Михаил Николаев
"Михаил Ефимович Николаев кырачаан оҕону көтөхпүтүнэн Президент үрдүк солотугар киирсибитэ уонна уон сыллаах үлэтин, күүhүн-күдэҕин оҕо туhугар анаабыт"
Винокурова У.А. Саха бастакы Президенэ. - Якутск, 2004
Михаил Николаев республика олохтоохторо сайдар суолларыгар оҕо төлкөтүгэр сыhыаны тосту уларытарга маӊнайгыттан улахан бол5омтотун уурбута.
Оҕо харыстабылыгар, сайдыытыгар туhаайыллыбыт политиката “Оҕо бырааптара” диэн Россияҕа аан бастаан ылыныллыбыт анал сокуон киириититтэн саҕаламмыта
"Оҕо көмүскэллээх буолуутугар республика тус сыаллаах политикатын быһыытынан Михаил Ефимович хас да өрүтүнэн лаппыйан оҕо доруобуйатын туругун көрөр-истэр эмп, чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар эппиэттиир физкультура, спорт өттүнэн иитии-сайдыы туһугар кыһаллар үөрэтии-сайыннарыы ситимин бөҕөргөтүү, майгы-сигили, киһи быһыытынан тутуллар эркинэ — дьиэ кэргэн, ийэ-аҕа болҕомтотун күүһүрдүү, киһи-хара буолар эйгэтин кэӊэтии — аан дойду таһымын анаарар, бэртээхтэри кытта бэртээх буолан, кытыы сир оҕотобун диэн кыбыстан-самнан турбакка сайдан-тыыллан тахсарын туһутар киэӊ далааһыннаах үлэни түстээбитэ"
Винокурова У.А. Саха бастакы Президенэ. - Якутск, 2004
Оҕо доруобуйатын туругун тупсарарга, чэгиэн-чэбдик буоларыгар, үөрэх-сайдыы суолугар үктэннэрэр туһугар, дьиэ кэргэн оло5угар кыһаллар, киһи-хара буолар эйгэтин кэӊэтии аан дойду таһымыгар тахсар сыһыаннаах үлэни үбүлүүргэ анаммыт “Барҕарыы”, “Кэлэр көлүөнэлэр”, “Саха-Азия оҕолоро” диэн анал пуондалар тэриллибиттэрэ
2004
Поздравительная речь М.Е.Николаева на рождественском президентском балу
(2001 г.)
Выступление М.Е.Николаева на открытии Физико-математического Форума
"Ленский край"
(2001 г. с.Октемцы)
Выступление М.Е.Николаева в передаче "Мнение"
(2015 г.)