Новости

Фестиваль «Дидактические игры в шахматном образовании детей дошкольного и младшего школьного возраста»

Иванова Анастасия Егоровна, Өктөмнөөҕү үөрэх уонна билим киинин “Мичээр” оҕо уһуйаанын иитээччитэ:

“2006 сыллаахтан коллегабын кытта Александра Власьевналыын оҕолорго саахыматы үөрэтиини саҕалаабыппыт. Онно саахыматы баҕалаах эрэ оҕолорго ыытар этибит. 2011 сыллаахха биэс сыллаах үлэбит түмүгүнэн электроннай посуобуйа таһаарбыппыт. 2010 сылтан биһиги уһуйааммыт республика үрдүнэн сахаамыты үөрэтэр тирэх уһуйаан буолбута. Ол сылтан оҕолорго анаан республиканскай турнирдары ыыппыппыт. Сахабыт сирин араас улуустарыттан кэлэн кыттыыны ылаллара. Аҥардас турнир эрэ буолбакка, араас күрэхтэр эмиэ буолаллара, холобур, “Шахматная принцесса”, “Шахматные поделки”. Бу сылтан саахыматы үөрэтиини бөлөхтөргө киллэрбиппит. Иитээччилэрбит И.Г. Сухин кууруһугар үөрэммиттэрэ. Бөлөх аайы саахымат истиэндэлэрэ, дуоскалара ылыллыбыттара. 2018 сыллаахха ааптарскай методикабытын түмэн “Шахматы - детям” диэн 5-6 саастаах оҕолорго анаан хомуурунньукпутун таһаарбыппыт. Биһиги үксүн И.Г. Сухин методикатыгар олоҕурабыт, эбии бэйэбит ааптарскай оонньууларбытын киллэрбиппит Оҕолорбут уһуйааны бүтэрэн баран салҕыы Өктөм лицейигэр эбии дьарыктананнар үгүс ситиһиилээхтэр.”

Акопян Наталья Александровна, заведующая ЦРР детский сад №57 “Одуванчик” г. Нерюнгри:

“Сегодня наша делегация присутствует в замечательном мероприятии. Хотели бы поблагодарить Академию детства им.Т.С. Комаровой, Степанову О.Н., руководителя детского сада “Прометейчик” за то, что нас пригласили на это мероприятие. В проекте “Шахматы - детям” мы участвуем с 2015 года и сегодня мы очень рады видеть коллег, посмотреть на то, как работают другие, представить свой опыт. В нашем детском саду шахматы внедрены в образовательную программу детского сада, как вариативная часть учебного плана, т.е. обязательное занятие для дошкольников старшей группы, и также как часть дополнительного образования для детей, которые, показывают уже выдающиеся способности. Они имеют возможность заниматься шахматами на бесплатной основе. Также организована шахматная студия на внебюджетной основе. Охват у нас большой, более 200 детей занимаются шахматами. Все дети заинтересованы. В реализации данного проекта большую помощь оказывают: Малая Академия наук Республики Саха (Якутия), Степанова О.Н. лично сама курирует этот проект. У нас уже есть первые маленькие чемпионы. Продолжают занятие уже в школах”

Скрыбыкина Марианна Михайловна, Покровскай куорат “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитээччитэ:

“2012 сыллаахха И.Г. Сухин Хаҥалас улууһугар саахымакка оҕолору үөрэтэргэ анаан уһуйааччыларга куурус ыыппыта. Ол ньыманан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Билигин уһуйааммар саахымат куруһуогун ыытабын. Куруһуокпар 56 оҕо дьарыктанар. Оҕолор саахыматы өйдүүллэригэр, кэрэни кэрэхсииллэригэр анаан араас дидактическай оонньуулары толкуйдуубун. Ол толкуйбун олоххо киллэрэргэ төрөппүттэр күүс-көмө буолаллар. Тарбахтарыгар талааннаах төрөппүттэри тута бэлиэтии көрөн, анал бөлөх арыйабын “Творческая мастерская родителей”. Холобура, “Олоҥхо дойдута”диэн саахыматы оҥорбуттара, өссө бэлэм саахыматы хохломанан киэргэппиттэрэ. Бэйэм иллэҥ кэммэр квиллингынан дьарыгырабын, ол ньыманы туһанан саахымат фигураларын оҥорбутум. Фигуралара – итии дойду кыыллара уонна Саха сирин кыыллара. Ону тэҥэ туһаныллыбыт матырыйааллары бөххө бырахпакка, төттөрүтүн иккис тыыннаан оонньуу оҥоробун. Холобур, “Чей след?” диэн фигура хаамыытын үөрэтэр хаппахтарынан оҥоһуллубут оонньуу.”

Поделиться в соцсетях: