Бастакы баараҕай тутуулар
килбиэннэригэр

Судаарыстыбыннас сайдыыта историяҕа куруутун “улуу тутуулары” кытта дьүөрэлэһэр. Араас улахан тутуулар сайдыы биир хайысхата буоларын туоһулууллар. Ол курдук Саха сирин судаарыстыбыннаһын сайдыытын чыпчаала 90-с сылларга түбэспитэ. Михаил Ефимович Николаев Президиэннээн олорор кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бэрт элбэх улахан суолталаах тутуулар барбыттара. Республика биир тарбахха баттанар баараҕай тутуутунан, бастакы тас дойдулар ирдэбиллэригэр эппиэттиир, "Тыгын Дархан" гостиница буолар.

"Тыгын Дархан" гостиничнай комплекс бастакы салайааччыта Сорокоумов Василий Иннокентьевич ахтыытыгар олоҕуран таҥыллыбыт выставка.

Mobirise Website Builder




Сорокоумов
Василий
Иннокентьевич

Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына.
БАМ тутуутун бэтэрээнэ, Саха Республикатын "Ытык кырдьаҕастарын" сүбэтин чилиэнэ.
Абый уонна Сунтаар улуустарын бочуоттаах олохтооҕо,
Культура уонна спорт эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ,
Саха Республикатын сайдыытыгар суолталаах улахан тутууларын сатабыллаах салайааччыта 

Mobirise Website Builder

Василий уонна Тамара Сорокоумовтар

Кимтэн кииннээх,
хантан хааннаах

Мин сэрии кэнниттэн 1947 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр, Абый оройуонугар Хайаттан суккуллар Индигиир орто сүүрүгүн салаатыгар Уянди диэн үрэххэ, Сыаганнаах диэн күөл тардыытыгар төрөөбүтүм.
Оччотооҕу Сэбиэскэй бириэмэ оҕото, хас биирдии оҕо буоларын курдук интернакка олорбуппут. Аҕам эрдэ 10 саастаахпар бултуу сылдьан өлөн хаалаахтаабыта. Ийэм биэс оҕону кытта тулаайах хаалбыта. Уон икки сыл интернакка олорон бастаан 7 кылаастаах, онтон 8 кылаастаах, онтон орто оскуоланы дружинаҕа бүтэрбитим.
1967 сыллаахха Дьокуускай куоракка кэлэн баран, 1968-69 сыллардаахха Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалыы барбытым. Сулууспабын бүтэрэн баран Дьокуускайга кэлэн университекка үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннуу сылдьан Тамара Реброва диэн кыыһы кытта олохпутун холбоон, дьиэ кэргэн тэринэн күн бүгүҥҥэ диэри бииргэ олоробут. Быйыл бииргэ олорбуппут 53 сылыгар барда. Икки кыыс оҕолоохпут. 

Үлэни өрө тутан

Бастаан Сунтаар улууһугар уонча сыл олорон үлэлээбиппит. Онно спорт комитетын председателинэн, культура управлениятын сэбиэдиссэйинэн, коммунальнай хаһаайыстыба управлениятын начальнигынан үлэлээбитим.
Онтон Нерюнгри куоракка ананан уонча сыл үлэлээбиппит. Онно эмиэ бастаан утаа спорткомитет председателинэн, онтон идэлээх союзтар куораттааҕы государственнай учрежденияларын горкомун профсоюһун председателинэн үлэлээбитим.  

Перьм куоракка айан

Профсоюзка үлэлии сылдьаммын, ити "Хоту" санаторийы профсоюз үбүлээһининэн туппуппут. Ол санаторийга кэлиэхтээх, Абалаах эмтээх бадараанын ититэр "емкость", Пермь куорат тимир суолун ханнык эрэ станциятыгар тохтоон турар үһү диэн буолла. Ол боппуруоһу быһаарарга миигин онно командировкаҕа ыыттылар. Онно айанныырбар эмиэ бэлэмнэнэн, тэринэн бардым. Тоҕо диэтэр, биири билэр этим, Петров Иван Иванович диэн Пермь куораттан сылдьар киһи Саха сиригэр 1966-79 сыллардаахха Совет Министров ЯАССР председатэлинэн үлэлээбитэ. Мин Сунтаар улууһугар үлэлии сылдьаммын киниэхэ приемҥа хаста да киирэ сылдьыбытым. Ол иһин билэр курдук туттаммын киниэхэ кыракый илии тутуурдаах – верхоянскай куобахтаах, нуучча литературатын күннэригэр анаан тахсыбыт "Молодость земли олонхо" диэн фотоальбомнаах уонна "Социалистическая Якутия" хаһыат годовой подпискалаах квитанциялаах Пермь куоракка айаннаатым. Иван Иванович уола Уголовнай розыскаҕа үлэлии сылдьара, киниттэн аҕатын туһунан ханна үлэлиирин чопчулаһан билсибиппит. Ол кэмҥэ кини Обком бастакы секретээрин көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир этэ. Тиийээппин кытта Иван Иванович дьиэтигэр ыҥырда. Кини дьиэтэ мин тохтообут гостиницабыттан хайдах тиийэрбин барытын быһааран биэрдэ, баара-суоҕа трамвайынан икки остановка айаннаах эбит. Кини эппит бириэмэтигэр бэлэхтэрбин илдьэ тиийдим. Иван Ивановичтаах үөрэн-көтөн пельмень буһаран көрүстүлэр, аһаан баран чэй иһэ-иһэ кэпсэттибит, шахмат оонньоотубут. Киниэхэ тиийэрбэр мин наһаа бэлэмнэнэн барбытым, тоҕо диэтэр үлэлии сылдьыбыт сирин туһунан элбэҕи ыйытыа, туоһулаһыа диэммин. Бииргэ үлэлээбит дьоннорун, сылгы-ынах-таба хайдаҕын, промышленность, кэнники туох тутуулар буоллулар, кимнээх пенсияҕа барбыттарын ыйыталаһыа диэммин. Кэпсээним быыһыгар Маркин Сергей Николаевич пенсияҕа барда диэтим. "А вместо него кого назначили?" - диэтэ. "Пока не знаю" - диэтим. "А там же есть у вас очень хорошие парни, Миша Николаев, он со мной 5 лет работал, очень хорошо помогал. И еще Иванов Климент Егорович, председатель Сунтарского Райисполкома" - диэтэ. Бу Иван Иванович 100 сааһыгар, кини суруктарыгар олоҕуран "Записки Советского работника" диэн брошюра тахсыбыта, бу манна мин этэрбин туоһулуур этиилэрин киллэрбиттэр "Будучи в Верхневилюйском районе, я познакомился с Первым секретарем райкома Николаевым Михаилом Ефимовичем. Мне сразу понравился этот молодой, энергичный и очень деловой, квалифицированный работник. Дела у него в районе шли хорошо...", "...Хорошо работал председатель Сунтарского райисполкома Иванов Климент Егорович, он также заслуженно был выдвинут на большую работу – Председателем Совмина, а затем постпредом в Москву...". Биһиги манна мөккүһэр игин кэмнэрбитигэр, бу дьиҥнээх нуучча кэлии киһитэ, туох да атын санаата-оноото суох биһиги чаҕылхай дьоннорбутун бу курдук бэлиэтээн биспит эбит. Онон ити өйдөөх, улахан хаһаайыстыба үлэһитэ барытын өтө көрөрө, киһини үлэнэн сыаналыыра көстөн кэлэр диэн саныыбын. Кэпсэтэ олорон шахмат оонньоотубут. Сунтаар улууһугар Иван Иванович 60 сааһыгар бэлэхтээбит шахмаппыт сылдьар эбит. Сунтаар уустарын оҥоһуктара "Петрову Ивану Ивановичу с 60-летием от Сунтарского района" диэн гравировкалаах шахматынан оонньоотубут. Бу шахмат бэлэх киниэхэ хайдах тиийбитин туһунан кэпсээтим. Бэлэҕи туттарыы толорооччута мин этим. Ону кэпсээбиппэр наһаа үөрдэ. Оччотооҕуга биир да улахан киһи бэлэх диэни ылбаттар этэ, бэрээдэк оннук этэ. Кычкин Егор Дмитриевич Үрдүкү сэбиэт председателэ сүбэлээбитин курдук оҥорбуппут. Бэйэтигэр киирэн туттарар соччото суох, эрдэ соҕус үлэтигэр кэлэ илигинэ, тиийэн серкетарыгар биэрэн остуолун кытыытыгар ууран кэбиһиҥ диэн сүбэлээбитин тутуһан биэрбиппит. Оннук соһуччу бэлэхпитин тутан саха сиригэр үлэлээбитин туһунан ахта саныы сырыттаҕа. Дьэ шахматка оонньоон тэҥнэһии буолла. Шахматтаан бүтэн гостиницам диэки бараары турдахпына киһим эттэ: "Василий, твой вопрос будет решен, не беспокойся, груз будет доставлен". Мал ханна тиийиэхтээх аадырыһын, реквизиттарын биэрдим уонна боппуруоспун сиппит киһи төттөрү айаннаатым. Онон ол "емкость" кэлэр боппуруһунан улаханнык дьарыктамматаҕым, соторунан Беркакит станцияҕа грузовой платформаҕа груз кэллэ диэн дьаһал кэлбитэ.

Mobirise Website Builder
Записки Советского работника

К 100--летия со дня рождения Ивана Ивановича Петрова

Mobirise Website Builder

Президенниин билсииһии

Бастаан Михаил Ефимовыһы кытта 1976 сыллардаахха билсибитим буолуо. Онно кини тыа хаһаайыстыбатын министиринэн үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Үлэтин хайысхатынан Сунтаарга тиийбитэ, онно Райком гостиницатыгар түспүтэ. Ол күн сарсыарда 7.30 Климент Егорович эрийэн Михаил Ефимович кэлбитэ, остолобуойга ыҥыран аһатыахха наада диэн. Онно дьоҕус 2-3 киһи киирэр кыра туспа хостоох этибит, онно ас бэлэмнэтэн баран киниэхэ гостиницаҕа тиийдим. Михаил Ефимович эйиэхэ сарсыардааҥы аһы бэлэмнээтибит, онно ыҥыра кэллим диэтим. Ону киһим: "Махтал, бэйэм Климент Егоровичтаахха тиийиэм" - диэтэ. Климент Егоровичка тиийэн эттим - "Михаил Ефимовичтаах эйиэхэ кэлэр буолбуттар, хата чэйгин өр".
Биһиги билсиибит итинник судургутук саҕаламмыта диэххэ сөп. 

Гостиница үлэтэ хайдах саҕаламмытай

Онтон 1988 сыллаахха Никольский областной совет профсоюһун Дьыала управляющайын солбуйааччытынан үлэҕэ ыҥырбыттара. Ол кэмҥэ Сосин Спирдон Спирдонович Республикатааҕы идэлээх союзтар уобластааҕы сэбиэттэрин бастакы председателинэн үлэҕэ кэлбитэ, кинилиин Нерюнгри куоратыгар үлэлии сылдьар кэммититтэн билсэр этибит. Ол курдук онно үлэлии сырыттахпытына Федоров Петр Семенович, Совмин управляющай предеседателинэн үлэлии олорон бэйэтигэр ыҥыран маннык диэтэ - "Обком гостиницатыгар партийнай курстарга үөрэтэр общежитиеҕа директорынан кэл. Ол общежитиены биһиги аныгы требованияҕа эппиэттиир гостиницаны оҥоруохтаахпыт, онно кэлэн үлэлэс". Мин ону аккаастанным, хайдах маннык улахан масштабтаах үлэҕэ үлэлии олорон биир дьиэни салайа кэлиэхпиний дии санаан. Ону киһим олох кэллэххинэ сатанар диэтэ. Сүрдээҕин убаастыыр киһим уонна майгытынан да кытаанах киһи, эппитин эбиһээт ылыннарар. Кинилиин Нерюнгрига бииргэ үлэлээбиппит, кини онно Горисполком председателинэн, онтон Горком партиятын иккис секретаринэн. Нерюнгрига бастаан тиийэн үлэлиирбитигэр кини элбэх үтүөнү-мааныны барытын быһаарбыта. Дьиэ-уот, үлэ-хамнас боппуруостарын бүтүннүүтүн кини быһаарбыта. Аны туран мин хамнаһым бүтэһик үлэлиир сирбэр 666 солк. этэ, партийный взнос 13 солк. 20 коп. төлүүр этим. Онтон бу гостиницаҕа кэлэн үлэлииир хамнас 300 мөһөөхтөн тахса диэн буолар. Икки студент оҕолоох киһиэхэ маннык хамнаска кэлэн үлэлиир сүрдээх ыарахан этэ. Чэ, ону сыта-тура дэлби толкуйдаан бараммын сөбүлэспитим, чэ, барыта көстөн иһиэҕэ үлэлиэххэ диэн. Тоҕо эрэ атын киһини булбатахтар, быһылаах, этэ, ол иһин ол дуоһунас миэхэ түбэспитэ. Үтүө үтүөнэн төлүөнүөхтээх, үтүө үбүнэн-харчынан быһаарыллыбат диэммин ол үлэҕэ бардым".

Бу общежитие-гостиница үлэҕэ киирэрим туһунан Петр Семенович бастаан Михаил Ефимович Николаевы кытта кэпсэппит эбит, оччолорго кини Верховный Совет Президиумун Председателинэн үлэлии олорбута. Дьэ, бу үлэҕэ киирээт да Михаил Ефимович ыҥырыахтаах диэммин, киниэхэ тиийээрбэр бэлэмнээх барыахтаахпын диэн барытын толкуйдаан, бэйэм көрүүлэрбинэн сурукка түһэрбитим. Гостиница олох үчүгэй буолуохтаах, гостиница – саха норуотун "визитнай карточката" буолуохтаах, аэропорт эмиэ оннук буолуохтаах, Саха сиригэр кэлбит ыалдьыт сахалар хайдах тэринэн олорорбутун бүтүннүү онон сылыктыахтаах диэн ис хоһоонноох сурук бэлэмнээтим.
Онтон маннык буолла, Москваҕа биһиги өркөн өйдөөхтөрбүт Московская община Якутский дом диэн тэрилтэ тэрийбиттэр диэн иһиттибит. Ол тэрилтэ үлэһиттэрэ биһиги землякпыт Томтосов Алексей Алекснадрович - Президенэ, Хасенков диэн Россия коммунистическай партиятын тэрийэр отделениятын сэбиэдиссэйэ. Ол дьоннор аныгы таһымнаах гостиница үлэтин барытын үрдүттэн олорон билэр буоллахтара дии, ол иһин бу гостиницаны бэйэлэрин тэрилтэлэрин аннынан ылар курдук кэпсэтиини ыыта манна кэлбиттэрэ. Валютаҕа үлэлиир гостиница тэрийэр масштабнай былааннаахтарын билиһиннэрбиттэрэ. Ол эрээри маннык этиигэ Михаил Ефимович, Саха Республикатын Президенэ уонна Правительства Председателя Климент Егорович сөбүлэспэтэхтэрэ. Ол кэннэ дьаһал таһаарбыттара - бу гостиница арендаҕа, приватизацияҕа уонна чааһынай билиигэ бэриллибэт диэн. Ол кэннэ биһиги бэйэбит үлэлээн киирэн бардыбыт. Биир күн Михаил Ефимович субботаҕа 12:00 чааска ыҥыран ылбыта. Онно бэлэмнээн уура сыппыт папкалаах докумуоннарбын туппутунан айаннаан тиийдим уонна сиһилии былааммын кэпсээтим. Ол кэпсэтиигэ оруобуна мин сылыктаабытым курдук эппитэ, үлэм хайысхатын ылыммыта.


Mobirise Website Builder

Площадь Ленина 
г. Якутск

 Михаил Ефимовичка бэлэмнээбит сурукпун киллэрбитим, ону көмөлөһөөччүтүгэр биэрбитэ. Бэйэбит кэпсэттибит, үлэм хайысхатын хайдах саныырбын барытын кэпсээтим, онно миэхэ араас боппуруостары ыйыппыта, сөбүлэспит курдук этэ. Дьыалатын ситэ билбэт киһиэхэ икки-үс боппуруоһу биэрэн баран кэлин ыйыта барбат диэн кэпсииллэр этэ. Оннук үлэҕэ олус ирдэбиллээх салайааччы. Ол сурукпун ууран баран эппиэт күүтэбин, икки-үс нэдиэлэ ааһар. Онтон көмөлөһөөччүтэ кэлэн этэр, суругуҥ уҥа өттүгэр барбыт, Михаил Ефимович резолюциялаабыт эбит: "Сахавнешстрой" диэн тэрилтэни кытта үлэлэһэн баран түргэнник дьаһалла ылын диэн".
Мин бэлэм этим, ол тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрүстүбүт, биир нэлиэлэнэн дьиэбитин босхолоотубут. 50 үлэһиттэрдээх этим, кинилэри барыларын төттөрү ылыахпыт диэн кэпсэтиилээх, төлөбүрэ суох отпускаҕа ыыталаатым. Тылбынан үлэһиттэрбэр маннык диэн этэттээтим: "Бэйэм үлэлиир кэммэр эһигини төттөрү үлэҕэ ылаттыам" - диэн. Ремонт барар кэмигэр тэҥинэн Англия тылын үөрэтэр куурустары үөрэттибит. Бары Саха государственнай университет сертификаттарын туттулар. "Саҥа тутуулары туппут фирмалары көрөн үөрэт, холобур, Медцентры туппут австрийскай фирма хайдах үлэлээбитин, хаачыстыбатын көр; "Стерх" гостиницаны кытайдар оҥорбуттар көр, үөрэт уонна миэхэ этиитэ киллэр", - диэтэ Михаил Ефимович. Бу тутуулары үөрэтэн бэйэм этиибинэн австрийскай фирма качествота ордук диэн быһаардыбыт. Ол кэмҥэ "Мабетекс" фирма Правительство актовай залын реконструкциялаабыта, Москваҕа Дом Советов дьиэтин реконструкциятыгар кыттыылаах фирма эбит этэ. Ол курдук "Мабетекс" диэн фирманы кытта үлэбитин саҕалаатыбыт, контракт түһэристибит.

Швейцарияны кытта алтыһыы
"Мабетекс" фирма дойдутугар бара сырыттыбыт. Иннокентий Тарбахов, Мария Габышева, Яковлева төрдүө буолан баран кэлбиппит. Биһигини сүрдээх үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. "Мабетекс" фирма бэйэтэ оҥорон таһаарбат эбит, посредник курдук фирма этэ. Бэрт кыра тэрилтэлэрдээх эбитэ. Онно сылдьаммыт элбэҕи кэпсэппиппит. Швейцария саамай сыантырыгар турар гостиница хайдах үлэлиирин илэ харахпытынан көрөн билсэн кэлбиппит. Тас дойдуттан кэллэххэ, дьон хайдахтаах курдук үчүгэй олох таһымыгар олорорун көрөн баран киһи санаата сонньуйа түһэр эбит. Онтон биһиги хайдах маннык олус дьадьаҥытык олорорбутуттан киһи төбөтүгэр киллэрбэт курдук этэ. Биһиги 90-с сыллар саҥаларыгар сылдьыбыппыт, кинилэргэ онно номнуо барыта дистанционно – гараж арыллан кэлэр, шлокбаум арыллан кэлэр, ноутбуктаахтар, хааман иһэн арыйа баттаатылар да үлэлээн киирэн бараллар, барыта фантастика курдук этэ. Биһиги дьадаҥытык олорорбутуттан, туох да суоҕуттан киһи кыбыста, харааста саныыр этэ.
Онтон ол фирманы тэрийбит  Поколли Президенин солбуйааччыта Салехи диэн киһи биһиэхэ манна кэллэ. Швейцарияҕа биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүт киһи. Арай манна кэлбитигэр тугу даҕаны утары уунан көрдөрөр-сырытыннарар, аһатар сирбит суоҕа кыбыстыылаах эбит. Кэлбитигэр бириэмэлээххин дуо диэн ыйыппыппар эбиэккэ бириэмэлээхпин диэбитэ. Дьэ, оччоҕо мин массынабынан бардыбыт, Нива массыыналаахпыт диэтим. Нөҥүө күҥҥэ ардах бөҕөтө түспүт буолан суолбут барыта бадараан буолан нэһиилэ тиийдибит. Атырдьах ыйын бүтүүтэ, оҕуруот аһа бүтүннүү үүнэн турар кэмэ этэ. Дачабар илдьэн биһиги бу маннык олоробут диэн көрдөрдүм. Ону киһим хоруйдуур – бу дьиэлэри ким тутарый, хайа фирмаҕа туттарый диир. Бэйэбит илиибитинэн тутабыт диэн быһаардым, ону киһим олус улахан тэлгэһэлээх эбиккит диэн соһуйар. 

