Новости библиотеки

12 февраля с 11:00 часов на онлайн-площадке Национальной библиотеки состоится просветительская акция «Сахалыы диктант»

Олунньу 12 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ «Сахалыы дьыктаан» суруйарга ыҥыраллар.

Быйылгы дьыктаан Зумҥа уонна Ютубка ыытыллыаҕа, онон дьиэҕэ олорон төрөөбүт тылы төһө билэргитин тургутан көрүөххүтүн сөп.

Зумҥа кыттыһарга бибилэтиэкэ кол-киинигэр 8(4112)455-855 суруттарар ирдэнэр. Зумунан холбоммуттар, дьыктааны суруйаат, үлэлэрин бэрэбиэркэҕэ ыыталлар.

Оттон хас биирдии баҕалаах киһи Ютубка истэн, дьыктааны суруйуон сөп. Бэйэни бэрэбиэркэлэнэргэ дьыктаан тиэкиһэ бибилэтиэкэ сайтыгар nlrs.ru тахсыаҕа.

Маны таһынан, nlrs.ru төрөөбүт тылга сыһыаннаах тургутук тахсыаҕа.

Эрдэттэн кумааҕы уонна уруучука бэлэмнээн, сыл аайы ыытыллар аахсыйаҕа кыттыҥ.

«Сахалыы дьыктаан» 2014 сылтан Төрөөбүт тылга, сурукка-бичиккэ аналлаах декада чэрчитинэн сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутар, иҥэрэр сыаллаах ыытыллар.

Источник

Поделиться в соцсетях: