Новости

​МАТВЕЙ МУЧИН: “НИКОЛАЕВ БЭЛИИТИКЭТЭ ҮӨРЭҔИРИИНИ ӨРӨ ТУППУТА”

МАТВЕЙ МУЧИН: “НИКОЛАЕВ БЭЛИИТИКЭТЭ ҮӨРЭҔИРИИНИ ӨРӨ ТУППУТА”

Сахабыт сирэ балтараа үйэ анараа өттүгэр сурук диэни билбэт этэ, ол туһунан А.Е. Кулаковскай курутуйан туран билинэрэ, “сахаларга үөрэхтээх дьон ахсаана соххор дьон ахсааныттан аҕыйах” диэн. Уонна туран үйэлэр силбэһиилэригэр аан дойдуну соһутан турабыт – үөрэхтээхпитинэн, үөрүнньэҥмитинэн, тыйыс усулуобуйаҕа айылҕаны кытта дьүөрэлэһэ олорор дьоҕурбутунан. Ол эрэн, бу турукка эмискэ биир күн иһигэр кэлбэтэхпит – үтүмэн үйэлэр тухары Дыгынтан саҕалаан хас да көлүөнэ өбүгэлэрбит биһиги хотугу кыраайбытыгар судаарыстыбаннас үөскүүрүн туһугар үтүмэн үлэни ыыппыттара. Бу баҕа санаа илэ буоларын туһугар дойдубут элбэх түһүмэхтэри ааспыта, ол түмүгэр ХХ үйэ бүтүүтэ, 90-с сылларга Михаил Ефимович Николаев салалтатынан судаарыстыбаннаспыт дьиҥнээх омооно көстүбүтэ.

Михаил Николаев хорсун санаата сөхтөрөр: өссө ССРС кэмигэр, 1990 сыл ыам ыйыгар, РСФСР дьокутааттарын 1-кы сийиэһигэр автономнай өрөспүүбүлүкэлэр статустарын уларытан, дьиҥнээх тэҥ бырааптаах национальнай-территориальнай структуралары тэрийии туһунан тыл эппитэ. 1991 сыл муус устар 5 күнүгэр ыҥырыллыбыт III сийиэскэ бу толкуйун салгыы сайыннаран, Арассыыйа судаарыстыбатын дьылҕатын күчүмэҕэй, уустук кэрчигэр Саха сирэ дойду арахсыбат чааһынан ааҕынарын уонна Арассыыйа Федерациятыгар тэҥ бырааптаах сувереннай өрөспүүбүлүкэ буолуон баҕарарын биллэрбитэ. Саха сирэ атын өрөспүүбүлүкэлэри кытта тэҥҥэ Сойуус Дуогабарын субъега буолар туһунан илии баттаһар туһунан санаатын биллэрэр. Саха сирэ маннык сыһыаны ирдиир толору бырааптаах, тоҕо диэтэххэ, бөдөҥ национальнай судаарыстыбаннай тэриллии буолан туран, кэккэ өрөспүүбүлүкэлэрдээҕэр оҥорон таһаарар баайа, национальнай дохуота үрдүк, ону тэҥэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын 4% эрэ дьаһанар бырааптаах этэ. Онон биһиги маннык сыһыаны салгыы тулуйар кыахпыт суох!!! Киһи бу курдук баламат тыллары Арассыыйа муҥутуур үрдүк мунньаҕар аһаҕастык этэригэр олус хорсун, бэйэ кырдьыгар олус күүстээх итэҕэллээх, дойду кэлэр бэлиитикэтин өтө көрөр дьоҕурдаах буолуох тустаах. Бу түгэн Саха сиригэр эрдэ көстүбэтэх, саҥа оҥоһуулаах салайааччы баар буолбутун көрдөрбүтэ. Бу мээнэ тыастаах тыллар буолбатахтарын өрөспүүбүлүкэҕэ саҕаламмыт дьыалалар мэктиэлээбиттэрэ – М.Е. Николаев саҥа, аныгы демократическай Саха сирин төрүттээччитэ, ааптара буоларын көрдөрбүттэрэ. 1990 сыллартан саҕалаан кини мындыр, өтө көрүүлээх, чопчу түһүмэхтэрдээх, өрөспүүбүлүкэни үөһээ дабатар бэлиитикэни ыытан барбыта.

Бастатан туран, Ефимович Саха АССР Үрдүкү Михаил Сэбиэтигэр Судаарыстыбаннай суверенитет Деларациятын, саҥа Конституцияны, “ЯкутскайСаха АССР судаарыстыбаннай статуһун туһунан” сокуону ылыныыны тэрийбитэ. Бу сокуон Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын кини территориятыгар үрдүкү былаас быһыытынан биллэрбитэ. 1991 сыл кулун тутар 2 күнүгэр «О собственности в Якутской Саха-ССР» сокуон, тохсунньу 30 күнүгэр «О разграничении собственности между РФ и РС (Я)» уураах ылыллыбыттара. Бу сокуоннары көмүскээһин дьаныардаах үлэтин түмүгүнэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин уонна Саха сирин бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев сөбүлэһиигэ илии баттааһыннарынан түмүктэммитэ. Эрдэ хаһан да көрбөтөх көҥүл бырааптарбытын бигэргэтэр докумуонунан 1991 сыл ахсынньы 11 күнүгэр баттаммыт «О полномочиях Якутской-Саха ССР в распоряжении природными ресурсами республики” Бэрэсидьиэн ыйааҕа буолбута. Ону тэҥэ баайбытын дьаһанарбытын бигэргэтэр 1991 сыл ахсынньы 12 күнүгэр баттаммыт экэниэмикэ боппуруостарыгар сөбүлэһии буолбута.

Департамент 2002 сылаахха Арассыыйа уонна аан дойду 350 үрдүк үөрэх кыһатын кытта дуогабардааҕа, 4500 устудьуону 31 хайысхаҕа, 228 идэҕэ үөрэттэрэ ыыппыта.

Салгыы бу диэки сайдыыны 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр түһэриллибит федеративнай Дуогабар, 1995 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр ылыллыбыт Саха сирин уонна Арассыыйа судаарыстыбаннай былаастарын боломуочуйаларын араарар Дуогабар салҕаабыттара. 184 Федеральнай сокуон этиитинэн үрдүкү толорор былаас быһыытынан тэриллибит саҥа бырабыыталыстыба, Ил Түмэн – саҥа парламент баар буолбуттара. Саҥа судааарыстыба бэлиэлэрэ – 1992 сыллаахха ылыллыбыт судаарыстыбаннай гиэрбэ уонна былаах ылыллыбыттара, Саха сирэ өрөгөй ырыаламмыта, Конституционнай суут тэриллибитэ.

1994 сыллаахха хаһан да буолбатах баараҕай бырайыак – Өлүөнэ өрүс уутун 200 км ыраах сытар кураантан эрэйдэнэр улуустарга быраҕыы саҕаламмыта, 1996 сыллаахха “Азия оҕолоро” успуорт оонньуулара тэриллибитэ, Өктөмҥө “Ленский край” диэн айылҕаттан айдарыылаах оҕолорго анаммыт оскуола арыйбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирин 25%-ныгар уһулуччу харыстанар зонанан биллэриллибитэ, “2000 үтүө дьыала” норуот бырагыраамата төрүттэммитэ, нэһилиэктэри гаастааһын саҕаламмыта, Ийэ күнэ, Аҕа күнэ төрүттэммиттэрэ, 1991 сыллаахтан бэс ыйын 21 күнэ Ыһыах – национальнай бырааһынньык күнүнэн биллэриллибитэ, уо.д.а. уларыйыылар олоххо киирбиттэрэ.

Иккиһинэн, Михаил ЕфимовичСаха сирин Наукаларын академиятын, Духуобунас академиятын, Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай академияны, АЛРОСА хампаанньаны, “Нижнеленское” хампаанньаны, Саха норуот Кэнгириэһин, Саха сирин Норуоттарын ассамблеятын, өрөспүүбүлүкэ Биэнсийэҕэ пуондатын, страховкалааһын салалтатын, ЮНЕСКО кэмитиэтин, Тас дойдулары кытта экэниэмикэҕэ сыһыан министиэристибэтин, “Восточное измерение”, “Северное измерение”, Хотугу пуорум, Каадырдары бэлэмниир департамент, “Үүнэр көлүөнэ”, “Барҕарыы” пуондалары, Москва, Санкт-Петербург, Хабаровскай, Новосибирскай куораттарга, Японияҕа, Канадаҕа, Францияҕа, Казахстаҥҥа, Латвияҕа уо.д.а. дойдуларга Саха сирин 14 бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийбитэ, “Хомус–Ыһыах—Олоҥхо– Итэҕэл” бырагырааманы, 40-ча национальнай общинаны уонна түөлбэнэн көрсүһүүлэри, 2000 сылга Мэдиссиинэ киинигэр кардиохирургическай салааны үлэҕэ киллэртээбитэ.

Үсүһүнэн, “Билиибанк” арыйан үөрэҕи Михаил Ефимовичрии эйгэтин өйөөбүтэ, СГУ уонна Тыа хаһаайыстыбатын академиятын саҥа филиалларын арыйталаабыта, Чурапчыга, Москваҕа, Санкт-Петербурга саҥа институттары төрүттээбитэ, Дьокуускай профтехучилищетын базатыгар бастакы хас даҕаны таһымнаах үрдүк үөрэх кыһатын – ЯГИТИны арыйбыта, 37 оскуолалартан турар Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин олохтообута, Муусука үрдүкү оскуолатын, Хореографическай училищены, Опера уонна балет тыйаатырын, Саха тыйаатырын, Үҥкүү тыйаатырын баар оҥорбута.

Төрдүһүнэн, Михаил Ефимович улахан тутуулары саҕалаабыта, саҕаланалларыгар олук уурбута. Консультациялыырдиагностическай киини, Ийэ уонна оҕо киинин, “канадскай” дэриэбинэни, “Туймаада” стадиону, “Кыайыы 50 сыла” успуорт дыбарыаһын, “Самородок” бассейны, СГУ саҥа дьиэтин, 3500 устудьуон олорор уопсай дьиэтин, Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатыр саҥа дьиэтин, хореографическай училище дьиэтин, Национальнай гимназияны, Аллараа Бэстээххэ кэнники кэлбит Нерюнгри – Томмот тимир суолун, “Лена”, “Халыма” федеральнай суоллары, “Туймаада” аныгы аэровокзалы уонна үтүмэн элбэх оскуолалары, уһуйааннары, стадионнары, балыыһалары куоракка уонна тыа сиригэр туттарбыта.

Хайдах итиччэ кылгас историческай кэрчик иһигэр Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэ уонна социальнай эйгэтигэр сөҕүмэр хамсааһыннары оҥорбутай? диэн оруннаах ыйытыы үөскүөн сөп.

Хоруйа олус судургу – Англия улуу ыраахтааҕыта Альфред ”судаарыстыба билиигэ олоҕурдаҕына, күүстээх буолар” диэн эппитинии, Михаил Ефимович ыытар бэлиитикэтин сүрүн сүнньүнэн үөрэҕириини уонна каадырдары бэлэмнээһини оҥорбута. Кини кэлэр кэм үлэһиттэрин бэлэмнээһиҥҥэ сүдү суолта уурбута, өрөспүүбүлүкэ иһигэр үөрэтиинэн муҥурдаммакка, дойду араас куораттарын үрдүкү рейтиннээх үөрэх кыһаларыгар төһө кыалларынан элбэх ыччат үөрэнэ барарын туһугар кыһамньытын уурбута. 1992 сыллаахха Саха сирин Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр каадырдары бэлэмнээһин киинэ арыллыбыта, кэнники бу киин Бэрэсидьиэн сорудаҕынан үлэлиир Департамеҥҥа кубулуйбута. 90-с сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбит үрдүк үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннарын ахсаанынан 45-50-с миэстэҕэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, 2002 сыллаах статистика көрдөрбүтүнэн, Москва, Санкт-Петербург, Татарстан уонна Тюменскай уобалас кэнниттэн бэһис миэстэҕэ туран бастыҥ эрэгийиэннэр истэригэр киирбит. Бу сөҕүмэр түргэн сайдыы холобура этэ.

ХНТ дакылаатыгар Саха сирэ 1991 сылтан 2001 сылга диэри киһи потенциалын сайыннарыыга ордук түргэн сайдыы тэтимин көрдөрбүт эрэгийиэн курдук ахтыллыбыта. Киһи потенциалын сайыннарыы аан дойдутааҕы индексэ элбэх көрдөрүүлэртэн турар, онно ордук суолталаахтара үөрэҕирии уонна омук дойдуларыгар үөрэх ылыныы көрдөрүүлэрэ буолар. Аан дойдутааҕы баан, бу индекс көрдөрүүтэ эрэгийиэн сайдыытыгар улахан сабыдыаллааҕын бэлиэтиир, эрэгийиэн инвестициялыырга табыгастааҕын туоһулуур көрдөрүү быһыытынан билинэр.

Бу Департамент 2002 сылаахха Арассыыйа уонна аан дойду 350 үрдүк үөрэх кыһатын кытта дуогабардааҕа, 4500 устудьуону 31 хайысхаҕа, 228 идэҕэ үөрэттэрэ ыыппыта. Өскөтүн Сэбиэскэй былаас кэмигэр МГУ-га 1-2 эрэ оҕо үөрэнэ киирэр эбит буоллаҕына, оттон Плехановкаҕа, Бауманкаҕа, Горнай институкка биир да саха оҕото үөрэммэтэх эбит буоллаҕына, Департамент дьаныардаах үлэтин түмүгэр МГУга 45 оҕо үөрэнэ киирбитэ, олортон 23 оҕо Департамент салаатынан, 22-тэ Нерюнгрига олохтоммут консультационнай пуун нөҥүө үөрэххэ туттарсыбыттара. Тэҥнээн эттэххэ, ити сыл МГУ устудьуонунан Башкортостантан 28, Удмуртияттан, Чувашияттан 15-тии, Татарстантан 11, Коми Өрөспүүбүлүкэтиттэн 9, Дагестантан 6, Бурятияттан 3, Карелияттан 2 оҕо буолбуттара. Сыллата 20-25 оҕо дойду киин университетыгар туттарсан киирэр буолбута, биир сыл 35 абитуриент эксээмэннэри ситиһиилээхтик ааспыта. Өрөспүүбүлүкэ тас дойдулар университеттарын кытта ыкса сибээһи олохтообута, Англия, АХШ, Кытай, Венгрия, Канада уо.д.а. кытта үлэлэспитэ.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

ЕГОР КАРПОВ БЭЛЭМНЭЭТЭ.

Поделиться в соцсетях: