа сиригэр о²орор бородууксуйаларын улаатыннаран биэрбиттэр. Холобура, фотоаппарат 200 доллар буолла±ына би´иги нэ´илиэнньэбит кыайан атыыла´ар кыа±а суох, ону би´иги 40 долларга атыылыыбыт, бу разницатын би´иги золото-валютнай резервэбитинэн тыа±а олорор бу о²о´угу о²орбут хампаанньа±а т³лµµбµт. Онон ситиспит темпэлэрин тµ´эрбэт ту´угар µлэлииллэр эбит. Иккис тµгэнинэн Кытайы кризис дьайыытыттан быы´аа´ына тыа сирин ырыынага эбит. Тыа сиригэр ырыынагы сайыннарыы, промышленность н³²µ³. Муударай политика буолбат дуо? Онон, быйылгыттан са±алаан Саха сирин тыатын ха´аайыстыбата тыа сиригэр промышленно´ы сайыннарыыга ба´ылыыр оруолу ылыахтаах. Билигин тыа сиригэр µлэтэ суох ки´и элбэх буолан µлэ´ит кµµс баар, икки´инэн, тыа±а о²о´уллар бородууксуйа отдачата тµргэн буолуо±а. Онон Кытайга сылдьы², Кытайтан µ³рэни², Кытайы µ³рэтэ сатаама², µ³рэни², Кытайга бары², Кытайга баран µлэлээ². О²орбут бородууксуйа±ытын, µµккµтµн-аскытын атыылаа², харчыгытын манна а±алы². Чурапчы дьоно элбэх эрэйдээх-мускуурдаах олоххо олорбуттара. Э´иги олох ыарахаттарын билэ±ит. Били²²и µйэ±э мин санаабар э´иэхэ кырата суох к³м³ да±аны о²о´уллар, элбэх уларыйыылар бааллар. Онон туруула´ы², олоххутун бэйэ±ит о²осторго ³йгµтµн-санаа±ытын сынньы², бы´аарыыта тобулан, ону ылынан, сорук туруорунан µлэлээ²-хамсаа², сµµрµ²-к³тµ². Дьоллоох-саргылаах оло±у у´ансы²!», диэтэ.