А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията, Президен ситимин оскуолалата Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүнэн, Саха бастакы ученай-лингвиһэ С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр - Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр, Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар, «Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн күрэх биллэрэр
Күрэх балаһыанньата:
Сыала –соруга:
- төрөөбүт тыл сүмэтин эриэккэһигэр, кэрэтигэр тапталы иҥэрии
- дьиэ кэргэҥҥэ айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлээһин
- Ийэ тылынан дьиэ кэргэн ааҕыытын өрө тутуу, эйгэтин кэҥэтии
Күрэх 3 түһүмэхтэн турар:
1 түһүмэх: «Дьиэ кэргэним – дьоллоох биһигим». Кыттааччылар бэйэлэрин туһунан уустаан-ураннаан билиһиннэрэн видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
2түһүмэх: «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым». Кыттааччылар сөбүлээн аахпыт айымньыларыттан быһа тардан инсценировкалаан көрдөрүөхтэрин эбэтэр дорҕоонноохтук, уус-ураннык ааҕан иһитиннэриэхтэрин син. Видеоҕа устан ыыталлар. (5 мүн. уһуо суохтаах)
3 түһүмэх: Айар үлэ (оҥоһук эбэтэр хоһоон айыыта, талаҕыт). Кыттааччылар аахпыт айымньыларыттан оҥоһук (матырыйаала хааччахтаммат), оҥоһук туһунан кылгастык видео устан ыыталлар (5 мүн. уһуо суохтаах) эбэтэр Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ буукубаларга аналлаах, Ийэ, Төрөөбүт тыл туһунан хоһоон айыыта. (Айыллыбыт хоһоону бэчээттээн ыытаҕыт)
Тэрээһин ирдэбилэ:
Билсэр нүөмэргит: 89148274708, 89248619020
Көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.