Mobirise Website Builder
Mobirise Website Builder

Гостиница аата, бэлиэтэ тобуллуута

1995 сылардаахха гостиницабыт тутуутугар толору үлэлии сылдьабыт, бүтэрэн эрэр кэммит. Ити кэмҥэ гостиница аатын туһунан боппуруос турда. Уонча араас ааттары киллэрдибит, ол иһигэр Сахастан, Олонхо, Розовая чайка, Полярная звезда о.д.а. Ону Михаил Ефимовчи биир да ааты сөбүлээбэтэ, уонна маннык эттэ: “Сайдыылаах государстволар бэйэлэрин улуу дьоннорун ааттарын үйэтитэллэр диэтэ. Биһиги гостиницаны «Тыгын Дархан» диэн ааттыахха", - диэн уот харахха этэн кэбистэ. Дьэ гостиницабыт аата билиннэ, «Тыгын Дархан» диэн ааты иҥэрии туһунан распоряжение таҕыста.
Аны гостиница анал бэлиэтин толкуйдааһын буолла, ким оҥоруон сөптөөҕө буолуой диэн. Саввинов Дмитрий Иванович диэн республикаҕа биллэр архитектор үлэлэһиэн син диэн бэйэм испэр толкуйдуу сылдьыбытым. Киниэхэ тиийэн кэпсэттим - "гостиница эмблематын оҥоруохха наад буолла . Саамай сүрүнэ киһиэхэ барыта өйдөнүмтүө буолуон наада, санааҕын барытын түмэҥҥин толкуйдаан үлэлэс" - диэтим. Киһим ылынна уонна сотору кэминэн бэлиэни оҥорон аҕалла: үс ураһаны оҥорбут. Ортоку улахан ураһа – Президен былааһа, уҥа өттө – Толорор былаас, хаҥас өттө - Закон былааһа, бу үс былаас Саха республиката сайдыытыгар бэйэ-бэйэлэрин кытта биир өйүнэн-санаанан түмүллэн үлэлиэхтээхтэр. Бу бэлиэни бары сэргээтилэр уонна ылыннылар.
Бу гостиницаҕа үлэбин саҕалыырбар төһүү буолбут киһи баар. Кычкин Дмитрий Егорович диэн Москваҕа Президент Отель гостиницаҕа бастакы замынан үлэлээбит киһи. Мин киниттэн суругунан 3-4-5 звездалаах гостиницалар международнай ирдэбиллэрин көрдөспүтүм. Кини барытын хомуйан, бэлэмнээн ыыппыта, аан дойду гостиницаларыгар туох ирдэнэрин ыыппыта, өссө эбиитин Москва куорат бары гостиницалара бэрэбиэркэ ааспыт халыҥ бэйэлээх справкаларын ыыппыта. Бу докумуон саҥа тэриллэр гостиница үлэтигэр сүрдээхтик абыраабыта, өссө эбиитин Саха сиринээҕи элбэх гостиница үлэлэрин саҕалыылларыгар туһаммыттара.
Бастаан гостиницаны үлэлэтэргэ элбэх ыарахаттары көрсүбүппүт: компьютеризация киирэ илигэ, уоппут да стабильнайа суохтук үлэлиир этэ. Бастаан сауна кииритигэр вениктары барытын илиибитинэн бэйэбит оҥорорбут. Онтон уоттан хааччахтаммат гына автономнай генератор туруоттарбыппыт. Гостиницабытыгар саха биллэр худуоһунньуктарын хартыыналарын аҕыйахта туруортуу сылдьыбыппыт. Михаил Ефимович саха худуоһунньуктарын хартыыналарын туруортаа диэн этэр этэ. Ол гынан баран өр туруорарга сэрэхтээх этэ, араас дьон кэлэн барара.


Mobirise Website Builder
Mobirise Website Builder

Саха сиригэр Ельцин кэлиитэ

Арай Борис Николаевич Ельцин кэлэр диэн буолла. Биир күн гостиницабытыгар КГБ тигинээн кэллэ. Кузнецов диэн Борис Николаевич Ельцин охранатын салайааччыта киирэн кэллэ уонна «Давай Василий, пойдем посмотрим, покажи все двери и окна» диэтэ. Барытын кэрийэ сылдьан көрдөрдүм. Уонна «Якутзолото» тэрилтэтэ командировкаҕа кэлбит үрдүкү сололоох ыалдьыттары көрсөр дьиэлээх этэ, ону тэҥҥэ эмиэ бэлэмнээбиттэрэ.
Дойду Президенин көрсөргө улахан үлэ барбыта, тас өттүбүтүгэр суолбутугар эргэ дьиэлэр чөҥөчөхтөрө игин дэлби тахсаталаан туралларын хомуйтаан, ол миэстэтигэр асфальт куттардыбыт. Ол бэлэмнэниигэ үлэлии сылдьарбытын Кузнецов көрөн этэр: «Он мужик простой, не нуждается в таком комфорте» диэтэ. Биһиги киниэхэ анаан биир улахан хоһу бэлэмнээтибит. Борис Николаевиһы «Горняк» гостиницаҕа тохтоппуттар этэ, онтон кини арыаллааччылара бары биһиги гостиницабытыгар тохтоотулар. Ыалдьыт бөҕөтө кэлэн тохтоото.
Егоров Михаил Иванович диэн Президен дьыалатын салайааччыта миигиттэн ыйытта: "Борис Ельцины чугастан көрүөххүн баҕараҕын дуо?" - диэтэ. "А кто не хочет?" - диэн эппиэттээтим. Мин ааппар кырачаан пропуск оҥорон биэрдэ, хаартыскам баар, күнэ-ыйа, сыла, бириэмэтэ барыта сурулла сылдьар. Ол пропуһу миэхэ туттарарыгар эрдэ 8 чаас ааһыыта кэлээр, 9 чааска аан хатанар диэтэ. Зал республики киирэн үөһээттэн аҕыйах буолан Борис Николаевич Ельцины көрөн турардаахпыт. Виктор Яковлев Президен кэлэ сылдьар хаартыскаларын хайыы-үйэ бэчээттээн фотовыставка оҥорон ыйаталаан кэбиспитин Борис Николаевич сөҕө көрбүтүн өйдөөн хаалбыппын. 

Үлэ тахсыыта хас биирдии киһи бэйэтиттэн тутулуктаах

Үлэ тахсыыта хас биирдии киһи бэйэтиттэн тутулуктаах, кыра толорооччу да буола сылдьан элбэҕи оҥоруохха сөп диэн сыаналыыбын. Михаил Ефимович үлэһиттэригэр сүрдээх ирдэбиллээх, эппит тылыттан халбаҥнаабат кытаанах киһи. Кини тылыттан үчүгэй, маладьыас диирин мээнэ истибэтэҕим. Ол эрээри кини көнө майгылаах, ыарахан үлэттэн толлубат, чаҕыйбат быһыылаах, дойдутугар бэриниилээх улуу киһибит буолар. Саха республикатын бастакы Президенин кытта 7 сыл алтыһан үлэлээбит киһи быһыытынан кини туһунан санаабын этиэхпин баарабын.

