“Билиҥҥи Саха сирин территориятыгар биһиги өбүгэлэрбит баай историческай былыргылаах уонна айыллыбыт эпостаах кэлбиттэрэ саарбаҕа суох. Уруккута хаһааҥҥытаэрэ сахалар суруктара-бичиктэрэ суоҕа эбитэ буоллар, саха тыла итинник чаҕылхай, итинник эҥсиилээх уонна итинник сөҕүмэр тыл саппаастаах буолара биллибэт"
М. Николаев
Тыллаах омук инники кэскиллээх, сарсыҥҥылаах, сүппэт-өспөт аналлаах.
Ийэ тылбыт - история кэрэһитэ, баай култуурабыт, сиэрбит-туоммут туоһута, өбүгэбит өйүн-санаатын түмүлэ.
Төрөөбүт тылы харыстаан кэнчээри ыччакка тириэрдии - олох биир сүрүн ирдэбилэ, туллубат тутааҕа.
Сайда-үүнэ тур, иитиллибит Ийэ тылбыт!