Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, томороон тымныыны аахсыбакка В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуола учууталлара Өктөм сиригэр ыалдьыттаатылар. Сарсыарда өттүгэр Хаҥалас улууһун бастакы оскуолатын музейыгар сылдьан, бу улууска үөрэхтээһин бастаан хайдах тэриллибитин, Өктөм сирин баай историятын кытта билистилэр. Онтон Николаев Центрга кэлэн Саха сирин бүттүннүүтүн сайдыытын историятын туһунан билсэн, иккис этээскэ Саҥа сувереннай республиканы биир дойдулаахтарбыт хайдах туруулаһан, урусхаллаах кэмҥэ дьон-норуот олоҕо сайдарын туһугар улахан айымньылаах үлэни ыыппыттарын туһунан билистилэр, сөҕөн-махтайан бардылар. Экскурсия кэнниттэн тахсан иһэр дьонтон: "Саха буоларбыттан киэн туттан таҕыстым" - диэн саҥа иһилиннэ.
Сардаана Петрова: "Саха омук дьолугар төрөөбүт тумус туттар киһибит, Михаил Ефимович Николаев, хайдахтаах курдук дириҥ толкуйунан, киэҥ көрүүтүнэн, сатабыллаах салайыытынан Саҥа Саха Сирэ дьулуурдаахтык, бигэтик сайдыы суолун тутуһан, киһи-аймах историятыгар САХА СИРЭ диэн дорҕоонноохтук ааттанар, төрөөбүт дойдубунан, саха буоларбынан киэн тутуннум,! Баараҕай үлэттэн сөрү диэн сөхтүм, сүгүрүйдүм, кыра да буоллар кылааппын киллэрэрбиттэн киэн тутуннум! Махтал буоллун Николаев - Центр айымньылаах үлэһиттэригэр! Өссө да дойдугут, норуоккут туһугар айыҥ-тутуҥ!!!".
Николаев - Киин саҥа сылга экскурсионнай үлэтин саҕалаата. Кэлиҥ, сылдьыҥ, интириэһиргээҥ!