Новости

Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сыла биллэрилиннэ

Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар ыам ыйын 25-26 күннэригэр “Өксөкүлээх Өлөксөй – Саха Сирин духуобунай лиидэрэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи симпозиум буолан ааста. Төһө да өрүс саҥа эһиннэр, паром сырыыта үчүгэйдик саҕалана илик буоллар, элбэх улуустан дэлэгээссийэлэр кэлбиттэрэ -- сүдү киһиэхэ сүгүрүйүү туоһута.

“Тоҕо чуолаан Хачыкаакка?” диэн ыйытар буоллаххытына, Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ”, “Саха интэлигиэнсийэтигэр сурук”, итиэннэ “Өрүс бэлэхтэрэ” диэн сүдү айымньыларын Хачыкаакка доҕоругар, аатырбыт меценат, сырдатааччы, инникилээн иһэр кэскиллээх өйдөөх-санаалаах Сэмэн Барашковка олорон айбыта.

Хаҥаластар онон киэн тутталлар, олус суолталыыллар. Бу симпозиуму көҕүлээбит биир дойдулаахтара, ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев идиэйэтинэн, “Өксөкүлээх суола” диэн туристическай айан маршрутун тэрийэр соруктаахтар.

-- Улуу киһибит талааныгар сүгүрүйэр дьон түмсэн, атах тэпсэн олорон, аныгы үйэ чахчыларыттан суруйааччы хас эмэ сыл анараа өттүгэр эппит санаатын тула кэпсэттибит, кини айар үлэтин ыччакка тиэрдии ньымаларын ырытыстыбыт. Бу сугулаан сүрүн соруга – Өксөкүлээх айымньыларыгар, олоҕор, этиилэригэр тирэҕирэн, духуобунаспытын аныгы үйэҕэ хайдах салгыы сайыннарарбытын биир сүбэнэн тобулуу буолар. Ил Дархаҥҥа Өксөкүлээх сардаҥата диэн бэлиэ күнү олохтуурга сурук суруйбуппут. Айсен Сергеевич өйүө диэн эрэнэбит,-- диир Ил Түмэн дьокутаата, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Историческай өйдөбүл” эрэгийиэннээҕи бырайыагын сүрүннээччи Елена Голомарева.














Быйыл Өксөкүлээх төрөөбүтэ 145, оттон “Саха интеллигенциятыгар суруга” айыллыбыта 110 сыллара. Манан сибээстээн Национальнай архыып үлэһиттэрэ Наталья Малышева уонна Айталина Захарова “Саха интеллигенциятыгар суругун” куоппуйатын аҕалан көрдөрдүлэр, харалла сытар докумуоннарын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр. Ону сиһилии туспа матырыйаал оҥорон таһаарыахпыт.

Уопсайынан, бу кылгастык билиһиннэрии эрэ. Симпозиум ытык ыалдьыта Раиса Реасовна Кулаковская, Өксөкүлээх институтун сүрүннүүр Светлана Дмитриевна Дарбасова уо.д.а тыл этиилэрин биир-биирдии туспа суруйан саайтка таһаарыахпыт.

Тэрээһин чэрчитинэн Олоҥхо тыйаатыра “Ойуун түүлэ” испэктээги нэһилиэнньэҕэ оонньоон көрдөрдө. Маны таһынан “Сеймчанский дневник” кинигэтин презентацията буолла. Итиэннэ, саамай сүрүнэ, “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы. Хачыкаат С.П. Барашков аатынан көрдөрүүлээх хаһаайыстыбатын бырайыагын оҥоруу”, “Норуот, доруобуйа харыстабыла уонна демографическай бэлиитикэ”, “Өксөкүлээх култуурунай уонна духуобунай нэһилиэстибэтэ”, “Өксөкүлээх суола” туристическай маршрут” диэн хайысхаларынан научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна.

  • Өксөкүлээх оҕо сааһа ааспыт Тыараһатыгар пааматынньыктаах сквер тутаары сылдьалларын туһунан баһылык П.П.Турнин, кыраайы үөрэтээччи С.Н. Собакина билиһиннэрдилэр.

Симпозиум кэмигэр элбэх этии киирдэ. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас Павловскай оскуолатын географияҕа учуутала Надежда Дмитриевна Бурнашева: “А.Е.Кулаковскай “Научные труды” кинигэтин хаттаан бэчээттэтэн таһаараллара буоллар”, -- диэн баҕа санаатын эттэ.









Бу Павловскай оскуолатын иһинэн Өксөкүлээх лабораторията үлэлиир. Ыытар үлэлэрин барытын Кулаковскай айымньыларыгар, философиятыгар, научнай көрүүлэригэр, чинчийиилэригэр, суруктарыгар, тус олоҕор сыһыары тутан ыытар буоланнар, үлэлэрэ барыта ситимнээх, утумнаах, тирэхтээх, хайысхалаах эбит. Галина Васильевна Егорова 30 сыл устата мунньуллубут Өксөкүлээххэ аналлаах матырыйааллары түмэн, "Оскуола саргыны салайсар соргута" диэн дьоһун кинигэни бэлэмнээн, ону бэчээттэтэн таһаарбыттар. Ол оскуоланан бары ыытар үлэлэрин Светлана Дмитриевна Пудова сиһилии кэпсээтэ.







Үтүөлээх быраас, мэдиссиинэ наукатын дуоктара Егор Егорович Борисов “Улуу айаннар суолларынан” бырайыагынан экспедицияҕа бара сылдьан, Өксөкүлээх туруорбут телеграф остуолбалара туралларын сөҕө көрбүт. "Ол иһин Ил Дархан сүбэһитэ, туһааннаах бырайыак ааптара Георгий Никонов: “Тааттаҕа Хадаайы музейыгар Өксөкүлээх ыстаансыйатын оҥоруохха”, --диир. Ол ыстаансыйаттан Өксөкүлээх сылдьыбыт суолунан туристическай маршруту тэрийиэххэ сөп", -- диэтэ уонна ону резолюцияҕа киллэрэргэ эттэ.

Суруналыыс, духуобунас академига Валентина Ивановна Бочонина: “Доҕордоһуу болуоссатын Өксөкүлээх аатынан оҥороллоро буоллар”, -- диэн санаатын үллэһиннэ.

Эдэр ыччакка Өксөкүлээх айар үлэтин уопсастыбанньык, блогер быһыытынан тарҕатар, пропагандалыыр Сардаана Сыромятникова омук быһыытынан ураты саҥабытын, сурукпутун-бичикпитин бэлиэтиир ҺӨҔҮҤ буукубаларынан киһитээҕэр улахан кээмэйдээх арт-эбийиэги быйыл оҥороллорун уонна онно айар тыл аҕата Өксөкүлээх “Оттоку олук алгыһыттан” кынаттаах этиилэрин суруйар былааннаахтарын кэпсээтэ.






Ити курдук элбэх санаа этилиннэ. Ол барыта олоххо киириэ диэн эрэнэбит. Тоҕо диэтэххэ, Ил Дархан ыам ыйын 25 күнүгэр суруйааччы төрөөбүтэ 150 сылыгар диэри Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылын биллэрдэ.


Источник

Поделиться в соцсетях: