Ыам ыйын 25-26 күннэригэр Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр “Алексей Кулаковскай – Саха сирин духуобунай лидерэ” диэн научнай-практическай симпозиум ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 уонна кини айан хаалларбыт “Интеллигенцияҕа суруга” бичиккэ тиһиллибитэ 110 сыллаах үбүлүөйдэригэр ананар. Симпозиум Саха сирин Бастакы бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев көҕүлээһининэн, Ил Дархан Айсен Николаев өйөөһүнүнэн ыытыллар. Тэрээһин хас да хайысханан үлэлиэҕэ. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, туризмы сайыннарыыга секциялар үлэлиэхтэрэ. Ону таһынан Өксөкүлээх Өлөксөй духуобунай нэһилиэстибэтин туспа ырытыахтара. Тэрээһин чэрчитинэн араас күрэхтэһии, быыстапка, дебат ыытыллыаҕа, “Сеймчанский дневник” кинигэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Ил Түмэн дьокутаата, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар уонна Арктика боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева бэлиэтииринэн, бу тэрээһин аныгы кэмҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй айан-тутан хаалларбыт айымньыларын, үлэлэрин саҥа таһымҥа таһаарар сыаллаах-соруктаах ыытыллар. – Бу тэрээһин сыалынан Алексей Елисеевич Кулаковскай олоҕун-дьаһаҕын, айар үлэтин, айымньыларын аныгы үйэ хараҕынан көрүү, кини үлэлэрин үйэтитии буолар, – диэн этэр кини. Симпозиумҥа кыттааччылар Өксөкүлээх Өлөксөй күнүн олохтуур туһунан боппуруоһу көрүөхтэрэ. “Учуонайдар, суруйааччылар, литератордар, социологтар, судаарыстыбаннай былаас уорганнара, уопсастыбаннас кини үлэтэ-хамнаһа билиҥҥи кэмҥэ суолтата улаханын өйдөөн, Өксөкүлээх Өлөксөй күнүн олохтуурга Ил Дархаҥҥа аһаҕас сурук ыыппыттара. Ил Дархан бу суругу өйүөҕэ диэн эрэнэбин”, – диэн бэлиэтиир дьокутаат Елена Голомарева.
Аграфена КУЗЬМИНА