Бастакытынан, Михаил Ефимович сахатын норуотугар оҥорбут улахан хабааннах үлэтэ көстөр. Бу кини дойдутун, дьонун таптыыра бэлиэтэнэр. Ол буолар өссө Советский союз кэмигэр союзнай республика эрдэхпитинэ, Саха сириттэн көмүс уонна алмаас барыытын тохтотон турардаах. Т. Десяткин, Солдатов, К. Иванов уонна М. Николаев бигэргэтиилээх телеграмма Москваҕа ыыталлар. Инник эппиэттээх быһаарыыны хорсун санаалаах, норуотугар улахан бэриниилээх киһи оҥоруон сөп. Ол телеграмма ыытыллыбытын кэннэ түүн үлэлэриттэн тахсан иһэн Климент Егорович Михаил Ефимовичка эппит "баҕар сарсын көрсүөхпүт суоҕа" ону кини "урукку кэм буотах, көрсүөхпүт" диэн бэйэтигэр бигэ эрэллээх санаалаах эппиэтээбит.

Иккиһинэн. Кини Москваҕа өркөн өйдөөхтөр, ыһыллыы кэмигэр ЯкутАлмаз хайысхатын салайыытын, АЛРОСА диэн саҥа тэрилтэ тэрийээһинин илиитигэр ылбыт киһи. Туох баар устаабын, дуогабардарын, докумуоннарын түүннэри-күнүстэри, суукканан олус күүстээхтик үлэлээбиттэрэ. Туруорсан, үлэлэһэн, Борис Николаевич Ельцин довериятыгар киирэн АЛРОСАны тэрийбиттэрэ. Ол тэрилтэттэн бырыһыан ылан Саха Республиката бэйэтэ туспа бюджеттанан, Саха сирин сайыннарыы үлэтэ күүстээхтик барбыта. Бу тэрилтэ саҕалааһыныгар Зоя Афанасьевна улахан кылааттаах. Кини профессиональнай үлэтин туһунан Борисов Николай Федорович "Олох чорооно" диэн романыгар суруйан турар. Зоя Афанасьевна дойду биллэр экономистарын, финансистарын кытта тэҥҥэ аахсан, Москвалар киллэрбит докумуоннарын проектарын көрөн-үөрэтэн, хаста да төттөрү төннөртөөн, албыннаппат гына ылсыылаахтык үлэлээбитэ.

Үсүһүнэн. Конституция ис тутулун проегын үлэтэ барыта Гостиницаҕа оҥоһуллубута. Саха сирин сүүмэрдэммит өйдөөх дьоно "Тыгын Дархан" гостиница номердарыгар тохтоон, түүннэри-күнүстэри сыралаах үлэ барбыта. Бастаан республика конституциятын ылынарга өйдөммөт өттө элбэх этэ. Тоҕо диэтэр хайа да регион, эбиитин дойду Конституцията ылылла илигинэ ылыммыппыт. Саха Республиката бастакы этэ. Бу эмиэ хорсун санааны, сөптөөхтүк түргэнник туттууну мэктиэлиир. 

Инники көлүөнэҕэ кэс тыл

Билигин ыарахан кэм тирээн кэллэ, ити барыта ааһыа. Гостиничнай комплекс инникитин да үлэлии, үүнэ-сайда туруо, республика киинигэр турар комплекс мөлтөхтүк үлэлиир бырааба да суох. Сайдыы бастакы эрээтигэр горный бизнес турар, ол кэннэ сатаан тэриннэххэ гостиничный бизнес кэлэр. Гостиничнай бизнеска ас-үөл хайысхата хоромньулаах буолар. Холобур, туспа ресторан бизнеһа бэйэтин бэйэтэ ииттэрэ ыарахаттардаах. Билиҥҥи кэм кыһалҕата тирээн гостинично-ресторанный комплекс диэн холбообуттара сатамньылаах диэн бэлиэтиибин.
Бу уустук хайысха улахан сатабылы, элбэх кыһамньыны ирдиир. Оннук үлэни өрө тутан сайдарга бэлэм буоллаххына, дьиэни-уоту бэйэҥ тус дьиэҥ курдук көрөн-истэн үлэлиир буоллаххына, барыта сатаныа, табыллыа диэн этэбин. Сатаан үлэни тэрийэн, наардаан, үлэһит мааныта буолан, саха норуотун культуратын сайыннаран, салҕаан иһиҥ!

Дьоллоох, дорубай буолуҥ! 

Сорокоумов Василий Иннокентьевич

Видеоинтервью
Алтынньы, 2022 с.
Хатасс сэл.

© Николаев - Центр

Made with ‌

HTML Code Generator