Сахам Сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Арассыыйа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саха Сирэ номнуо 390 сыл тухары Арассыыйа судаарыстыбатын быстыспат сорҕото буолан үүнэ-сайда турар. Өрөспүүбүлүкэ ол устуоруйаҕа суруллубут сүҥкэн суолталаах хардыытыттан хаһан даҕаны кэмсиммэтэҕэ, саарбахтыыр түгэни үөскэппэтэҕэ.
Саха Сирэ 100 сыл анараа өттүгэр РСФСР иһинэн бэйэтин судаарыстыбаннаһын ылыммыта. Билиҥҥи уустук кэмҥэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтэ федеративнай сыһыаннаһыылары дьүөрэлии тутан сайыннарар уонна, кииннэммит былаас кыаҕын ыһыктыбакка, бэйэтин субъектарын түмэр уонна кинилэр сомоҕолоһууларын хааччыйар. Арассыыйа элбэх омуктаах норуотун түмэн, биир ньыгыл күүс оҥоруу биһиги кэлэр көлүөнэбит иннигэр сүҥкэн эппиэтинэспит буолар.
Билиҥҥи Саха Сирэ Улуу судаарыстыба – Арассыыйа Бэдэрээссийэтэ -- балысханнык сайдарын туһугар бэйэтин кылаатын киллэрэр кыахтаах уонна инники кэскиллээх, тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан Арассыыйа күнүн уруйдуу-айхаллыы көрсөр.
Күндү биир дойдулаахтарым, бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн эһиэхэ дьолу-соргуну, бигэ туругу уонна чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабын!
Өссө төгүл барыгытын бырааһынньыгынан! Арассыыйа күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин
Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев