«Ханнык баҕарар норуот кини олоҕор, кини сайдыытыгар улахан дьайыыны оҥорбут киһини биһиги Кырдьаҕаспыт, биһиги Учууталбыт диэн ааттааччы, оннук киһинэн биһиэхэ, сахаларга, Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон буолар.»
М.Е. Николаев
Саха норуодунай суруйааччыта, РСФСР уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх диэйэтэллэрэ, П. А. Ойуунускай уонна А. Е. Кулаковскай ааттарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай бириэмийэлэрин лауреаттара, Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, «Үлэ Кыһыл Знамята», Норуоттар доҕордоһууларын, «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара, Социалистическай Үлэ Геройа, Дьокуускай куорат уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык олохтооҕо, «Хотугу сулус» уордьан кавалера Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
“Суорун Омоллоон – современник великого якутского философа и классика Алексея Елисеевича Кулаковского – Ексекюляха. Вся жизнь, творчество, подвижническая деятельность Дмитрия Кононовича Сивцева – Суоруна Омоллоона, без всяких сомнений, во многом – претворение в жизнь идей и замыслов, заложенных Кулаковским в его знаменитом “Письме к якутской интеллигенции”. Всю свою многотрудную жизнь он посвятил, говоря словами Алексея Елисеевича, “культивизация” якутского народа к российской и мировой цивилизации”. (“Патриарх якутской культуры”)
Айар үлэтин "Хагдарыйбат ньургуһун" хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара. «Сордоох суха», «Аанчык», о. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.
Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө: «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук үктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйбута. Документальнай киинэлэр сценарийдарын суруйбута, ол курдук: "Повесть о земле Якутской", "Якутские алмазы", "Искусство страны Олонхо". Тылбаастара: “Бассабыыктар” (Ө. Нэбиэрэп), “Хаҥас маарс” (В. Майакыабыскай), “Кулут оҕолоро уонна баай ыттарын ыамалара” (В.Г. Короленко), “Ынырык эмп” (Бүөтүр Черных), “Макар Дубрава” (А. Корнейчук), “Олекса Борканюк” (Семен Скляренко) уо.д.а.
Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи. Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарбыта.
1938 с. ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
«Жизненный пример каждого человека поучителен. Пример жизни Суоруна Омоллоона всем нам, как свет в ночи. Он указывает не просто путь, а фарватер жизни – путь большого корабля: не прижимайтесь к заманчивому берегу для долгой стоянки, не ищите спокойствия и безмятежности в тихих заводях, обходите мели искушений и беспечности, не страшитесь глубин неизведанного. Следуйте бурным фарватером, не сбивайтесь с вашего курса: вас ждут великие дела! Эти чувства мне навеяло первое опубликованное произведение тогда еще юного писателя – рассказ «Лена». («Хранитель вечного. Суорун Омоллоон и его сердечное пространство в якутской культуре»)
Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, М.Е. Николаев, Принц Филипп 1995 с.
Кэргэнэ — Шепелева Надежда Семеновна, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, опера ырыаһыта, өр сылларга Саха Сирин культуратын миниистирин солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
Улахан уола — Сивцев Айсен Дмитриевич (Айсен Дойду), суруйааччы, драматург, поэт.
“За долгие годы нашего личного знакомства с Дмитрием Кононовичем я всегда находился под обоянием его удивительно светлой личности, всегда относился к нему с огромным почтением. Он один из немногих людей, перед кем я всегда вставал из своего высокого служебного кресла. Дело не только в традиционном якутском почтении к людям, старшим по возрасту. К этому прибавляется покоряющая чистота всего внешнего облика, необычайное просветление взгляда, лица при встрече и беседе. Подобное качество в человеке я не раз отмечал при встречах с патриархом Московским и всея Руси Святейшим Алексием.»
1991 сыл ахсынньы 27 күнүгэр М.Е. Николаев Саха АССР Бастакы Президенин аатын сүгэр, норуотун иннигэр үтүө аатынан андаҕайар тэрээһинигэр (инаугурация) Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, саха үгэһин быһыытынан, кинини алҕаабыта уонна, саҥа Президени эҕэрдэлээн туран, саха мааны таҥаһын кэтэрпитэ.
2001 сылллаахха Опера уонна балет театрыгар Суорун Омоллоон аата сүктэриллибитэ.
2011 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Суорун Омоллооҥҥо өйдөбүнньүк туруоруллубута. Өйдөбүнньүгү архитектор Андрей Толстяков, скульптордар Виктор Федоров уонна Семен Прокопьев оҥорбуттар. Боруонсаттан оҥоһуллубут статуя үрдүгэ 2,5 м, подиум үрдүгэ — 1,7 м.
Д.К. Сивцев –Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 105 сылыгар Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэй епархия «За вклад в возрождение духовности» премияны олохтообута.
Built with Mobirise
Free Offline Site Builder