" Чулуу киhиэхэ " Михаил Ефимович Николаевка анаан Алын сүһүөх учуутала Инга Саввична Константинова анабыл хоһооно. Горнай улууһа, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата.
Улуу Лена урсунун
Унаар Эркээни хочотун
Ураты кэрэ көстүүлээх,
Уулаах Аантан тардыылаах,
Улуу Киhибит төрүттээх.
Ураты уустук дьылҕалаах
Уhаарыллан, уhуйуллан,
Улааппыта улахан киhи буола
Улуу норуот чулуу уола.
Уустук кэмнэри уӊуордаан,
Укулаат уурбута дойдуга,
Ула5ата биллибэт өӊөтө,
Умнуллуо суоҕа үйэлэргэ.
Сахабыт сирэ сайдарыгар
Сүүнэ элбэх үлэни
Сүүрэн-көтөн тэрийсэн,
Сирдээбитэ, салайбыта.
Кэлэр кэнчээри ыччакка
Кэрэни эрэ са5ара,
Кэрэ эйгэ5э куустара
Күлүм күнү хааллара.
Ырыа алыптаах ыллыгар
Ыӊырбыта ыччаты,
Ырыаhыт чыычаах тойугар,
Ылларбыта барыбытын.
Муусука эйгэтин суолталаан
Мунчаарбыты саататан,
Муос хомустан саҕалаан
Маастар буола сайыннарда.
Киистэ алыптаах суолларын
Куруhубалыы субуйан,
Киhини эрэ барытын
Көҕүйбүтэ уруhуйга.
Оҕо тобулла5ас толкуйун
Тобулбута саахымакка,
Оҕо өркөн өйүн-билиитин
Чинчийэр үлэҕэ үүннэрбитэ.
Чөл, бигэ туруктаах
Чиӊ норуот буоларга
Чөл оло5у туруорсан,
Чэгиэн суолга салайбыта.
Тэӊ сиэрдээх аныгы олоҕу
Төрүт үгэhи тутуhан
Төрүттээбитэ биhиэхэ
Түүр омук оонньуутун.
Сахабыт сирэ сандааран тупсарыгар
Сахабыт тыла симэлийэ сүппэтигэр,
Сайдыы тирэх суолун арыйбыт
Сүдү киэн туттар киhибитигэр
Сахабыт чулуу уолугар
Сиргэ тиийэ махтанабыт!