Быйыл ыам ыйын 25 күнүгэр “Кэнчээри” оҕо народнай, Россиятааҕы көрдөрүүлээх ансаамбылын уус-уран салайааччыта, РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, РСФСР, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ, Сибэтиитэл Иннокентий уордьан, “Россия бастыҥ дьоно—2006”, “Саха сирин бастыҥ киһитэ—2007” мэтээллэр хаһаайына Василий Парников 75 сааһын туолла. Кини 1972 сыллаахха “Кэнчээри” ансаамбылы төрүттээн, саха оҕото үс ньыманан ыллыыр кыахтааҕын 50-ча сыл дакаастаата.
Билбэт киһи: “Барыта дьоҕурдаах оҕолору хомуйан ыллатар, буолумуна”, диэх айылаах. Ону баара, тала сатыыр, сүүмэрдиир диэн “Кэнчээригэ” ончу да суох. Василий Парников оҕо ыллыыр кыаҕын арыйар уһулуччулаах педагог.
Хайдах этэй, оҕо сааска?
--Күһүөрү сайын, биир киэһэ арай ийэм, мин оонньуу сырыттахпына, кистээн, кыра балтыбын Капаны, оҕус сыарҕатыгар олордон айан суолунан таҥкынатан баран иһэрин түбэһэ көрөммүн, хараҕым бүөлэниэр диэри ыксаатым. Дьиэбэр ким да суох. Мин үстээх-түөртээх эрэ буолуом, сайыһан иэрийиэхпэр диэри ытаан тоҕо бардым. Ийэм борук-сорукка маҥан былаата туртаҥныы турда. Улгум баҕайы оҕус хаамара түргэнэ бэрт, эккирэтэ сатыыбын да, олох сиппэппин, ытыырым күүһүттэн сэниэм да суох быһыылаах, сүһүөҕүм уйбат, умса түһэ сылдьабын. Ыалларбыт Румянцев Баһылайдаах дьиэлэригэр киллэрэн ааттыы сатаан кэбистилэр да, тохтуур аат суох. Оҕо да сылдьан, кэлин даҕаны онтон ордук күүскэ ытаабыппын өйдөөбөппүн. Арай ол тыыным хаайтара сыһа-сыһа сордоно олордохпуна, ийэлэрэ ыскааптан туох эрэ дьэрэкээн ойуулаах хоппону таһаарда. Онтукайдара наһаа үчүгэй дьикти, хаһан да истибэтэх тыаспын таһаарар эбит. Билигин санаатахпына, орган тыаһын курдук. Онтон соһуйан, дьиктиргээн дьэ тохтоотум. “Ытаан бээҕиниирбиттэн ураты кэрэ тыаһы буортулуом, мэһэйдиэм дуо”,--диэтим быһыылаах. Ол гармонь тыаһа, радио да, телевизор да суох кэмигэр, олох атын, туох эрэ кэрэттэн кэрэ, киһини куйаарга көтүтэн таһаарар, кистэлэҥ ис күүстээх, алыптаах эйгэ баарын аан бастаан биллэрбитэ. Ити дьикти дорҕоон кулгаахпар өргө диэри сылдьыбыта. Баҕар, ити алыптаах тыас, кини хайдах айыллан тахсарыгар интэриэс, ону билэ сатыыр баҕа санаа күүһэ, онно ымсыырар, тардыһар, “өссө ханна эмэ истибит киһи” диэн иэйэхтэммит санаам муусука кэрэ эйгэтигэр сыстарбар олук буолбута буолуо? Ийэм эрэйдээх бука, ыанньыгын үлэтин үмүрүтэн баран буолуо, Балыктаахтан биир көс ыраах сиртэн түүннэри айаҥҥа туруннаҕа. Онтон аны Найахыттан 100-тэн тахса биэрэстэлээх сиргэ Бээрийэҕэ бииргэ төрөөбүт балтыгар Ксения Семеновнаҕа, кэргэннэнэн баран оҕоломмокко, оҕо көрдөөбүтүгэр балтыбын ииттэрэ илтэҕэ. Ол иннинэ оҕо төрөөн турбатах буолан дуу, балтын көрдөһүүтүн быһа гыммакка дуу,--диэн ахтар Василий Степанович Парников оҕо саас курус, санньыар, ол эрээри, кэрэҕэ, дьикти дорҕооҥҥо сирдээбит ураты түгэнин.
“Кэнчээрилээх” оҕо сааспар
Мин олохпор “Кэнчээри” ыҥырар, угуйар сулус кэриэтэ буолбута. Аан бастаан 4-5 сааспар “Кэнчээри” диэн иһирэх тылы аҕам Владимир Семенович, бэйэтэ эмиэ кэрэни иитиэхтиир, өйдүүр, чараас, сырдык куттаах киһи иһитиннэрбитэ, ансаамбыл кэнсиэрин миэхэ көрдөрбүтэ. Оччолорго биһиги Лөгөйгө олоробут. Биэбэйиккэ сылдьыбаппын. Дьиэҕэ наар олорор оҕо кулуупка сылдьан, “Кэнчээри” кэнсиэриттэн улаханнык сэргэхсийэн киирбитим уонна сонно тута: “Мин ити оҕолор курдук ыллыахпын, үҥкүүлүөхпүн баҕарабын”, диэн санаа саҕыллыбыта. Кэлин да элбэхтэ “кэнчээрилэри” истибитим, өссө 20 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэртэрин анаан-минээн Мүрүгэ киирэн ийэбин кытта көрбүппүт. Улууспутугар буолбут ол бэлиэ түгэн туһунан тапталлаах “Кэскил” хаһыаппар Александр Васильев-Көрдүгэн сиһилии суруйбута бүтүн балаһанан тахсыбытын өйдүүбүн.
Кэлин биһиги дьиэ кэргэнинэн Бороҕоҥҥо көспүппүт. Онуоха “Кэнчээрилээх” ырабар чугаһаабыт буолан, биир күн балтыбынаан Василий Парниковы кытары көрсүбүппүт. Ыллатан көрбүтэ. Онтон ыла хорга дьарыктанар буолбуппут, сотору кэминэн, бэйэбит да билбэппитинэн, ансаамбыл репертуарын үөрэтэн, ыллыыр буолан барбыппыт. Бэлиэтээн эттэххэ, баһыйар өттө ыллаан хайҕамматах, биһирэммэтэх оҕолор кэлэн, олус сайдан, ис кыахтарын арыйаллар эбит. Дьэ ити, ылахтаһан, дьарыктанан орто сүнньүн булларыы диэн. Түбүктээх үлэ буолуохтаах, ыллаабатах оҕону ыллатыы, куоласка араарыы... Балтараа сыл дьарыктанаары, сүрүн репертуары билбитим, иккис куолас партияларын үөрэппитим, сцена эйгэтин, эппиэтинэһи өйдүү үөрэммитим. Оттон балтым убаастыыр учууталын суолун батыһан, муусука идэтигэр уһуйуллан, билигин бэйэтэ муусука, искусство оскуолатыгар айымньылаахтык үлэлиир педагог.
“Бэлэм буол”—“Кэскил” уонна “Кэнчээри”
Учууталбыт үгүс ахсааннаах ыстатыйа ааптара, чуолаан, култуура, искусство боппуруостарын сытыытык таарыйан суруйар. Ансаамбылга киирбиппэр, суруйарбын, бэчээттэнэрбин билэн, учууталым үөрбүтэ, ансаамбыл эдэр кэрэспэдьиэнинэн анаабыта. Ырыаны таһынан нэдиэлэ аайы “политический час” диэни ыытара, дойдуга буола турар быһыыны-майгыны кэпсиирэ, сырдатара. “Кэнчээри” ситиһиитин урут-уруккуттан биир бастакынан сырдатар—“Бэлэм буол”, “Кэскил” хаһыат,--диэн билинэр Василий Степанович.
Мин бэйэм оҕо кэммин өйдүүрбүнэн, хаһыат суруналыыстара Александр Васильев-Көрдүгэн, Евдокия Иринцеева о.д.а. “Кэнчээри” туһунан үгүстүк суруйбуттара, сырдаппыттара. “Кэскил” хаһыат үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр “Кэнчээри” хаста да ыҥырыллан, эриэккэс эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэппитэ. Оттон “Кэскилгэ” үлэҕэ киирбиппин Василий Степанович үөрэ истибитэ. “Иҥэ-дьаҥа суох, ыраас, сырдык тыыннаах үчүгэй кэлэктиип. Кэскиллэри “Бэлэм буол” эрдэхтэриттэн билэбин. Ансаамбылбыт туһунан биир бастакынан уонна сиһилии, наһаа үчүгэйдик “Бэлэм буол”-“Кэскил” баччааҥҥа диэри сырдатар. “Кэскил” баар — саамай үчүгэй, эрэллээх редакция. Эйиэхэ, эдэр киһиэхэ, итинник үтүө тыннаах кэлэктиипкэ үлэлиириҥ ордук”, диэбитэ. Онон оттон, оҕо сааһым доҕоро “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыакка онно-манна атын сиргэ ыстаҥхалаабакка, өссө үчүгэйи, ордугу көрдүү хайыы сылдьыбакка, сөбүлээн үлэлиибин уонна “Кэнчээрим” туһунан бүтүн кинигэ буолар саҕа ыстатыйаны балачча суруйдум.
Ансаамбылы ыраах, олус эппиэттээх айаннарга арыаллаан барса сылдьыбытым: Турцияҕа, Францияҕа. Уонна дьэҥкэтик өйдөөбүтүм: ансаамбыл үлэтэ олус түбүктээҕин, эппиэтинэстээҕин, ситиһии мээнэ кэлбэтин, барыта үрдүк сыраттан, тулууртан саҕылларын. Күннээх Саха сирин былааҕын өрө көтөҕөн, саха култууратын, ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн киэҥ түһүлгэҕэ билиһиннэрии—үрдүк эппиэтинэс. Олус улахан!
Францияҕа
2007 с. Францияҕа “Хрустальная лира” куонкуруска кытта барарбытыгар, учууталбыт ыалдьар буолан кыайан барсыбатын, онон миигин салайааччылартан биирдэстэрэ буоларбар көрдөспүтүгэр, учууталбын олус аһыммыппын өйдүүбүн. Аны сотору бэйэм доруобуйабынан мөлтөөн хаалан, ыраах айаҥҥа барсыа суох курдук туруктаммытым. Ол эрээри, күүстээх санаабын ылынан, Европа устун Францияҕа “Хрустальная лира” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска автобуһунан ыраах айаҥҥа, салайааччы, суруналыыс, тылбаасчыт быһыытынан барсыбытым.
Францияҕа тиийэн, биллэн турар, харах халтарыйар кэрэтэ, сонун көстүүтэ оҕо дьоҥҥо сүрдээх умсугутуулаах буоллаҕа. Маҕаһыыны, ону-маны көрө, дьаарбайа барыан баҕалаах элбээбитэ. Инньэ гынан, оҕолор аралдьыйа быһыытыйбыттарын сааһылаары уонна эппиэттээх түгэҥҥэ—куонкуруска кыттарга турукка киллэрээри, түмээри учууталбыт үгүстүк туттар ньыматын киллэрэргэ санаммытым. Ону ансаамбыл оҕолоро бэйэлэрэ билэллэр. “Мантан ыла онно-манна ким да барбат-кэлбэт. Кэнсиэрбитигэр бэлэмнэнэбит”, диэн буолбута. Испэр олус долгуйар этим, хайдах кыттыахпыт, учууталбыт эрэлин түһэн биэрбэтэрбит диэн. Инньэ гынан, киэҥ сиргэ кэлэн, алаарыйан хаалан, ыһыллан хаалыахча буолбут оҕолору турукка киллэрэн, хос-хос бэлэмнээн, Академическай ырыаҕа Гран-при, фольклорга 1-кы степеннээх лауреат буолары ситиспиппит. Ити улахан ситиһиигэ быһаччы кыттыгастаахпынан киэн туттабын!
ххх
Хоспор сүргэни көтөҕөр “Азия оҕолорун” гимнэ дьиэрэйэр... Галина Иванова тылларыгар, Станислав Луковцев мелодиятыгар “Азия оҕолоро” оонньуу гимнэ “Кэнчээри” толоруутугар истиҥ, ылбаҕай. Тыла-өһө, матыыба уонна толорооччута, чахчы, табыллыбыт ырыа.
Бу күннэргэ “Бичиккэ” 2015 с. бэчээттэммит “Саха киэн туттар дьоно” серия иһинэн тахсыбыт “Парников Василий Степанович” кинигэни аахтым. Кэрэ эйгэтэ ардыгар хайдах уустук кэмҥэ айылларын өссө төгүл итэҕэйдим. Ол да иһин Василий Парников “Кэнчээри” курдук кыһаны төрүттээтэҕэ, үгүс ыччаты көччөх гына көтүттэҕэ, саха култууратыгар бэлиэ суолу-ииһи хааллара истэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар, телевидениетигэр ытыктабыллаах Василий Степанович Парниковтыын аһаҕас эфирдэр, биэриилэр быйыл саас ситиһиилээхтик аастылар.
Ансаамбыл араас көлүөнэ ыччатын, эдэргиттэн билсибит “Бэлэм буол”-“Кэскил”, “Буль готов”-“Юность Севера” редакциятын аатыттан Василий Степановичка өссө төгүл итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! Чоруун доруобуйаны, сириэдийэн тахсар ситиһиилэри баҕарабыт.
Жанна Леонтьева, “Кэнчээри” ансаамбыл иитиллээччитэ, эдкора, СӨ бэчээтин туйгуна, суруналыыстар “Көмүс бөрүө” бириэмийэлэрин лауреата.